Кэпсээ
Войти
Регистрация
Туймаада хочотугар «Дойдулаах суор» сүрэхтэннэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Туймаада хочотугар «Дойдулаах суор» сүрэхтэннэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.03.2019 18:37
Кулун тутар 6 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” мусуойга Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, бэйиэт, кыраайы үөрэтээччи Гаврил Андоросов Хабырыыс Ондороос диэн уу сахалыы илии баттаан таһаарбыт «Дойдулаах суор» диэн хоһооннорун үһүс хомуурунньугун сүрэхтиир айар тусаһата буолан ааста. edersaas.ru Бу дьоро киэһэни бэйиэт “Кыл саха” саха национальнай инструменнарын доҕуһуоллаах дьүһүйүүнэн саҕалаата. “Хоруол тылын”, Ойуунускай, кыргыс үйэтин уонна “Аныгы азиат” диэн хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдэ. Ааптар тус бэйэтин толоруутугар «Дойдулаах суор» кинигэ хас биирдии түһүмэҕин сүрүн хоһооннорун быһаара-быһаара дорҕоонноохтук толордо. Ону тэҥэ доҕотторо бэйиэттэр Рустам Каженкин уонна Александра Попова-Долгура киниэхэ анабыл хоһооннорун аахтылар, онтон Томпо улууһуттан аат-ааттаан бу тэрээһиҥҥэ кытта кэлбит бэйиэт уонна ырыаһыт Дорҕоон Дохсун түөрт тылынан: нууччалыы, сахалыы, казахтыы, английскайдыы ааҕан, рэп-дьүһүйүүнү бэлэхтээтэ. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, народнай бэйиэт Наталья Харлампьева Гаврил айар үлэтин өр кэмтэн кэтээн көрөрүн, бу кинигэтигэр кини ыыра кэҥээбитин, далааһыннаммытын бэлиэтээн туран, ситэн-хотон эдэр суруйааччыттан сиппит-хоппут бэйиэккэ кубулуйбутун туһунан чорботон эттэ. Онтон народнай суруйааччы Сэмэн Тумат ааптар кинигэтин «Дойдулаах суор» диэн аатын таба талбытын, кинигэтин сааһылааһына табыллыбытын бэлиэтээтэ. П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреаттара, суруйааччылар Куорсуннаах, Урсун, Ойуку бэйиэт кинигэтин, хоһооннорун, уобарастары, төрүт өйдөбүллэри ырытан, ааптар гражданскай лириката сиппитин-хоппутун туһунан санааларын үллэһиннилэр. “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын сүрүн редактора Валерий Луковцев билиҥҥи кэмҥэ саха ааҕааччыта эр киһи хорсун гражданскай лирикатын ирдиир, кэтэһэр буолбутун, онуоха бу Хабырыыс Ондороос саҥа кинигэтэ сөп түбэһэн сэҥээриини ылбытын санатта. «Дойдулаах суор» хоһоон хомуурунньугун ааптара Гаврил Андросов: — Бу уопсайа алтыс, хоһоонум үһүс кинигэтин үһүс төгүлүн Туймаада хочотугар сүрэхтээтим. Ол иннинэ былырыын ахсынньыга Таатта улууһугар Баайаҕаҕа уонна Ытык Күөлгэ тиийэн кинигэбин дьоммор-сэргэбэр билиһиннэрэн, төрөөбүт дойдум алгыһын ылан кэлбитим. “Дойдулаах суор” диэн аата да этэринии, төрөөбүт нэһилиэкпиттэн саҕалаан улууһум уонна Сахам сирин эйгэтигэр тиийэ таһаардым. Бу түмүктүүр айар тусаһам. Аны атын, саҥа санаалардаах айымньыларбын сааһылыырга ылсыһыам. Дьиҥэр, бу “дойдулаах суор” диэн ытык өйдөбүлү толору арыйдым диэбэппин, бука, өссө да эргиллэ турарым, өссө дириҥэтэрим буолуо, — диэн бэлиэтээтэ. Өссө биир кэрэхсэбиллээх өрүтүнэн убайа, Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ, фотограф Иннокентий Андросов “Олоҥхо дойдутун көстүүлэрэ” диэн фотобыыстапката бу саалаҕа буола турара, икки аймахтыы дьон айар үлэлэрин ситимнээбитэ буолар. Үс чаас устата барбыт кинигэ сүрэхтэниитигэр үгүс эйгэлээх уопсастыбанньык Гаврил Андросов бары хайысхаларыттан доҕотторо, биир санаалаахтара, биир дойдулаахтара, аймахтара – тутулуга суох кыраайы үөрэтээччилэртэн, Саха сирин тимир уустарын сойууһуттан, Таатта түмсүүттэн, “Чолбон” сурунаалтан, “Улуу айаннар суолларынан” экспедицияттан, “Араҥас сулус”, “Тыл кыһата”, “Айар аартык аргыстара”, “Сэргэлээх Уоттара” литературнай холбоһуктартан кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан