Кэпсээ
Войти Регистрация

Саха судаарыстыбатын маҥнайгы уопсастыбаннай диэйэтэллэриттэн биирдэстэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Саха судаарыстыбатын маҥнайгы уопсастыбаннай диэйэтэллэриттэн биирдэстэрэ

K
edersaas.ru Категорията суох
28.05.2019 12:16
Баһылай Бырдьахаанап кэриэс-хомуруос үлэтэ 2016 сылга «II Лөгөй» диэн ааттанан тахсыбыт Уус Алдан 2-с Лөгөй нэһилиэгин устуоруйата суруллубут кинигэни хомуйан оҥорорбор, биһиги дойдубутугар үөскээбит улахан уопсастыбаннай диэйэтэл — Василий Никанорович Леонтьев туһунан интэриниэтинэн көрдөөн көрбүтүм да, олох кэмчи суруллуу баарыттан сөхпүтүм. Арай, кинигэни оҥорон бүтэриим саҕана, Василий Протодьяконов тэлэбиисэргэ кини туһунан, Ойуунускайы уонна Аммосовы кытта тэҥ баайыылаах киһи буоларын, балачча уһуннук ырытан кэпсээтэ. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru Бу улуу киһи олорбут олоҕо арыллан, кинигэҕэ киирэр буолбутуттан, үөрүүбүн кытта сарсыҥҥытыгар төлөпүөнүн булан кэпсэттим. Василий Никитич кэбэҕэстик, үөрбүт курдук көрдөһүүбүн ылынан, сарсыҥҥы күнтэн мин дьиэбэр үлэ­лиир усулуобуйа баарынан, болдьостубут. Саха үгүс көлүөнэ устудьуоннара улаханнык убаастыыр учууталлара 80-тан тахсыбыт эрээри, өссө да үлэлии сылдьара. Онон, хаста да төхтүрүйэн үлэлээн, бу суруллубуту оҥорбуппут. Василий Никитич устудьуоннуу сылдьан дипломнай үлэтин В.Н. Леонтьев олоҕун, үлэтин чинчийэн көмүскээбит. Онон оччолортон саҕалаан, кини туһунан кинигэ оҥорор былаан­наах муспут матырыйаала баһаам эбит. «Олортон хасыһан саамай сүмэтин ылан, бэлиэтэнэн кэлэбин», — диэн күлэ-күлэ эппитэ. Илиистэргэ бэ­­лиэтэммитин үрдүнэн элбэх көннөрүү, эбии — бэ­­йэтэ эрэ быһааран көрөр бачах курдук киирбит буолара. Ол эрээри, оҕуруо курдук чуолкай буочардааҕа көстөрө. 2015 сыл саас ити бэлиэтээһиннэринэн сирдэтэн, өйүттэн лиэксийэ ааҕар курдук этэн биэрэн бэчээттэппитэ. Хаар маҥан баттаҕын өрө тарааммыт, саар тэгил уҥуохтаах, эттээх-сииннээх эрээри: «Атаҕым ыарыыта эмискэ булан эрэйдээтэ”, — диирэ. Мааны майгылаах, хоп курдук интэли­гиэнниин күлэ-үөрэ чэй иһэ-иһэ, бэркэ тапсан, 9 күн олус таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлээбиппит. А4 кээмэйдээх, 750 страницалаах улахан кинигэ 2016 сылга оҥоһуллан тахсыбытын кэннэ, киниэхэ бэлэхтээбитим. Бу да кэннэ, төлөпүөнүнэн билистэҕим аайы, хомойуох иһин, балыыһа киһитэ буолан испитэ… Улахан учуонай бу сүдү суолта­лаах бүтэһик үлэтэ соҕотох биир нэһи­лиэк кинигэтигэр эрэ киирбитэ ситэтэ суоҕунан, татымынан, дьонун-норуотун киэҥ билиитигэр махталы кытта таһаарарга сананным. Уус алданнар Василий Леонтьевпыт туһунан кинигэ оҥорон сырдатан, сүдү дьон кэккэтигэр туруоруохтаах соҕотох киһибитин сүтэрдибит. Василий Никитич бу суруйан хаалларыытын – кылаат кэриэтэ сыаналыыбыт. Мария Сергеева, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ бэчээтин туйгуна. Кылгас бэлиэтээһиннэр Сурук-бичик тарҕана илигинэ, саха киһитэ Орто дойду олоҕун-тойун олоҥхоҕо киллэрэн быһаарбыта быданнаабыт курдук этэр (этинэр) эбит. Киһи иннигэр киһи баара. Саха сиригэр “Сахалар сойуустарын” тэрийэн, аан бастаан, национальнай-босхолонуулах хамсааһыны оҥорбут ыччата Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр 1907 сыллаахха ыраахтааҕы суутун иннигэр омук-омукка судургута суох сыһыанын туһунан быһаарыы биэрбитэ баар: “Якуты не пришельцы, а исконные местные жители; русские пришли к ним, отобрали у них землю и обложили разными податями … Нет, русские не оказались для якутов старшими братьями, а явились опекунами, как они называли себя в старинных документах, над осиротевшими детьми и поступали с ними, как со сиротами”
(Отчет о судебном заседании по делу о “Союзе Якутов”. Речь обвиняемого В.В. Никифорова. – Якутский край. 1907 г., 10 ноября). Ити кэнниттэн, саха бастакы иччилээх тыллааҕа, В.Н. Леонтьев этэринэн, «поэт киэнэ улахана, уһууттарыылааҕа», өндөс кынан, өрө көрөн олорон: Сүдү омуктар Сүргэспит сүлүһүннэрэ Сүүттэриилээх өйдөөх Сүтүк омук оҕотун Сүрүн-кутун Сүүдүтэн көтүө буоллаҕа дуу?.. Манан буоллаҕына, Мас курдук олорон хаалымыаҕыҥ… Аны биирдэ дьүһүк кубулунан, Өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ… Кинилэр диэтэх дьон Бэйэлэрин киэнин — Үтүө үөрэхпит диэн ааттыыр Сэттэ уон сэттэ Дьиибэ дьибилгэттэрин… Аҕыс уон аҕыс Араас албастарын… Тоҕуһун тоҕус Кудай кубулҕаттарын Куудьуйан ылан, Буор куппутун буҕатытыаҕыҥ… Итиччэлэргэ буоллаҕына, Кинилэр диэтэх дьон Кэлбиттэрин иһин, Тиис тиискэ, Муос муоска, Туйах туйахха буоллаҕына, Онтон анараа өттүгэр — Айыҥат хаан анабыла, Таҥха хаан таҥхата, Ол билиэ этэ буоллаҕа дии, ноколоор – диэтэҕэ. («Ойуун түүлэ”, 1910 с.). «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диир саха. Норуот, туруннаҕына, тугу барытын тоҕо солоон барыан сөбүн туруору этэн кэбиспит аһары өйдөөх, аарыма талаан­наах Алампа Соппуруонап: Күөрэйиэхтэрэ Умнуллан хаалбыт киһи уҥуохтара. Оччоҕо … Халыҥ хаар анныттан Хайы үйэтээҕи дьон, Ойон туран Охсуһууга барыахтара… Туохха даа тойон – Норуот, норуот! Норуоттан тутуһуҥ Норуокка туһулааҥ!» — диэн үөскүүр ыччатыгар сүрэҕин сүдү баҕатын этэ дьиэһиппитэ. Бу улуу дьон кэриэс-хомуруос тылларын саҥа үөскээбит үйэҕэ салгыы са­­йыннарар соруктаах Ойуунускай, Омуоһап, Бараахап ааттарын кытта тэҥҥэ суруллар, тэҥ судаарыстыбаннай өйдөөх, Бороҕонтон (II Лөгөйтөн) төрүттээх Василий Леонтьев билиҥҥи бэчээккэ киэҥник тарҕанан биһирэнэ илик. Олоҕун, үлэтин туһунан Василий Леонтьев 1895 сыллаахха кулун тутар 5 күнүгэр Бороҕон улууһугар II Лөгөй нэһилиэгэр, таҥара үлэһитин (дьякон) дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Төрүччүтэ, миитэрэпкэтэ көстө илик. Ийэтэ эрдэ өлөн, оскуолаҕа мөссүйүөҥҥэ олорон үөрэммит. Оскуола кэнниттэн аҕатын кытта Дьокуускайга киирсэн, куораттааҕы духуобунай семинарияны бүтэрбит. 1917 сыллаахха үөрэҕин Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет юридическай факультетыгар (киһи быраабын салаатыгар) салҕаабыт. Үһүс кууруска история-философия са­­лаатыгар эбии үөрэххэ сылдьыбыт. 1920 сыл­лаахха Дьокуускайга төннөн кэлэн, Эргиэн наркоматыгар юрист-консулунан уонна сабыс-саҥа аһыллыбыт «Саха Омук» диэн култуурунай-сырдатар уопсастыба Бырабылыанньатын бэрэстээтэлинэн ананан үлэлээбит. Кэлин былаас үрдүкү да уорганнарыгар үлэлии сылдьан, «Саха Омук» иһинэн тэриллибит литературнай бөлөҕү уонна 1923-1924 сылларга эмиэ бу уопсастыба иһинэн Саха сиригэр бастакы философскай куруһуогу салайан үлэлэппит, литература, судаарыстыбаннас араас боппуруостарыгар научнай дакылааттары оҥортоон барар эбит. Архыыпка биир докумуон ордон хаалбыта баар: «О деятельности философского кружка общества «Саха Омук» диэн. Онно куруһуок сыала-соруга, ис хоһооно, философия олоххо, үөрэххэ туһата ыйыллар: “Цели кружка: Беспристрастное изучение философии, как науки; Перевод на якутский язык философских сочинений и терминов. Беспристрастное изучение философии необходимо было вот почему: обычно, подобные кружки всегда бывали слишком пристрастными. У них занятия происходили под определенным
углом зрения: или идеалистического, или материалистического, или же примиряющего последние два направления. В результате – участники кружка, которые всегда бывали еще не окрепшими в умственном отношении и философски совершенно неподготовленными, обыкновенно выходили с односторонними взглядами, убеждениями и с некоторым кружковым фанатизмом. Таким образом, калечилась молодежь чисто духовно, и кружок вместо пользы приносил только один вред, вред, трудно, вернее, совершенно неисправимый. Этого нашему кружку необходимо было избежать и избежать во что бы то ни стало. Вот почему мы говорим о беспристрастном изучении философии. Это – во-первых. Во-вторых, в нашем кружке сотрудниками состояли якуты, так что они, преследуя личные интересы в форме изучения философии для себя, наравне с этим думали – путем перевода философских терминов и статей принести ту или иную пользу своей нации. Заключение: У якутов практический склад ума. Поэтому высшие, философские вопросы у них в загоне. Это печальное явление может быть изжито только путем серьезного всеобщего народного образования. Интерес к философии у части нашей нацинтеллигенции – начало поворота к теоретическому развитию ума. Но этот интерес надо так использовать и так направить, чтобы была взята правильная линия и положено основание к созданию серьезной философской традиции!.. Иначе у нас в научном отношении не будет никаких перспектив впереди. Это надо твердо запомнить и обществу «Саха Омук», необходимо обратить самое серьезное внимание на философский кружок. Руководитель: /Леонтьев/. 1 июня 1923 г.” Дьэ, бу маны оччотооҕу да, билиҥҥи да, кэлиҥҥи да саха үөрэхтээҕэ (интэлигиэнсийэтэ) дириҥник толкуйдаан ылыннаҕына, инники сайдыыбыт быдан түргэтиэ, тэтимириэ этэ. Тоҕо диэтэххэ, тугу барытын иҥэн-тоҥон билэ сатыыр оҕоттон өйдөөх, мындыр, бөлүһүөк, учуонай киһи тахсар. Өйдөөн истэр, өйдөөн көрөр оҕо оттомноох, үөрэҕи ылымтыа буолар. Ол иһин, урут да (билигин — өссө ордук!) оскуола (иитии) ситимэр кылаас таһынан билиини дириҥэтэр үлэ күүскэ ирдэнэр. Биһиги бу үлэҕэ көтүтүүбүт элбэх. Классик суруйааччылар мэти­риэттэрэ, сахаттан тахсыбыт уһулуччу учуонайдар хаартыскалара оскуола иһин (таһын) хойуутук киэргэтиэхтээхтэр. Дьэ бу, холобур, Тулуна, Бороҕон, Дүпсүн ос­­куолаларын иһэ, бастатан туран, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, В.Н.Леонтьев этиилэринэн, сырдык баҕа санааларынан туоллахтарына, биир дойдулаахтара бэйэлэринэн киэн туттунуулара биллэ үрдүө этэ! Василий Леонтьев 1922-1927 сылларга Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи биэс маҥнайгы си­­йиэстэрин дэлэгээтэ, Саха Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин чи­­лиэнэ, ол иһигэр 1923-1927 сылларга Кэмитиэт Президиумун (Совет старейшин) чилиэнинэн талыллан үлэлиир. Ону таһынан, 1923-1928 сылларга тус хамнас­таах үлэтэ – Саха АССР Юстициятын наркомун солбуйааччы. Бу үрдүк эппиэттээх үлэлэргэ сылдьан, Сэбиэттэр үһүс-төрдүс сийиэстэригэр (1924, 1926 сылларга) Саха АССР маҥнайгы Конституциятын (Сүрүн Сокуонун) дьүүллэһиигэ сүрүн дакылааты Конституция бырайыагын оҥорор Хамыыһыйа аатыттан (Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ – Платон Ойуунускай) Леонтьев оҥорбута. Дакылаат сүнньүнэн, Саха АССР
Конституцията аан маҥнай 1926 сыллаахха ылыллыбыта. Ол эрээри, бу бырайыак РСФСР саҥа Конституцията бэчээттэнэн, олоххо кыайан киирбэтэҕэ, Саха Автономнай Өрөспүүбүлүкэтэ 1936 cылга диэри бэйэтэ анал Конституцията суох олорбута. Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи Үһүс сийиэстэригэр Леонтьев оҥорбут дакылаатыттан быһа тардыыны ааҕыҥ: “О сущности и пределах нашей Автономии. Наша Автономия, прежде всего – национальная автономия. Советская власть с первых же дней своего существования должна была стать на точку зрения безусловной необходимости са­­моопределения угнетенных национальностей, что и было оформлено Совнаркомом РСФСР путем издания в 1917 году “Декларации прав трудящихся и эксплуатируемого народа», а 1918 году — “Декларации прав народов России”. Последняя Декларация говорит о началах, положенных в основу деятельности Советской власти по вопросу о национальностях России, а именно: о равенстве и суверенности народов России”. (НА РС (Я), ф. 50, оп.1, д. 89, л. 37). Бу этиитин Баһылай Никанорович сийиэс буолуо үс күн иннинэ, «Автономная Якутия» хаһыакка бигэргэтэн турар: «Аппарат власти ЯАССР организуется не по принципу построения аппаратов местных органов власти, а по образцу строения высших органов РСФСР, что и подчеркивает государственный характер автономии Якутии”. (В.Леонтьев. Якутская Республика, как «Автономная единица. — «Автономная Якутия» — 1924 г. 19 декабря). Саха омук бэйэтин судаарыстыбаннаһын тэриниитигэр сүүрбэһис үйэ бастакы 25 уонна кэлиҥҥи 10-15 сылларыгар икки бэлиэ даата чорботуллан бэлиэтэниэхтээх: 1920-1922 сыллар – ССРС састаабыгар РСФСР иһинэн Автономияны ылыы (Ойуунускай – Омуоһап – Бараахап) уонна 1990-1992 сыллар – РФ иһинэн толору статустаах Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн сувереннай бырааптаах былааһы ылыы (бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев). История эргийэр: сүүрбэһис үйэ саҕаланыыта сүүрбэ биирис үйэ саҕаланыытын кытта силлиһэ түстэ. Ойуунускай бэлиэ охсон хаалларбыт «Өксөкүлээх үйэтэ» диэн тыла икки уонна билиҥҥи саха норуотун сырдык өрөгөйө икки биир ситимҥэ киирдилэр: «Идея суверенитета разрушила великодержавное мышление, раскрепостила общественное сознание, а ее реализация стала началом демократизации государственной жизни. Отныне раскрепощенный от духовной кабалы идеологии тоталитаризма, освободившийся от статуса сырьевого придатка центральных министерств и ведомств страны весь многонациональный народ республики вышел на путь свободного развития в составе обновляемой, демократизируемой Российской Федерации» (В.Н. Иванов, профессор. Возвращенное время. — В кн.: М. Николаев. Возвращенные имена. Якутск: “Бичик”, 2003 г., сс. 8-9). Василий Никанорович Леонтьев (1895-1932) Саха бастакы үөрэхтээхтэрин баһыйар үгүстэрэ учуутал уонна юрист идэтин баһылаабыттара. Ол аата саха норуота, үөрэх сис­­тиэмэтигэр уонна cуут тэрилтэлэригэр үлэһиттэри бэлэмнээн, кинилэр күүстэринэн бэ­­йэтин быраабын уонна көҥүлүн ту­­руорсар сыалы хара маҥнайгыттан туруоруммут эбит. Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит, мындыр өйдөөх, норуоттарыгар үтүмэн үтүөнү оҥорон хаалларбыт дьиҥ чахчы саха саарыннара үөскээн тахсыбыттара. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар, сайдыытыгар сүдү кылааттарын киллэрбиттэрэ, Саха сирин сайдыытын туһугар үлэлээн, айан-тутан ааспыттара.
Кинилэр дьоһун олохторун сиһилии үөрэтэн, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ үтүө холобур буолалларыгар тириэрдэр – ытык иэспит. Бороҕон улууһун Үгэлээх нэһилиэгин дьадаҥы дьиэ кэргэниттэн үөрэхтэнэн тахсыбыт Саха сирин оччотооҕу хараҥа үлэһиттэрин ортотугар култуурунай-сырдатар үлэни тэрийбит, «Саха омук» уопсастыба бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн уонна бу уопсастыба иһинэн үлэлиир бастакы философскай куруһуок салайааччытынан үлэлээбит дэгиттэр сайдыылаах, киэҥ, дириҥ билиилээх Василий Леонтьев саха норуотун устуоруйатыгар биир улахан миэстэни ылар. (Салгыыта кэлэр нүөмэргэ бэчээттэниэ) «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан