Кэпсээ
Войти
Регистрация
Үүтээн умайар (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Үүтээн умайар (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.04.2024 12:00
Умайар уот куйаас күн турар. Ардах түспэтэҕэ ыраатан, от куура хатан, сорох сиринэн охсоот даҕаны кэбиһиэххэ син курдук. Мэктиэтигэр сайыннары талах сэбирдэҕэ саһарбыт. Аһыҥалар от быыһынан ыстаҥалыыллар, үөһэттэн тобурах түһэн, төттөрү тэйэрин санатар. Оннук элбэх. Сир курааннаан тураҥнаабытыгар эбии улахан уот туран, тыа күүдэпчилэнэ умайар. Ыыс-быдаан буруо киһи хараҕын аһытар, дьиэ иһигэр тиийэ киирэр. Күн өһөн, куоска хараҕыныы кылайан көстөр. Түмэрэй отун үлэтин быраҕан туран, баһаар үүтээҥҥэ кэлиэ диэн, санаатыгар ону өрүһүйээри баран иһэр. Ата сүрэҕэлдьээбиттии нэһиилэ хаамар. Түмэрэй чыпчаххай тоһутан ылаары, талахха чугаһаары гыннаҕына, ата ону билбэт бэйэлээх буолуо дуо, туох да иһин чугаһаабат. Иччитэ кыйаханан, атын тэһиинин күүскэ тардыалыыр. Атаҕыгар кэтэн иһэр иҥэһэтинэн ойоҕоско кыпчыйар. Үүнүн уостугана айаҕын аһытан, ат иннин диэки үнүөхтээн сиэлэ ыһыллаҥнаан иһэн, эмиэ бытаарда. “Көлөөк даҕаны сылгы, нэс да сордоох!” — Түмэрэй саҥа таһааран үөҕүстэ. Ойон түһэн, атын сиэтэн, чыпчаххай быстаары чугаһаата. Ата чугаһаамаары, төбөтүн булкуйар. Иччитэ чыпчаххай ылан олорсубутугар, дьэ, ыллама киирэн, мэктиэтигэр ойоҕоһунан хааман үҥкүүлээмэхтээн ылла. Чыпчаххай тыаһа «кууш!» гынан ат самыытыгар «ыалдьыттаата», ат ыарыыланан кутуругун эрийэр. Бугуһуйан, ыллыгыттан туора салайан, харыйалар быыстарынан киирэн хаалан, хаһаайынын сирэйин мас лабаата ньуххайдаата. Ыркый ойуур быыһыгар киирэн хаалбытын, Түмэрэй суолга сиэтэн таһаарда. Кыйаханан, хараҕын үүтэ көстүбэт буолла. Атын сирэйин чыпчаххайынан таһыйда. Иккиэн тэҥ сирэй буолан, салгыы айаннаатылар. Үрэх хаспыт хара сыырын кытыытынан айаннаан иһэн истибитэ, аллара көҥүскэ уу тыаһа өрө барылыы түстэ. Түмэрэй көрбүтэ, муоһа суох тыһы тайах эбит. Атыттан ыстанан түһэн, төргүүлэнэн испит харабыынын сулбу таһыйан ылла. Тайах чолос гынан, киһи баарын көрдө. Тонолуппакка одуулаан туран баран, тугу эрэ кэтэспиттии кэннин көрбөхтүүр. Түмэрэй харабыынын маска аҥаабыллаан, чугас турар тайаҕы муос чабырҕайга табыахтыы кыҥаата. Долгуйан, сүрэҕэ битиргэччи тэбэрэ кулгааҕар иһиллэр. Элбэрээгин төлө тардан эрдэҕинэ, ойуур быыһыттан тайах ыҥааҕа үнүөхтээн таҕыста. Түмэрэй ытыан билбэккэ мунааран турда. Өйдөөн көрбүтэ, тайах оҕото түүтэ умайан кэриэрбит. Ыарыыланан, нэһиилэ үнүөхтээн хаамар. Ийэтэ оҕото чугаһаабытыгар, булчут диэки ыйытардыы көрөн турда. Түмэрэй саатын түһэрдэ, атын миинэн салгыы айаннаата. Үүтээнигэр чугаһаан истэҕин аайы буруота сүрдэннэ. Халлааҥҥа харбаһар үрдүк тииттэр, харыйалар хоруоран-соҥуоран тураахтыыллар. Түмэрэй ханна эрэ оҕо ытыыр саҥатын истэргэ дылы. Барбахтыы түһээт, умайбыт куобахтар өлүктэрин көрдө. Амырыын көстүү. Түмэрэй үүтээнигэр тиийбитэ, умайан күүдэпчилэнэ турар. Арыый даҕаны тыа саҕатыттан тэйиччи туттубута буоллар, баҕар, өрүһүйүө эбит. Күүстээх уот тыанан ааһарыгар хабыллан, умайан кытыастар. Эбиитин тыал күүһүрэн, баһаары күөдьүттэ. Түмэрэй үүтээнин өрүһүйүөҕүнээҕэр, бэйэтэ алааһы иилии эргийэн эрэр баһаартан нэһиилэ таҕыста. “Бу үлүгэр баһаары ким да көрбөтө буолуо дуо? Бөртөлүөт да тыаһа иһиллибэт”, — Түмэрэй сөҕө санаата. Буруоҕа тумнаста сыһан, суолун сүтэрэ сырытта. Ата кини да буоллар ыллама киирбит. Төттөрү барарын билэн, айаҕын таттара сылдьар. Эмискэ ата туохтан эрэ сиргэнэнэн, туора ыстанна. Түмэрэй эһиллэн иһэн, атаҕа иҥэһэтиттэн иҥнэн хаалла. Соһуллубутунан, атын тэһиинин тута сылдьар. Ат бугуһуйан барбахтыы түһээт, төбөтө туора тардыста сылдьар буолан тохтоото. Хата, сымнаҕас муохха түһэн, туоҕун да эчэппэтэх. Атаҕа нүөлүйэн ыалдьыбытын аһарынна. Ата кулгааҕын чөрөҥөлөтөр, хаһыҥырыыр. Түмэрэй атын мииммэккэ, туохтан сиргэнэрин көрөөрү, чугаһаан истэ. Ата кэннинэн чинэрийэрин иһин маска баайан эрдэ. Харабыынын туппутунан, бөлкөй бэрдьигэстэр устун хааман истэ. Эмискэ тыатааҕы олороругар ыы муннунан кэтиллэ түстэ. Балайда иккиэн утарыта көрсөн турдулар. Түмэрэй саатынан кыҥаан туран көрбүтэ, эһэ түүтэ умайан сиикэй этэ көстөр. Өрүһүттүбэт буолбут кыылы кыҥаан туран, саатын оргууй түһэрдэ. Эһэ харахтарыттан сырдык дьэҥкир таммах мөлбөрүс гынна. Сэниэтэ эстэн, нукаай курдук буолбут. Түмэрэй маннык көстүүттэн ыар санааҕа ылларда. Хараҕар умайбыт тайах ыҥааҕа, хоруорбут куобахтар, өлөн эрэр эһэ ыар ынчыга, үүтээнэ умайан күүдэпчилэнэн хара буруо халлаан диэки харбаспыта… Иэгэйэр икки атахтаах тугу оҥорон эрэрбит эбитэ буолла? Олохпут хайдах буолан иһээхтиир. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр туох хаалаахтыыр? Баһаар тахсар этэ да, маннык өр турбутун, дьон кыһаммат буолбутун истэ илик. edersaas.ru сайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан