Кэпсээ
Войти Регистрация

Санааны аймаабыт хаһыы (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Санааны аймаабыт хаһыы (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
16.03.2019 15:00
Мас дьиэ ураты чэбдик салгыныгар сылаанньыйан астына утуйуом буоллаҕа дии санаабыта ханна баарый?! Араастаан бары сытан, эргийэ-урбайа сатаан кэбистэ да, туһа суох. Уута ончу көтөн хаалбыт. Ити барыта сэлиэнньэ уулуссатынан үөгү-айдаан бөҕөтүн түһэрэн итирик киһи ааспытыттан… Анна куораттан урут бииргэ устудьуоннаабыт дьүөгэтигэр Зояҕа уоппускатын кэмигэр анаан-минээн хоно-өрүү тахсыбыта. Дьүөгэтин көрсүбэтэҕэ да ыраатта, хоту улууска анатан идэтинэн үлэлии сылдьан баран, куораттан чугас улууска кэлбитэ аҕыйах сыл буолла. Уу, уйулҕата хамсаатаҕын эриэхсит, мэктиэтигэр уҥуоҕа халыр босхо баран хаалла. Итирик киһи, таайдахха, сэлиэнньэ киин уулуссатынан «былааһы ылан» айан­наан иһэн, үөгүтэ улам ­ыраатан испититтэн сылык­таатахха, ханнык эрэ туора уулуссаҕа таҕыста быһыы­лаах. Ити кини, хайа эрэ ыал аҕата, уола, күтүөтэ буолуо ээ. Кинини күүтэн хайаан да ийэ, кэргэн дуу дьахтар утуйбакка эрэ­йи-муҥу көрө сыттаҕа. … … Ама, ааспытын иһин, Анна да олоҕор кыһалҕа­лаах күннэр дьэ бааллара. Оо, эрэйдээх да буолааччы, хойутаата да, итирэн кэлиэхтээх эр киһини күүтүү диэн! Хаһан да буоларын курдук, Анна кэргэн тахсарыгар ыал буолан олоруу туһунан ыраас ыралар­даах, баһаам баҕа санаалардаах этэ. Оройуон киинигэр кулуупка үлэлии киирбитэ. Үөрэҕин саҥа бүтэрбит эрчимнээх эдэр исписэлиис үлэтин-хамнаһын да­­лааһыннаахтык саҕалаан тута сөбүлэппитэ. Кэргэн тахсыахтаах анала Альберт да кинини түргэнник булбута. Олохтоох почтаҕа монтерунан үлэ­лиир, киирбит-тахсыбыт, элбэх саҥалаах-иҥэлээх уол этэ. Хаһан да ыллаабатах бэйэтэ, Аняҕа чугаһаары хуорга суруйтаран, оннооҕор үҥкүү ансаамбылыгар кытта боруобаланан көрбүтэ. … … Эдэр буолан дуу, Аня да Альберт биир дойдулаахтарыттан тугу да ыйыталаһан, билэ-көрө сатаабатах эбит. Дьиҥинэн, улаханнык иһэрэ эрдэттэн да биллибит уол эбит. Арааһа, ол иһин олохтоох кыргыттар чугаһаппатахтар. … Устудьуоннуу сылдьан көрсүбүт табыллыбатах тапталын ахтылҕанынан олороро кэскилэ суоҕа чуолкайа, саас да ырааппыт курдуга. Аны санаатахха, холбоһон баран биир-икки эрэ ый үчүгэйдик олорбуттара. Дьэ онтон кинилэр олохторун арыгы обургу аймаан, холорук курдук өрө ытыйан барбыта. … Киэһэ үлэтиттэн дьиэтигэр барарыгар икки мэн­диэмэннээх олорор уопсайдарыгар кинилэр түннүктэрэ уоттааҕын дуу, суоҕун дуу көрө охсоору сүүрүүнэн кэриэтэ тэбинэрэ. Уот ума­йар буоллаҕына үөрэрэ даҕаны-ыы! Ол аата Альберт эрдэ кэлбит, өссө арыгы испэтэх диэн санаа кынаттаах кэриэтэ оҥороро. Оттон түннүгэ уота суох, онтуттан со­­ҥуорбуттуу бо­­руоран көстөрө тута санньыар санааны саҕара. Хайаан да итирик сыһыллан-соһуллан, аантан күргүйдээн кэ­лиэхтээҕин хараҕар оҥорон көрөн, барыах-кэлиэх сирин булбата… … Сотору утуу-субуу кыргыттара төрөөбүттэрэ. Бастакы оҕото төрөөбүтүн «сууйбутун» омунугар, оннооҕор төрүүр дьиэҕэ кэлэн барар өйү булбатаҕа. …Иккис кыыһын оҕоломмутугар «уол буолбата» диэн санаарҕаабыт аатыран, балыыһаттан тахсыбыттарын иккис эрэ күнүгэр дьиэтин булбута. Оҕолор кыраларыгар Анна кыһалҕата өссө элбээбитэ. … Аня сааһыран истэҕин аайы олоҕу арыый атыннык көрөн, саха дьахтарын сиэрин ылынан, киэҥ көҕүстэнэн, уһун-киэҥ санааланан, киһитин арыгы ыарыытыттан ­араастаан быыһыы сатаабыта. Киһитэ буоллаҕына, төһөнөн
истэҕин аайы майгыта-сигилитэ уларыйан, киһи хараҕар биллэрдик отуора алдьанан эрэрэ көстөрө. Аны оҕолорун аһынар буолбута. Кыргыттар аҕаларыттан куттанар этилэр. Дьиэтигэр итирик киирэн иһэрин иһиттилэр да, төһө да утуйа сытан, оронноругар олоро биэрэн, куттаммыт куобахтар курдук көрөн-истэн чоҕулуҥнаһа олороллоро бу баар… … Сотору аҕалара аны нэдиэлэнэн дьиэтигэр эргиллибэккэ аһыыр адьынаттана сылдьан, эмиэ арыгыга ылларбыт дьахтардыын булсубут сураҕа иһиллибитэ. Өйүн буллаҕына, ­дьиэтигэр кэлэн таҥаһын сууйтаран, уларыттан бара-бара сүтэрэ элбээбитэ. Анна салгыы тулуйар кыаҕыттан тахсан, бүтэһиктээх быһаарыныы ылынан, дьиэтин аанын сабан тахсыбыта. Билигин кыргыттарын кытта куоракка олорор. … Кытаанах быһаарыныыны ылбакка олорбута буоллар, доруобуйата да улаханнык эмсэҕэлиэ, оҕолор да улахан охсууну ылыа этилэр дии саныыр. … Галина НЕЛЬБИСОВА. Кэпсээни сиһилии “Арыгыһыт кэргэннээх – сор” кинигэттэн ааҕыҥ.
edersaas.ru сайтан