Кэпсээ
Войти
Регистрация
ТАЙҔА ТААЙЫЛЛЫБАТАХ ТАПТАЛА (КЭПСЭЭНТЭН БЫҺА ТАРДЫЫ)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ТАЙҔА ТААЙЫЛЛЫБАТАХ ТАПТАЛА (КЭПСЭЭНТЭН БЫҺА ТАРДЫЫ)
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.07.2019 15:00
…Борокуоп сиһин этэ ситэн, буутун этэ буһан, баараҕадыйан, киһи толло көрөр киһитигэр кубулуйбута. Сүүһүн аннынан сургуччу көрөр, улахан уҥуохтаах, тыаһа суох хаамар, аҕыйах эрээри сөҥ куоластаах уола хаан бэрдэ буолбута. … …Борокуобу “Тыатааҕы” диэн Тыаһыт ааттаабыта. Уол күөгэйэр күнүгэр сырыттаҕына, кыстык хаар түспүтүн кэннэ муус аннынан илимнии сылдьыбыттара. Кыһайбыт курдук, ыттарын үүтээҥҥэ баайан хаалларан кэбиспиттэрэ. Арай, Борокуоп муус аллара турдаҕына, кэннигэр “һөх-һөх” дии-дии ким эрэ бэрт ыардык сүүрэрэ, муус тыаһаан чачыгырыыра иһиллибитэ. Эргиллэн көрбүтэ доҕоор, дьонтон уонча эрэ хаамыылаах сиргэ арҕахтаабатах эһэ арҕаһын түүтүн туруоран, сыраанынан саккырыы сылдьар саһархай аһыыларын килэппитинэн, харахтара сиэрэ уотунуу сириэдиһэн, суос бэринэн часкыйа-часкыйа хаҥас баппаҕайынан мууһу сырбаталыы турара. Ол аайы көһөҥө муустар, сэнэрээт оскуолкатыныы, ыраахха тиийэ көтөллөрө көрөргө дьулаан этэ. Дьон туохха түбэспиттэрин өйдөөбөккө да турдахтарына, иккитэ-үстэ ойон кэлээт, Борокуоп иннигэр хололообута, салахайынан тибиирээт, киһини хам баттыырдыы бу барыс гыммыта. Киэҥ көҕүстээх Борокуоп анньыытын угун бэрт хапсаҕайдык ойбон мууһугар тирэннэрээт, аҥаар атаҕар тобуктуу түспүтэ. Ону эрэ күүппүттүү, эһэ киһи үрдүгэр саба түһээт, сытыы анньыыга үөлүллүбүтэ. Ыстаммыт күүһүгэр тэптэрэн, киһи үрдүнэн элээрбитэ. Мууска тас уорҕатынан түһээт, ыардык иһин түгэҕиттэн салгын таһаараат, өбүгэлэригэр барар тиһэх ырыатын ыллыы сыппыта. Дьон, туох буолбутун дьэ өйдөөн, буолар буолбутун кэннэ куттаммыттара. Саҥата суох бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбиспиттэрэ. Тайҕа олоҕор буспут-хаппыт, өлөр өлүүнү элбэхтик көрсүбүт Тыаһыт бэйэ бодотун тардынан, “алакыы” дии-дии бэрт сүөргүтүк даллаахтыы-даллаахтыы чохчороҥнообута, үрдүк айыылар тыыннарын араҥаччылаабыттарыгар махтанан, тобуктаан олорон сүгүрүйбүтэ. Оттон Борокуоп эдэрэ өтөн, уйулҕата көтөн, бэрт уһуннук эрэйдэммитэ. Дьэ, ити түгэнтэн киниэхэ “Тыатааҕы” диэн аат иҥмитэ. Билигин дьиҥнээх аатын умна быһыытыйда. Хайа уонна кимниин сэлэһэн, кинини ким аатынан ыҥырыай? … …Тайҕа олоҕо таайыллыбат таабырын буоллаҕына, Борокуоптан чугас куорат сиргэ эмиэ таайтарыылаах олох бэйэтин дьаалатынан устан иһэр. Виктория — куорат мааны дьахтара. Оскуоланы бүтэрээт, үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэн, сөбүлүүр идэтигэр үөрэммитэ. Оччолорго экэнэмиис, юрист курдук идэлэр муодаҕа киирэ иликтэринэ, үбү-харчыны ааҕар буҕаалтыр идэтин баһылаабытынан иһигэр кыратык киһиргэнэ саныыра. Биир саастыылаахтара үгүстэрэ учуутал, быраас буолбуттара да, санааларын хоту табыллан олорооччу аҕыйах. Наар тиийбэт тирии, таппат тараһа буолан биэрээхтииллэр… Оттон Виктория олоҕо арыый атын. Кини таптыыр кэргэннээх, игирэ оҕолордоох. Кыыһа куорат биир сис ыалын оҕотугар кэргэн тахсан, этэҥҥэ олороллор. Уоллара ытык иэһин толороору тылланан туран, аармыйаҕа сулууспалыы барда. Онон, кэргэннии Соловьевтар иккиэйэх эрэ хааллылар. … … Герман Викториялыын хайа күн ыал буолуохтарыттан кэргэниттэн тугу да кистээбэт, санаатын үллэстэ сылдьар аһаҕас дууһалаах киһи. … … Герман салайар кэлэктиибигэр бииртэн-биир кыталык курдук кындыа кыргыттар, үтүөмсүйэ туттубут өйдөөх дьахталлар кырыы-кырыыларынан. Дьахтар диэн тииҥ мэйии буоллаҕа. … … Тос курдук тойон, дьиҥэр, бүгүн өрөбүл күҥҥэ олоҕун
аргыһыныын дьиэлэригэр сынньаныахтаах, күһүҥҥү курас күннэри баттаһа, айылҕаҕа да тахса сылдьыахтаах, сэбирдэх суугунун истиэхтээх этилэр буоллаҕа. Ханна баарый, тапталлааҕа бэҕэһээ киэр илгиэҕиттэн кута-сүрэ куотан хаалбыт курдук. Өрөбүллэргэ хаһан да үлэтигэр кэлбэт бэйэтэ, бүгүн кураанах кэбиниэккэ хам хатан олордоҕо. … … Арай, аан аргыый аһылынна уонна дьиэ хомуйааччы кыыс киирэн кэллэ. … Герман Герасимович кэрэчээн үлэһитэ тахсыбытын кэннэ халандаарын илиитигэр ылла уонна быйылгы уоппускатыттан хас күн хаалбытын аахта. “Какое совпадение, ровно одна неделя!” – кыырыктыйа илик баттахтаах, сирэйэ улаханнык мыччыста илик, билигин да дьахтар аймах ымсыыра көрөр Германнара ытыстарын таһынна. … Герман үнүр дьиэ сууйар кыыһа сайабылыанньа суруйбутугар илии баттаан баран, кинини дойдутугар массыынанан илдьэн биэрэргэ тылламмыта. … Виктория кэргэнэ барыаҕыттан дьиэтигэр тэһийимээри гынна. Бэйэтин баҕатынан туттарбыт, силигин ситэрбит, сахалыы тыыннаабыт киэҥ уораҕайыгар сирдээҕи олох тохтоон хаалбытын тэҥэ буолла. … Дьахтар барахсан саат-суут диэни умнан, били Люба хотууска эппитинии, харыларыттан харбыырга быһаарынна. … “Сүтүгүн” көрдүүргэ санаммыт куорат дьахтара саһархай кырааскаҕа сууламмыт сүүнэ мастары одуулуу-одуулуу тэтимнээхтик хааман иһэр. … Биир үтүө күн тыһы эһэ кымырдаҕастаан сии сылдьан, суор тугу эрэ дьүккүк гынан ыйыстан эрэрдии саҥарарын иһиттэ. Эһэ бу көтөр собулҕанан аһылыктанарын бэркэ билэр. Туох эрэ өлүгүн булан, харах таһаарынан эрдэҕэ буолуо диэн, аа-дьуо суор саҥатын диэки барда. … Биир киэһэ күн арҕаа санньыйыыта Борокуоп ытыныын үүтээннэригэр чугаһаатылар. Эмискэ Баһырҕас салгыны сытырҕаамахтаата, арҕаһын түүтүн туруорда уонна “хайыыбын” диэбиттии, иччитин көрөн ылла. … Окко-маска иҥнэн тырыттыбыт таҥастаммыт, баттаҕа арбайан ыһыллыбыт дьахтар остуолга бүк түһэн олорор эбит. Төбөтүн нэһиилэ өндөтөн, өлбөөрбүт харахтарынан Борокуобу мэндээриччи көрөн кэбистэ уонна эмиэ бүк түһэн хаалла. … Борокуоп наҕыллык, холкутук сылдьар бэйэтэ, туохха эрэ ыксыыр курдук буолбут. Дьахтар бочугураһы бэркэ сиэбит, миинин охсон кэбиспит. Куттаммыт, дьиибэргээбит харахтарынан Борокуоп хас хамсаныытын ааҕа кэтиир. … Эр бэрдэ уһуктан тыыллаҥнаата. Доруобай эт-сиин хамсаныан баҕарда. Виктория көхсүнэн сытар, арааһа, уһуктаҕас быһыылаах, тугу саныыра буолуой?.. Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, Иннокентий ПОПОВ-ОҔУРУОТТААХ. Хаартыскалар: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан