Кэпсээ
Войти Регистрация

Олох долгуна

Главная / Кэпсээн арааһа / Олох долгуна

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
20.03.2020 16:29
Учуутал аҕам Игнатий Васильевич бииргэ төрөөбүт убайа Иванов Василий Васильевич – Мас Атах интэриэһинэй биографиялаах киһи этэ. Оҕо сылдьан уорууга күтүрэнэн Иркутскайга, хаайыыга утаарыллыбыта. Холуонньаттан иккис холонуутугар күрээбитэ уонна саһа сылдьыбыта. Бу кэмҥэ өрөбөлүүссүйэ буолан, Василий кыһыл гвардияҕа киирбитэ. Иркутскайга сэбиэскэй былааһы олохтоспута, өрө турбут чехтэри кытары кыргыһыыга Танхой диэн ыстаансыйаҕа бааһыран, уҥа атаҕыттан маппыта, колчактарга тутуллан хаайыллыбыта. Кэлин босхолонон, Блюхер аармыйатыгар прожектористаабыта, сэриини Приморьеҕа түмүктээбитэ. Гражданскай сэрии кэнниттэн Дьокуускайга кэлэн, кыра быраата Игнатийы Сунтаар Бүтэйиттэн ыҥыртаран үөрэттэрбитэ. Бэйэтэ сэбиэскэй-партийнай үлэһит буолан, Сунтаарга, Бүлүүгэ араас салайар үлэҕэ сылдьыбыта. Амма Цыкуновтарын кыыһын кэргэн ылбыта. Хас да оҕоломмутуттан уола, физкультура учуутала идэлээх, норуот үөрэҕириитин туйгуна, 72 саастаах Март Васильевич Иванов баар. Кини Орто Халымаҕа учууталлаабыта, 3 оҕолоох, хас да сиэннээх. 60-с сылларга Д.П. Токооһоп абаҕам туһунан «Кыра буруйдаах» диэн оҕолорго аналлаах кинигэни суруйбута. Ол кинигэттэн туһанным. Өлүөнэ эбэ сүүрүгэр бигэтэн борохуот аал хоту диэки дьулуруйан истэ. Оо, ахтылҕаннаах дойду барахсан, ситэн-тупсан, мааныгын-кэрэҕин даҕаны! Сарсыардааҥҥы чуумпуга саҥардыы тыллыбыт мутукча сүрэҕи-быары сайа охсон киирэр дьикти сыта, ону кытта эбэ хотун толору уутун сөрүүн салгына палубаҕа олорор эдэр киһи уйулҕатын хамсатар. Ыҥырар-угуйар алааһын сыта-сымара эмиэ да субу саба биэрэргэ, эмиэ да киһи дьагдьайар уораана охсуллан ыларга дылы. Ол аайы уһун синиэлин кумуччу туттан, туман быыһынан өлбөөрөн көстөр үрүҥ күнү одуулуур. Бэлиэр уонча сыл ааһа охсубут – төрөөбүт дойдутуттан иннэ-кэннэ биллибэт ыар суолга тэлэһийбитэ... Ол туохтан саҕаламмытай? * * * ... Аҕалаах ийэтэ Уһун Баһылай уонна хараҕа суох Суоппуйа 8 оҕолорун кытта Бүлүү өрүс хаҥас кытылыгар – Бүтэй диэн ааттыын бүтэй, түҥкэтэх сиргэ – сыккыраан олорбуттара. Билбиттэрэ эрэ – Эбэлэрэ Бүлүү хотун. Кини төһөнү «дук» гыммытынан, дьадаҥы дьон эрэйдээхтэр айахтарын булунан үөһэ тыыналлара. Хата, улахан уоллара, аҕыйах саҥалаах Өндөрөй, булка-алка сыстаҕас буолан, хара тыаттан дөрүн-дөрүн бултуйан киирэн үөрдэрэ. Иккис уоллара Баһылай да убайыттан хаалсыа суоҕа эбитэ буолуо. Ону баара, дьоно уол алта саастааҕар Омуоһап Ньукулайдаахха 3 солкуобайга атыылаан кэбиспиттэр. Дьиҥэр, төрөппүттэрэ, ити ыалга эрдэ кур иэскэ киирэн, онуоха Ньукулай иэһин көрдөөн сулуйара бэрдиттэн, сытыы-хотуу дьүһүннээх Баһылайдарын биэрэргэ күһэллибиттэрэ. Омуоһаптар уол оҕолонуохтарын бэркэ баҕараллара эрээри, Айыыһыттара анаабатаҕын кэннэ хайыахтарай?! Хата, ол оннугар элбэх сүөһүлээхтэрэ, онон эттэрин-арыыларын батаран, син сэниэтик олороллоро. Баһылайы кыра диэн тараҥнаппакка, хара бастакыттан сорук-боллур, илии-атах гынан туһаммытынан барбыттара. Ити курдук мөҕүллэн-этиллэн, сороҕор күүскэ дьарыллан, уол борбуйун көтөҕөн барбыта. Төрөппүттэрин ахтан, биирдэ эмэ күрээн кэллэҕинэ, дьоно эрэйдээхтэр, төһө да аһын-наллар, Ньукулайдаахха илдьэн туттараллара. Онуоха 3 солкуобай төлөөн «улаханнык ороскуотурбут» киһи быһыытынан, билиҥҥиттэн кыайтарымаары гынна диэн, чыпчаххайынан «иэнин хастыыра». * * * Ол эрээри бу дойду
хайдах наар аанньа буолуой – сайын борохуот кэллэҕинэ, Бүтэйтэн чугас сытар Нөөрүктээйи бириистэнигэр дьаарбаҥка, көр-нар тардыллара. Бүгүн эмиэ оннук күн үүннэ. Күнэ да чаҕылыйан, көрүлүүргэ-нарылыырга анаан оҥоһуллубут курдук. Баһылайы иитэр аҕата буолуохсут бу дьаарбаҥкаҕа дэлэҕэ ыытыа баара дуо?! «Оту муспакка илэчийэн көрөөр эрэ!» – диэн кытаанахтык сэрэппитэ. Ол эрээри уол «наай гыннар, таһыйаа ини, ону даҕаны – туттаҕына» диэн, үлэлээбитэ буолан иһэн бириистэҥҥэ тэбиммитэ. Ыраахтан-чугастан дьон бөҕө субуһар, тоҕуоруһуу-ампаалыктаһыы сүрдээх. Кытылга оһуокайдаан сайгылдьыһаллар. Солбуһа сылдьан үҥкүү тылын тохтоло суох этэн күөгэҥнэтии, дьэ, манна баар. «Михаил» диэн ааттаах Басовтар борохуоттара эрдиитин салбахтара сараадыйан, аҥаардастыы күөнтээн, күлтэйэн ахан турар. Баһылай борохуот иһигэр киирэн хараҕа алаарда. Манна барыта – кини хаһан да харахтаабатах эриэккэһэ. Кэмпиэт, бирээнньик, халаачык, саахар, араас иһит-хомуос, таҥас-сап. Эр дьон чэй, табах, бурдук, туус, арыгы атыылаһар, оттон дьахтар өттө араас сиэдэрэй таҥаһы, оҕуруону, дьэрэкээн ойуулаах иһити кыҥастаһар. Ким да дьарыйбат: таптаабыккынан ханан баҕарар киирэҕин-тахсаҕын. Баһылай өр кэрийэн барытын ымсыыра көрдө, куртаҕа курулаата, «хаарыаны, ити бирээнньиги сиэбит киһи» диэн санаталаата. Ол эрээри ким киниэхэ кыһаллыай. Ыксаан, тобугар диэри кэһэн киирэн, ытыһан ыла-ыла тымныы ууну испэхтээтэ, син иһэ көппөйдө. Хата, кытылга хаартыһыттарга аралдьыйан, аччыктаабытын умнан ылла. Уонча киһи талах кэннигэр төгүрүччү олорбут. Сирэйдэрэ-харахтара турбута сүр. Баһылай оонньуулларын көрө турдаҕына, биир хаартыһыт кини диэки эргиллэн: – Нохоо, ыл эрэ, хаартыта туруоран кулу, – диэт, уолу холуттан ылан аттыгар олорто уонна эргэ холуода хаартыны биэрдэ. – Чэ, мантан биир хаартыта ылан туруор, баҕар, дьоллоох илиилээх оҕо буолуоҥ. Баһылай өс киирбэх чиэрбэ кулутун ылан туруорда. Киһитэ ол хаартыга сыаналаабытыгар бааннаах киһи мэтэйдээн барда. Уол туруорбут кулута ылан таҕыста. Киһитэ, сутуругунан сири охсон баран, куолаһын муҥунан: «Баар! Сибиэт!» – диэн дэлби ыстанна. Ити курдук син өр оонньоотулар. Түүн ыраатан барда, тарҕаһыы буолла. Баһылай хаартыһыт табаарыһын кытта барыста. Киһитэ эргэ түрүкүө сонноох, кубарыйбыт хортуустаах, сүүрэлэс киэҥ харахтаах, отучча саастаах. Саҥата-иҥэтэ холус, сороҕор киһи куттаныах да курдук буолан ылар. Ол эрээри, Баһылай санаатыгар, бу киһи үчүгэй: итиччэ элбэх киһиттэн арай кини эрэ киһинэн ааҕан хаартылаһыннарда, киһилии кэпсэттэ уонна бу дьиэтигэр хонноро илдьэн иһэр. Өр соҕус талах быыһынан, онтон харыйа ойуурунан ыллык устун хааман, дулҕалаах кыра алаас арҕаа баһыгар туруорбах балаҕаҥҥа тиийдилэр. Саҥа билсибит киһитэ Дурунуой Сэмэн эмиэ уол аҕата аах курдук быстар дьадаҥы быһыылаах. Долбуурга элэҥ-сэлэҥ мас кытыйа, тимир тэриэлкэ көстөр. Таҥас-сап да мөлтөх: хаҥас диэки мас ороҥҥо көппөх курдук эргэ таҥаска кэргэннээх оҕото утуйа сыталлар. Дурунуой долбууртан биир быһыы лэппиэскэни аҕалан аҥаардаата, чэйдээн дуомнаатылар. Ол кэнниттэн дьиэлээх тойон хоноһотун утутар түбүккэ түстэ. Хантан эрэ таһырдьаттан нэк сон
элээмэтин булан киллэрэн биэрдэ. Көрдөөн-көрдөөн, халтаҥ суппуун сону саптаргар диэн уунна. Сарсыныгар ойуурга тахсан мас мастаатылар, онтуларын сүгэн киллэрэн баран, сылбархай чэй истилэр. Түөртүүр диэки дьаарбаҥкаҕа барыы буолла. Атын сиринэн төгүрүйэн биир кэҥэс дьиэҕэ кэллилэр. Аана баттыктаах да буоллар, киһитэ киирэн начаас ыккардыгар лэппиэскэ кыбыныылаах таҕыста. Аҥаарын тосту тутан уолга бэристэ. Сонно сии охсоот, Дурунуой дьиэттэн чугас турар ампаарга тиийэн эргим-ургум көрдө уонна Баһылайга: – Эн манна тур, киһи иһэр буоллаҕына этээр, – диэн баран, ампаар күлүүһүн алдьатан иһирдьэ киирдэ. Чочумча буолаат, уҥа илиитин сиэбигэр уктубутунан таҕыста. Балачча барбахтыы түһэн баран, муохха олордулар. – Дьэ, Бааска, ити Ураанай Сүөдэр дьиэтигэр киирэ сырыттыбыт, ону кимиэхэ да этээйэҕин, – дии-дии, Дурунуой сиэбиттэн быыкаа саппыйаны таһааран уолга биэрдэ. – Манан кэмпиэттэ, бирээнньиктэ ылан сиэр. Уол ылымаары саарбахтаан баран, киһитин утары этиэн куттанан, ылла. – Дьэ, кимиэхэ эмэ этэр буолаайаҕын, – диэн киһитэ бигэргэтэн эттэ. – Үчүгэй, эр санаалаах киһи кистэлэҥнээх дьыаланы кимиэхэ да этээччитэ суох. Дурунуой, итинник диэн баран, ойуур устун элэгэлдьийэ турда. Баһылай ойуурга соҕотоҕун хаалан олорбохтоото. Бэйэтэ да өйдөөбөккө, бөрүкүтэ суох дьыалаҕа түбэспитин, дьэ, оройдотто. Бастаан, били ыалыгар төннөн барыах курдук санаталаан ылла. Оттон маны хайыыр? Саппыйатын аһан көрдө. Алтан харчы бөҕө! Уол хараҕын симириҥнэтэн ылла. Хайдах гыныахха? Бу – уоруу эбээт! Баһылай улуу түөкүннэр, ороспуойдар тустарынан кырдьаҕастар кэпсээннэрин истэрэ. Кини эмиэ оннук киэптэннэҕэ. Саппыйаны харчылары-майырдары быраҕан кэбиһиэххэ дуу? Ол эрээри бачча харчыны хайдах быраҕыай?! Дьаарбаҥкаҕа тиийэн, дэлби аһаан баран, Ньукулайдааҕар төннөр толкуйданна. Бириистэҥҥэ киһи элбэх, кини хантан харчыламмытын ким билиэй? Баһылай бириистэҥҥэ тиийэн, дьэ, күннээтэ. Ас минньигэһин атыылаһан аһаата, хантан эрэ атастардана охсон хаалла, кинилэри эмиэ күндүлээтэ. Сотору-сотору сиэбин сахсыйан, харчыта кылырдыыр тыаһын иһиллиир. Ол сылдьан, биир обургу уол угуйан, хаартыласта. Саппыйа сиэптэн сотору-сотору хостонор буолла, харчы баранан барда. Баһылай дьаарай хаартыһыт курдук уутугар-хаарыгар киирдэ: «Сибиэт!», «Баар!», «Тууй-сиэ!» – диир идэлэннэ. Сиэбиттэн кэмпиэтин ылан мотуйар. Ол көрүлүү олордоҕуна доҕоор... ким эрэ саҕатыттан харбаата. Өрө көрөн таһаарбыта – билбэт киһитэ кэлэн турар эбит... * * * Баһылайы бырааба дьиэтигэр аҕалан хаайа сытан талаҕынан таһыйа-таһыйа доппуруостаатылар. Уол урут хаһан да билбэтэх быһыытыгар-майгытыгар түбэстэ. Манна тугу саныылларынан кэбилииһилэр, өлөрдөхтөрүнэ да көҥүллэрэ. «Дурунуойу этэн биэрбит киһи дуу? – диэн санаталаан ылла. – Саппыйаны миигиттэн булбуттара, онон син биир быыһаммаппын... Оттон Дурунуой Сэмэн – соҕотох табаарыһым. Миэхэ туох да куһаҕаны оҥорботоҕо, хата, биир да билэр киһитэ суох буолан, быстаран сырыттахпына, дьиэтигэр илдьэн хоннорон абыраабыта... Арай этэн биэриим?.. Хоннорбутун иһин дуо?!..». ...Суут бырааба мунньахтыыр саалатыгар буолла. Киһи толору мустубут. Инники миэстэҕэ кулубаларын аймахтара кэчигирэстилэр. Кинилэр кэннилэригэр
кинээстэр, эргиэмсиктэр, нэһилиэк баайдара, быыбарынайдар, хаппарааллар олордулар. Уол ампаары алдьаппыт киһи аатын эппэккэ, суут уураахтыырыгар улахан олурҕаны оҥордо. Ол үрдүнэн саппыйа киниттэн көстүбүтүнэн сылтаан, Баһылайы буруйдааҕынан аахтылар уонна оҕо холуонньатыгар икки сылга уурдулар. Сокуоннай сааһа ситэ илик оҕону сууттаан холуонньаҕа ыытыы – улууска аан маҥнайгы түбэлтэ этэ. ... Хаайыылаахтары борохуокка киллэрдилэр. Балачча өр адьынан, борохуот өрүс сүнньүгэр киирдэ да, хоту диэки хайыһан, тыаһа-ууһа киллигирээн, күүһүрэн барда, биэрэк элэгэлдьигэс буолла. Кэнниттэн сэтии баарсалара иһэллэрэ көстөр. Бүлүү куоратын кумах биэрэгэ уонна ол үрдүнэн көстөр дьиэлэр сарайдара, түрмэ вышкалара, таҥара дьиэтин күлүмүрдэс кириэһэ улам ыраатан истилэр. Быраһаай, төрөөбүт дойдум! Буруйдаах аатыран, биир оҕоҥ түбэһэн, сириттэн-дойдутуттан, дьонуттан-сэргэтиттэн араҕан, бу – холуонньаҕа айаннаан эрэр. Кини ханна-ханна тиийэн ким-туох буолуо, төрөөбүт дойдутугар хаһан үктэниэ биллибэт. Быраһаай, төрөөбүт дойдум! * * * «Уол оҕо биир күн – ат өрөҕөтүгэр, иккис күн – уорҕатыгар» дииллэрэ кырдьык. Умса түспэт оҥоһуулаах буолан, биир уол оҕо сырыытын сылдьан, ахтылҕаннаах дойдута барахсаҥҥа бу чугаһаан истэҕэ. Геннадий ГУРЬЕВ Хаартыскаҕа В.В. Иванов-Мас Атах.
kyym.ru сайтан