Кэпсээ
Войти Регистрация

КҮҮСТЭЭХ ДЬАХТАЛЛАР ТУСТАРЫНАН

Главная / Кэпсээн арааһа / КҮҮСТЭЭХ ДЬАХТАЛЛАР ТУСТАРЫНАН

K
edersaas.ru Категорията суох
10.03.2019 13:00
Өкүүчэ Өкүүчэ үксүн Маача суолугар, соҕуруу тайҕаҕа (көмүстээх Бодойбоҕо) таһаҕас таһыытыгар сылдьара. Мин кинини кыра сылдьан көрөрүм. Онон толору аатын-суолун билбэппин. Өкүүчэ үрдүк уҥуохтааҕа, бэрт нарын быһыылааҕа-таһаалааҕа, кубаҕай, куурбут курдук сирэйдээҕэ, лэппээһиннээх сырдык баттахтааҕа, куруутун ыраас, кылгас маҥан ырбаахылаах буолара. Суол содуомнаах буолара, сорох ардыгар, айдааны сутурук сокуона быһаарара үһү. Арай биирдэ, соҕуруу тайҕаҕа бараах таһынан ааһан истэҕинэ ыҥыран киллэрбиттэр. Көрбүтэ эр дьон хаартылыы, арыгылыы олороллор эбит. Арыгынан сыҥалыы сатаабыттар, онтон сыстаҥнаан киирэн барбыттар. Өкүүчэ онно биир бэртэрин икки такымыттан харбаан ылбыт да, хонноҕун анныгар кыбыммыт уонна тэлэкэчиппит. Туох баар киһини үлтү кулаабыт, бэртэрэ орон аннын булбуттар, үчүгэй соҕустара түгэх түспүттэр. Өкүүчэ мин эһэм аахха сылдьар буолара. Биирдэ хотоҥҥо өлбүт ынаҕы эбэм көрдөспүтүгэр соһон таһаарбыта уонна оҕус сыарҕатыгар ылан уурбутун көрбүтүм. Билиҥҥи өйбүнэн холоотохпуна, ынах ыйааһына 15-16 буут буолуон сөптөөҕө. Егор ЕГОРОВ, “Эдэр саас”, 1995 сыл. Күүстээх Мааса Тааттаҕа Бэрээйигэ Никифоровтар диэн сүрдээх сытыары-сымнаҕас ыал күөх буруоларын унаарытан олорбуттар. Ийэлэрэ Күүстээх Мааса диэн аатынан биллэр. Биһиги хаан-уруу аймахтарбыт. Кэпсииллэринэн Мааса үрдүк уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ, кырасыабай дьахтар эбит. Биир сайын ыһыахха чугас дьүөгэтин кытта (Мааса кэргэннээх) киирэн истэхтэринэ, аара суолларыгар эмиэ бэйэтин күүһүн-кыаҕын билинэр киһи көрсөн дьээбэлииргэ, Маасаны холоон көрөргө санаммыт. Бэйэтэ да дьахталлары тутан-хабан көрөрүн сөбүлүүр эр бэрдэ, атыттан киэбирэ соҕус туттан түспүт, ону-маны солуута суох тыллаһа-тыллаһа илиитин Маасаҕа тиэрдэн иһэн, соҕотохто тас иэнинэн баран түспүт. Мааса бу киһини үөс батааска биэрбэккэ, соһон тилигирэтэн тииккэ илдьибит да, дьүөгэтинэн бу киһи атыттан быа аҕалтаран кэлгийэн кэбиспит. Эбиитин сыгынньахтаабыттар. Били киэбириэх, тутуох-хабыах буолбут киһи сордоох бырдах аһылыга буолан, ытаан-соҥоон, ааһан иһэр киһинэн көрдөһөн-ааттаһан сүөрдэрбитэ кэпсээн буолан тарҕаммыт. Баардаах баара өтөр дииллэр. Биирдэ дьоно байтаһын биэни идэһэлээбиттэр. Түөрт эр киһи балаҕан айаҕар бэрт нэһиилэ сыһан-соһон, аҕылаһан-мэҥилэһэн аҕалбыттарын, Мааса (оччолорго сааһырбыт дьахтар) балаҕаны тымнытар буоллулар диэбит да, аҥаар илиитинэн аан холуодатыгар тайаммыт, аҥаар илиитинэн биэ кутуругун эрийэ тардан туппут уонна суос-соҕотоҕун балаҕан иһигэр ньылбы тардан ылбыт. Дьокуускайга улахан дуоһунастарга, салайар үлэҕэ сылдьыбыт үөрэхтээх уола Хамыһаар Бүөтүр диэн баара. Бүөтүр оҕотук сылдьан, кинигэ ааҕа олордоҕуна, ийэтэ Мааса сүөһү чиэппэрин аҕалан ос­­туолга уурбут уонна: “Үөһээ ардьаахха анньан кэбис”, — диэбит. Онуоха Бүөтүр ааҕарын кубулуппакка эрэ, аҥаар илиитинэн ылан туох да кыһалҕата суох үөһэ анньан кэбиспитэ үһү. Ону биһиги аҕабыт сөҕөн кэпсиир буолара. Бу Бүөтүр уола Николай Никифоров саха араадьыйатыгар өр кэмҥэ ситиһиилээхтик үлэлээбит биллэр-көстөр, ааттаах-суоллаах суруналыыс. Атыттар да үлэһит үтүөтэ буолбуттар. Екатерина ПОПОВА, Таатта, Дьохсоҕон. Анньыыһыйа эмээхсин Анньыыһыйа ыраас хааннаах, үскэл, бөдөҥ эмээхсин эбит. Нэһилиэк бөҕөһө киһи Анньыыһыйаны кыыс эрдэҕинэ көрүстэр эрэ хаадьылыыр эбит. Биирдэ саас ол
курдук хаадьылаабытын кыыс сөбүлээбэккэ тутан ылан төбөтүн оройунан күрдьүктээх хаарга туруору анньыбыт. Онтон ыла ол киһи хаадьылыырын тохтоппут. Кэргэнэ Боруонньа-Прокопий Слепцов мас ууһа киһи. Сэттэ да сэттэлээх сытыары дьиэ тутталларыгар, дьиэтин маһын дьахтара таһааран биэрэр. Оҕолоро бэйэтин курдук үскэл, бөдөҥ дьон буола улааппыттар. “Чэ эрэ, төһө күүһүрбүккүтүн көрдөрүҥ эрэ”, — диэн баран сиппит уолаттарын Борокуопайы, Уһун Хабырыыһы эр-биир хонноҕор кыбынан кэбиһэр. Уолаттара, бөдөҥ-садаҥ дьон, тугу да гынар кыахтара суох, үтэһэҕэ үөлүллүбүт мунду курдук үөһээ ыйанан туран атахтара эрэ хамсыыр. Хабырыыһа икки миэтэ­рэлээх, Борокуопайа киниттэн эрэ кыра. Аньыыһыйа эмээхсин, Данил Винокуров диэн киһи эдэр эрдэҕинэ, биир суон дүлүҥү тыаттан оҕуһунан тиэ­йэн киллэрбит. Тайыла кинилэргэ сылдьыбытыгар, дьиэҕэ олорон: “Тукаам, ити маһы бэ­­рэстээкпэр ууран кулу”, — диэбит. Эдэр киһи дүлүҥү кыа­йымыаҕын билэ-билэ, майгытын сэмэлээри соруйсубут. Тайыла тахсан кыа­йан уурбатаҕын, ­эмээхсин тахсан бэйэтэ бэрэстээгэр ууран кэбиспит. “Ээ, баранаак, ити дьүһүннээҕи кыайбат буолан баран, тиргиллэҕин ээ”, — диэбит. Күүстээх Аньыыһыйа эмээхсин – Слепцова (Сыроватская) Анисия Степановна алта уончатыгар 1928 сыллаахха өлбүт. Афанасий АЛЕКСЕЕВ, “Эдэр саас” 2002 с. Уус Алдан. Уруһуй интэриниэттэн ылылынна
edersaas.ru сайтан