Кэпсээ
Войти Регистрация

Быстыбыт ситим (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Быстыбыт ситим (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
14.03.2019 17:31
Ираида Коркина-Чугдаара Дьэ эрэ, доҕотто-оор, дьылҕа диэн үгүс очурдардаах, дьиктилэрдээх, сөҕүмэр да буолар эбит! Билигин мин эһиэхэ ураты эриэккэс кэпсээни сэһэргиим. Ол айымньыбын «Быстыбыт ситим» диэн ааттаатым. Тоҕо итинник диэбиппин бүтэһигэр диэри аахтаххытына өйдүөххүт, долоҕойгутугар хатыаххыт… *** — Девочка! Ты ведь уже взрослая, уступи место! – диэн сааһыра барбыт дьахтар куолаһа дьонунан туолбут оптуобус иһин уйгуурдарга дылы буолла… Муммут-тэммит көрүҥнээх, оҥой-соҥой көрүтэлээбит чох курдук хара харахтаах, обургу кыысчаан бөдөҥ дьахтарга миэстэтин туран биэрдэ. Өссө биир тохтобул ааһаатын кытта кыыс сиэбин хаһыста. Арааһа, төлөһүөхтээх харчытын дуу, карточкатын дуу көрдөөтө быһыылаах… Син булумахтанан баран, сирэйэ-хараҕа уларыйа түстэ, ытаары гыммыттыы хараҕа хачылыйда уонна хайдах буолуоҕун билбэккэ саараабыттыы, оргууй аҕай тахсар сир диэки хаамта. Оптуобус эмискэ тохтуу биэрдэ. Кыысчаан харчы хомуйааччы нуучча дьахтарыгар чугаһаата уонна кытарыаҕынан-кытаран баран, туох эрэ диэн сибигинэйдэ. Онуоха анарааҥҥыта: «А че, голову не забыла?! Или ты врешь нагло?!» — диэтэ… Дьон араас буолар, сорох оттон саҥата-иҥэтэ суох көннөрү таһааран кэбиһиэ эбитэ буолуо да, билигин баҕас дьэ, саҥаран баран кэлээр диэбит киһилэригэр түбэһээхтээтэҕэ. Дьахтар өссө эбии биир-икки тылынан мөҕөн баран тохтоото, онуоха кыыс хараҕыттан уу бычалыйан тахсан, иэдэһин устун “мөл-мөл” таммалаата уонна буруйдаммыт оҕо курдук сирэйин умса тутунна. Бу кэмҥэ түгэх соҕустан биир эр бэрдэ аҕыйахта хардыылаат, контролер дьахтарга чугаһаата уонна: «Давай-те, я за нее заплачу», — диэт, бытархай тимир харчылары иннигэр ууран кэбистэ. Кыысчаан быыһааччытын-абырааччытын диэки кыратык да хайыһан көрбөккө, тохтобул кэлбитигэр таһырдьа ойон таҕыста… Оҕоҕо абырал буолбут киһибит харчы хомуйааччыны мөҕүттүбүт курдук көрөн кэбистэ. Тыллаах-өстөөх дьахтарбыт, киһи эрэ буоллар, тылыттан матта, бачча дьоһун эр бэрдиттэн тугу да иилэн ылара суох буолбуттуу киэр хайыста. Оптуобус салгыы айаннаата. Эр киһи аата Женя диэн, кини күөгэйэр күнүгэр сылдьар — отут икки саастаах. Тас дьүһүнүнэн киһиэхэ сирдэрбэт – көнө, дьылыгыр, уһун уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх, хойуу хара хааһын аннынан дьоһуннук, арылыччы көрбүт харахтаах, таҥаһа-саба ыбылы өтүүктэммит, ханан да бөх сыстыбатахха дылы ыраас, чэнчис. Киһи кинини бастаан көрөөт, туох эрэ үрдүк дуоһунастаах киһи дии саныыр. Ол эрээри Женя дьоллоох Дьокуускай куоракка дьон сиэринэн, оччугуй соҕус тэрилтэҕэ орто хамнаска үлэлиир. Бэйэтэ буоллаҕына, ипотеканан ылбыт биир хостоох кыбартыыралаах. Хамнаһын улахан аҥара онно барар буолан, соххор кэппиэйкэтин харыстаан, оптуобуһунан сылдьар… Кини үтүөнү оҥорботоҕо ыраатта. Саллар сааһын тухары бэйэтин иннин эрэ көрүнэн кэлбит бэдик буоллаҕа. Оннооҕор икки сыл бииргэ олоро сылдьыбыт кэрэ куотугар да харчытын бараабыта ахсааннаах. Ол иһин да буолуо, эдэр дьахтар киниттэн арахсыбыта, бука, кэрэгэй киһиттэн атахха биллэрдэҕэ. Ол да буоллар, кини бүгүн харчыга сыһыаннаах биир үтүө дьыаланы оҥордо эбээт! Сорохтор баҕар оптуобус харчыта диэхтээн дии саныахтара,
ол эрэн биһиги киһибитигэр ити – бэрт улахан үтүө дьыала! Кыыс оҕо чох курдук чоҕулуйбут харахтарыттан уу бычалыйан тахсыбытыгар киһи эрэ аһыныах курдуга, эбиитин ып-ыраас сирэйэ-хараҕа кимиэхэ эрэ олус майгынныырга дылыта… …Билигин таһырдьа олунньу ый бүтэһик күннэрэ, ахсым тымныы намыраан, күн чаҕылыччы тыгар, арай куорат арҕаа халлаанын диэки өрөһөлөммүт былыттар «билигин тиийиэхпит” диэбиттии көстөллөр… Женя оргууй аҕай нуктуу сыһан баран өйдөнөн кэлбиттии оптуобус солуонун иһигэр баар электроннай чаһыны көрдө — бириэмэ ырааппыт эбит. «Туох аттаах бытааннык айанныырый бу? Ыксыыбын ээ мин…” – диэн иһигэр мөҕүттүннэ. Кини билигин хас эмэ сыл көрсүбэккэ сылдьыбыт бииргэ үөрэммит атаһын кытта көрсүһүүгэ ыксыыр. Төлөпүөнүн ылан баран киһитигэр эрийэн көрөөрү гыммыта адьас даҕаны харчыта бүтэн хаалбыт уонна ииттэриитэ да атахтатаары гыммыт эбит. «Абаккабыан, саатарын төлөпүөммүн ииттэрбэтэхпин. Аны бачча ыксалга туох ааттаах бытаарда бу оптуобус?–диэн кыйахана саныыр… Ол да буоллар аны аҕыйах мүнүүтэнэн кини тохтобула кэллэ… ****** …Салгыы били харчытын умнубут кыысчааммытын кытта билсиэххэ. Кини аата – Лена. Быйыл алтыс кылааска үөрэнэ киирбитэ. Бэйэтин сааһыгар үрдүк уҥуохтаах, сырдык дьүһүннээх, ыйаастыгас соҕус чоҕулуччу көрбүт харахтаах, киһи эрэ таптыах, муус-маҥан толору иэдэстээх… Соҕотох ийэҕэ иитиллэ сылдьар буолан, кини илиитигэр киирбит хас биирдии кэппиэйкэ ааҕыллар. Бүгүҥҥү өрөбүл күн көҥүллэтэн, дьүөгэ кыыһынаан маҕаһыыҥҥа биир төрөөбүт күннээх кыыска бэлэх ыла баран иһэр дьүһүнэ. Бу мантан чугастыы – эргиэн киинигэр көрсүһүөх буолбуттара. Ол эрээри кыыспыт ол дьыалата табыллыа суох курдук буолла быһыылаах. Ийэтэ биэрбит харчытын оскуолаҕа илдьэ сылдьар суумкатын иһигэр хаалларан кэбиспит, ону кытта суотабай төлөпүөнүн умнубут. Лена уотунан-күөһүнэн туолбут сүүнэ таас дьиэҕэ муммут кус оҕотун курдук туттан иһирдьэ киирдэ, дьүөгэтин көрдөөтө. Үгүс дьон мустубут сиригэр барыта суугун-хааҕын, тыас-уус, саҥа-иҥэ бөҕөтө. Син балайда дьэҥкир таас өстүөкүлэ нөҥүө дьоҕус маҕаһыыннары биир-биир өҥөйтөлөөтө да, биир да билэр киһитин көрбөтө. Аны, саатар, ханнык миэстэҕэ көрсөллөрүн да быһаарсыбатахтара. Кыысчаан хайыай, төттөрү барарга күһэлиннэ. Биир да соххор солкуобайа суох буолан, дьиэтигэр диэри алта тохтобулу сатыы хаамаахтыырыгар тиийэр. Таһырдьа төһө бириэмэ буолбута да биллибэт. Дьонтон ыйытыаҕын санаата буолбат, кыбыстар даҕаны. Оо, накааһыан, суотабайа суох наһаа да куһаҕан, наһаа да чуҥкук. Болуоссакка кэлэн баран, аны аччыктаабытын биллэ. Маарыын ийэтэ: «Бастаан чэйдээ!» — диэбитигэр ыксаабыта аатыран, икки халбаһылаах килиэби салапааннарга суулаан баран сиэбигэр уктаат, таһырдьа ойон тахсыбыта. Лена саамай кытыы баар кураанах ыскамыайкаҕа тиийдэ уонна сиэбиттэн биир устуука халбаһылаах килиэбин хостоон сиэн мотуйа олордо. Бу кэмҥэ хантан да кэлбитэ биллибэт обургу соҕус ыт оҕото кутуругун кыймаҥната-кыймаҥната кини аттыгар кэллэ уонна аччыктаабыта сүр буолан дуу хайдах дуу көрүөх бэтэрээ өттүгэр өрө ыстанан баран кыыс халбаһылаах килиэбин салапааннары байдары туура тардан ылла! Хайыах
баарай, халбаһы алыптаах сыта аччык кыылы бэйэтигэр угуйдаҕа. Ыт барахсан, маннык үтүө аһылыгы амсайбатаҕа ырааппыт быһыылаах, ньачаас үлүгэр ыйыстан кэбистэ уонна өссө көрдүүрдүү соһуйан хаалбыт кыыс диэки ааттаспыт, уоттаммыт харахтарынан көрө-көрө ыйылаата, үтүө майгытын биллэрэн эргичиҥнээтэ, доҕордуу сыһыаннааҕын көрдөрөн, имэрийтэриэн баҕарбыттыы хаптаҥнаата. Кыыс ыт оҕотун хайдах эрэ ис-иһиттэн олус аһына санаата уонна элбэҕи толкуйдуу барбакка, өссө биир хаалбыт халбаһылаах килиэбин киниэхэ бырахта. Лена: «Чэ, мэ-мэ, ыл-ыл, дьиэбэр тиийдэхпинэ, биэс манныгы сиэҕим», — диэтэ уонна өссө биир халбаһылаах килиэбин тэйиччи соҕус быраҕан биэрдэ. Ыт оҕото барахсан ойон тиийээт, эмиэ ньачаас хабыалаан кэбистэ уонна төттөрү ойуоккалаан кэллэ. Оҕолуу эйэҕэс харахчааннара наһаа да ыраастар, олус да киһини долгуталлар. Барахсаныы, киһи эрэ иитэ ылыан баҕарар ээ! Ол эрэн, төһө даҕаны оннук ыра санаа Ленаны баһыйдар, дьиэтигэр илдьэ барара көҥүллэммэт. * Чэ, пока, атын киһи эйигин ылыа, бар ол диэки, мин бардым, батыһыма миигин, — дии-дии Лена илиитинэн сапсыйан иннин хоту хаама турда. …Ыт оҕото батыһан иһэн тохтоото. Кулгаахтарын чөрөҥнөттө уонна суолтата суохха баран иһэрин сэрэйбиттии, таас дьиэлэр диэки сүүрэн бойбоһуйа турда. **** …Ыт оҕото барахсан, иһигэр ас киллэрэн сэниэлэммиччэ, син өр сүүрэкэлээтэ. Онтон бородуукта атыылыыр кырачаан киоск ойоҕоһугар кэллэ, сотору-сотору аһыллар түннүгүн манаабыта буолла. Ким эмит ас тобоҕун бэрсээрэй диэн атыылаһан харчы аахсан уунаҥныыр илиилэри отон курдук харахтарынан одуулаан хантаҥнаата. Бу кэмҥэ түннүк аттыгар икки уһун күлүк сабардаан кэллэ. Олортон биирдэстэрэ: «Чоот, бар мантан, киһи атаҕар эриллимэ!», — диэтэ уонна атаҕынан кыылчааны туора үтүрүйэн кэбистэ. Ыппыт оҕото ыарыытыттан ыйылаан ылан баран куттанан, атын сиргэ тэскилиирдии сүүрэн истэҕинэ, ити икки киһиттэн биирдэстэрэ: «Ыт оҕото, кэл манна, кэл-кэл», — дии-дии кинини ситэн ылаат, илиитигэр ылла уонна дьонноох сиртэн тэйэн биэрдэ. «Доо, көр эрэ, боруода быһыылаах буотта? Хайдах дуу? Эн санааҕар?» — диэн киһититтэн ыйытта. Улахан илиигэ хам туттаран, ыппыт оҕото хамсанар да кыаҕа суох курдук кинини утары көрбүт киһи сирэйин чоҕулуйбут харахтарын туһаайан ыйанан турда. Туох да диэн утарыласпата даҕаны, бэл ыйылыаҕын оннук гынар кыаҕа суох буолбукка дылы. «Пахай, доҕоор, тыһы дии, боруода буолбатах, хайаары гынныҥ?» -диэтэ анарааҥҥыта ыт оҕотун чугастан одуулуу-одуулуу. — Ээ оннук эбит. Оттон, боруода буоллаҕына атыылаан көрөөрү, оччоҕо харчыланыа этибит… — Ыккын бырах, син-биир туһата суох… — Чэ сөп… Доҕоор, «үчүгэй” ыт эбитиҥ буоллар, туһаҕа тахсыа эбиккин, чэ бар! – диэн баран, ыт оҕотун сиргэ ыытан кэбистэ. Ыт оҕото эрэйдээх салҕыы кутуругунан кыймаҥныы-кыймаҥныы, барар-кэлэр дьонтон ас тобоҕун «көрдөһө” хаалла. Барахсан сотору буолаат эмиэ кимтэн эрэ кыйданна быһыылаах — эмискэ ыйылаан ылаат болуоссат диэки сүүрдэ… — Айаал, мин төлөпүөнүм «өлөн эрэр» дии, убайдарбыт
нүөмэрдэрэ эйиэхэ бааллар дуо? – диэн ити уолаттартан бааһынай сирэйдээҕэ сахалыы дьүһүннээҕиттэн ыйытта. — Суох… мин суотабайым эмиэ «кэмэ кэлэн эрэр»… – диэн хардарда анарааҥҥыта. Айаал уһун көнө уҥуохтаах, кыаһаан сирэйдээх, кугастыҥы сырдык харахтаах, уһун номоҕон сирэйдээх, хара баттаҕын чуолката сүүһүн аҥаарын саба түспүт, спортивнай таҥастаах, чараас баайыы бэргэһэлээх саха уола. Кини сааһа уон алтата. Доҕорунаан иккиэн тулаайахтар, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо дьиэтин иитиллээччилэрэ. Бүгүн бииргэ олорор атастарын төрөөбүт күнэ, ол иһин киниэхэ кэһии курдук аһыы утах ылыахтаахтар. — Доо, убайдарбытын кыайан булбат буоллахпытына аспытын бэйэбит ыларбытыгар тиийэбит. Эн ылыаҥ дуо? – бааһынай уол табаарыһын сирэйин өрө мыҥаата. Онуоха Айаал тугу эрэ уһуну-киэҥи толкуйдаабыттыы ырааҕы одуулаата уонна чочумча буолаат оргууй аҕайдык төбөтүн биллэр-биллибэттик тоҥхотон ылла. Субу маннык ураты майгылааҕын, айылҕаттан чуумпутун, улгумун табаарыһа билэр. Ол эрэн баҕар билбэт дьон: «Ыараан-чэпчээн түһэн, эппиэттээн иһиэҕин», — дии саныахтара эбитэ буолуо. Оннук курдук Айаал тоҥкуруун, сүрдээх дьоһун киһи буолан көстөр… Бу кэнниттэн уолаттар киэҥ-куоҥ уораҕайдаах арыгы маҕаһыыныгар тиийдилэр. Испэт да киһини ымсыырдыбыттыы, дьэҥкир таас бытыылкалар килэбэчиһэн тураллар. Бу маннык сиртэн «убайдарын” кыайан көрдөспөтөх түбэлтэлэригэр быһа холоон үстэ «ас» ыллылар быһыылааҕа. Айаал барахсан бэйэтин сааһыттан быдан улахан көрүҥнээҕин иһин куруук кини ылар. Ону даҕаны пааспар көрдөөтөхтөрүнэ, олус дьоһуннаахтык туттан баран атыыһыт диэки көрдөҕүнэ, анарааҥҥыта бытыылканы туттарбыта эрэ баар буолааччы. …Эмискэ маҕаһыын аана тыастаахтык тэлэллэ түстэ да, иһирдьэ биир дьахтар киирэн кэллэ. Таҥаһыттан-сабыттан, сирэйиттэн-хараҕыттан сылыктаатахха, «дьиэтэ суох бырадьаагы» быһыылаах. Бу кэмҥэ уолаттар икки лиитэрэлээх пиибэни ыллылар. Айаал онтукатын туппутунан, кассаҕа уочаракка турда. Били тастан киирбит дьахтар түргэн үлүгэрдик ылыахтааҕын талан баран, уол кэннититтэн турунан кэбистэ уонна сиэбин хасыһан хантан эрэ булбут дуу, «өлөрбүт» дуу харчытын аахта. — Тууй-сиээ, тиийбэт эбит буотта, сатана! – диэн быһыта биэрдэ. Син булумахтанан, тугу гынарын толкуйдаабыта буолан баран, Айаалы саннытын таарыйда. Уолбут буоллаҕына эргиллэ биэрээт, дьахтар өлбөөрбүт харахтарын сиилээбиттии дьиппиэрдик көрдө. — Молодой человек, миэхэ баһаалыста, биэс уон солкуобайда бэрис эрэ, мин ыксыы турабын. — Суох!.. — Мин эн саҕачча уоллаахпын ээ. Айсиэн диэн… Оттон эйигиттэн баҕар, балыһа буолуо. Нохоо, чэ… — Суох!.. — Чэ, доҕоор, күн буол, ый буол, биирдэ үтүө дьыалата оҥор! — Үтүө буолан – арыгыны ыларга харчы биэрии –үтүө дьыала буолбатах. Харчым суох! — Дьэ, бэйикэй, билээҕимсийэн көр! Миигин арыгыһыт, «буомус» диэҥҥин сэнии санаатыҥ ини… Дьахтар өссө да элбэҕи саҥарда быһыылаах да, Айаал кини тылларын сиидэлээн аһарынан кэбистэ, пиибэтин төлөөн баран, таһырдьаны былдьаста. Уолаттар кирилиэһинэн түһэн иһэн, тохтобул диэки оптуобустара ыраахтан иһэрин көрдүлэр уонна ыксаабыттыы астарын салапааҥҥа суулаат, сүүрэ турдулар. ***** — Кэччэгэйдэ-ээр,кэччэгэйдэр! Айаннааҥ-айаннааҥ! Эһигинэ да суох оттон-мастан
тардыһан сылдьыллыбыта, сылдьыам даҕаны!.. – дии-дии били «буомус” дьахтар арыгы маҕаһыыныттан тахсан кэллэ. Кини Маайа диэн түөрт уонун ааспыт дьахтар. Орто саастаах эрээри, арыгыга-табахха умньаммытыттан дуу, олох очурдарыгар оҕустарбытыттан дуу, сирэйдиин-харахтыын өлбөөрбүт, куура хаппыт дьүһүннээх. Уота суох курус харахтаах, синньигэс хатырбыт уостаах, мырчыстан эрэр иэдэстээх… — Хаах,- диэн кирилиэскэ туран эрэ сиргэ силлээтэ уонна уолаттар киирбит оптуобустарын сайыспыттыы көрдө. — Буолаахтаата да буолаахтаатаҕа, аһары оҕолор быһыылаах эмиэ даҕаны, харчылара бэйэлэригэр да тиийээхтээбэтэ буолуо… Йуоолка, тугу да ылбатым дии, хата бу табаах кэлэр харчыта баар буолан, абыраннахпын, -тута сылдьар саҥа атыыласпыт табаҕын арыйда, биири таһааран, айаҕар уопта. Уматтаары испиискэтин сиэбиттэн көрдөөтө да булбата, ол эрэн илиитигэр түбэспиччэ эргэрэн хаалбыт, «тыына быстаахтаабыт» суотабай төлөпүөнү хостоото. * Оо, бу тэрил манна сылдьыбыта ыраатта. Туһата да суох буолан бүттэ. Саатарын чаһы көрүөм диэн илдьэ сылдьыбытым даҕаны… Бүгүн, дьэ, мин күнүм буолбатах эбит, аны уотум суох… киирэн атыылаһыахпын бээ, харчыбын харыстыыбын, били сирбэр тиийэн илиибин уунан харчы «өлөрөрүм» дуу? – Маайа табаҕын уонна эргэ төлөпүөнүн сиэбигэр уктан баран куорат киин сирин туһаайыытынан уулуссаны кыйа хаама турда. Тулата барыта тыас-уус, суугун-сааҕын, санааны да кыайан сааһыламмат үлүгэрэ. Киһи төбөтө ыалдьыах. Онто да суох бу күннэргэ Маайа сүрэҕэ өлөхсүйэрэ элбээтэ, сарсыарда аайы хотуолуох курдук буолуталыыр. Арыгытын эрэ истэҕинэ абыранар курдук… Утары араас кэрэ таһаалаах, мааны таҥастаах-саптаах кыргыттар күлсэ-күлсэ ааһаллар. Кинилэри эдэр уоланнар харахтарынан хайҕыы, супту одуулуу-одуулуу хаамсаллар. Күн чаҕылыччы тыган, дьон бары уһуктубут, сэргэхсийбит курдук. Арай, кини эрэ били Варвара Потапова эппитинии «ойдом үүммүт хахыйах» курдук соҕотох… Дьахтар бэйэтин соччото суох тас көрүҥүттэн кыбыстыбат буолбута ыраатта, ол эрэн тоҕо эрэ бүгүн кини эмиэ бу кэрэчээн кыргыттар курдук тупсан кэлиэн баҕарда. Ол эрэн аны кэлэн кинини ким көрбүт үһүө, эриэккэс эдэр сааһа, чөл көстүүтэ аһыы утах көмөтүнэн түргэнник күдэҥҥэ көттөҕө, симэлийдэҕэ… * Бээ, уоскуй акаары, бэйэҥ буруйгуттан эн манныккын! – диэн эмискэ бэйэтин мөҕүттэн быһыта биэрбитин билбэккэ хаалла. Онтон киһи эрэ буоллар уоскуйда уонна тыһыынчанан кутуллан киирэр санааларын тохтотто. Ол туран, олус аччыктаабытын биллэ. Мантан чугас бородуукта маҕаһыына баарыгар тиийдэ уонна килиэп аҥаарын атыыласта. Таһырдьа тахсан онтун аҥардастыы мотуйа-мотуйа, иннин хоту баран истэ… Санааҕа-онооҕо иҥмит ааспыт кэмин ахтылҕана хараҕын иннигэр көстөн, дьиҥ олохтон өйдүүн-санаалыын ырааппыт курдук буолла… Ол иһэн эмискэ биир бөдөҥ киһилиин кэтиллэ түстэ! Ону кытта килиэбин сиргэ түһэрэн кэбистэ. — Харахтааххын дуу, суох дуу?! Тугу көрөн иһэҕиҥ?! – дии-дии эр киһи кыыһырбыт суон куолаһа иһилиннэ. — Уой, алҕас, бырастыы-бырастыы, ыксаан иһэбин, — дии-дии Маайа сирэйин көрдөрүмээри умса туттан, сиртэн килиэбин ылла. Киһи дьахтары сиилээбиттии көрдө уонна: «Пахай
даҕаны, итини өссө сиигин диэ? Хайдах маннык кэрэ аҥар буолан баран дьаабыланыахха сөбүй?!» — диэтэ. Бу кэмҥэ Маайа хайдах эрэ ити мөҕүттэр тыллары «ыарыылаахтык» ылынна, бөтө бэрдэрдэ, хараҕын уута субу кэллэ… Туох да диэн саҥарыаҕын билбэккэ, кууһан турар килиэбин имэрийдэ уонна тиэтэйэ-саарайа киэр хаампыт бөдөҥ киһи көхсүн одуулуу хаалла. Онтон туох санаа баһыйбыта эбитэ буолла, бу күҥҥэ диэри үгүс кыйаханар, мөҕүттэр, сиилиир тыллары иһиттэ ини, истибэтэ ини, бу киһи саҥарбыт саҥатын олус чугастык ылыммытыттан дуу, хайдах дуу, бэйэтэ да билбэтинэн, кинини кэнниттэн батыһан киирэн барда… ***** Били Маайалыын кэтиллибит, ыксаан-тиэтэйэн хааман иһэр эр киһи–Андрей диэн биэс уонун ааспыт сантехник. Кини бүгүн бу үлэтин чааһын кэнниттэн сынньаныахтааҕын тэрилтэтэ эмиэ биир сорудахха ыытта. Ол иһин ити ыксыыр. Кэм-кэрдии эмиэ тэтимнээхтик ыраатан, кэнники кэмҥэ билэр дьоно-сэргэтэ, атастара-доҕотторо атын-атын улууһунан тарҕананнар, дьону кытта илэ алтыһыыта аҕыйаата. Арай киэһэ ахсын “бассаап” ситимигэр хас эмит бөлөххө үгүс дьоннуун эн-мин дэсиһэн сэлэһэр. Онтукайа суох табыллыбат.Сааһа ырааттар да, күн бүгүҥҥэ диэри кэргэнэ суох. Арай урут… арай урут эрэ диирбитигэр тиийэбит… …Дьэ,инньэ гынан, бу Андрей диэн быстыа суохтаах ситими быспыт киһибитигэр тиийэн кэллибит. Суох, мин кинини туох да диэн буруйдаабаппын. Кини хантан билиэй, ол ааспыт кэмҥэ биир сыыһаны оҥорбутун түмүгэр хас да киһи олоҕо атыннык салаллыбытын? Киһи сыыспатаҕа диэн суох. Ол эрэн… Ол туһунан саас-сааһынан билигин кэпсиэм,болҕойон ааҕыҥ… ***** …Андрей уон сэттэ сыл анараа өттүгэр биир кэрэчээн сүүрбэччэлээх кыыһы таптаабыта. Кини аата Маайа диэн этэ. Барыта орун-оннугар буолуоҕун, уолбут кыыстан уонча сыл аҕа этэ, ойохтооҕо уонна Женя диэн ааттаах уол оҕолооҕо. Ол кэргэнин кытта оскуолатын бүтэрбитэ иккис сылыгар билсиспитэ, таптал курдук быстах иэйиигэ ылларан абылаппыта уонна алҕас оҕо «оҥорон» кэбиһэн, анараа кыыс дьоно модьуйууларынан, кэргэн ылбыта. Сотору кэминэн Андрей ойоҕун дьиҥнээхтик таптаабата өтөн, сүгүн-саҕын дьиэтигэр олорбокко күүлэйдиир, кулууптарга сылдьар идэлэммитэ. Итинник сылдьан биир көрсүһүүгэ олус эдэркээн, тулаайах кыыстыын Маайалыын билсибитэ. Анарааҥҥыта бастаан биһилэҕин устубут уол кэргэннээх буоларын билбэтэҕэ. Ол иһин кэрэ тылларга умсугуйан, истиҥ иэйиигэ ылларан, маҥнайгы тапталын киэһэтин Андрейга эрэ бэлэх ууммута… Ол түмүгэр хат буолбута. Үөрүүтүн таптыыр киһитин кытта үллэстиэхтээх күнүгэр балыыһаттан тахсан иһэн, киһитэ ойоҕун уонна хороччу улаатан эрэр оҕотун кытта сылдьарын көрөн олус соһуйбута, хомойбута, кэлэйбитэ… Маайа туох да саҥата суох Андрейтан куотан, куоракка үөрэнэ диэн көспүтэ уонна биир сыл үөрэҕиттэн көҥүл ылан «академҥа» барбыта. Чоҕулуччу көрбүт оччугуйкаан уолчааны төрөппүтэ… Ол эрээри кыыс барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан, оҕону иитэр кыаҕа суоҕуттан сылтаан уонна бэйэтэ иитиллэ сылдьар аймахтарыгар эбии адаҕа гынымаары, оҕотуттан аккаастаммыта, Оҕо дьиэтигэр хаалларбыта… Уолчаанын кытта быраһаайдаһар күнүгэр: «Быраһаай,Айсен»,-эрэ
диэхтээбитэ уонна хараҕын уутунан хас да күнү быһа сууммута. Куорат дьалхааннаах олоҕун тулуйбакка уонна оҕотун туһунан умнаары, атын улууска дьүөгэ кыыһын батыһан үлэлиирдии оҥостон барбыта. Аймахтарын көмөтүнэн уонна атыыһыт идэлээх буолан, айаҕын ииттинэн олорбута. «Академ” ылбыт үөрэҕин хас эмэ сыл көтүтэн баран, нэһиилэ ситиһэн, төттөрү куоракка үөрэнэ киирбитэ. Ол эрээри ааспыт олоҕун амтана, бырахпыт оҕотун чох курдук чоҕулуйбут харахтара өйүттэн сүппэккэ, ол онтон санааҕа ылларан, чэпчэки олоҕу батыспыта, күүлэйдиир, арыгылыыр буолбута. Устунан үөрэҕиттэн, олорор сириттэн үүрүллэн, олоҕо сыыртан таҥнары аллараа түстэр түһэн испитэ… Онтон Андрей тапталлааҕа Маайа тоҕо кинини быраҕан атын сиргэ барбытын билбэккэ, муҥатыйан хаалбыта.Таптаабакка кэргэн ылбыт ойоҕун кытта тапсыбакка, биир сүбэҕэ кэлбэккэ, киниттэн букатыннаахтык арахсыбыта. Анарааҥҥыта даҕаны улахан сүтүктэммэтэхтии, төттөрүтүн, ыарахан сүгэһэри бырахпыттыы, чэпчээбит курдук буолбута. Суут уурааҕынан, уон саастаах Женя диэн уоллара ийэтин кытта хаалбыта… Кыра эрдэҕиттэн ийэлээх-аҕатын этиһиилэрин, мөккүһүүлэрин эрэ өйдөөн хаалбыт уол оҕо аҥардас ийэҕэ иитиллэн, өйө-санаата чыҥха атын буола улааппыта. Кини ыал буолууну туох эрэ улахан сүгэһэр курдук саныыра. Маныаха дьиҥнээх аҕата кинилэртэн барбыта уонна айдаанынан-куйдаанынан арахсыбыта төрүөт буоллаҕа буолуо,бука… …Женя төрөппүт аҕатын Андрейы биирдэ да көрбөккө, оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайга устудьуоннуу кэлбитэ. Арылхай харахтарынан,модьу-таҕа көрүҥүнэн кэрэ куоларга кэрэхсэтэр, быһата, «сулус» этэ. Оннук сылдьан талбыт кыыһын иирдэн иһэн, атыҥҥа көһөн хаалар «бабник» аатын ылбыта. Ол эрэн, тапталбыт ханна барыай, оннук дьикти иэйии биһиги да уолбут сүрэҕэр кэллэҕэ. Устудьуоннаабыта иккис сылыгар, биир үтүө күн баттаҕын икки гына өрүммүт, тэтэркэй уостардаах, эйэҕэсчэй мичээрдээх биир элэккэй кыысчаан уолбут аттытынан күлэн-үөрэн ааспытын киһибит билигин да умнубат. «Бу кыыс хайаан да миэнэ буолуохтаах», -диэн санааттан, туох да иһин ол кэрэ куотун умсулҕаннаах тылларынан, иэйиилээх билиниилэринэн, ардыгар кэрэ ырыаларынан абылаан ылбыта. Иккиэн хаһан да уостуо суох таптал кутаатыгар куустарбыттара. Ол сылдьан кыыспыт биир күн уолбут кулгааҕар: «Мин ийэ буолар буоллум», -диэн онто да суох ыал буолуу туһунан уустук өйдөбүллээх сылдьар уолбутун соһуппута. Киһибит туох диэн хардарыаҕын билбэтэҕэ. Онтон хас эмит хонук буолан баран, ыксаллаахтык быһаарынаат: «Мин эйигин сатаан кэргэн ылбат эбиппин, салгыы үөрэниэхпин наада, үлэһит буолуом этэ буоллаҕа… баҕар оттон…» -диэбитэ уонна номнуо улаатан эрэр иһин туттан баран ытыы олорор тапталлааҕын көрөн, туох даҕаны диэбэтэҕэ. Дьиҥинэн, түгэх санаатыгар итинник этиэ суохтааҕа,таптыыр кыыһын кэргэн ылыахтааҕын туһунан толкуйдар бааллара да, бүгэн, сөҥөн хаалан баран сылдьыбыттара. Ол эрэн, олох туҥуй чахчыта кини быһаарыныытын адьас атыҥҥа халбарыппыта. -Мин да аҕата суох улааппытым. Кыра эрдэхпинэ ол киһи баара эрээри, ийэбин сордууруттан ордук тугу да билбэтэҕим. Онон, эһиги миигинэ суох олорбуккут көнө, — диэт, Женя хос аанын сабан тахсыбыта. Кэлин кыыс оҕоломмутун туһунан дьонтон истибитэ. Хаана тардан
дуу, хайдах дуу, ханна олороллорун сураһа сатаан көрбүтэ да, ким даҕаны тугу даҕаны билбэтэ. Арай, оҕотун аата Лена диэн буолбутун истэн, үөрэ санаабыта даҕаны, ол үтүө сураҕын кимиэхэ айах атан кэпсиэҕин тыла быкпатаҕа. Оннук Женя эмиэ айбыт аҕата Андрей курдук чороҥ соҕотох хаалан хаалбыта. …Оттон кини кыыһа Лена аҕатын курдук сырдык сэбэрэлээх, хойуу хара хаастаах, ыйаастыгас эрээри арылхай харахтаах кэрэ кыыс оҕо буолан улаатан испитэ. Ийэтин уонна эбэтин кытта үһүө буолан олорбуттара. Дьиэҕэ баар улахан дьон куруук үлэттэн ордубаттар этэ. Ол иһин кыыс дьиэтигэр соҕотох хааллаҕына, олус чуҥкуйара. Оттон аҕыйах сылынан ийэтэ иккиһин оҕоломмута эрээри кэргэн тахсыбатаҕа. Онон Лена номнуо алта сааһыттан быраатын көрөр чиэскэ тиксибитэ. Соҕотох олорон чуҥкуйуохтааҕар буолуох, уруогун да аахтар бириэмэтэ суох курдуга. Ити курдук сылтан сыллар ааһан испиттэрэ. Оччугуй уол арыый улаатыыта дьиэ кыылын иитэ ылар баҕа санаата баһыйбыта. Куруутун: «Миэхэ куоска оҕото, миэхэ ыт оҕото», — диэн этэр буолбута. Биирдэ ол көрдөһүүтүн толорон, эбэлэрэ үрүҥ-хара элэмэс, эриэн ыт оҕотун аҕалбыта. Ыт кэлбит күнүгэр оҕолор олус дьолломмуттара. Ол эрэн ийэлэрэ киэһэ үлэтиттэн кэлэн баран, Лена ыт оҕотун кытта оонньуу сылдьарын көрөн сирэйэ кубарыс гына түспүтэ, тута көтөҕөн ылбыта: «Пахай, тыһы эбит дии, эбээлэрэ бу ыты хантан булан ыллыҥ? Атыыры көрөн ылыаххын», — диэбитэ. — Аҕаллым да аҕаллаҕым дии, оҕолоргор доҕор буоллун диэммин ыллаҕым уонна оттон аныгы кэмҥэ “стерилизация” эҥин диэн баар дии, — диэн эбэлэрэ бэйэтин көмүскэммитэ. Оннук диэн быһаарынан, ыт оҕото кинилэр иитимньилэрэ буолта. Ол эрээри айылҕатынан ийэ буолар аналын быһа сотуохтаах эппэрээссийэни оҥорторо илдьиэхтээхтэрэ күнтэн күн тардылыннар тардыллан испитэ. Оннук номнуо биир сыл ааспытын билбэккэ хаалбыттара. Биир күн арай Лена быраатынаан ыттарын күүлэйдэтэ сылдьан алҕас босхо ыытан кэбиспиттэрэ уонна өр да өр көрдөөн, күн киэһэриитэ биирдэ булбуттара. Ити күн кэнниттэн аҕыйах ыйынан ыттара «соноон» киирэн барбыта. — Дьэ, ити стерилизациялатыах буолбуппут бу баар! Аны ыппыт оҕолорун иитэр аакка бардыбыт. Суох, маннык табыллыбат, төрөөтөҕүнэ, оҕолорун син улаатыннартаабытын кэннэ дьааһыкка уган баран дьоҥҥо тарҕата бараҕыт! Хаалбыт ыты дьиэҕитигэр аҕалбаккыт! – диэн ийэлэрэ кытаанах быһаарыныыны ылбыта. Аҕыйах ыйынан тыһы ыт барахсан алта оҕону төрөппүтэ. Ийэлэрин кытта сырытыннара түһэн баран, ыйылаппытынан хоруопкаҕа укпуттара уонна Ленаҕа туттаран кэбиспиттэрэ.Кыыс кыргыттарын кытта билэр ыалларын кэрийэн, ыт оҕолорун тарҕаппыттара. Бүтэһигэр биир тыһы ыт оҕото хаалбытын ким даҕаны ылбатаҕа. Ол иһин онтукайдарын билбэт ааннарын иннигэр уураат, тоҥсуйан баран куотан хаалбыттара. Онтон дьиэҕэ кэлбиттэрэ, бэйэлэрин ыттара суох буолан хаалбыт этэ. Ийэлэрэ ыалга биэрбит бадахтаах… …Оттон ыт оҕото барахсан сөрүүн подъездка оннук сытан хаалбыта. Били тоҥсуйбут ааннарыттан ким даҕаны быкпатаҕа. Онно ким даҕаны олорбот этэ.
Көһөн барбыттара ырааппыт дьиэ ааныгар быраҕыллыбыт, соччото суох дьылҕаламмыт ыт оҕото сотору кэминэн аччыктаан, ыйылаан киирэн барбыта. Оннугу тулуйумуна, биир кыбартыыраттан эр киһи тахсан кэлэн хоруопкалаах ыты бэйэтигэр киллэрбитэ уонна сарсыҥҥы күнүгэр ыраах куорат кытыытынааҕы бөх-сах “дойдутугар” аҕалан бырахпыта. Аҕыйах күн аһыырыгар ас тобоҕун хаалларбыта уонна атахха биллэрбитэ. Ол курдук сылаас дьиэттэн, киһи үтүө сыһыаныттан маппыт ыт оҕото кир-хах,бөх-сах аһылыктанан син улааппыта. Оннук хас эмит ый сылдьан, атын ыттары батыһан, куорат киинигэр киирбитэ уонна аҕыйах ыйынан ийэ буолбута.Үс ыт оҕото күн сирин көрбүтэ. Дьолго, таас дьиэ анныгар сылаас ититиилээх сүүнэ батареяны булан, онно оҕолорун көрөргө күһэллибитэ. Биир күн ыт эрэйдээх аһылык көрдүү барбыта уонна ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбитэ. Оҕолоро барахсаттар икки күн кэтэһэ сатаан баран, бэйдиэ барбыттара. …Ити ыт оҕолоруттан биирдэстэрэ аны икки ыйынан Лена кыыс таһыгар болуоссакка кэлбитэ. Хантан билээхтиэй, ити халбаһылаах килиэби киниэхэ бырахпыт кыыс кини маннык дьылҕалаах буоларыгар оруолу оонньообут киһи буоларын?!.. ***** Кэпсээммин түмүктүөм иннинэ, бу быстыбыт ситиммитин холбообута буолан көрүөҕүҥ. Бастакы түбэлтэҕэ Ленаны төрөппүт аҕата Женя аан маҥнайгытын көрдө уонна анарааҥҥыта харчытын умнубутун истэн, кини оннугар оптуобуһун төлөөтө. Манна хайалара да бу күлүм да түгэҥҥэ бэйэ-бэйэлэригэр чугас биир хааннаах дьон буолалларын сэрэйэн да көрбөтүлэр. Онтон кыыспыт болуоссакка килиэп сии олордоҕуна урукку бэйэтэ бырахпыт ытын оҕото сүүрэн кэллэ уонна килиэбин былдьаан кэбистэ. Ыт барахсаны Айаал көтөҕөн ылла, атыылыан баҕарбыта даҕаны боруода буолбатаҕын иһин төттөрү ыытта уонна эмиэ тулаайах дьылҕалаата. Уол арыгы маҕаһыыныгар киирэн баран, дьиэтэ суох атах-балай сылдьар төрөппүт ийэтин Маайаны кытта аҕыйах тылынан бырахсан, алтыһан ылла. Дьахтар буоллаҕына уолу араас тылынан үөхтэ-мөхтө даҕаны, төрөппүт оҕото буоларын сэрэйэн да көрбөтө. Арай: «Эн саҕачча уоллаахпын», — диэн бырахпыт оҕотун санаан ылла. Аны, аара суолга ааһан иһэн кини урукку тапталлаах доҕорун кытта кэтиллэ түһэр уонна киниттэн сэмэлэнэр… Дьиҥинэн, бэйэ-бэйэлэригэр чугас буолуохтаах айыы дьоно аныгы олох дьалхааныгар, уустук очурдарыгар охсуллан, билигин бэйэ-бэйэлэрин билбэттэр… Хаһан да холбоһуо суох быстыбыт ситимнээхтэр… Арай… көрүҥ эрэ, икки ситим холбонуон сөп курдук эбит ээ. Ол көстүбэт ситим быата Андрейдаах Женя уонна Маайалаах Андрей икки ардыларыгар баар эбит. Тоҕо диэтэр, Андрей дьахтар сирэйин көрбөтөҕө, билигин ситэн тиийбитин кэннэ көрсүһэр түбэлтэлэригэр сүтэрсибит сүрэхтэр холбоһуохтара диэн эрэл кыыма баар. Оттон Женя буоллаҕына аҕатын эдэр эрдэҕинээҕи хаартыскатынан көрөн билэр. Ол иһин алҕас көрсүһэр түбэлтэлэригэр кини аҕатын билиэн сөп… Дьэ салгыы хайдах буолуоҕай?… ****** …Маайа Андрей көхсүтүн тэһэ көрбүтүнэн батыһан истэ. Урукку тапталлааҕа буоларын сэрэйэн да көрбөтөр, тоҕо эрэ кинини интириэһиргээтэ. Киһитэ тиэтэйэ-саарайа хааман светофор кыһыл уота умайбытыгар кэлэн тохтоото. Бу кэмҥэ суол анараа өттүгэр кини икки төрөппүт уолаттара Женялаах Айаал утары турдулар. Барахсаттар, бэйэ-бэйэлэриттэн аан бастакытын чугас турдулар – ини-биилэр… уонна, хомойуох иһин, ол туһунан билбэттэр. Уолаттар төһө да ийэлэрэ атын-атын буоллаллар, хааннара өтөн, иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр син майгыннаһаллар эбит. Сотору буолаат, аны Женя таһыгар төрөппүт кыыһа Лена тиийэн кэллэ. Кыыспыт дьиэтин диэки баран иһэр. Оттон кини аттыгар били ыт оҕото батыһан, сүүрэкэлии cылдьар. Бу курдук ыраахтан бэйэ-бэйэлэрин көннөрү одуулаһан турдахтарына, күөх уот умайаатын кытта бука бары суолу туоруурга күһэлиннилэр… Субу кэмҥэ Андрей суотабай төлөпүөнэ тыаһаата, киһибит онтукатын сиэбин түгэҕиттэн хостуу сатаан булумахтанна, онтон онно суоҕун билэн баран суол ортотугар тохтоон ылла, тас сонун сомуогун төлөрүтэн иһирдьээҥҥи сиэбин хасыһа турда. Арай, эмискэ күөх уоппут кэмэ бүтээтин кытта көрүөх бэтэрээ өттүгэр сүүнэ массыына баар буола түстэ да, Андрейы түҥнэри көтөн кэбистэ… Киһибит итиччэ үлүгэрдээх түгэҥҥэ туох эрэ мал курдук суол кытыытыгар быраҕылынна, илиитигэр ылбыт төлөпүөнэ төлө көтөн тоҥуу хаарга көстүбэттии тимирэн хаалла. Аймалҕан, тыас-уус, хаһыы-ыһыы бөҕөтө буолла!.. Дьулаан көстүү… Суол кытыытыгар сытар эр киһиэхэ Маайа уонна Женя сүүрэн тиийдилэр. Арыый тэйиччи соҕус эчэйбит киһи хайдах туруктааҕын өҥөйөн көрөөрү Лена уонна Айаал чугаһаатылар. Уол буоллаҕына, олох даҕаны төлөпүөнүн хостоон камераҕа устан барда. Онтуката төһө даҕаны ииттэриитэ бүтэн эрдэр син аҕыйах бириэмэлээх хаалбыт эбит. — Бу биир массыына киһини түҥнэри көттө,«жесть»!–диэтэ кини. — Нохоо, уста туруоҥ да?! “Суһал көмөҕө” эрийэ тардыҥ! Мин хайа наадалаахха төлөпүөнүм «өлбүт»!–Женя Айаалга хаһыытаата. — Кыыс,эн эрий эрэ! – диэтэ Айаал Ленаҕа. — Мин төлөпүөнүм дьиэбэр хаалбыта, — дии-дии кыыс тэйэ хаамта. Кыыс барахсан төрөппүт аҕата ити хаһыытыы турарын, онтон эһэтэ ити өлөн эрэр киһи буоларын билээхтээбэт… Арай, билэрэ буоллар, уйулҕатыгар хайдахтаах курдук улахан охсууну ылыа этэй?! — Чэ,эрийэр буоллаҕым… Айаал камератын арааран баран, “Суһал көмө” нүөмэрин сыыппараларын баттаата. Бу кэмҥэ Маайа өйүн сүтэрбит Андрейга чугаһаата уонна моонньутун ойоҕоһунан тымырын тэбиэлиирин бэрэбиэркэлээтэ. Онуоха киһилэрэ хараҕын аста… Дьахтар эр киһи сирэйин-хараҕын одуулаата уонна маҥнайгы таптала, кини олоҕун таҥнары уларыппыт урукку доҕоро бу кэлэн иннигэр өлөөрү сытарын биллэ! Оттон Женя Андрей аттыгар тугунан көмөлөһөн абырыахпын сөбүй дии саныы туран, эмсэҕэлээбит киһи сирэйин үчүгэйдик көрөөт, хайдах эрэ төрөппүт хаан аҕатын урукку хаартыскатыгар майгыннатта. Уонна «абыраа даа» диэбит курдук нэһиилэ тыын былдьаһа сытар киһи сирэйин өссө биирдэ сыныйан өҥөйөн көрдө. Оттон Маайа ааспыт олоҕун курус түгэннэрин, бырахпыт оҕотун чох курдук хараҕын, онно буруйдаах киһи бу сытарын билэн баран, ис-иһиттэн бөтө бэрдэрдэ, хараҕын уута ыгыллан таҕыста. «Ама кини, кини дуо? Ол эрээри кини дьүһүнүн хайаан умнуохпунуй –кини эбит…» -диэн иһигэр ботугураат, Маайа туох диэн этиэҕин, саҥарыаҕын билбэккэ, кэннин диэки тэйэн биэрдэ… онтон өр сылларга мунньуллан сылдьыбыт хом санаалара төлө барбыттыы хараҕын уута кэмэ суох мыччыстыбыт иэдэһин устун сүүрдэ… Женя эмиэ быыһаары, өрүһүйээри гыммыт санаата туманныы көтүөҕүн, бу сытааччы төрөппүт аҕата буоллаҕына, киниэхэ элбэҕи да этиэхтээх санаата баһыйан, Андрей туманныран эрэр хараҕын, хаһааҥҥыта эрэ билэр сирэйин тонолуппакка супту одуулуу турда. — Алуо, манна биир киһини түҥнэри көттүлэр, түргэнник кэлиҥ! –Айаал төлөпүөнүнэн кэпсэтэр саҥата иһилиннэ. …Андрей өлөн эрэрин сэрэйдэ… Үөһэ тыынна, лүҥкүрэ ыаһырбыт, былыттаах халлааны өлбөөрөн эрэр хараҕынан көрө сытта, ыарыытыттан ынчыктаата. Оттон халлаантан ып-ыраас хаар кыырпахтара саккыраан бардылар… Аҕыйах мүнүүтэнэн кини олоҕор оҥорбут сыыһатын боруостаан, баҕар, чөлүгэр түһэриэхтээх быстыбыт ситимин бэйэтин кытта анараа дойдуга илдьэ барда… Ираида Коркина-Чугдаара.
edersaas.ru сайтан