Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бэйиэт 100 сыллаах үбүлүөйүн төрөөбүт дойдутугар бэлиэтээтилэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бэйиэт 100 сыллаах үбүлүөйүн төрөөбүт дойдутугар бэлиэтээтилэр
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.09.2019 22:34
Cаха норуотун тапталлаах бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээһин кини төрөөбүт дойдутуттан саҕаланна. Саха народнай поэта Леонид Попов төрөөбүт өтөҕөр. Атырдьах ыйын 13 күнүгэр Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгэр Харба күөлгэ эспэдииссийэ тэриллибитэ. Сарсыныгар, бэйиэт төрөөбүт күнүгэр, Дьокуускайга Литература мусуойа ахтыы киэһэтин тэрийбитигэр, уораҕай иһигэр баппат киһи мустубута, икки этээһинэн туран-олорон көрбүттэрэ. Бу дьон-сэргэ кини ырыаларын уостан түһэрбэккэ ыллыы сылдьалларын, хоһооннорун, сэһэннэрин сөбүлээн ааҕалларын туоһута буолар. Балаҕан ыйын 4-5 күннэригэр үһүс төгүлүн ыытыллар “Сунтаар миигин ыҥырар” литературнай түһүлгэ тэрилиннэ. Арыылаахха Леонид Попов мусуой-дьиэтин аһыллыытыгар кэлбит ыалдьыттар кыттыыны ыллылар. Манна суруйааччы туттубут маллара, олоҕун кэрчиктэрин кэпсиир истиэндэлэр, ону тэҥэ устуоруйаны кэрэһилиир былыргы мал-сал ууруллубуттар. Бу түгэҥҥэ хоһоон да ааҕылынна, ырыа да ылланна, эҕэрдэ тыллар этилиннилэр. Салгыы Л.А. Попов аатын сүгэр Арыылаахтааҕы агротехнологическай оскуола саҥа тутуллубут дьиэтигэр үөрүүлээх тэрээһин буолла. Маҥнай икки этээстээх, 80 миэстэлээх киэҥ, сырдык таас оскуола устун экскурсиялаттылар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, кэбиниэттэргэ өр сылларга оскуолаҕа үлэлээбит, нэһилиэк хас да көлүөнэ ыччатын сырдыкка-үтүөҕэ уһуйбут учууталлар ааттарын иҥэрбиттэр. Быйыл манна саҥа үлэлии кэлбит 4 эдэр учууталы билиһиннэрдилэр. Л.А. Попов аатын сүгэр Арыылаах орто оскуолатыгар суруйааччылардыын атах тэпсэн олорон, истиҥ кэпсэтии буолла. Улуус отуттан тахса оскуолатын дириэктэрдэрэ бары кэриэтэ кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ олус истиҥ буолла. Бэл, “Илиибэр эн илииҥ баар курдук” хоһоону ангылычаанныы аахтылар. Ону тэҥэ, оскуола бибилэтиэкэтигэр суруйааччылардыын атах тэпсэн олорон, сылаас көрсүһүү, кэпсэтии буолла. Быйыл бэйиэт үбүлүөйүн бэлиэтии, Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо, Саргылаана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ, Ангелина Шадринова-Суоһааны, Афанасий Гуринов-Арчылан, Уйбаан Уххан, Валериан Николаев, Михаил Санников, Галина Нельбисова, Надежда Егорова-Намылы, Антонина Христофорова-Хагдаанай, Дайыына, филологическай наука дуоктара Зоя Башарина, суруналыыс Георгий Белоусов, суруйааччы сиэн балыстара Изабелла Попова, Екатерина Иванова ыалдьыттаатылар. Кинилэр саҥа оскуола аттыгар мас олортулар. “Хоһооммунан олорбутум…” Иккис күнүгэр Сунтаар сэлиэнньэтин пааркатыгар ыытыллыбыт ырыа-хоһоон түһүлгэтигэр 300-тэн тахса кыттааччы үс түһүлгэнэн тэнийэн хоһоон аахта, ыллаата, күрэстэргэ кытынна. Быйыл ыаллыы Ньурбаттан, Мииринэйтэн, Кэбээйи Мукучутуттан уонна араас улуустартан түмсүбүт “Айар кут” холбоһуктан, оннооҕор Челябинскайтан уран тылга умсугуйааччылар ыраах айан диэн толлубакка, оҥостон-тэринэн кэлбиттэр. Валериан Николаев кинигэтин сүрэхтиир. Бу күн Валериан Николаев “Хочо хоһуун хоһоонньута”, Кирилл Герасимов “Саныыбын төрөөбүт алааспын” кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолла. Үбүлүөйдээх сылыгар хоһоонунан сэһэннээх ахтыы хомуурунньуга уонна нуоталардаах ырыаларын кинигэтэ тахсыбыта кэрэхсэбиллээх. Буоларын курдук, араас күрэстэр ыытылыннылар. Хоһоону уус-ураннык, дорҕоонноохтук ааҕыыга оҕолорго Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатын III кылааһын үөрэнээччилэрэ кыайдылар. Улахан дьоҥҥо Кириэстээхтэн Наталья Усова кыайда. Кини хоһоону олус иэйиилээхтик ааҕар, ону тэҥэ бэйэтэ поэмалары суруйар эбит. Михаил Санниковка поэт аймахтара бириистэрин туттараллар. Леонид Попов ырыаларын ыллыырга барыта 23 киһи кытынна, манна Күндэйэттэн Александр Степанов кыайда. Улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ эрдэттэн Леонид Поповка анабыл хоһоон
кэтэхтэн күрэһин биллэрбитэ. Элбэх улуустан 44 хоһоон киирбит. Бастакы, иккис диэн араарбакка, биэс бастыҥы талан, бириистэри туттардылар. Манна Арыылаах, Тойбохой нэһилиэктэрин дьаһалталара, Л.Попов аймахтара, “Уран Саха” ювелирнай хампаанньа, улуус бибилэтиэкэтэ бириистэри туруордулар. Вера Донская, Михаил Санников, Валерий Налимов, Маргарита Хон, Сабрина Григорьева айымньылара бастыҥынан ааттаннылар. Бэйиэт хоһооннорун нууччалыы тылынан тылбаастааһыҥҥа үс бастыҥы таллылар. Егор Третьяков үһүс, Августина Чайнова иккис, Татьяна Игнатьева бастакы миэстэни ыллылар. Бастаабыт тылбаасчыкка “Офсет” хампаанньаҕа кинигэ бэчээттэтэргэ 25 тыһ. солкуобайдаах сэртипикээти туттардылар. Дэлэгээссийэлэр парааттаан киирдилэр. Киэһэ эстрада ырыаһыттара Байбал Сэмэнэп, Тамара Попова-Хадаана, Василий, Мария Спиридоновтар уонна ыалдьыттар, олохтоохтор кыттыылаах бэртээхэй кэнсиэргэ элбэх киһи сырытта. Манна үгэскэ кубулуйбут “Кэмчи кэрчиктэр” диэн тута хоһуйуу күрэһэ ыытылынна. Мустубут дьоҥҥо ыраас лиистэри, уруучукалары түҥэттилэр. “Хопто” диэн бэриллибит тиэмэҕэ 15 мүнүүтэ устата түөрт устуруокалаах кылгас эрээри, сиппит хоһоону айдылар. 64 хоһоонтон икки биһирэбил, үс бастыҥ хоһоону таллылар. Манна Тойбохойтон ырыа айааччы Клара Тихонова бастаата. Кэнсиэр улуус бибилэтиэкэтин көхтөөх үлэһиттэрин ырыаларынан түмүктэннэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу үбүлүөйдээх тэрээһини ыытарга Изабелла Жиркова салайааччылаах Сунтаардааҕы бибилэтиэкэ кииннэммит ситимин үлэһиттэрэ сүрүн күүс буоллулар. Бибилэтиэкэҕэ Л.Попов аатын иҥэрбиттэрэ үөрүүлээх. Кыһыл куурка кэппит кыргыттар түһүлгэни тэрийиигэ, дьону түһэриигэ, ас да тардарга бэриниилээхтик сүүрдүлэр-көттүлэр, ырыа да ыллаатылар, үҥкүүттэн да маппатылар. Култуура салаата (сал. М.В. Кобельянова) күүскэ үлэлээтэ. Ол да иһин бу үгүс айар куттаахтары түмпүт улахан тэрээһин туох да тардыллыыта, итэҕэһэ суох, үрдүк таһымҥа ыытылынна. Бэйиэт Пегас ата Дьиктитэ диэн, бу тэрээһиннэри Дьөһөгөй оҕолоро – үрүҥ сылгылар – арыаллыы сырыттылар. Атырдьах ыйыгар буолбут тэрээһиҥҥэ Арыылаахха ыалдьыттары көрсөр Ытык Маска сүгүрүйүү кэмигэр ойууртан үрүҥ сылгы тахсан кэлбитэ уонна кистээн дьырылаппыта. Мас аттыгар тура түһээт, ойуурга киирэн хаалбыта. Бөһүөлэктэн тахсан, Боппуоктар төрөөбүт өтөхтөрүгэр барарга эмиэ үрүҥ сылгы турара. Хаһарбалаахха киирэргэ сүүһүгэр туоһахталаах хара атыыр күүппүт курдук туттан, өр одуулаан турбута. Аны туран, балаҕан ыйыгар Добун түһүлгэҕэ кэнсиэр кэмигэр хоһоон ааҕа турдахтарына, тыа саҕатыгар эмиэ үрүҥ сылгы тиийэн кэлбитэ. Тура түһээт, ойуурга киирэн хаалбыта. Пааркаҕа сылгылары, ынахтары мэччиппэттэр, онон эмиэ дьиктилээх буолбута. Бу үрүҥ сылгылар үөрүнэн буолбакка, соҕотохтуу сылдьаллар. Дьон-сэргэ маны үтүө бэлиэ, айылҕа илдьитин курдук ылынна. Ардахтаах күннэр эрээри, чаҕылыйан, күммүт туран биэрбитэ эмиэ үчүгэй бит. Айылҕа ити курдук кыыл-сүөл нөҥүө бэлиэ биэрэрин, сахалар бары да өйдүүбүт. Атын өттүнэн ыллахха, бэйиэт үрүҥ Пегас атын миинэн, поэзия хонуутунан өрүтэ көтүттэҕэ, лирика сыһыытынан дьоруолатан аастаҕа. Үрүҥ сылгыны Пегас уобараһыгар ханыылыы көрүөххэ сөп… Леонид Попов 100 сыллаах үбүлүөйүн түмүктүүр тэрээһин ахсынньыга тыйаатырга буолара күүтүллэр. Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан