Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таллан Бүрэ кинигэтэ сүрэхтэннэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таллан Бүрэ кинигэтэ сүрэхтэннэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
29.03.2019 12:22
Биллэр бэйиэт, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 110 сылын туолла. edersaas.ru Бу бэлиэ түгэни көрсө, төрөөбүт-үөскээбит Намын сиригэр уонна Туймаада хочотугар хас да тэрээһин буолан ааста. Тохсунньуга, төрөөбүт күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэҕэ «Дойдум иһин, норуотум иһин олохпун хардата суох аныам» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааспыта. Нам улууһугар сылы эргиччи тэрээһиннэр ыытыллаллар, ол курдук, бэйиэт айымньыларынан “Уоланнар ааҕыылара”, куонкурустар, хоһоону ааҕыыга күрэстэр, о.д.а. буолбуттара. Кулун тутар 27 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр ураты тутуулаах Олоҥхо дьиэтигэр Таллан Бүрэ “Уолан Эрилик” кинигэтэ хос бэчээттэммитин сүрэхтээтилэр. Кулун тутар 27 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр ураты тутуулаах Олоҥхо дьиэтигэр Таллан Бүрэ “Уолан Эрилик” кинигэтэ хос бэчээттэммитин сүрэхтээтилэр. Кинигэни төрөппүт уола, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Степан Сивцев-Хамалҕа, суруйааччы Николай-Винокуров-Урсун хомуйан оҥордулар. Манна “Уолан Эрилик” поэманы сэргэ, ахтыылар, ырытыылар, чинчийиилэр киирдилэр. Көрсүһүүгэ суруйааччылар Николай Лугинов, Ойуку, Урсун, Хамалҕа, Дайыына уонна Таллан Бүрэ оҕолоро, сиэннэрэ, ааҕааччылара кыттыыны ыллылар, тылларын-өстөрүн тиэртилэр. Николай Лугинов, СӨ норуодунай суруйааччыта: — Таллан Бүрэ – дэҥҥэ көстөр тыл маастара, ураты уобарастардаах “бэйиэттэр бэйиэттэрэ” этэ. Ол эбэтэр, дэбигис киһи өйдөөбөт, уустук, ураты айылҕалаах дьон өйдүүллэр. Мин кини талааныгар сүгүрүйэн улааппытым. Айар нэһилиэстибэтин кэлин өссө дириҥник иҥэн-тоҥон ырытан, чинчийэн үөрэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Кини үлэлэрин аан бастаан Семен Данилов дириҥник чинчийбитэ. Ону тэҥэ биир дойдулааҕа Петр Ильин чинчийбит үлэтэ сүҥкэн суолталаах. Павел Харитонов-Ойуку, суруйааччы: — Фантастическай, мифическэй уобарастардаах, олох суоҕу суруйан соһутар, ураты суоллаах, уустук бэйиэт. Мин кини айар үлэтигэр дипломнай үлэбин, уонтан тахса ыстатыйаны суруйдум да, муҥурун булбатым. Итинник сүдү киһилиин алтыспыт, чинчийбит дьоллоохпун. Николай Винокуров-Урсун, суруйааччы: — Биир күн Литературнай мусуойга кэпсэтэ олорон, Таллан Бүрэ өлбөт-сүппэт айымньыларын сөргүтэн, хат бэчээттээн, кинигэ таһаарар туһунан санаа киирбитэ. Оҕолоро, аймахтара ытыгылаан, бу саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Суруйааччы нэһилиэстибэтэ ааҕылларын, дьоҥҥо тиийэрин тухары, кини тыыннаах. Онон Нам олохтоохторо араас тэрээһиннэри ыыталлара хайҕаллаах. Степан Сивцев-Хамалҕа, суруйааччы: — Аҕабын “таайыллыбатах таабырыннаах” бэйиэт диэн ааттыыллар. Кэнники хос-хос ааҕан баран, “Уолан Эрилик” таабырынын таайдым дии санаатым. Кини убайа Игнатий Сивцев Булуҥҥа өрө турууну салайбыта. Дьиҥинэн, өрөпкүөм чилиэнэ, саҥа былааһы уруйдуу көрсүбүт киһи, чыкаалар хабыр туттунууларыттан итинниккэ тиийдэҕэ. Аҕам убайын ыар дьылҕатын сааһын тухары сүрэх бааһа оҥостубута. Ол ону ханарытан суруйбут эбит диэн өйдөөтүм. “Талланнар” династиялара Ефрем Степанович уонна Марфа Николаевна 46 сыл иллээхтик-эйэлээхтик бииргэ олорон, сэттэ оҕону төрөтөн-иитэн, атахтарыгар туруорбуттара. Ол оҕолоро бары үтүө үлэһит дьон буолан, 1999 сыллаахха Сивцевтэр педагогическай династияларын олохтообуттара, кинилэр ааттара өрөспүүбүлүкэ чулуу дьиэ кэргэттэрин Бочуот кинигэтигэр көмүс буукубанан суруллубута. Кинигэ сүрэхтэниитигэр оҕолоро, аймахтара кэлэн, тыл этэн, тэрээһини киэргэттилэр. Манна
бу иннинэ ыытыллыбыт Таллан Бүрэ хоһооннорун ааҕыыга күрэс түмүгүн таһааран, кыайыылаахтары наҕараадалаатылар. Ол курдук, 1-кы миэстэни Намнааҕы педколледж “Ыллык” куруһуогун устудьуоннара, 2-с миэстэни – “Кустук” уһуйаан оҕолоро, 3-с миэстэни – кырдьаҕастар дьиэлэрин олохтоохторо ыллылар. Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан