Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьолуолаах (КЭПСЭЭНТЭН БЫҺА ТАРДЫЫ)

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьолуолаах (КЭПСЭЭНТЭН БЫҺА ТАРДЫЫ)

K
edersaas.ru Категорията суох
22.03.2019 20:00
Сэтинньи ортото. Тымныы, тыаллаах, хаардаах күһүн буолбута. Киргиэлэй сиргэ сытара. Саҥа үүтээн туттаары маһын бэлэмнии сылдьар. Биир күн, маһын кэрдиитин бүтэрээри, хойукка диэри сырытта. Киэһэнэн аччыктаата, борук-сорук буолуута, дьэ бүтэн, үүтээнигэр барда. Аһаҕас сиргэ тахсыбыта, тыала утары буолла, сииктээх таҥаһа хам ылан дьагдьайда. Атын тиэтэттэ. Үүтээнигэр кэлэн, күөстэнэн аһаан утуйда. Сарсыарда уһуктубута күөмэйэ ыалдьыбыт, сөтөллө сатыыр. «Ыалдьаары гыммыппын, бүгүн өрөөн сынньаныахха,эмтэнэн ыарыыны аһарыныахха» диэн быһаарынна. Эмтэнэн да диэн — саһыл хоргуна эрэ баар,онтунан түөһүн оҕунуохтанна, уулларан кыратык истэ уонна күөмэйин куобах тириитинэн саба тутан баанна. «Тириттэхпинэ көлөһүммүн кытта ыарыым тахсаарай…» диэн оһоҕун күүскэ отунна уонна халыҥнык саптан сытта.Тириттэ, көлөһүн таҕыста эрээри, көхсө тоҥо сырытта. Киэһэнэн сөтөлө хойунна, сөтөлүннэҕинэ агдатын иһэ аһыйар буолла, төбөтө ыарыйда. «Ааспатаҕына сарсын дьиэлииһибин…» дии санаата. Эмиэ саһылын хоргунунан эмтэнэн сытта. Түүн түлэй-балай баран уһугунна. Этэ бүтүннүү умайар, агдата адьас да хам ылбыт, тыын быһаҕаһынан тыынан эппэҥнии сытта. «Турбут киһи…» дии сытан сүтэн хаалла.«Утуйдум дуу, өйбүн сүтэрэ сырыттым дуу?..» диэн санаалаах хараҕын аста. Халлаан суһуктуйан эрэр эбит. «Дьиэлиэххэ! Дьиэлии охсуохха, сыттым да быстарабын!..» өндөйөн, онтон-мантан тутуһан туран таҥынна. Төбөтүн иһэ дьалкыҥнас, сап-салҕалас, сөтөллө сатыыр да агдата, күөмэйэ кыайан сөтөлүннэрбэттэр. Таһырдьа тахсан, сынньанан тыын ыла-ыла, атын аҕалан көлүйдэ. Үүтээниттэн ыт саҕынньаҕын таһаарда, аанын үөттүрэҕинэн баттатта. Саҕынньаҕын кэтэн сыарҕаҕа сытта, саҥарар кыаҕа суох буолан, муоһатынан «бардыбыт!» диэн атыгар имнэннэ, ол кэннэ суол төрдүн диэки салайа тутта. Дьолуолаах, суол төрдүгэр киирэн, бэйэтэ билэринэн айаннаан истэ. Халыҥ сиһи туораан, үрэххэ киирдилэр. Суоллара үрэҕи усталаан, иҥнэри сирэйинэн, сорох сиринэн хонуу курдук ырааһынан, сорох сиринэн халыҥ бардырҕана быыһынан эрийэ-буруйа тыргыллар. Тарыҥ уута киирэн, хонуу курдук сирдэри муус килиэ оҥортообут,сыарҕа халыйар, ат халтарыйан мүччү-хаччы тэбинэр. Биир оннук сиргэ Дьолуолаах дохсун соҕустук кэллэ , саатар, үөһэ диэки эргиирдээх буолан биэрдэ, ат халтарыйаары ыксаан, үрүт үөһэ түргэн-түргэнник хамсанна, сыарҕа муус устун сүр түргэнник халыйда, ол иһэн титирик төрдө чоройон турарыгар сааллан иҥнэх гынна. Саҕынньахха сууланан дүлүҥ курдук сыппыт Киргиэлэй сыарҕаттан төкүнүс гынан хаалла. Иччитэ түспүтүн билэн, Дьолуолаах тэйиччи тиийэн тохтоото. Уордаах төннөн тиийэн иччитин сытырҕалаата, сирэйиттэн салаан ылла уонна аттыгар олорон «оҥ-оҥ!»диэтэ, Киргиэлэй хамсаабата. Дьолуолаах, иччитин диэки хайыһан ыла-ыла, хаары хаһыйа турда. Ити курдук балай да өр буоллулар. Дьолуолаах өссө төгүл иччитин диэки хайыһан көрдө, иҥэрсийэн ылла, ол кэннэ иннин диэки хардыылаата. Суол устун барбата, хаҥас диэки халыйан өлүөр хаарга таҕыста. Бардырҕананы тоҕо кэһэн, сыарҕатын түҥнэһиннэрбэккэ, окко-маска таарыппакка, ырааҕынан эргийэн суолугар төттөрү киирдэ. Дьолуолаах иччитигэр кэлэн тыбыыран ылла, онтон сииктээх муннунан сирэйин таарыйда. Киргиэлэй иэдэһигэр сөрүүн биллибитигэр харахтарын аста, иннигэр Дьолуолаах сирэйэ ньололлон турарын көрөн соһуйда.
— Оо, иэдээн да буолар эбит! Сыарҕабыттан сууллубуппун буолбаат!.. Үнүөхтээн түөрт атах буолла, олгуобуйаттан тардыһан турда, сыарҕатыгар тиийдэ. Сиэптэрин хаһынна, хата, саҕынньаҕын сиэбиттэн тирбэҕэ быа булан ылла. Сыарҕатыгар сытта, били быатынан бэйэтин куустара сыарҕатыгар кэлгиннэ, ол эрэ кэннэ кулгаах-харах буолан турар атыгар «бардыбыт!» диэн имнэннэ. Дьолуолаах мантан инньэ халысханнаах, эргиирдээх кыараҕас сирдэргэ сэрэнэр, бытаарар буолла. Көнө, охсуута суох сирдэргэ түргэтээн ылар, дойду сиргэ киирэн алаас-сыһыы көнө ньууругар атара сэлиинэн ууннарда. Халлаан хараҥарыыта, тиэргэн аһаҕас аанынан киирэн, сэргэҕэ тиийэн хорус гынна, кистээн дьырылатта. Уордаах, балаҕан аанын айаҕар тиийэн, үрэн лоҥкунатта. Киргиэлэй уһуннук ыалдьыбыта, ол былаһын тухары биир быһаарыллыбатах ыйытык, иллэҥ буолла да, төбөтүгэр киирэн кэлэ турар. Били ыалдьан киирэн иһэн, сыарҕаттан түһэн хаалан баран, хайдах атын иннигэр баар буолбутун кыайан өйдөөбөт.Туох буолбутун чопчу билэр баҕа арахпакка эрэйдээбитэ, инньэ гынан, үтүөрээт үүтээнигэр аттаммыта. Аара сыарҕаттан сууллан сыппыт сиригэр кэлэн тохтоон, туох буолбутун суоллар омоонноруттан көрөн үөрэппитэ. Дьолуолаах, ким эрэ сиэппитин курдук, ырааҕынан эргийэн төннөн кэлбит суолун көрөн уйадыйбыта, иэдэһинэн атын төбөтүгэр сыстыбыта, икки илиитинэн кууспута уонна, биллэ долгуйан туран, иһиллэр гына саҥарбыта: — Мин эйигин хаһан да, хаһан да быраҕыам, соҕотох хаалларыам суоҕа, эрэллээх доҕорум! Киргиэлэй харахтарын симпитэ, кыламаннарын быыһыттан ыраас таммах уу ыгыллан тахсыбыта. Дмитрий ПОНОМАРЕВ. Кэпсээни сиһилии “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит “Кут уйбат алҕаһа” диэн Дмитрий Пономарев кинигэтигэр ааҕыҥ.
edersaas.ru сайтан