Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кырдаана (улахан дьоҥҥо аналлаах остуоруйа)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кырдаана (улахан дьоҥҥо аналлаах остуоруйа)
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
11.08.2022 13:08
Сайыммыт барахсан чэчирээн, силигилээн турар кэмигэр, күөх сирэм алааска хоп-хойуутук чэчик эгэлгэтэ үүммүт эбит. Илин куула диэки кытаран, саһаран, сардаана уонна кырсаада сибэккилэр бэйэ-бэйэлэриттэн чугастык үөмэхтэспиттэр. Көрүөххэ кэрэтиэн! Маннык үчүгэйи харахтаабыт эрэ барыта хайгыы саныыр буолуохтаах. Арай, кинилэр быыстарыгар биир дьикти-дьиибэ чэчик үүммүт эбит. Кырсаадалаах сардаана икки ардынан курдук көстүүлээх – сытыы муннуктанан иһэн ньолбойбут, саһархайдыҥы кытархай өҥнөөх, чиҥ, тэрэйбит эминньэхтэрдээх; уһун унньулуйбут умнастаах, ортотуттан саһархай кырааска тохтон ылбытын курдук, эриллэҕэс оһуор ойуулаах; быыһыгар ким эрэ ыһыахтаан кээспиккэ дылы кыһыл эбирдэрдээх... Быһата, бу ураты сибэкки, уолан кырсаада уонна кыыс сардаана тапталларыттан үөскээбит эбит... Кинини ийэлээх аҕата Кырдаана диэн ааттаабыттар. Дьэ, бу дьикти чэчик дьиҥнээх таптал туоһута буола үүнэн, кэрэтийэн турдаҕына, биир ааһан иһэр эр киһи бэлиэтии көрөн, түөрэн ылан, дьиэтин таһыгар илдьэр. Аҕа кырсаада уонна ийэ сардаана хаарыан кыыстарын маннык нүдьү балайдык илдьэ барбыттарыттан сылтаан айманаллар, ыраахха диэри сайыһа көрөн хаалаллар. – Ийэлээх аҕам, быдан дьылларга быраһаайдарын!... – диэн Кырдаана кыыс сибэкки ытаан энэлийэр. ...Кырдаананы эр киһи олбуорун иһигэр, дьиэтин таһыгар, атын сибэккилэртэн тэйиччи олордон кэбиһэр. Кини талба, мааны көстүүтүгэр олус умсугуйар, кыһаллар, харыстыыр. Мүлүгүр сылаас ууну кутар, анал маҕаһыынтан битэмииннээх булкадаһыктары киниэхэ эрэ анаан аҕалан ыһар. Быһата, бастаан утаа, ким даҕаны бүөбэйдээбэтэҕин бүөбэйдиир, сибэкки саҥа сиргэ санаарҕаабакка, мунчаарбакка этэҥҥэ чэчириирин туһугар кыһаллар. Биһиги ураты сибэккибит буоллаҕына, маннык үтүө кыһамньыттан өссө улаатан, тупсан, төрөлүйэн биэрэр. Били, ийэлээх аҕатыттан букатыннаахтык арахсыбыт аһыыта ааспыкка дылы буолар... тэйиччи турар атын сибэккилэрдээҕэр ордук тупсаҕайын иһин, хас барбыт-кэлбит киһи кинини хайҕыыр. Онуоха, анарааҥҥы үүнээйилэрбит ордугурҕаабыттыы ыраахтан кынчарыйан көрөллөрүн, кинини ырытан туох эрэ диэн сибигинэһэллэрин көрөр-истэр. Ол эрээри, Кырдаана кинилэргэ даҕаны кыһаммакка, син этэҥҥэ бэйэтин оннун булуммут курдук сананар. Дьэ, ити курдук хас эмит күн салҕанан барар. Оттон сотору кэминэн эр киһибит аралдьыйара элбээн, үлэлиирэ үксээн, Кырдаанаҕа чугаһаабат, кинини олох даҕаны умнан кээспиккэ дылы буолар. Онуоха, сардааналаах кырсаада нарын тапталларыттан үөдүйбүт чэчик аччыктыыр, утатар, санаарҕыыр. Эбиитин, санаатын үллэстэн кэпсэтиэҕин уруккутун курдук аттыгар чугас сибэккилэрэ, ийэлээх аҕата, бука бары аймахтара суохтар. Дьиҥинэн, кини алаас чэчигэ буолан, халлаантан түһэр илгэлээх ардахтан, сарсыардааҥҥы сииктэн ыймахтанан, кинилэри абырыыр ыҥырыалар, лыахтар баар буоланнар, үүнэн чэлгийэн, дьоллоохтук даҕаны олорбута эбээт... – Хаһаайыммыт олох сүттэ, салгыы маннык буоллаҕына хайдах буолабыт? – Кырдаанаттан тэйиччи турар, чуораан курдук быһыылаах маҥан уонна күөх сибэккилэр айманаллар. – Муҥ саатар ардах кэлэрэ буоллар... – диэн, биһиги чэчикпититтэн ордук чугас үүнэн турар, соҕурууттан сыдьааннаах астра сибэккилэр хараасталлар. – Бу киһи саадын олохтоохторун өлөртөөн эрэр, ыый-ыыйбыан... – диэн сааһыра барбыт ромашкалар онолуйаллар. – Мин эмиэ наһаа утаттым... – диэн Кырдаанабыт дьэ саҥа таһааран, санаатын үллэстэр аймахтарын булбукка дылы сананар. – Эйиигин хаһаайыммыт кэлиҥҥи күннэргэ олус бүөбэйдээбитэ бытта, биһиэхэ сороҕор үрдүнэн-аннынан уу кутан баран, тапталлаах сибэккитигэр эйиэхэ тиийэн сылыппыт уутун кутар, эбиитин имэрийэн баран, сыттаан ылар, уһуннук одуулуур, араастаан эргийэ сылдьан хаартыскаҕа түһэрэр. Онон, силискэр, умнаскар уу бөҕөтө иҥтэҕэ. Билигин санаарҕааччылар биһиги эрэ буолабыт... – диэн бархатцы сибэккилэр муҥатыйаллар. ...Дьэ бу курдук сибэккилэр барахсаттар аймана турдахтарына, аһыы сытынан аҥылыйбытынан, арыгылаах бытыылкатын кыбыммытынан, хаһаайыннара тиийэн кэлэр. Дэлби илистибит көрүҥнээх. Дэҥкир иһитин кыбына сылдьан, лиэйкэнэн куура хаппыт сибэккилэригэр уу куппута буолар, оттон Кырдаанатыгар тиийэн кум-хам тутуох айылаахтык илиитинэн эминньэхтэрин ылан сыттыыр. Оттон илдьэ сылдьар лиэйкэлээх уутун толору кутан кэбиһэр. Онуоха, Кырдаана эминньэхтэрэ кумаланаллар, силистэригэр олус элбэх уу кутуллан олохсуйбут буора кутаҕа кубулуйа сыһар... сибэккибит барахсан ыарыытыттан, абатыттан ытыыр-соҥуур. Бу хара сордоох киһитэ кинини бу дьаабылаан эрдэҕиэн, бу муҥнаатаҕыан. Бэл, турар сирэ сиҥниэхчэ курдук буолбутугар, умса нөрүйэр. Оттон хаһаайына буоллаҕына, аһыы сытынан аҥылыйбытынан өссө биирдэ күүскэ сыллаат, дьиэтигэр киирэн хаалар. – Дьэ, уу бөҕөтүн куттараҥҥын астынныҥ дуо-оо?! Эйиэхэ барыта баар дии, болҕомто, элбэх уу, хаһаайын таптала, сыыс отун даҕаны суох! – диэн чуораан курдук быһыылаах маҥан уонна күөх сибэккилэр куолулууллар. – Хайа? Тоҕо эмиэ ытаатыҥ? Ытыыр төрүөт суохха дылы дии! – диэн бархатцылар мөҕүттэллэр. Онуоха Кырдаана туох даҕаны диэн хоруйдаабат. Арай, сиҥниэхчэ буолбут инчэҕэй буоруттан нөрүйбүт бэйэтэ сылайан, туох даҕаны диэн хоруйдаабакка туран, утуйан хаалар. Арай, түүһээтэҕинэ төрөөбүт алааһын сарсыардааҥҥытыгар турар. Аттыгар ийэтэ Сардаана, аҕата Кырсаада тураллар. Кинини олус эйэҕэстик көрөллөр, киниэхэ анаан ырыа ыллыылар, тапталларын биллэрэн үгүс үтүө тылы этэллэр, хайгыыллар. Түүн утуйа сыттахтарына түспүт сииктэн эминньэхтэрэ, сэбирдэхтэрэ күн уотунан күлүмүрдүүллэр. Бука бары аймах дьоно маннык үтүө кэми уруйдаан ылбаҕайдык ыллаан эйээрэллэр. Быыһыгар, кинилэргэ үөрүү буолан ыҥырыалар кэлэллэр... ...Кырдаана эмискэ тойон ыҥырыа дыыгыныырыттан уһуктан кэлэр. Сарсыарда буолбут, күн кылайа ойбут. Ыҥырыа кини сүмэһиниттэн оборор, сибэккибит сүргэтэ көтөҕүллэр. Били сиҥниэхчэ буолбут сирэ арыый аматыйбыт. – Эн ханнык сибэккигиний? Олус кэрэ, ураты чэчиккин дии. Эн курдугу көрө, билэ иликпин. Сүмэһинин даҕаны минньигэһиэн! – ыҥырыа Кырдаанаттан ыйытар. – Мин Кырдаана диэммин. Ийэм Сардаана, аҕам Кырсаада сибэккилэр. Бу сир үрдүгэр, баҕар, мин соҕотох буолбатаҕым буолуо. Ол эрээри, сорох үйэлэргэ кырсаадалар олох үүммэккэлэр, сардааналардыын билсибэккэ хаалаллар эбит диэн кэпсииллэрэ. Билигин бу кэмҥэ, төрөөбүт-үөскээбит алааспар сардааналар уонна кырсаадалар бэйэ-бэйэбититтэн чугастык үүнэннэр, ийэлээх аҕам бэйэ-бэйэлэрин булбуттар, силистэринэн силбэһэн, умнастарынан холбоһон, мин үөскээн хаалбыппын. – Дьэ, чахчы ураты чэчик эбиккин. Мин, бука, эн ийэлээх аҕаҕын көрсүбүтүм буолуо. Били чугастааҕы алааска сардааналар уонна кырсаадалар бэркэ хойуутук үүммүттэр этэ. Онно сылдьарбын олус даҕаны сөбүлүүбүн. Бу, эн манна үүнэн тураргын бэлиэтии көрөн, кинилэр сыттарыгар майгыннатан, сүмэһиҥҥинэн аһаан-сиэн тоттум. – Тойон Ыҥырыа, кэлэн барбыккар махтал. Бука диэн дьоммор мин илдьиппин, мин кыра, лоскуй сэбирдэхтэрбиттэн биири тууран тиэрдээр дуу. Көрдөһөрүм диэн ити эрэ... – Кырдаана ийэлээх аҕатыгар илдьит ыытыан сөптөөх түгэн көстүбүттэн олус үөрэр. – Маннык минньигэс сүмэһиннээх чэчик көрдөһүүтүн үөрүүнү кытта толорор буоллаҕым. Сарсын дьоҥҥор сылдьан баран, эйиэхэ кэлэ сылдьыам, - тойон ыҥырыа Кырдаанаттан биир оччугуй лоскуй сэбирдэҕи тууран баран, көтөн барар. Сарсыҥҥы күнүгэр хаһаайын олус сылайбыт-элэйбит, туохтан эрэ кыйахаммыт курдук көрүҥнээх тиийэн кэлэр. – Эмиэ манна кэллим, эһиги баар буолаҥҥыт, чуолаан эн баар буолаҥҥын (Кырдаананы ыйар) мин манна кэлэ турабын! Эһиэхэ уу кутаары, эһигини утатан өлөрүмээри көҥүлбүттэн күөмчүлэнним! Үлэлээн баран хоно-өрө доҕотторбун кытта көргө-нарга барыахпын, эһиги миигин хандалылаан кээһэҕит! Доҕотторум буоллаҕына, наһаа үчүгэйдик көҥүл босхо сылдьаллар, көрсөллөр, тэҥҥэ сынньалаҥнарын атаараллар. Мин буоллаҕына эһигини эрэ манаан тахсабын! – эр киһи Кырдаанаҕа ынан кэлэр уонна тууран ылан быраҕан кээһиэх санаата кэлбиттии, чараас умнаһын халыҥ илиитинэн бобута тутар... – кэбис, эйиигин соҕотохтуу буолбакка, астралар быыстарыгар көһөрөн илдьэр эбиппин. Кинилэри кытта бииргэ үүннэххинэ, ууну биир тэҥник кутуом этэ буоллаҕа, - диэн баран, эр киһи Кырдаананы эмиэ түөрэн ылар уонна астра сибэккилэр быыстарыгар илдьэн олордон кэбиһэр. Бу кэмтэн ылата Кырдаана аны атын сибэккилэр кинини саҥарыыларын, мөҕүүлэрин-этиилэрин тулуйарга күһэллэр. Кини ураты көстүүтүгэр, кимиэхэ даҕаны майгыннаабат сытыгар, сүмэһинигэр ымсыырбыттыы, хас күн ахсын ол-бу диэн этэллэр-тыыналлар. – Онто даҕаны суох кыараҕас миэстэбитигэр кэлэҥҥин, силиспитигэр мэһэйдиигин, биһиги диэки нөрүйбэккэ, сыыс оттор диэки хайыһан турар буол! Эйиигин хаһаайыммыт олох даҕаны түөрэн аҕалбатаҕа буоллар ньии! – диэн астралар мөҕүттэллэр. – Кырдаана, эн кинилэргэ кыһаллыма, бэйэҥ-бэйэҕэр тур, хас күн ахсын эн эрэ үтүө сүмэһиҥҥин лыахтар кэлэн амсайан бараллар... – диэн аҕам саастаах ромашкалартан биирдэстэрэ уоскутар. Биир сарсыарда били тойон ыҥырыа Кырдаанаҕа кэлэр. Арай, көрбүтэ – сибэккибит барахсан санньыйан, аҕамсыйбыт көрүҥнэнэн, биир эминньэҕэ тууллаары нэһиилэ ыйанан тураахтыыр. – Кырдаана, алы гын, мин эйиэхэ хойутаан кэллим. Эн аймахтаргар сырыттым, ийэлээх аҕаҕар илдьиккин тиэрдээри гыммытым, номнуо кэхтэн эрэллэр этэ... ол эрээри, кинилэр тиһэх тыыннарын эйиигиттэн тиэрдибит илдьитим сүргэлэрин көтөхтө. Хас даҕаны хонук кэхтэн эрэр сардааналар уонна кырсаадалар сүмэһиннэринэн аһаан хаалаары, алааскыт илин халдьаайытыттан ырааппакка сырыттым. Бу кинилэр эйиэхэ бэйэлэрин илдьиттэрин – кырсаада бытыгын, сардаана кырааскатын суолун аҕаллым... Онуоха Кырдаана тойон ыҥырыа доҕоро аҕалбыт төрөппүттэрин илдьититтэн олус үөрэр. Бу сырыыга, маннык дьолуттан тулалыыр саад сибэккилэрэ эмиэ ордук санаан саҥарыахтара дии санаан, улаханнык үөрүүтүн биллэрбэккэ, эминньэҕин быыһыгар саһыарар. Онтон, төрөөбүт сиригэр-уотугар, төрөппүттэригэр тапталын иэйиититтэн намыын тэтимнээх, ылбаҕай ырыаны ыллаан эйээрэр. Онуоха, дьикти, ураты көстүүлээх бэйэтиттэн өссө эриэккэс, нарын матыып иһиллибитигэр, кинини туората көрбүт астралар, бархатцылар уонна чуораан курдук сибэккилэр тохтоон иһийэллэр, уоскуйбуттуу нуһараҥ турукка ылларан, оргууй нуктаан бараллар. ...Сарсыарда күн ойон тахсыыта, Тойон Ыҥырыа Кырдаанаҕа кэлэр. Арай көрбүтэ - кини оннугар соҕотох, быыкаа төбөлөөх умнас эрэ хаалбыт, оһуор курдук ойуулаах, кыһыл эбирдэрдээх саһархайдыҥы кытархай эминньэхтэрэ бары саккыраан хаалбыттар. Аттыгар кинини суохтаан саад сибэккилэрэ ытаһа тураллар. – Кырдаана үөрүүтүттэн аһары өр ыллаабыта, онтон тохтоло суох биир-биир эминньэхтэрэ тууллан барбыттара, бүтэһигэр диэри нарын ырыатын ыллаан баран, тыына быстыбыта... – диэн аҕамсыйбыт ромашка ытамньыйа туран кэпсиир. Сотору кэминэн хаһаайын эр киһи кэлбитэ, Кырдаана суох буолбутун көрөн, санаарҕаан сүөм түспүтэ уонна эминньэхтэри ылан тиһэҕин сыттаан ылбыта, онтон халыҥ кинигэни аҕалан баран, илиистэрин быыстарыгар кинини эминньэхтэрин кытта угаталаабыта... Онон, сардаана уонна кырсаада сибэккилэр тапталларын туоһута буолбут Кырдаана сибэкки кууран-хатан, кинигэ быыһыгар үйэ саас тухары сыппыта. Кинини кэлиҥҥи кэмҥэ көрбүт дьон бары наһаа дьиктиргииллэрэ. Тоҕо диэтэр, хаһан даҕаны маннык сибэкки күн сиригэр үөдүйбүтүн илэ харахтарынан көрө иликтэрэ. Ираида Коркина-Чугдаара
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан