Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аттар түстүлэр… (Кэпсээнтэн быһа тардыы)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аттар түстүлэр… (Кэпсээнтэн быһа тардыы)
K
edersaas.ru
Категорията суох
13.07.2019 12:56
Соноҕос ат соргулаах, уол оҕо дьоллоох … Бэлэх быйыл түөрдүгэр эрэ сылдьар эдэр сүүрүк, хайыы-үлүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Дерби бирииһин кыайыылааҕа буолан, Куоҥ Харах, Чурапчы Маҕаайы ипподромнарын балтараа эргииргэ рекордарын олохтоон, уруккута хайа да сүүрүк кини сааһыгар ситиспэтэх, көрдөрбөтөх ситиһиилэрин ситиспитэ. … … Бэлэх кугас дьүһүннээх, синньигэс дьураа ураанньыктаах, икки кэлин атаҕар үрүҥ чулкулаах этэ. Айылҕа барахсан, Дьөһөгөй тойон айыы, ааттыын даҕаны, кырдьык дьоһуннаах бэлэҕи айан, дьон сэргэ үөрүүтүгэр анаан-минээн оҥорон түһэрбит курдуга. Бэлэх быһыыта-таһаата улахан уус киһи анаан-минээн чочуйан оҥорбут курдук кэрэ этэ. Көрөн-истэн дьэргэҥнэтэр ыраас киэҥ ойбон курдук харахтара, үтүөмсүйбүттүү өрө туппут кыра чочуонай төбөтө, чөрү-чөрөҕөр уһун туруору кулгаахтара, күөкэгэр үрдүк моонньо, туруору сааллаах арҕаһа, кэтит агдакалаах түөстээх, кылгас, бэйэтигэр сөрү-сөп сайдыбыт быччыҥнардаах сиһэ, чиччигинэс иҥиирдээх илин-кэлин уһун атахтара, өттүктэрэ, үөрэҥ-дьүөрэҥ үктээбит чөмчүүк таас курдук дьэҥкир туйахтара, убаҕас соҕус ыраас сиэлэ, оҥочо уот кутуруга барыта анаан-минээн сүүрүүгэ дьон көрө сөҕүүтүгэр айыллыбыт курдуга. Омос көрдөххө, Бэлэх уҥуоҕунан бэл кыччаан көстөр, барыта оннук орун-оннугар сөп түбэһэр эттээх-сииннээх, лоп бааччы уурбут туппут курдук быһыылаах таһаалаах этэ. Онтон атын сылгылары кытта кэккэлэһэ турдаҕына, барыларыттан арҕаһынан үрдүк, уоруйах уҥуохтаах толору эттээх-сииннээх, киһи хараҕа туолар үтүө сылгыта барахсан. Бэлэх өйө, сүрэҕэ-бэлэһэ, киэҥ холку майгыта, сынтарыйбат өһөс санаата, ханнык да сүүрүүгэ иннин биэрбэт, кыайыыга булгуруйбат дьулуура, киһи эрэ кэрэхсиир, сөбүлүүр үгүс үтүө өрүттэрдээҕэ. … … Ол сайын Бороҕоҥҥо илин уонна арҕаа эҥээрдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи сүүрүүлэригэр, саамай уһун сүүрүүгэ үс эргииргэ, оччолорго аатыра аҕай сылдьар кыһыллар Бэлэхтэрин кыайаары, атын оройуон ат баайааччылара сүбэлэһэн бары куолаан, тэринии-оҥостуу бөҕө буолан алдьархайдаах сүүрүү буолбута. … Онно өрөспүүбүлүкэ бастыҥ сүүрүктэрэ, Хатастан Сиккиэр, Амматтан Гастроль, Тулагыттан Экзотика, Хаҥаластан Сайгон уонна Бэлэх буолан тахсыбыттара. Хайалара кыайар да, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ саамай бастыҥ сүүрүк атын аатын дьоһуннаахтык бас билиэхтээх, аар саарга аатырыахтаах, албан ааттаныахтаах этэ. … Дьэ улахан уксуулаах, муҥутуур тыҥааһыннаах, кэтэһиилээх сүүрүү саҕаланна. Бэлэх урут хаһан да долгуйбат, мөхсүбэт холку бэйэтэ, трибуна иннинэн Куллуурга сиэтиллэн иһэн биир кэм өрө ходьоҥолоон, төбөтүн умсарыта тыытан үүнүн хабырыйа ытырбахтыы, бу сүүрүү эппиэтинэһин толору өйдүүр, бэйэтэ бары күүһүн кыаҕын толору биэриэм диэн мэктиэлиир курдук туттан-хаптан ааста. Ол курдук, кини төбөтүн өрө туттан олох хомунан-иминэн, сүүрүүгэ бэлэмнэнэн ох курдук оҥостон иһэрэ киһи хараҕар тута быраҕыллар, өйдөнөр этэ. Дьон үксэ Бэлэҕи өйөөн, аатын ааттыы үҥэ-сүктэ, көрдөһө-ааттаһа, уруйдуу-эҕэрдэлии хаһыытаан, саҥа аллайа атаардылар. Сүүрүү хара саҕаланыаҕыттан Бэлэх бастаан баран бара турда, кэнниттэн тыын ылларбат курдук Гастроль олорсон, бастакы эргиири муҥутуур тыынынан сүүрэн түмүктээн баран эстэн, бэйэтэ туораан хаалла. Иккис эргииргэ, салгыы Бэлэххэ аны биир түргэн атахтааҕынан биллэр Экзотика киирэн эрийсэн көрдө да, чугаһаппакка
өссө атан биэрэн истэ. Онон кинини бары куолаан утаран, Бэлэххэ тыын биэрбэккэ, түргэн сүүрүктэринэн солбуһуннара эккирэтэн уҥуоран туруоран кэбиһээри сүбэлэспиттэрэ табыллыбата. Үһүс эргииргэ, түмүккэ Сиккиэр Бэлэҕи өсөһөн-дьирэһэн туран эккирэтэн көрдө да, олох куоппутун кубулуппакка тэппит атах биир, сүүрэр тэтимин ыһыктыбакка, биэтэккэ диэри биирдэ кымньыыламмакка, таһыччы кыайан таҕыста. Оо, ол онно Бэлэҕи утарбыт дьоннуун кытта, сүүрүүнү көрбүт киһи барыта туран эрэ, дохсун өрөгөйдөөх хаһыынан, сөҕүү, үөрүү бөҕөнөн кини кыайыытын уруйдаан көрсүбүттэрэ. Кырдьык, дьон барыта Бэлэх улуу сылгытын көрө итэҕэйэн, туох да мөккүөрэ суох толору ылыммыттара. … Хомойуох иһин, ол кэнниттэн Бэлэх күөгэйэр күнүгэр сылдьан, куорат ипподромугар сааскы сүүрүүгэ атаҕын өлөрөн оһоллонон хаалбыта, ол кэнниттэн өрүттүбэккэ сүүрэр суолтан туоруурга күһэллибитэ. Олох бүтэһик сүүрүүтүн Аммаҕа илин эҥээр улуустар күрэстэригэр сүүрбүтэ. Атаҕа эчэйиилээх, үчүгэй, толору эрчиллиитэ суох сылгыны хамаанда туһугар үс эргииргэ сүүрдэргэ быһааран киллэрбиттэрэ. … Бүөккэ Иванов, Бороҕоҥҥо сүүрүүгэ Бэлэхтэн аккаастаммыт уол, сүүрдэргэ сөбүлэспитэ. Утарсааччылара Буулдьа, Гром, Дуораан бары илин эҥээр бэртэрэ, улахан сүүрүктэр кыттыбыттара. … … Сүүрүү саҕаланыаҕыттан Буулдьалаах Гром бастаан, Бэлэх бүтэһик хаалан барбыттара. Бэлэх ыалдьар атаҕын сэрэнэн, аргыый аҕай сүүрэрэ киһи хараҕар тута быраҕыллара. … Биэтэккэ тахсыы олох чугаһаабытын, сүүсчэкэ эрэ хаамыы хаалбытын кэннэ, Бэлэх эмискэ күүскэ буурдаан, аҕыйах ойуунан аттарын ситэ баттаан ылан, иннилэригэр түһэн чорбос гынан, биир устанан кыайан таҕыста! Оо, онно “ыалдьааччылар” киһи дөйөр күргүөмнээх хаһыыларынан, Бэлэх уһулуччулаах кыайыытын уруйдаан биир киһи курдук өрө ньиргийэ түспүттэрэ! Биэтэги ааһаат, Бүөккэ атыттан ыстанан түһэн Бэлэҕи эргитэ сиэтэн көрөөччүлэр иннилэринэн, үгэс курдук кыайыылааҕы хаамтаран ааспыта. Онно көрдөххө, Бэлэх ыалдьар атаҕын соһон нэһиилэ дугунан хааман иһэрэ. Кини хайдахтаах санаатын күүһүнэн, тугун барытын толук ууран, кыаҕын таһынан хамсанан төһөлөөх ыарахан кыайыыны ситиспитин дьон барыта көрбүтэ, өйдөөбүтэ, сөхпүтэ. Өссө эбиитин Бэлэх көрөөччүлэр иннилэригэр кыратык тохтоон, ыалдьар атаҕын иннигэр ууннары быраҕан, өлүөр атаҕын бокутан, төбөтүн нөрүтэн сүүрэр суолга сүгүрүйэн ылла. “Бу бүтэһик сүүрүүм, эһиэхэ өйөбүлгүт иһин махтанабын, сүгүрүйэбин” диэххэ айыылаах. Киһи барыта долгуйа, Бэлэх хайдах курдук уһулуччулаах улахан сүрэхтээх, булгуруйбат санаалаах улуу сылгы буоларын көрө итэҕэйэн, дохсун ытыс тыаһынан уруйдуур-айхаллыыр хаһыынан атаарбыта. Валерий ПОПОВ “Чолбон” сурунаалтан ылылынна Хаартыскалар: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан