Кэпсээ
Войти Регистрация

Саллаат дьылҕата

Главная / Кэпсээн арааһа / Саллаат дьылҕата

K
edersaas.ru Категорията суох
05.03.2019 21:00
Сэмэн Тумат «Саллаат дьылҕата» кинигэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитэ кыайыынан түмүктэммитэ 70 сылын көрсө тахсыбыта. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Иван Михайлович Павлов туһунан документальнай уочарка кинигэ кини тус бэйэтин сэһэргээһинигэр, бэлиэтээһиннэригэр уонна ол кэм докумуоннарын чахчыларыгар олоҕуран суруллубут. Аа5ааччыларга уус-уран уочаркаттан быһа тардан билиһиннэрэбит. Чурапчы, сүгүрүй, саллаат уолаттаргар! Киһи аймах биир да үйэни сэриилэһиитэ суох олорбото. Ол эрээри сэрии да араастаах. Кини кыргарга эбэтэр көмүскэнэргэ туһуланар. Биһиги аҕа көлүөнэ дьоммут тыыннаах хаалар кыһалҕаттан, көмүскэнэр туһуттан Аҕа дойду Улуу сэриитин уотунан кырбаспыт кирбиилэригэр өстөөхтүүн өлө-тиллэ охсуспуттара, эрэйи-муҥу, өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүттэрэ. Дьылҕабыт быһаарыллар суостаах-суодаллаах күннэригэр Чурапчы сириттэн-уотуттан военкоматынан 2170 эдэр ыччат дьон Ийэ дойду көмүскэлигэр ыҥырыллыбыта. Кинилэртэн 1909 киһи уот сэриигэ киирбитэ, 1975 буойун дойдутугар эргиллибэтэҕэ, 276 киһи үлэ фронугар үрүлүйэ-харылыйа үлэлээбитэ. Оччотооҕу ыарахан кэмҥэ поэт, фронтовик Гаврил Иванович Макаров — Дьуон Дьаҥылы: Түрбүөннээх үйэҕэ Түбэһэ төрөөммүт, Буурҕаҕа, силлиэҕэ Муҥнары көрөммүт Өлбүппүт өлүөҕэ Дьон-норуот иннигэр, Ким орпут кэлиэҕэ Көр, ыһыах күнүгэр, — — диэн ырааҕы өтө көрөн эппит хоһоонун тылларын, ол тыйыс кэм кытыан кыһалҕатын көрсүбүт көлүөнэ дьон аахпыт-истибит буолуохтаахтар. Хотугулуу-Арҕаа, Степной, 3-с Прибалтийскай, 2-с Белорусскай фроннар армиялара фашистскай Германия тииһигэр тиийэ сэбилэммит сэриилэрин үлтү сынньыбыт бойобуой суолларын уотун аннынан ааспыт, хорсуннук сэриилэспит, өрүү инники кирбиигэ сылдьыбыт, өстөөх хабараан буулдьатыттан сэттэ төгүл бааһырдар да, сэрии толоонуттан туораан хаалбатах, сэриини Кенигсберг куоракка түмүктэспит саха саллааттарыттан биирдэстэригэр Иван Михайлович Павловка поэт Дьуон Дьаҥылы эппитин курдук, оччотооҕу олох тыйыс кырдьыктаах тыллара быһаччы сыһыаннаахтар. Кини «түрбүөннээх үйэҕэ түбэһэ төрөөбүт» көлүөнэ дьонун хомолтотун, үөрүүтүн-көтүүтүн, кыайыытын-хотуутун тэҥҥэ үллэстибит саха чулуу уола буолар. Фронтовик, педагог Аҕа дойду Улуу сэриитин историятын үөрэтиигэ Саха сирин үрдүнэн дьоһуннаах кылаатын киллэрсибит, эдэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ сыратын-сылбатын биэрбит Иван Михайлович Павлов дьоһуннаах олоҕу олордо, өйө-санаата, сүрэҕэ тугу этэринэн үлэлээн-хамнаан, олоҕун 91-с хаарыгар үктэннэ. Иван Михайлович Павлов олоҕун бу дьоһуннаах кирбиитин илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрүстэ. «Ааттара үйэлэргэ умнуллубат» диэн Чурапчы фронтовиктарын бойобуой суолларын сырдатар кинигэлээх. Хайдахтаах тулууруй, хайдахтаах үтүө холобур буолар дьулууруй, ытык сааһыгар тиийбит киһибит үлэтэ- хамнаһа диэтэххэ! Туох күүс кинини иннин диэки дьүккүтэрий? Онуоха мин хоруйдуом этэ — эмиэ поэт Дьуон Дьаҥылы «Төрөөбүт дойдубут туһугар өссө үтүөнү оҥороору» диэн эппит тылларынан. Кырдьык, биһиги Иван Михайлович Павловпыт олох тыйыс кэмин суо-хаан кырдьыгын түмээри, Чурапчы улууһун Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларынааҕы историятын үйэлэргэ хаалларар үлэни оҥордо. Кэм-кэрдии бэйэтин докумуонун курдук эбиитэ-сабыыта суох хайдах баарынан тиэрдэргэ ис сүрэҕиттэн баҕаран туран үлэлиир, кинигэлэринэн түмэн биэрэргэ дьулуһар. Ол сүҥкэннээх соругун Иван Михайлович толорон иһэрэ биһигини үөрдэр, астыннарар. Бүгүҥҥү көлүөнэ дьоҥҥо быһаара соҕус эттэххэ, Аҕа дойду Улуу
сэриитэ буолбут сүрүн биричиинэлэрэ туох боппуруостары кытары сибээстээҕэй? Фашистскай Германия Адольф Гитлер баһылыктаах бары дипломатичнай дуогабардары, кэпсэтиилэри кэрээнэ суох кэһэн, Советскай Союзка сэрэтиитэ суох сэриинэн туох сыаллаах-соруктаах саба түспүтэй? Онуоха маннык хоруйдуохха сөп. Аан дойду улуу учуонайдарын чөмчөкөлөрүгэр сөҕүмэр күүстээх саҥа энергияны, ураны араарыы түмүгэр, тэҥнээҕэ суох алдьатыылаах сэрии сэбин айан таһаарар күүһү ылыахха сөп эбит диэн санаа эргийэр буолбута. Сорох учуонайдар бу иэдээннээх сүдү күүһү бойобуой сорукка туһанардыы үлэлээн барыах курдуктара биллибитэ. Оччотугар улахан учуонайдардаах Советскай Союз курдук бөдөҥ держава тыынын мананар туһуттан, бойобуой (сэрии тиэрминэ) ураны арааран ылан, буомба оҥостуон сөп, онон бу быыһык кэми мүччү туппакка Россия сирин-уотун бууска, самолет, танка, физическэй күүс көмөтүнэн суһаллык сэриилээн былдьыахха диэн түгэхтээх санааттан фашистскай Германия сэриинэн саба түспүтэ… 1418 хонуктаах хабараан сэрии өстөөх кыайтарыытынан, советскай норуот кыайыытынан түмүктэммитэ. Германия милитаризма Советскай Союһу боҕутуннарбыта эбитэ буоллар, Евразия материгын бары норуоттара, арааһа, сир үрдүттэн сотуллуох эбиттэрэ буолуо. Хайдахтаах эрэйтэн-муҥтан, өлүүттэн-быстыыттан быыһаабыт эбиттэрий Аҕа дойду Улуу сэриитин кытыан кыһалҕатын сүкпүт, кыайыыны ситиспит биһиги аҕа көлүөнэ дьоммут! Кэнэҕэһин кэнэҕэс, хойутун хойут киһи аймах прогрессивнай өйдөөх-санаалаах, эйэлээх-иллээх олорууга дьулуурдаах норуоттара Аҕа дойду Улуу сэриитин героическай олоҕу олорбут, Аан ийэ дойдуну улахан иэдээнтэн, алдьаныыттан-кээһэнииттэн быыһаабыт көлүөнэ дьонугар махтаныахтара, сүгүрүйүөхтэрэ. Ол кэм историческай кырдьыгын кэрэһилиир үлэлэр, ахтыылар, кинигэлэр билигин суруллаллар… Ону Иван Михайлович Павлов курдук тыйыс кэм сылаас тыынын өрүһүйсүбүт дьоммут иилээн-саҕалаан, айан-тутан хааллараллара, кинигэлэринэн холобурдууллара уонна ону дакаастабыл докумуоннарынан арыаллыыллара саха норуотун үйэлэргэ туһанар историческай-духовнай баайынан, ону ааһан көмүскэлинэн, кырдьыгы эрэ тутуһуннарар кэрэһитинэн буолар. Ити этиллибити биһиги бары дириҥник өйдүүбүт. Ытык сааһыгар сылдьар, үлэлээн түбүгүрэр Иван Михайлович Павловка махтанабыт. Көлүөнэ кэриэһин үйэтитэр дьиҥ-чахчы сүдү киһибитигэр бу дьоҕус үлэм махталым, сүгүрүйүүм бэлиэтинэн буолуохтун! Сэмэн Тумат ИЙЭ ДОЙДУ КӨМҮСКЭЛИГЭР Ньылла алааска «Счастлив тот, у кого за Родину бьётся сердце». Георгий Саакадзе Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта иккис сылыгар барбыта. Ньылла алаас Чурапчы Мындаҕаайытыттан олус ырааҕа суох үс биэрэстэлээх сиргэ баар. Онон үчүгэй да, куһаҕан да сурах-садьык иһиллэ турара. Хороччу улаатан эрэр сүүрбэ биир саастаах Уйбаан Баабылап Тыллаах Лааһар диэн аймахтарын дьиэтигэр салгыы тутуллубут дьиэҕэ дьонунуун олорбуттара. Ааспыт сайын сэриигэ ыҥырыллан барбыт уолаттар төрөппүттэрэ хаймыылаах бакыаттарга угуллан кэлбит хара суруктары тутаннар аймалҕан өссө улааппыта, ытабыл-соҥобул дьону-сэргэни уйадыппыта. Куһаҕан сурах-садьык иччилэнэн испитэ. Кыһалҕалаах күҥҥэ, дьылга айылҕа кытары кыһайбыт курдук буолбута. 1942 сыл сааһа сыһыыга-толооҥҥо сииги тохтоппотоҕо, сир-дойду хаар анныттан кууран-хатан тахсыбыта. Алдан өрүс уута өрө аспакка, Амма барахсан мууһа хаатыгар сытан эрэ ууллубута. Ньылла алаас олохтоохторо «Ылдьаа ыллыга» колхоз чилиэннэрэ этилэрэ. Ааспыт сайын чугастааҕы ходуһалары чордоон, сыл тахсар оту кыайан
булбаккалар Куолума үрэҕэр Соһуой өтөҕөр тиийэн оттоон өрүһүммүттэрэ. Дохуот диэни аахсыбатахтара. Олох-дьаһах эмискэччи ыараан киирэн барбыта. Онтон 1942 сыллааҕы саас кураан тыалынан дапсыйан добун сирдэргэ аһыҥа туран, бары өттүнэн балаһыанньаны ыараппыта. Онуоха эбии колхоз туруу үлэһиттэрэ сэриигэ ыҥырыллыбыттара улаханнык охсубута, үлэ хаамыыта биллэрдик бытаарбыта. Кураан өрүһүмтэтэ суох тиийэн кэлбитэ онто да суох дьылы нэһиилэ оттон-мастан тутуһан туораабыт дьоҥҥо улахан кутталынан суоһаабыта. Ону барытын колхозка суотчутунан үлэлиир Уйбаан Баабылап өйүнэн-сүрэҕинэн ыарыылаахтык ылынара. Төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүт эдьиийин, быраатын, балтын мантан инньэ хайдах-туох олорон кыстыгы туоруохтарын санаатаҕына, хараҕа ууланара, ону дьонугар көрдөрбөтөҕүнэ сатанарын өйдүүрэ. Кини саамай ыарырҕатара дьиэтин аанын сабан тахсан, сэриигэ ыҥырыллар бэбиэскэни тутарыттан. Истэр тухары сэрии сураҕа-садьыга ыараан испитэ. Ити эдэр киһи санаатын баттыыр этэ да, Ийэ дойдуга төрөөбүт-үөскээбит иэһин төлөөһүн патриотическай күүрээнэ баһыйара; «киһи тыыннаах ордон кэлэр буоллаҕына, мин даҕаны эргиллэн кэлээ инибин» диэн бөҕөх санаа кини уйан дууһатын түгэҕэр уйа туттубута. Алаһа дьиэттэн, аймах-уруу дьонуттан араарар, сэриигэ ыҥырыы бэс ыйын 19 күнүгэр үөс-батааска биэрбэттии, бу тиийэн кэлбитэ. Ньылла алааһын ыаллара сарсыарда эрдэлээн уһуктубуттара. Баабылаптар ийэлэрэ Мария Одьулуун нэһилиэгин Старостиннарыттан төрүттээҕэ, сытыары- сымнаҕас майгылааҕа, көрсүө-сэмэй киһи этэ. Сарсыарда ийэ киһи олус уйадыйан уһуктубута. Ону дьиэ кэргэн дьоно сүрэхтэринэн сэрэйбиттэрэ-өйдөөбүттэрэ. Эдьиийэ, балта, быраата саҥата-иҥэтэ суох уку-сакы туттан таһырдьанан- иһирдьэнэн киирэ-тахса сылдьыбыттара, ол ийэлэрэ уйадыйарын көрүөхтэрин дьулайа саныылларыттан эбитэ буолуо… Аҕата Мэхээлэ оҕонньор өй-санаа муҥутаан дьоно айманалларын көрүмээри туох эрэ уталыйбат наадаламмыта буолан ыалга барардыы тыас хомуммута. Төрүкү ыарыһах Маарыйа барахсан оҕотун үчүгэйдик сыллаан-уураан атаарарыгар кыах биэрэрдии сананаахтаабыта, ийэ киһи «Аны оҕобун көрөбүн ини, көрбөппүн ини», — диэн көхсүнэн сытан кистээн ытаабытыттан сүрэҕэр ыттарбыта, оттон уола Уйбаан туһугар, бэйэтэ да дьиктиргиэн иһин, санаата-оноото тоҕо эрэ бөҕөх этэ. Дьиэ кэргэн сарсыардааҥҥы чэйдэрин иһэн бүппүттэрэ. Уйбаан бэрт тиэтэлинэн малын-салын хомуммута. Маарыйаттан уратылар таһырдьа тахсыбыттара. Ийэлээх уол иккиэйэҕин утарыта көрсүбүтүнэн дьиэ ортотугар туран хаалбыттара. Маарыйа талах олоппоһу харбаан ылаат, тахсар ааны бүөлүү олорунан кэбиспитэ. Уола мөһөөччүктээх малын, хомуһуолун туппутунан ааҥҥа тахсардыы тиийэн кэлбитигэр эмискэ ойон турбута уонна ип-ибигирэс буолбут илиилэринэн моонньуттан кууһан ылбыта, ытыырын туттуна сатыы-сатыы, тугу эрэ уолун кулгааҕар сибигинэйбитэ. Син өр соҕус ыга куустуһан турбахтаабыттара. Уйбаан ийэтэ уйарҕаабытыттан адьас иэдэйбитэ, күттүөннээҕи этэр кыаҕыттан тахсыбыта, тыынарыгар салгына тиийбэт курдук буолбута, ийэтин нукаай буолбут илиилэриттэн босхолоноот, бокуойа суох таһырдьаны былдьаспыта. Сэргэҕэ бааллан турар ыҥыырдаах атыгар сулбуччу хааман тиийээт, кэннин хайыһан көрбүтэ, ийэтэ Маарыйа эрэйдээх дьиэтин айаҕар тахсан турар эбит этэ. Хор, онно оҕо курдук утары сүүрэн тиийэн, ийэтин уоскутар, санаатын бөҕөргөтөр тылы эппитэ буоллар ньии. Тоҕо эрэ онто кыаллыбатаҕа, ийэтин төһө да таптаабытын иһин, ийэтэ
долгуйбута кинини кэбирэппитэ, уйадыппыта. Киһи тылынан кыайан эппэт, куту-сүрү баттыыр туох эрэ муокас түгэнэ ийэлээх уол икки ардыгар баар буолан хаалбыта. Ону ийэ барахсан сүрэҕэ-быара сэрэйбитэ, уолчаанын тиһэх төгүлүн көрөн хааларын өйдөөбүтэ… Бөөлүүн көрбүт түүлүгэр сүрдээҕин эрэммитэ… Онно көрдөҕүнэ, уола Уйбаан күп-күөх кырыс устун киниэхэ утары хааман иһэрэ… Оттон кини тиийиэхчэ-тиийбэт курдуга… «Оҕом барахсан этэҥҥэ буолан кэлииһик… оннук эрэ буоллун… Оҕом эрэ этэҥҥэ сырыттын ол туспа дойдуга… Онтон атына көстөн иһиэ буоллаҕа» дии санаабыта Маарыйа барахсан бу түгэҥҥэ… «Төһөлөөх үгүс ийэ оҕолорун, кэргэннэрин, урууларын-аймахтарын, уоттаах сэрии холоругар сөрөтөн эрэллэрэ буолуой бу иэдээҥҥэ. Ол өлөрө-өһөрө киирбит сиэхситтэр кими харыстыахтарай? Онно холоотоххо, биһиги кэм дойдубутугар, өтөхпүтүгэр олорон хаалан эрдэхпит… Ол мин эрэ бу үлүгэрдээх алдьархайы көрөн туран уолбун кууһан баран олоруом этэ дуо… Оҕом этэҥҥэ сылдьыаҕа, түүлүм-битим оннук» дии саныы тураахтаабыта ийэ барахсан… Уолчааныгар онно эрэ көрбүтэ эр киһи дьиппиэн, өһөстүҥү эрээри, номоҕон быһыыта олохсуйбутун, күүһэ-күдэҕэ киирбитин… Саха киһитин сиэринэн, уолун таһырдьа тахсан атаараары тахсыбыта… Сотору ат туйаҕын тыаһа хаппыт буорга табыгырыы түспүтэ. Уйбаан атын тэһиинин хантаччы тарпыта, суол диэки салайбыта уонна дьиэ күүлэтин ааныгар бөлүөхсэн турар уруу-хаан дьонугар бырастыылаһар бэлиэтин биэрэн уҥа илиитин даллатан эрчимнээхтик өрө ууммута, өрө тыынаат, атын быһа кымньыылаабыта. Буору бурҕаппытынан айан суолугар киирэн тэптэрэ турбута. Уруу-хаан дьонуттан, ийэ киһи сүрэҕиттэн саамай тирэхтэрэ буолар, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар киһилэрин сэрии эҥсиллэр эҕирийиитин иэдээнэ ити курдук туга-ханныга биллибэт уот-холоругар ыбылы тардан ылбыта. «Дьылҕа хаан оҥоһуута быһаарыа буоллаҕа, дьоннорун сэриигэ атаарааччылар биһиги эрэ буолбатахпыт, билигин Мырааҥҥа дьон-сэргэ мустан ахан эрдэҕэ, уол оҕо дьолуота билиэҕэ» дии саныы хаалаахтаабыттара бу кэмҥэ күүлэ таһыгар тоҕуоруһан турааччылар. «Бээрэ, арба даҕаны… » — диэн саҥа аллайаат, Маарыйа өй ылан дьиэтигэр киирэн, көмүлүөгүн чоҕун холумтаныгар чөмөхтүү тардыбыта уонна уоһун иһигэр дорҕоон таһаарбакка ботугураат, сэттэ чох үрдүгэр сүөгэйдээх баахыланы уурбутугар, уот үөрбүт курдук өрө бачыгырыы түспүтэ. Ол кэннэ Маарыйа өйүн-төйүн булунардыы чочумча олоро түспүтэ, кини бу түгэҥҥэ сахалыы сиэри-туому тутустум дии санаабыта, көһүйбүт тобуктарыттан тардыстан туран, остуолга тиийбитэ, салҕалас буолбут тарбахтарынан уола Уйбаан сибилигин аҕай сарсыардааҥҥы чэйин испит хончоҕорун, аны үлтү түһэрэммин иэдээн буолуо диэбиттии, бэркэ сэрэнэн ытыһын түгэҕэр өйөөн ылбыта, кичэллээхтик өрбөҕүнэн суулаабыта уонна уола аахпыт кинигэлэрэ кэккэлээн турар долбуурдарыгар тиийэн чөкө ууран кэбиспитэ. «Этэҥҥэ эргиллэн кэллэҕинэ, чэйин иһиэ этэ буоллаҕа…» — диэн ийэ киһи саҥа таһааран ботугураабыта. Дьиэ иһинээҕилэр ким хотоҥҥо, ким уу баһа тарҕаспыттара. Ийэ унньуктаах уһун санаатын өйөтөөрү көмүлүөгэр мас быраҕан биэрэн уотун күөдьүппүтэ. Уйбаан Баабылап Мырааҥҥа Эрнест Тельман аатынан колхоз дэриэбинэтигэр айаннаан астаран тиийиитигэр балачча уоскуйбута. Аара суолга билэр уолаттара өрө мэҥитэн иһэллэрин
ситэ баттаан аргыстаспыта. Суол буора бурҕайбыта өссө да уоскуйа илигинэн сылыктаатаҕына, соторутааҕыта аҕай ыҥырыллыбыт дьон кэлэн ааспыт буолуохтарын сөп эбит. Мыраан. Дьон-сэргэ тоҕуоруйбут, ат-атыыр бөҕөтө мустубут. Сэриигэ ыҥырыллыбыттар үгүстэрэ сүүрбэлэрин туолан эрэр эбит буоллахтарына, түөрт уон саастаахтар кытары бааллара. Ытаһыы-соҥоһуу. Сыллаһыы-уураһыы. Куустуһуу-быраһаайдаһыы үгэнэ эбит. Сэрии уһаабыта, эрдэ барбыттартан «хара» суруктар кэлитэлээбиттэрэ дьон- сэргэ уйулҕатын хамсаппыта бу түгэҥҥэ ордук сытыытык көстүбүтэ. Ким ийэтэ-аҕата, ким убайа-эдьиийэ, ким балта-инитэ, ким таптыыр кэргэнэ, ким хараҕын хатаабыт кэрэ кыыһа тыл-өс этэр, мэктиэ бэрсэр, тиһэх ыйыыны-кэрдиини биэрэр, бырастыылаһар долгутуулаах түгэнин көрбүт Уйбаан Баабылап ийэтин Маарыйаны, бииргэ төрөөбүттэрин санаан хараастыах курдук буолан иһэн, ыган кэлбит хараҕын уутун, хата кыаммыта. — Ыраах айаҥҥа аттанар дьону, доҕоттоор, наһаа ытаан-соҥоон атаарары былыргы өбүгэлэрбит олох сөбүлээбэттэрэ. Килбиэннээх Кыһыл Аармыйабыт уотунан кырбаһар фроннарыгар билигин хаан тохтуулаах кыргыһыылар буолуталыы туралларын бары истэ-билэ сылдьабыт. Доҕоттоор, дьоммутун атаарар миитини саҕалыаҕыҥ. Уоскуйуҥ! — диэн Тельман аатынан колхоз бэрэссэдээтэлэ Бүөтүр Миитэрэйэбис Былатыанап саҥа таһааран ыллыктаах тылын көтөхпүтэ. «Кырдьык даҕаны, оннук ээ…» диэбиттии, дьон барааччылар бөлөхтөрүттэн сыҕарыйан-тэйэн биэрбиттэрэ, арыый уоскуйа быһыытыйан тугу этэллэрин истээри чөрбөҥнөспүттэрэ, сорохтор хоннох-хоннохтон ылсыһан өйөһөн туралларын ордорбуттара, быһаарыылаах түгэн ыга анньан кэлбитин дьон-сэргэ өйдөөбүттэрэ-ылыммыттара. Тельман аатынан колхоз бэрэссэдээтэлэ Бүөтүр Былатыанап: Табаарыстар! Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллар, Ийэ дойдугутун көмүскүүр чиэскэ тигистибит. 0л уотунан кырбаһар кирбиилэргэ тиийиэххит иннинэ өстөөхтүүн сэриилэһии ньыматыгар үөрэниэххит, Кыһыл Аармыйа байыаһа буолар үрдүк ааты сүгүөххүт, ол кэннэ биирдэ өстөөхтөрдүүн күөн көрсүөххүт… Санааргыы-хайыы сылдьымаҥ, биһиги маннааҕы олохпутугар дьон сиэринэн, күүс-күдэх тиийэринэн үлэлиэхпит, ол буолуоҕа биһиги эһиэхэ көмөбүт диэн. Онтон, эһигини, охтоохтон охтубакка, саалаахтан самныбакка кыайыы-хотуу көтөллөнөн кэлиҥ диэн алгыыбыт. Алгыс баһа сыаланнын! Биһиги чиэспитин түһэн биэрбэт курдук харса суох сэриилэһиҥ, хорсуннар ортолоругар сылдьыҥ, Ийэ дойдугутун өстөөхтөн көмүскээҥ! Этэҥҥэ буолуҥ, сураҕы-садьыгы быспакка, ханна тиийэҕит даҕаны суруккутун ыыта туруҥ! — диэн тылларынан кылгас этиитин түмүктээбитэ. Атаарааччылар ортолоруттан оҕонньоттор-эмээхситтэр алгыс тылларын эппиттэрэ. Айаҥҥа туруу түгэнэ ыган кэлбитэ. Сүүрбэттэн тахса ыҥыыр аттаахтар субуруспутунан айан суолугар киирэн, айаннаан ходьото турбуттара. Сир-дойду сирэм күөҕэ өссө ордук кэрэтийбиккэ дылы. Сарсыардааҥҥы сөрүүн ааһан, күн уота күүһүрэн барбыта. Күөрэгэй барахсан күн кыһалҕата суох өндөл халлааҥҥа өрө көтөн тахсан дьурулуу, дьырылыы ыллыыра. Мыраан, тыа кэтэҕиттэн кэҕэ чуор куолаһа тохтоло суох этэн чоргуйара. Айаннаан долгутан иһэр бөлөх дьон Тайҕа үрэх 19-с биэрэстэтигэр тиийэн тохтоотулар. Мантан Амма өрүс уҥуоргу хайалара көҕөрөн көстөллөрө. Бу кирбии сир — Ийэ дойду көмүскэлигэр баран иһээччилэргэ ураты суолталаммыта. Уйбаан Баабылап ортоку соҕус тутуһан иһэрэ. Сиһи өрө дабайан истэхтэрин аайы оту-маһы саҥа көрбүттүү сонурҕаабыта-кэрэхсээбитэ. Суол ойоҕоһунааҕы хахыйахтар, хатыҥнар сэбирдэхтэрэ намылыһан тураллара, тэтиҥнэр сиккиэртэн сэбирдэхтэрэ кэрэтик күлүбүрүү хамсыыллара, тииттэр лабааларын сымнаҕас киистэлэрэ
мутукча сытынан дыргыйаллара сүрэххэ сүр минньигэстик сытыытык сылаанньыта киирэрэ… «Атын сир-дойду ото-маһа да туспа буолуо ээ» диэн санаа барыларыгар тэҥҥэ биллэн ааста… Сис оройугар тиийээт, уолаттар аттарыттан түстүлэр, ону эрэ көһүппүт сылгылар үүннэрин тимирдэрэ чылыргыы-чылыргыы суол ойоҕоһунааҕы оту хабыалаабытынан бардылар. Сэриигэ барааччылар дойду күөҕэр олорон, сынньанан ыларга быһаарыннылар. «Оо, нус-хас, күн кыһалҕата суох көҥүллүк көччүйэн үөскээбит-үүммүт ыырбытыттан арахсан Ийэ дойду көмүскэлигэр диэн, өлөр-тиллэр быһылааннары уун-утары көрсө, айаннаан истэхтэрэ тугун баҕас дьулаанай! Хастара ордон, хайдах-туох сылдьан төрөөбүт-үөскээбит түөлбэлэрин булаллар ини, булбаттар ини!» Айаннаан иһээччилэр үгүстэрэ ити курдук санаабыта, ол иһигэр Уйбаан Баабылап. Ону хайалара даҕаны таска таһаарбатаҕа. Сэриигэ ыҥырыллыбыттар уһаабакка сиһи таҥнары түһэн, субуһан Баһылай Алааһыгар киирбиттэрэ уонна Чурапчы диэки айанныы турбуттара. Ити курдук үүммүтэ бэс ыйын 19 күнэ. Салгыыта бэчээттэниэ. Сэмэн Тумат «Саллаат дьылҕата» кинигэтиттэн ылылынна. Сүрүн уруһуй интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан