Кэпсээ
Войти Регистрация

«Үрүҥ хаар алгыһа»: саха литературатыгар интэриэс күүһүрэр

Главная / Кэпсээн арааһа / «Үрүҥ хаар алгыһа»: саха литературатыгар интэриэс күүһүрэр

K
edersaas.ru Категорията суох
17.10.2019 09:45
Алтынньы 15-17 күннэригэр бэһис төгүлүн ыытыллар “Үрүҥ хаар алгыһа” (“Благодать большого снега”) норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлэ буола турар. “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр бэстибээл аһыллыыта буолла. Киһи сөҕүөх, саала иһэ тобус-толору. Хойутаан кэлбиттэри үөһээ болкуоҥҥа миэстэ баар диэн утаартаатылар. Саҥа хаар туһунан уһуйаан кырачааннарытан саҕалаан, устудьуоннарга, артыыстарга тиийэ, ырыалары, хоһооннору толордулар, хореографическай училище оҕолоро балеттан быһа тардан, хаар буолан үҥкүүлээн дайдылар, “Айархаан” этно-бөлөх хомуһун алыптаах дорҕоонноро дьүрүһүйэ көттүлэр… Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков, ХИФУ проректора Михаил Федоров эҕэрдэлээтилэр. Быйыл бэстибээлгэ Сербияттан суруйааччы, тылбаасчыт Миливое Бачович, Казахстантан бэйиэт Даулеткерей Капулы, Москваттан бэйиэт, кинигэ таһаарааччы, бэстибээллэри тэрийээччи Сергей Гловюк, бэйиэт Григорий Шувалов, Татарстантан бэйиэт, прозаик, драматург Ркаиль Зайдулла, бэйиэт, прозаик Газинур Мурат, Тываттан бэйиэт, кириитик, литературовед, тылбаасчыт Сайлыкмаа Комбу, Азербайдантан бэйиэт, тылбаасчыт Афаг Шихлы, Бурятияттан бэйиэт, Литературнай институт преподавателэ Амарсана Улзытуев, Саха сириттэн бэйиэт Елена Овчарова, Астрахань куораттан бэйиэт, прозаик, публицист Юрий Щербаков кэлбиттэр. Бастакы күн кинилэр Айсен Николаевы кытары көрүстүлэр. Ил Дархан Миливое Бачовичка, Сайлыкмаа Комбуга, Гаврил Андросовка “Эйэни, норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүү иһин” диэн СӨ Бочуоттаах бэлиэтин туттарда. Көрсүһүүгэ духуобунас, култуура, литература сайдыытын туһунан кэпсэттилэр. Эдэр суруйааччылары өйөөһүн туһунан кэскиллээх санаалар этилиннилэр. Бэстибээл арыллыытыгар ыалдьыттар бэйэлэрин хоһооннорун, тылбаастарын аахтылар. Ол курдук, Сэмэн Данилов “Хаар” хоһоонун тувинныы, казахтыы тылбаастаан, ааҕан иһитиннэрдилэр. Кинилэргэ “хаар” диэн тыл уларыйбакка, бэйэтинэн хаалар эбит. Амарсана Улзытуев Саха сирин туһунан хоһоонун омуннаах соҕустук, уус-ураннык аахпыта сонуннук иһилиннэ. Афаг Шихлы уу сахалыы эҕэрдэлээн, үөртэ. Кэлбит ыалдьыттар бары да саха литературатыгар сыһыаннаах, суруйааччылардыын ситимнээх дьон. Сергей Гловюк Саха сиригэр хаста да кэлэ сылдьыбыта, “Саха поэзиятын антологиятын” таһаарбыта. Миливое Бачович Өксөкүлээх Өлөксөй “Өй-сүрэх бүппэт мөккүөрүн”, Н. Лугинов романын серб тылыгар тылбаастаабыта. Сайлыкмаа Комбу эмиэ саха суруйааччыларын элбэхтик тылбаастаан, грант ылан, 4 кинигэни таһаартарбыта. Афаг Шихлы Былатыан Ойуунускай «Кыһыл ойуунун», Наталья Харлампьева хоһооннорун тылбаастаабыта. Бу үлэ түмүгэр, атын өрөспүүбүлүкэлэргэ саха литературатыгар интэриэс күүһүрэн иһэр. —Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл – бу эйгэни кэҥэтии, сибээстэри олохтооһун, ыкса үлэлэһии, норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүү. Литература хабахха хаайтарыа суохтаах, оччоҕо эрэ сайдар, ыыра кэҥиир. Онон суруйааччыларга алтыһыы, бэйэ айымньыларын хардарыта тылбаастаһыы хайаан да наадалаах. Ол түмүгэр, атын норуоттар уус тылларын, өркөн өйдөрүн, духуобунастарын түмпүт литератураны, култуураны байытыы салҕанар. Ону өйдөөн, Ил Дархан, култуура министиэристибэтэ, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет өйүүллэрэ улахан суолталаах, — диэн “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээли тэрийээччи, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева эттэ. “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээл 2012 сылтан, иккилии сыл буола-буола, ыытыллар. Ааспыт сылларга кэлэ сылдьыбыт суруйааччылар бэйэлэрин тылларынан элбэх хоһоону тылбаастаабыттара, сорохтор “Саха поэзиятын антологиятын” таһаарбыттара, хас да тылбаас кинигэлэрэ бэчээттэммиттэрэ.
Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар Поэзия киэһэтигэр ыалдьыттар хоһооннорун сахалыы тылбаастаан аахтылар. Итиэннэ норуодунай бэйиэт Семен Данилов төрөөбүт дойдутугар, Горнайга ыалдьыттыахтара. Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан