Кэпсээ
Войти Регистрация

Санаам булгуруйуо суоҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Санаам булгуруйуо суоҕа

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
13.03.2020 16:49
Киһи барахсаҥҥа кыра да наада. Дьиҥэр, тус олоххор ким да орооспотун – бүттэҕэ ол эбээт! Ону баара, кыра эрдэххэ – дьыссаат, арыый улааппыт кэннэ – оскуола, аармыйаҕа тиийдэххэ – хамандыырдарыҥ. Оттон манна, «соччо ырааҕа суох сиргэ» – хаайыыга, хаһаайыннарыҥ хайа атахтарынан турбуттарынан, кинилэр тугу санаабыттарынан олоҕуҥ устар. Маныаха сыарҕаҥ сыҥааҕын оруобуна сөп түбэһиннэриэххин наада. Туох эмэ атын санаалаах, сөбүлээбэттээх буоллаххына, кытаат, искэр тут – эн манна былахыгын эрэ. Бэл, ити күскэйэ уойбут, хаайыылаахха кэлбит аһы сиэн айаҕа хам буолбат тойооску, нэһииччэ уон кылаас үөрэхтээх сержант дуома бүгүн эйиэхэ – муҥур тойон. Тимир эрэһээҥки нөҥүө олорон мөҕүттэн бордургууртан атын дьарыга суох киһийдэх. Урууларыгар-аймахтарыгар, билэр дьонноругар ас-үөл, таҥас-сап биэрэ, көрсө кэлбит дьон эрэйдээхтэр бу сержаҥҥа албыннаһартан хайдах да буолуохтарын билбэттэр. Бүтүннүү килиэ тимир, бетон эркин тулалыыр түрмэтигэр көҥүл салгына уонна хаайыы ыар тыына силлиһэр сирэ бу – дьуһуурунай хоһо. Ити күскэйбит сержант төлөпүөнүнэн эттэҕинэ, балачча буолан баран, илиитин сис туттубут хаайыылаах, эппит кэбиинэлэригэр киирэн, көрсүһэ кэлбит киһини кытта таас нөҥүө олорон кэпсэтэр. Улахан тойоттор суох буоллахтарына, дьоҕус хос иһигэр таһааран хаайыылааҕы балачча уһуннук көрүһүннэрэллэр. Онтуҥ, били сержантан тутулуктаах. Онон тугу эмэ «дук» гыннаххына, санаата көммүт киһи сиэринэн кини тугу баҕарар көҥүллүөн сөп. Биллэн турар, чып кистэлэҥинэн. Арааһы бары аҕалаллар. Кыахтаах өттө саха саныырын көтөх муҥунан ыадатан аҕалар: этэ-сыата, балыга, дэлэй фруктата. Бу барыта – дьыалаҕа түбэһэн хаайылла сытар киһиэхэ. Сорох эрэйдээх төһө да үлэлээн хачыгырайдар, итиччэ аһы түһээн да баттаппат. Биирдэ эмэ бырааһынньыкка сиирэ дуу? Ол да буоллар алаадьыны астаан, атын да аһы буһаран, сөп буола-буола манна түбэһэ сытар аймаҕар таһа турар. Куораттан улахан сорунан айаннаан кэлэр. Оттон сорох хас эмэ буолан иномаркаларынан астаран кэлэр, манна эмиэ билсиитэ-көрсүүтэ хара баһаам. Ити күскэйбит сержант, дьэ онуоха илэмэ-салама түһэр, күнэ тахсар. Кыахтаах дьон кэһии аҕалбыт киһилэрэ хаамыраҕа улаханнык бочуоттанар: бачча өлгөм астаах киһини өрө туппакка! Туох да диэбит иһин, түрмэҕэ букатын атын олох аа-дьуо устар. Үөрэннэххэ, барыта үчүгэй. Оттон киһи барахсан туохха үөрэммэтэҕэ баарай?! Чокуур Очуурап, хайыы-үйэ сууттанан, өссө болдьоҕун улахан аҥаарын боруостаан манна араас үлэҕэ сылдьар. Маҥнай утаа «аска чугас сырыттахха, үчүгэй буолуо» диэн, куукуна үлэтигэр тылламмыта. Ол эрээри киһи талымастыыра манна туох да суоҕа. Болдьоҕо тахсыбыт кэнсиэрбэни, сытыйаары гыммыт хортуосканы, хаппыыстаны мииннииллэрэ. Инньэ гынан сотору соҕуһунан ити астары утары көрбөт буолбута. Билигин ас тарҕатааччы эбээһинэһин толорор. Хаамыраны кэрийэ сылдьан ас биэрэр хайаҕаһынан миискэлэрин ууннахтарына, мииннэрин, хааһыларын кутан биэрэр. Бу үлэ туох да уустуга суох, хата манна сытар араас дьону кытта сибээс олохтуохха сөп. Харабыллар итэҕэллэрин ылбыт киһиэхэ чугаһыы сатааччы элбэх. Ол эрээри
мантыҥ сэрэхтээх. Опердар үтэн-анньан көрөөрү, араас ньыманы тутуннахтарына да көҥүллэрэ. Хаайыылаахтар даҕаны туохха эмэ түбэһиннэрэн сөпкүн көрүөхтэрэ. Онон мэлдьи сэрэнэ-сэрбэнэ сырыттахха сатанар. Опердар билигин абааһытыйа сылдьаллар. Соторутааҕыта икки хаайыылаах куоппута. Ыстатыйалара улахан: өлөрүү, ороспуойдуу саба түһүү. Дьиҥэр, манна харабыл эрэ толору курдук – иһирдьэ да, таһырдьа да. Ыт да баар аҕай. Оттон таһырдьааҥҥы вышкаларга үксүн аптамааттаах дьахталлар кэтииллэр: эр киһи бу үлэҕэ хамнаһын мыынан киирбэт. Төһө бэргэнник ыталларын билбит суох гынан баран, саҥаларын-иҥэлэрин төрдө «ончу сыыһыахпыт суоҕа» диэн. Аныгы үйэ буолан, былыргы курдук хаамыра ааныгар тиийэн кыҥастаспаккын. Кэбиниэккэ олорон мониторунан тугу барытын кэтииллэр. Ол үрдүнэн икки хаайыылаах син биир куоппут! Бука, түрмэ үлэһиттэрэ бэйэлэрэ кыттыгастаах буолуохтара. Бөлүүн начаалыстыба дьиэлээбитин кэннэ опердар арыгылаабыттара уонна өйдөрө тобуллан силиэстийэни кытаанахтык ыытарга санаммыттара. Бастакынан Чокууру кэбиниэттэригэр ыҥыран киллэрэн дубинканан быһыта биэртэлээбиттэрэ. Дибдийэллэрэ биир: хаайыылаахтар күрүүллэригэр көмөлөспүккүн билин. Чокуур абаланнар да, хайыыр да кыаҕа суоҕа: ынчыктыыра, ыарыытын тулуйа сатаан сымыһаҕын быһа ытырара. Ол эрээри ити киһийдэхтэртэн тугу да ааттаспатаҕа. Оо, дьэ, хаһан эрэ көҥүлгэ тахсар?! Дьэ, оччоҕо хайа эрэ түгэҥҥэ биир-биир көрсүтэлиэ этэ бу көкөттөрү. Сорунара буоллар, билигин даҕаны «утуталыа» этэ: төһөтүн да иһин, буоксаҕа маастарга кандидат буола сылдьыбыттааҕа. Хайа, уонна морускуой пехота ыстаарсай сержана этэ дии. Ол эрэ буолуо дуо. Өтөрдөөҕүтэ бэйэтэ милииссийэ үлэһитэ буолан, «норуотум олоҕун көмүскүүргэ мэлдьи бэлэм буолуом, наада тирээтэҕинэ, тыыммын да толук ууруом» диэн бирисээгэ биэрбиттээҕэ. Онто баара, кэллиэгэлэрэ, дьэ хайдах эбиттэрий? Чокуур милииссийэлээбит түгэннэрин санаан кэллэ... * * * Биирдэ массыынанан патруллаһа сылдьыбыта. Субуота буолан, быһылаан толору этэ. Халлаан хараҥарыар диэри элбэх ыҥырыкка сылдьыбыттара. Ким эрэ арыгылаан баран, дьиэтигэр сүгүннээбэт, айдаарар; кимнээх эрэ охсуһан тунайдаһаат, сирдээн тимирбиттэрэ, халлааннаан көппүттэрэ биллибэт. Барыта ити курдук. Хас да киһини вытрезвительгэ тиэртилэр. Сүнньүнэн, административнай буруй. Ол аата ыстарааптанар биитэр уон биэс сууккаҕа олорон тахсыахтаах. Чокуурдаах соруктара – түргэнник элээрдэн тиийэн быһылааны тохтотуу, кыттыгастаах дьону отделга аҕалыы. Барыта сып-сап курдук түргэн-тарҕан туттуу ирдэнэр. Отделга ким буруйдааҕын быһаарар испэсэлиис толору. Оттон быһылаан тахсыбыт сиригэр уһаан-кэҥээн, бытааран хааллахха, түмүгэр дьыала хааһы курдук бутуллар: төрдүн-төбөтүн иилэн ылбаккын. Ыкса түүн 12 чаас саҕана отделтан биллэрдилэр: «Куорат кытыы уулуссатын ¹-гэр тиийиҥ, итирик киһи кэргэнин, оҕолорун дьиэттэн үүртэлээбит». Чокуурдаах онно тэптэрдилэр. Биллэн турар, бу эмиэ административнай буруй. Күн аайы маннык төһөлөөх быһылаан тахсара буолуой. Буруйдаах киһи 15 сууккаҕа сытан тахсыаҕа. Баҕар, кэргэнэ билигин ыксаабычча үҥсэн баран, сарсыныгар «сайабылыанньабын төттөрү ылабын» диэн туруо. Оччоҕо дьыала сабыллан да хааллаҕына боруога суох. Тиийиэхтээх сирдэригэр массыыналарын тохтоттулар. Таһырдьа уу чуумпу. Айдаан тахсыбыт сибикитэ төрүт биллибэт. Банаарыктаах киһи буолан, суоппара Виталий Ежов инники истэ. Дьиэҕэ
адьас ыкса кэлбиттэрин кэннэ күүлэттэн уот субурус гынарын кытта саа тыаһа дэлби ыстанна – Ежов кыламмытынан эһиллэн хаалла. Чокуур, туора ойоот, сиргэ үҥкүрүс гыныан ыккардыгар саа иккистээн ньиргийдэ. Сиирэ-халты. Түргэн үлүгэрдик «макаровын» ииттэн «халыгыр» гыннарда, арыый хахха буолаарай диэн, чуурка кэннигэр түһэн эрдэҕинэ күүлэттэн иккитэ ытан түптэлиннэрдилэр. Абытай! Атаҕа уот аһыйа түстэ! Чокуур саа уота курбуулаабыт туһаайыытынан ытан хабылыннараатын кытта маатыра уонна күүлэҕэ сууллар тыас иһилиннэ. Таппыт! Ойон туран күүлэ диэки ыстаммыта, биир киһи бөкчөччү туттан сытар, дириҥник ынчыктыыр. Ынчыктаппытынан илиитин кэдэрги тутаат, наручнигын кэтэрдэн кэбистэ уонна Ежовка ойдо. Суоппара нэһииччэ тыынан сурдургуура... Бу дьыалаҕа борокуратууралар өр хаһыспыттара. Кэмниэ кэнэҕэс Чокуур Очуурап бэстилиэтин сөпкө туттубут диэн түмүк оҥорбуттара. Ежову үтүөрбүтүн кэнниттэн инбэлииккэ таһаарбыттара. Оттон күлүгээн уон сылга бириигэбэрдэммитэ. Биирдэ киэһэлик Киров уулуссатынан тротуар устун паарка диэки патруллуу баран испиттэрэ. Эмискэччи «Силуэт» эргиэн киинин ойоҕоһугар өлөр саҥа, ону кытта кими эрэ тэбиэлээн биллиргэтэр тыас иһилиннэ. Табаарыһын кытта онно ойдулар. Түөрт уол биир уолу охторон баран, тэбиэлээн аҕай эрэллэрэ көһүннэ. Чокуур свистоктаан чыһыырта: кылаабынайа, тохтотуу. Күлүгээннэргэ талахтарга хаххаланан биллибэккэ-көстүбэккэ сүүрэн тиийиэххэр диэри охто сытар сордооҕу өлөрөн кэбиһиэхтэрэ баар эбээт! Көрдүлэр! Уонна түөрт аҥыы буут биэрдилэр. Иккиэн икки аҥыы сырсан маҕыйдылар. Чокуур килэгир төбөлөөх, хара тирии кууркалаах уолу ситэ баттаан ылла уонна хатыйан түһэрдэ. Наручнигын ылан кэтэрдээри киһитин үрдүгэр булумахтана сыттаҕына, уола «итирик мент кырбаан өлөрөн эрэр!» диэн өлөр саҥатынан нууччалыы часкыйда. Хантан кэлбиттэрэ биллибэт – алта уол ойон кэллилэр да маатыралыы-маатыралыы, аны Чокууру тэбиэлээн күллүргэтэн бардылар. Ол ыккардыгар, били уола элэс гынан хаалла. Хаста да ньүөлүтүүлээхтик искэ тэптилэр. Ыксаан, бэстилиэтин ылаат, үөһэ ытан хабылыннарбытыгар биир урдус үөһүн тартарбытынан тиэрэ баран түстэ. Атыттара тилэхтэрэ хараарда. Бу сырыыга борокуратууралар быһаарыылара хаҕыс этэ: бэстилиэти сыыһа туттубут. «Милииссийэ үлэһитэ сокуоннай сааһын туола илик хаарыан оҕону ытан ыараханнык бааһырдыбыт» диэн, холуобунай дьыаланы көбүппүттэрэ. Киһи сонньуйуох, ол «хаарыаннаах оҕобут» харахтарыыстыката уу тэстибэт, адьас судаарыстыба наҕараадатыгар да түһэрэргэ сөптөөх гына суруллубут. Онуоха эбии төрөппүттэрэ тос курдук тойоттор эбит. Суукка мустубут дьон (сүнньүнэн, бааһырбыт уол аймахтара, табаарыстара) Чокуур диэки өһүөмньүлээх харахтарынан өтөрү-батары көрөллөрө, сааналларын да кистээбэт этилэр. Түөрт сылы биэрбиттэрэ. Милииссийэ уорганнарыгар үлэлээбит дьон сытар холуонньаларыгар Коми Өрөспүүбүлүкэтигэр утаарбыттара. Болдьоҕун аҥаарын кэнниттэн бу Мархатааҕы түрмэҕэ ыыппыттара. * * * Чокуур бу дойдуга сытан кимиэхэ да суруйбатаҕа, онон кимтэн да сурук күүппэт этэ. Дьиҥэр, төрөппүт ийэлээх, аҕалаах. Ол эрээри кинилэр арахсыбыттара быданнаата. Ону кини өйдөөбөт даҕаны: арахсалларыгар балтараа саастааҕа үһү. Ийэтэ хаста да эргэ тахсыбыта эрээри, уһаабакка арахсан иһэрэ. Чокуур онон олоҕун суолун кимтэн да ыйыппакка, хайдах сатыырынан тэлэн испитэ. Быһылаан
да кинини тумнубат этэ. Аармыйаҕа бөлөҕүнэн охсуһууга кинини буруйдуу сатаабыттара да кыаллыбатаҕа. Кырдьыга да, онно кини туох буруйдаах буолуой. Оттон итинник түбэлтэҕэ табаарыстаргыттан хайдах да туора туран хааларыҥ сатаммат этэ. «Итии туочукаҕа» айанныырга кинини эмиэ бастакы уочарат суруйбуттара. Ол эрээри, сатаммат быатыгар, муҥура тэстэн, хата чуут-чаат ыттыы өлө сыһан, иирсээннээх Дагестаҥҥа кыайан барбатаҕа. Дьиҥэр, барарыттан төрүт куттаммат этэ. Онно барбыт табаарыстара бары этэҥҥэ эргиллибиттэрэ. Кини билигин санаатаҕына, туох да уруута-аймаҕа суох аҥаардас уол ол «итии туочукаларыгар» сэриилэһэ сылдьан, өлөн да хааллаҕына, ким да туоһуласпата чахчы. Биирин үксүн хамандыырдара ол иһин ханна да буоллун – бүө курдук анньан иһэллэр эбит. Туох буолуой. Чокуур билигин да эдэр. Этэргэ дылы күнэ киэһэрэ илик. Хаһан эрэ син биир аламай маҥан күнэ чаҕылыччы тыгыаҕа. Ким да кини модун санаатын булгурутуо суоҕа. Кылаабынайа, кытаанах санаалаах эрэ буолуохха. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан