Кэпсээ
Войти
Регистрация
Егоровнаҕа махталбыт улахан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Егоровнаҕа махталбыт улахан
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
03.04.2020 11:58
1993-1997 сс. суорумньуһут Людмила Егоровна Слепцова көмөтүнэн ыал буолбут дьон киниэхэ ис сүрэхтэриттэн махтаныахтарын махтаналлар. Олохторун аргыһын була илик дьоҥҥо суорумньу диэн баара олус туһалааҕын анаан бэлиэтииллэр. Мантан аллара хайдах суорумньунан ыал буолбуттарын сэргиэххит дии саныыбын. “Мамочка, наша милая...” Мария: – Тыа олохтооҕун сиэринэн, олус килбик, сэмэй киһибин. Таптыы да көрбүт буоллахха, кыбыстан куота сылдьар курдук буолуллара. Мин 70-с сылларга устудьуоннаабытым. 40 сааспар соҕотохсуйуу үүйэ-хаайа туппута. Бастаан уоттаах таптал бэйэтэ кэлиэ дии саныыр этим. Кэлбэтэҕэ. Кэм киин сир диэн, куоракка көспүтүм. Ханта-ан! Хата, эбии “буомурбутум”. КБК олоҕо, дьэ, саҕаламмыта. Үлэ – дьиэ – үлэ. Ол сылдьан суорумньу туһунан истибитим. Чэ, манна ким да миигин билбэт, боруобалыахха диэн хорсун санаа киирбитэ. Саас этэ. Бастаан утаа кыбыстыы бөҕө. Биэчэр эҥин буолуо диэбитим, “бохуоттуурдуу оҥостон кэл” диэн буолла. Онно баран икки күнү быһа Хаҥалас сиригэр дуоһуйа сынньанан, балааккаларга хонон-өрөөн кэлбиппит. Ырыа-тойук, күрэхтэһии арааһа. Ким да сыбаат туһунан тыл аҥаарын да быктарбат. Салайааччыбыт Людмила Егоровна тэбис-тэҥҥэ ыллыыр, мээчиктиир, оһуокайдыыр. Кинини көрө-көрө киһи сүүрүөх-көтүөх, үөрүөх санаата кэлэр. Сырыы аайы тугу эрэ толкуйдаан, эбэн иһэрэ. Оччолорго Устинья Копырина суорумньутун бөлөҕө баара. Егоровналыын иккиэн кыһаллан туран соххор солкуобайа суох үлэ бөҕө буолаллара. Биирдэ Егоровна: «Эйиэхэ сөптөөх киһини буллум!” – диир. Мин соһуйдум, тугу да кэпсэппэкэ сылдьан эрэ, миигин курдары көрөр үһү дуо дии санаатым. Хайдах киһи миэхэ наадатын эҥин. Чэ, буоллун диэн буолла. Аны муҥха диэн биир кэрэ эйгэ эбит. Егоровна кэргэнин кытта иилээн-саҕалаан, дьэ, кырдьык, ыһыах курдук толору сиэрдээн-туомнаан ыытар эбит. Оччолорго дии, мин 50-наах, ол эрээри тэтиэнэх Мишабын аан бастан көрбүтүм. Огдообо этэ, үс оҕолоох (9, 18 саастаах уолаттар, 14-тээх кыыс). Туох кистэлэй, маҥнай утаа санаам хайдах эрэ сыппатаҕа. Төһө да 40-наах буолларбын, эдэр курдук сананарым. Аны 3 оҕолооҕо тохтоторо. Ол эрээри дьылҕа тардыыта улахан эбит. Сыыйа, чэ, кыыһынан кырдьан эрэр киһи, саатар, эр киһини билэн хаалыам диэн санаа киирдэ. Аны Егоровнабыт элэ-была тыла сыттаҕа. Холбостубут. Дьэ, онуоха: «Бу эн иирдиҥ дуу, үс оҕоҕо хамначчыт буолаарыгын! Улааттахтарына таһырдьа анньыллыаҥ”, — диэн тулабар саҥа бөҕө. Аны киһим туһунан “билбит-көрбүт” киһим эмискэ элбээн хаалла. Аны туран, өлбүт кэргэнин дьоно дьиэ-уот, даача, массыына тула айдаан бөҕө. Онно, дьэ, тыл уҥуоҕа суоҕун үчүгэйдик билэн турабын. Эбиитин э... тэп диэбиккэ дылы, внематочнай буолан хааллым. Балыыһа киһитэ буоллум. “Ити баар, огдообоҕо тахсан, ыарыһах буоллуҥ”, – диэччи элбээтэ. Ол да иһин мунчаарыы буулаан, балыыһа кэнниттэн арахсарга быһаарынным. Киһибэр онтубун эппэтим, аһынабын, бодьуустаһар аҕай этэ. Ол санаам арай биир күнүнэн үрэллэн хаалла. Кулун тутар 8 күнүгэр кэргэним оҕолорунуун сибэкки тутуурдаах киирэн кэллилэр. Кыра
уол хартыына уруһуйдаабыт уонна суруйбут: «Мамочка наша, милая, сладкая, мы тебя очень любим и ждем. Я клянусь, всегда буду тебе помогать. Маленькая моя ма-моч-ка, целую». Оо, төһө өр күүппүтүм этэй, мин ити тыллары! Оҕолорум барахсаттар билигин улаатан, бары мааны ыаллар. Быйыл холбоспуппут 20 сыла. Махтанабын дьылҕабар, үтүө доҕорбор, мааны оҕолорбор, түбүгүрэр сиэннэрбэр уонна, биллэн турар, ытык киһибитигэр Егоровнаҕа! Дьоҥҥо сүбэлиэм этэ. Уостубат уйгуну, баһыллар баайы барытын булуом диэн көрдөөмөҥ, суолгут көнө буоллаҕына, бэйэтэ тиэрдиэ. Ис туруккутун сүтэримэҥ, кэрэни булан толоро сатааҥ. Таптал – киһи бэйэтэ биэбэйдээн таһаарар дьайыыта Даша: –Үөрэҕи бүтэрэн, билбэт тыам сиригэр ананан тиийбитим. Тэрилтэм салайааччытыгар олохтоотулар. Ыалларым 2 оҕолоох, саас ортолоох дьон. Кэргэнэ учууталлыыра. Дьэ, мин 24 сааспар ол киһини таптаан, муҥ бөҕө буоллум. Тойонум билбэт быһыылааҕа. Ханна эрэ бардаҕына, ахтан ытыырым. Оҕолорун таптаан бөҕө буоларым. Биирдэ кэргэнэ оҕолорунуун куруорка барда. Санаабар, хаһаайка курдук сананным. Саҥа иһит тэрээпкэтэ ыллым, остуолга сибэккини атыннык туруордум. Хайаан да кэпсэтэн, тапталбар билиниэм диэн санаан, араас толкуй бөҕө. Син аһыы олорон дэриэбинэ сонунун кэпсэтэбит. Дьэ, ол курдук ый ааһа оҕуста. Мин уларытан туруорбут остуолбун нөҥүө күнүгэр уларытан туруорбута. Хомойбутум аҕай. Ол курдук, 3 сыл сордонон баран дойдулаабытым. Барарбар сотторун уоран илдьэ кэлбитим, сыллыы-сыллыы ытыыр буоларым. Билигин санаатахпына, тойонум кэргэнигэр бэриниилээх, олус интэлигиэн киһи эбит! Атын эбитэ буоллар, туһанан хаалыах этэ. Түөтэм Егоровналыын билсэр буолан, бэйэм да билбэппинэн кэтэхтэн сыбааттаабыттара. Миигиттэн 7 сыл аҕа, кэргэниттэн арахсыбыт киһи этэ. Кинилиин Табаҕа мырааныгар сылдьан билсибитим. Егоровналаах анаан тэрийбиттэр эбит. Онно өрүс өһүллэн эрэрэ астык да хартыына буоларын аан бастаан көрбүтүм. Билигин 2 оҕолоохпут. Ол ааспыт эдэр эрдэҕинээҕи тапталым туһунан өйгө да суох. Санаатахпына, күлэбин. Акаары да эбиппин. Ол киһи 20 сыл аҕа этэ. Билигин 80-чата буолуо. Пахай да, хайдах олоруом эбитэй?! Билигин Колям спортсмен буолан, көрүҥэ мааны. Сүбэм диэн – тускутун сүтэримэҥ, кэрээнэ суох бэйэмсэхтэнимэҥ. Таптал диэн бэйэ бүөбэйдээн таһаарар кэрэ дьайыыта быһыылаах. Таптал баар, уостубат күүстээх Миитэрэйэп кэпсиир. Бу уол эдэр сааһыттан сүрдээх талааннаах, актыбыыс эбит. СГУ тутар этэрээтигэр хамандыырдыыра. Ырыаһыт. “Сэргэлээх уоттара” түмсүү тутаах киһитэ, “Сарыал” ансаамбыл бастыҥа. Кыыс оҕо сүрэҕин долгутар чулуу ыччат эбит. Сурук бөҕө кэлэрэ. Бэл, медфак нуучча устудьуоҥкалара долгуйаллара үһү. Ол эрээри Костя дойдутугар 3 сыл ыанньыксыттыырга дуогабардаһан хаалбыт бииргэ үөрэммит кыыһын ахтар-саныыр эбит. Каникулга кинилиин буолара. Кыыс Костя 3-с кууруска сырыттаҕына, дьэ, үөрэххэ киирэр. ЯПУ-2-ҕа. Иккиэн үөрэхтэрин бүтэрэн ыал буолар былааннаахтара үһү. Ол дьикти күннэрин санаатаҕына, хараҕа ууланан ылар, бу 65 сааһын ааспыт киһи. Ол аата таптала билигин да баар эбит буоллаҕа. Хомойуох иһин, 4-с кууруһу бүтэрэн баран
сайын матаһыыкыл саахалыгар түбэһэн, баттык, кэлээскэ киһитэ буолар. Үөрэҕин сатаан түмүктээбэт. Инбэлиит буолар. Катям син биир кэлиэ диэн, олох иһин охсуһан барар. Ону баара оннук буолбатаҕа. Кыыс хоту тиийэн, кэргэн тахсан, оҕо-уруу бөҕө. Онтон саҕаланар таҥнары түһүү, куударалаах хара баттах маҥхайа аҕыйаан, көмүс тиис көтүллэн иһиитэ. Иһии-аһааһын да баара. Онон 30-тун ааһыыта эдэрдэр “оҕонньор” диэн ааттаан соһуталлар. Дьахтар диэки көрүөн санаа да тиийбэт, кыах да суох. 42 сааһын туолуута ийэтэ эрэйдээх эмиэ була сатаан суорумньулары кытта кэпсэтэн, эмиэ Егоровнаны кытта көрсөр. Егоровна да буоллар бастаан утаа көрөөт, дьулайда быһыылааҕа. Сирэй-харах бэрдэ суох киһи буоллаҕа. (Билигин күлэр). Эмээхсин эрэ көрдөһүүтүн быһа гыммат туһугар, уолу онно-манна ыҥыран барар. Бэрт киһи бэрт, биирдэ Зоя Дуранованы илдьэ тиийэн кэлэр. Эдьиийбит көрөн-истэн баран, атаҕын тутан-хабан көрдө. “Дьикти киэһэ” диэн ырыа ыллаан барда. Ол кэнниттэн: «Дьэ, нохо, тайаххын бырах. Тиискин оҥортор. Эһиил баччаҕа аҕа буолуоҥ», — диэн соһутар. Уол: «Ээ, сымыйа буоллаҕа”, – диэн сапсыйдар да, син истэр. Сыыйа дьарыктанан барар. Аны, Егоровна “Ленские волны” гитара ырыа күрэһигэр киллэрэн, бэттэх кэлэн барар. Суорумньунан 2 оҕолоох кыыһы кэргэн ылар. Уоспай биир оҕолоохтор. Билигин кинилэр үүт тураан олохтоох, дьоллоох эһэ-эбэ дьон. Куоста сүбэтэ: Таптал диэн баар уонна уостубат күүстээх. Катяҕа өһөспөр да үчүгэйдик олоруом, көрдүн-иһиттин дии санаабытым. Кырдьык, ол кыыһа дойдутугар кэлин сааһыран баран кэлэ сылдьан көрсүбүт уонна хараастыбыт үһү. “Биир сиэммэр эн ааккын бэрдэрбитим. Ол биһиги тапталбыт – уостубат бэлиэтэ” – диэхтээбит. Бэлэмнээтэ Лоһуура.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан