Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оспот баас
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оспот баас
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
04.04.2020 16:20
Олох диэн араас быһыы-майгы үөскээн тахсарынан уратылаах, дьиктилээх. Үөрүү да, хомолто да күннээх ый кэриэтэ солбуһан иһэллэр. Булгуччу. Ону ордук эдэр көлүөнэ өйдүөх тустаах. Итиччэ элбэх араас түгэн соһуччу үөскүүрүгэр бэлэм буолар хайаан да наада. Ылбычча киһи ону тулуйбат: сорох устунан ыанньыйбыт былыт кэриэтэ ыар санааҕа хам баттатан доруобуйатын алларытар. Сорох, дьыл-күн, кэм-кэрдии ырааппыта быданнаабытын кэннэ, кыырпах саҕа саппахтаах түгэни дьэ кэлэн өйдүүр, «кырдьык даҕаны, оннук түбэлтэ буолбуттаах этэ» диэн курутуйан ылар, үксүгэр «кыра да аайыттан санаарҕаабыттаах эбиппин» диэн сонньуйар. Сэттэ уонус сыллар ортолоругар Сэргэй, сүүрбэ түөртээх эдэр киһи, куорат биир тэрилтэтигэр үлэлиирэ. Үнүбэрсиэккэ кэтэхтэн үөрэнэрэ, онон үрдүк үөрэхтээх испэсэлиис ылар икки аҥаар мөһөөх хамнаһын оннугар балтараа мөһөөх иһинэн аахсара. «Аҕыйах сылынан үөрэхпин бүтэриэм, оччоҕо хамнаһым биллэрдик үрдүө» диэн, оччо кыра хамнаһын мыыммат этэ. Хайа уонна саҥардыы холбоспут кэргэнэ Чээнэ хамнаһа баар эбээт – сыалай 90 солкуобай! Тапталлааҕа СГУ медфагар туттарсан баран, куонкуруска кыайан хапсыбакка, өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа хирургия салаатыгар саньытааркалыыра. «Иккиэн холбоон хара баһаам хамнастаахпыт» дии саныыллара. Киэһээҥҥи аһылыктарыгар арыылаах килиэптэригэр повидлоны сыбаан баран, амтаһыйа-амтаһыйа сииллэрэ уонна хара чэйдэрин сыпсырыйалларын быыһыгар инникилэрин былааннаан кый ырааҕынан кыырайаллара. Хата, кинилэр дьоллоругар, куорат кытыыта да буоллар, кыстык угун саҕа бэйэлэрэ бас билэр балаҕан дуомнаахтара. Онон өрөбүллэригэр баҕас көҥүл көччүйэллэрэ: күн ортото ааһыар диэри таптал кутаатын күөдьүтэллэрэ, соннук ийэттэн төрөөбүтүнэн ойон туран, аһаабыта буолан ампаалыктаналлара уонна эмиэ уохтара харыар диэри төбөлөрүн оройунан түһэллэрэ. Ол эрээри барыта ити курдук үүт тураан буолбатах этэ. Оптуобус бырайыаһа төһө да алта харчытын иһин, хамнастара ыйга нэһииччэ тиийэрэ. Букатын да быстыаҥка олохтонуохтарын, хата, куоракка ас-үөл (ордук эт, халбаһы) кырыымчыгыттан итиннэ ороскуотурбат этилэр. Ол саҕана бары-барыта – дэписсиит, татым. Бэл, сарсын эт атыыланар сураҕын иһиттэхтэринэ, дьон тоһуттар тымныыга маҕаһыын айаҕар хоноллоро. Биир күн Сэргэй хамнаһын ылан үлэтиттэн кэлбитэ, Чээнэтэ хайыы-үйэ балыыһатыттан бүтэн, хара килиэбинэн суухара оҥорон ырааппыт, дьиэ иһин мип-минньигэс сыт тунуйбут. – Ии, сэгэрим, хайа сахха кэлэн ас арааһын кэчигирэппит дии! – диэн баран, Сэргэй кэргэнин көтөҕөн ылан, омуннаахтык уураан ылбыта. – Доҕоор, мин биир сэкириэттээхпин, ол эрээри ону билигин эппэппин, – Чээнэ кырдьык-хордьук туттан тырым-ирим көрбүтэ. Сэргэй хаста эмэ «этиий» диэн ааттаһа сатаан баран, кэргэнин көтөҕөн, ороҥҥо илдьэн хам баттаабыта уонна көрүөх бэтэрээ өттүгэр «кэбирэх туочукаларын» таарыйталаабытыгар Чээнэтэ, били, бастаан утарылаһа сатаабыт бэйэтэ аны кимнээҕэр да «күөдьүйэн», биир кэм өрө күөнэхтэнэ сыппыта... Чаас аҥаарын курдугунан сэкириэт биллибитэ: сарсын Петровскай аатынан уулуссаҕа баар дьоҕус маҕаһыыҥҥа суон халбаһы (олохтоох собуот киэнэ) атыыланар үһү. Ону соторутааҕыта хирургияҕа эпэрээссийэлэммит бэрэдэбиэс Чээнэҕэ сибис гыммыт. Итиччэлээх үчүгэй сонуну истибит эдэр ыаллар ол түүн өссө
үчүгэйдик хоммуттара... * * * Сарсыныгар сып-сап аһаат, маҕаһыыннарыгар айаннаабыттара. Халбаһы атыыланыахтааҕын эрдэттэн билэр дьон быһыытынан, ким-хайа иннинэ кэлбиппит буолуо дии санаабыттара – таһырдьаттан уһун уочарат этэ. Оннуларын булан күө-дьаа кэпсэтэ турдахтарына, боростуой таҥастаах биир уол кэлэн «хайаа, Бааска, бу хаһан кэллиҥ, доҕор?» диэн илии тутуһан дорооболоспута, кууспахалаан ылбыта. Сэргэй мух-мах буолбута: адьас билбэт киһитэ эбээт – бу. Били киһи кэмниэ кэнэҕэс «бырастыы гын, бииргэ сылдьыбыт атаһым дии санаабытым» диэн баран, дьон быыһыгар киирэн сүтэн хаалбыта. Уочарат төһө да уһаатар, кэтэспит-манаспыт кэмнэрэ син түргэнник кэлэн үөрдүбүтэ. Ол эрээри халбаһы да баһа-атаҕа биллиэх курдук буолбута. Бэрэдэбиэс уокка арыыны кутан биэрбиттии, «саҥа дьон, уочаракка турумаҥ!» диэн умайыктаммыта. Атыылаһааччылар ыксаан: – Аҥаардаан атыылааҥ, оччоҕо барыбытыгар тиийиэ, – дэспиттэрэ. Ону инники турар дьон сөбүлээбэтэхтэрэ, онон киҥир-хаҥыр саҥарсыы улам сүрдэниэх курдук буолан барбыта. Кэмниэ кэнэҕэс Сэргэйдээх Чээнэ уочараттара кэлбитэ, хата, бүтэһик халбаһыны иккиэн аҥаардаһар буолан, сэмээр мичээрдэһэн ылбыттара. Сэргэй харчытын төлөөрү бинсээгин ойоҕос сиэбиттэн көһүлүөгүн ылаары гыммыта – суох! Булумахтанан сордоммута – суох! Ол ыккардыгар «харчыта суох эрээри ымсыыларыгар уочараттаабыт буола-буола, туораан биэриҥ!» диэн, уочараттан олох да таһааран кэбиспиттэрэ. Оо, Сэргэй онно Чээнэтэ эрэйдээх уулааҕынан-хаардааҕынан көрбүтүн баччааҥҥа диэри умнубат. Туох барыта быалаах-туһахтаах дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Сэргэй хаһан да көһүлүөк-кумааһынньык диэни илдьэ сылдьыбат этэ, сарсыарда да Чээнэтэ «маны сиэпкэр угун» диэбитин аккаастыы сатаабыта ээ. Ол түүн курустук да ааспыта. Чээнэтэ өргө диэри санна дьигиҥнии, хараҕын уутунан Сэргэй түөһүн илитэ сыппыта. Ити кэмтэн ыла элбэх уу уһунна. Чээнэтэ билигин суох: арахсыбыттара быданнаата. Оттон ити – сэттэ уонус сыллардааҕы түбэлтэ – Сэргэй өйүгэр хаһан да сүппэттии хатаммыт. Суох, биир ыйдааҕы хамнаһын уордарбыта буолбатах – тапталлаах Чээнэтэ хомойбут, хоргуппут хараҕа...
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан