Кэпсээ
Войти Регистрация

Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар: Үйэлээх таптал былааһа

Главная / Кэпсээн арааһа / Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар: Үйэлээх таптал былааһа

K
edersaas.ru Категорията суох
31.08.2019 11:00
Дьиҥнээх таптал үйэлэргэ сүппэт аналлаах. Ырыа буолан ылланар, хоһоон буолан, уостан уоска бэриллэр, саҥаттан саҥа эдэр сүрэхтэри өрүкүтэр. Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов уонна Анфиса Томская тапталлара оннук дьылҕалаах. edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат Долгуннуур күөхтэрдээх сай ааһан, Доҕоруом, эн хаһан кэлэҕин? Ыраатар бэйэҕин сайыһан, Ытаата мин уйан сүрэҕим. Илиибэр эн илииҥ баар курдук, Сүрэхпэр – сүрэҕиҥ сылааһа. Өрүүтүн биллиэхтин бу курдук Үйэлээх тапталыҥ былааһа… Бу хоһоону саха поэзиятыгар таптал лирикатын чыпчаал хоһооно дииллэр. Леонид Андреевич 1944 с. кэргэнэ Анфиса Ивановнаны кытары билсэ сылдьан суруйбут хоһооно. Дьиҥнээх таптал уотунан умайбыт сүрэхтэн тахсыбыт тыллардаах буолан, ураты күүстээх, абылыыр кэрэлээх хоһоон. Хас биирдии тапталга ыллара сылдьар киһи дууһатын нарынтан нарын, истиҥтэн истиҥ иэйиитин сыыйан ылан, этиэн баҕарбытын сайа этэн кэбиһэр курдук. Кини дуо, мин кэрэ аналым, Эдэр олоҕум эрэл доҕоро? Кини дуо, сирдээҕи тапталым Муҥура суох үрдүк дьоло? Кини дуо, миигиттэн көҥүлэ суох Өйбөр, дууһабар киирбит, Миигин дьоллуох, миигин сордуох, Сүрэхпэр сүрэҕин биэрбит? Бастакы көрүүттэн таптал Бэйиэт Музата буолбут, кини сүрэҕин өрүкүппүт, ыраас таптал утаҕынан дьоллообут кэрэ кыыс кимий? Анфиса Ивановна Томская 1925 сыллаахха Сунтаарга 4 оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Аҕата буостаҕа үлэлиирэ. Леониды кини аан маҥнай, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, 15 саастааҕар көрбүт. Оттон Леонид оччолорго 21 саастааҕа. Ол бастакы көрүүттэн таптал эбит… Ол туһунан бэйэтин ахтыытыгар бу курдук суруйар: “Мин Леонид Андреевиһы аан маҥнай 1940 с. Дьокуускайдааҕы учууталлар сынньанар дьиэлэригэр көрбүтүм. Онно эдьиийим Елизавета Томская хоһугар түннүк таһыгар кинигэ ааҕа олордохпуна, кини туох эрэ кэрэҕэ, үтүөҕэ дьулуһардыы чэпчэкитик, түргэнник хааман ааспыта. Кынаттааҕа буоллар, көтүөх курдук көрүҥүнэн, сырдык сэбэрэтинэн атын дьонтон уратылааҕа…” “Орто дойдуну киэргэтэн” кинигэҕэ З.К. Башарина суруйарынан: “Ася (кинини дьоно итинник ааттыыллара) Леониды көрөөт, долгуйан уларыйан хаалбыт. Ону туора дьон кытта бэлиэтээбиттэр. Елизавета Ивановна дьүөгэтэ Мария Кирова киэһэ кэпсээбит: “Кыыскыт Леониды көрөөт, таалан хаалла, сирэйдиин-харахтыын уларыйда”, — диэн. Онуоха кыыс чобуо баҕайытык: “Мин тыыннаах поэты аан бастаан көрөбүн. Кини хоһооннорун сөбүлээн ааҕабын, кини мин биир дойдулааҕым”, — диэн хардарбыт. Дьиҥинэн, кини уолу көрөөт сөбүлээбитэ, ол гынан баран, наар ону кистиир мөккүөргэ киирбитэ. “Аны кини хоһооннорун кистээн ааҕар буолбутум”, — диэн кэпсээбитэ Анфиса Ивановна. Бу маннык тапталы кистээһин аҕа көлүөнэ дьон характернай уратылара эбит. Эдэр дьон айылҕаттан килбиктэрин, сэмэйдэрин уонна тапталы олус үрдүктүк туталларын бэлиэтэ буолуо. Кинилэр маҥнайгы сирэй көрсүһүүлэрэ эмиэ дьикти этэ. 1942 с. IX кылааһы бүтэрэн баран, сайыҥҥы сынньалаҥар Ася от мунньуутугар, оҕуруот биригээдэтигэр үлэлиирин быыһыгар холкуос хонтуоратыгар кассирынан үлэлээбитэ. Леонид Сунтаарга лиэксийэ ааҕа кэлбитэ. Лиэксийэ кэмигэр, Ася санаатыгар, Леонид кинини эрэ көрөр курдуга, онтон наһаа симиттэрэ. Дьон тарҕаспытын кэннэ тахсыбыта,
Леонид кинини күүтэн турар эбит. Билсиһэн кэпсэппиттэрэ. Уол Ася дьиэтин таһыгар олорор дьоҥҥо тохтообут, онон аргыстаһан дьиэлээбиттэр. Мантан ыла Ася наар кини туһунан саныыр, куоракка тиийдэҕинэ, хайдах көрсүөхтэрин эридьиэстиир буолбута. Кини оскуоланы бүтэрэн, эдьиийин сүбэтинэн пединститукка географ буолар баҕа санаалаах кэлбитэ. Уулуссаҕа сылдьан наар Леониды кытта көрсүһүөн баҕарар эбит. Онтон бииргэ олорор кыыһа театрга ыҥырбыт, онно түүппүлэтэ суох буолан, кирзовай саппыкынан барбыт. Тиийбиттэрэ, Леонид Попов театр фойетыгар турар үһү. Ася таҥаһыттан-сабыттан кыбыстан, куотан хаала сыспыт. Оччотооҕуга да театрга маанытык таҥнан, уларыттар атах таҥастаах сылдьаллара үһү. Леонид кыыһы өйдөөн, туох да буолбатаҕын курдук кэпсэппит, устудьуон буолбутунан эҕэрдэлээбит, уопсайыгар атаарбыт. Кинилэр чаастатык көрсөр буолбуттар, доҕордоһон барбыттар. 1944 с. сайыныгар Ася дьиэтигэр барарыгар Леонид “Илиибэр эн илииҥ баар курдук” диэн хоһоонун бэлэхтээбит. “Бу хоһоону ааҕан баран, кини тапталыгар бигэ эрэммитим, итэҕэйбитим”, — диэн кэпсээбитэ Анфиса Ивановна. Бу хоһоон дьикти күүһэ хайа баҕарар киһини абылыыр, эгэ, айымньы анаммыт киһитигэр хайдахтаах курдук долгутуулаах эбитэ буолуой, маннык тапталга билинии. Хоһоон суолтата үйэлээх тапталы туойууга эрэ буолбатах, бу дьиҥнээх искусство киһини үрдэтэр, ыраастыыр, кынаттыыр күүһүн көрдөрүүтүгэр сытар. Ол курдук, айымньыга ис хоһоон уонна форма дьүөрэлэһиитэ олус табыллыбыт…” “Дьоллоохпун улахан тапталы билбиппинэн…” Сылтан ордук доҕордоһон баран, 1945 с. сайыныгар холбоспуттара. Маҥнайгы үс сылларыгар Леонид төрөппүттэрин кытта олорбуттара. Кийииттэрэ тойонун Андрей Николаевиһы уонна хотунун Мария Ивановнаны олус ытыктыыра. Чахчы да, үтүөкэн дьон этилэр. Сиэннэрэ эһэлээх эбэлэрин көрсөллөрүн бырааһынньыгы курдук кэтэһэллэрэ. Анфиса наукаҕа дьоҕурдааҕын көрөн, пединститукка хаалларбыттара. Аспирантураны бүтэрэн, диссертацияны көмүскээн, географическай наука кандидата буолбута. Өр сылларга геология институтугар палеонтология лабораториятыгар сэбиэдиссэйдээбитэ. Кини олоҕун үүт-тураан этэ диир сыыһа буолуо: кэргэнэ тыҥатынан ыалдьыбытыгар, улахан дьиэ кэргэн оттор маһын, иһэр уутун бэйэтэ хааччыйан олорбута. Бэйиэт дьиэтээҕи үлэттэн тэйиччи курдуга. Ол барыта дьахтар намчы санныгар сүктэриллибитэ. Ол да буоллар, кэргэнин айылҕаттан бэриллибит талааныгар сүгүрүйэрэ, кыаҕа баарынан көмөлөһөрө. Бэйэтэ эмиэ дьиэ хаһаайката буолан олорон хаалбакка, науканан утумнаахтык дьарыктаммыта. Анфиса Ивановна сиэнин, кийиитин, хос сиэнин кытта. 1999 сыллаахха Л.А. Попов төрөөбүтэ 80 сылыгар кини аатын сүгэр оскуолаҕа мусуой-хоһу тэрийии дьыалатыгар аҕам Н.П. Васильев Дьокуускайга кэлэн, Анфиса Ивановналаахха ыалдьыттаабыта. Онно миигин илдьэ бара сылдьыбыта. Сүрдээх номоҕон, сырдык сэбэрэлээх, киһи “эмээхсин” диэбэт, кэрэтин илдьэ кырдьыбыт дьахтар сайаҕастык көрсүбүтэ, чэйдэппитэ. Чахчы да, саха дьахтарыгар нарын-намчы, кыраһыабай мөссүөннээх, үтүө майгылаах буолан, бэйиэттэр кэрэ хоһооннору анаатахтара. Аҕабын кытта билсэллэр этэ, пединститукка үөрэнэригэр Поповтарга сылдьар эбит. Ол онно ахтыы суруйтаран ылбыппыт. Бу ахтыы, арааһа, аан бастаан бэчээттэнэр буолуохтаах: “Леонид Андреевич сайаҕас санаалаах, сырдык иэйиилээх киһи этэ. Киэһэ дьиэтигэр кэлээт, туохтан үөрбүтүн, хомойбутун кэпсээн иһэрэ. Кими да куһаҕаннык саҥарарын, үөҕэрин истибэтэҕим. Баайга-дуолга
ымсыырбат киһи этэ. Омук сириттэн кэлбит дьиэ тэрилин, сиэдэрэй иһити хомуйбатахпыт. Кини ыарыһах буолан, ордук аспытыгар кыһалларбыт. Саамай сыаналаахпыт кинигэ этэ. Мин диссертациябын көмүскээн, арыый үрдүк хамнастаммытым кэннэ, уус-уран уонна литературоведениеҕа туһааннаах кинигэлэри сакаастаан атыылаһарбыт. 1962 с. оҕолорбутун илдьэ Москваҕа, Ленинградка, Одессаҕа баран сынньаммыппыт. Доҕордоһо да сылдьан, холбоһон да баран, көрбүт киинэбит, испэктээкилбит, аахпыт кинигэлэрбит туһунан төһө үчүгэйдэрин, туохтара табыллыбатаҕын кэпсэтэрбит. Биирдэ этэн турардаах: “Уус-уран айымньыларга бэйэҥ өйдөбүллээх, көрүүлээх эбиккин”. Ол иһин буолуо, саҥа кэпсээни, хоһоону суруйдаҕына, сонно тута миэхэ ааҕан биэрэрэ уонна хайдаҕын ыйытара. Мин кини суруйууларын сөбүлүүр буолан, кыайарбынан көмөлөһө сатыырым: хоһооннорун харатыттан устан биэрэрим уонна Н.В. Гоголь “Тарас Бульбатын”, Б.Полевой “Дьиҥнээх киһи туһунан сэһэнин”, А. Фадеев “Эдэр гвардиятын” тылбаастаан таһаартарарыгар көмөлөһөрүм. Киниэхэ – Поэкка сүгүрүйэрим. …Мусуойга анаан Леонид Попов мэтириэтин (сиэнэ Марат Габышев оҥорбута), “Улуу Туймаада” диэн драматын – маҥнайгы улахан айымньытын уонна Москваҕа сылдьан түспүт хаартыскабытын ыытабын. 21.11.1999 с.” Зоя Башарина ахтыытыттан: “Арахсыы поэкка эрэ буолбакка, Анфиса Ивановнаҕа да ыар охсуу буолбута. Аттыгар түөрт оҕото, үлэтэ-хамнаһа, доҕотторо, аймахтара баар буолан, ыарахаттары тулуйдаҕа. Миигин кытта көрсүһүүтүгэр Анфиса Ивановна эппитэ: “Леонид хаста да кэлэн көрдөспүтүн мин ылымматаҕым. Баҕар, алҕаһаабытым буолуо. Ол гынан баран, мин дьоллоохпун. Дьоллоохпун улахан тапталы билбиппинэн, ол тапталтан түөрт оҕону төрөтөн, ийэ буолбуппунан. Оҕолорбун иитэн, дьон оҥорбуппунан”. А.И. Томская сырдык уобараһа бэйиэт улахан таптала буолан, саха литературатыгар хаһан да өлбөөдүйбэт хоһооннорго айыллан хааллаҕа… Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан