Кэпсээ
Войти Регистрация

КҮҮТҮҮ (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / КҮҮТҮҮ (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
13.10.2024 10:00
Балаҕан ыйын ортото. Ылааҥы. Оттоммут ходуһа хойуу чыыбаайыта көлүччэ долгунунуу көҕөрө толбоннуран ылар. Василий кыракый Күннэйин көтөҕөн, бөһүөлэк уһугар таҕыста, долгуннура оонньуур күөх ньаассын чыыбаайылаах кырдалга кыысчаанын түһэрдэ. Оҕото күн уотуттан хараҕын симмэхтээн ылла, адьас билбэт сиригэр кэлбититтэн атыҥыраан, аҕатыгар өрө тарбачыста. Аҕата кыыһын сиэтэн хаамтарда. Ол иһэн өйдөппөккө, оҕотун ыһыктыбытыгар кыыс­чаана аҕатын илиитин тутан иһэрдии санаан, күөх чыыбаайыга чөкөччү үктээтэ уонна иккиһин атыллаары атаҕын сыыһа тарта, охтон умса баран түстэ. Ытаан марылаата. Василий оҕото үктээбит сирин көрбүтэ, хойуу, сымнаҕас чыыбаайыга атаҕын суола оҥо­йон сытара. Аҕа үөрбүтэ-көппүтэ. Кыысчаана киһи буолан, сир үрдүгэр аан бастакы хардыытын оҥорбута, атаҕын суолун хаалларбыта… Кэргэнин аҕалан, оҕотун бу түү мээчик чөкө түспүт суолугар маарынныыр атаҕын суолун көрдөрүөн баҕарбыта. Хаппыт талаҕы тоһутан бэлиэ аспыта. Бэрт өр оҕотун суолун одуулуу, сылаанньыйа, үөрэ-көтө турбута. Кыһын кини уһун командировкаттан эргиллэн кэлбитэ. Кэргэнэ да, оҕото да дьиэлэригэр суохтара. «Биһиги бардыбыт. Аны хаһан да эргиллиэхпит суоҕа. Күүтүмэ!» диэн тыллаах сурук остуолга сытара. Суругу ааҕаат ытаабытын, аймаммытын иһин туох кэлиэй? Кыһын ааспыта. Саас сир-дойду чыычаах ырыатынан туолбута. Кустар, хаастар уйаланар күөллэригэр көтөн кэлбиттэрэ. Айылҕа маннык уһуктуутун Василий аан бастаан соҕотоҕун, таптыыр кэргэнэ уонна оҕото суох көрсүбүтэ. Арай түүн түһээтэҕинэ, Күннэй күөх чыыбаайылаах кырдалга сүүрэкэлии сылдьар буолара… Василий биир күн оҕото аан бастаан үктэммит кырдалыгар тиийбитэ. Бэлиэ аспыт талаҕын өйдөөн, хадьымалы көрбүтэ, талаҕа чоройон турара. Кэлэн, төҥкөйөн эрдэҕинэ, хагдарыйбыт от быыһынан туох эрэ сүүрэн сырдьыгынаабыта. Онтон кынатын даллатан, кутуругун тэрэтэн, биир күөрэгэй көтө-көтө түспүтэ. «Уйалаах эбит!» — дии са­­наабыта Василий уонна оргууй аҕай оту тарыйбыта. Били бэлиэ талаҕын анныгар икки сымыыттаах уйа оҥойон сытара. Оҕото үктээбит сиригэр!.. «Чыычааҕым атаҕын суола чыычаах уйатын курдук этэ», — диэн, үөһэ тыыммыта. Итиэннэ халлааҥҥа күөрэгэй ырыатын истибитэ. Күннэйэ бу кырдалга саҥа хаамаат, охтон ытаан эйээрбитин ити дьырылас ырыаҕа дьүөрэлии өйдөөн, санааргыы, эмиэ да үөрэ-сэргии, иһиллии турбута. Лаампа сырдыгар Кыһын Дьокуускайга хойуу туман түһэр. Дьэ оччоҕо атаҕыҥ тумсун көрөрүҥ күчүмэҕэй. Аргыстаһан иһэр киһиҥ адьас билигин аҕай субу иһэрэ, икки миэтэрэ сири тэйдэр эрэ харахтан сүттэҕэ ол. Хааман иһэн, өскө чуумпу буоллаҕына, хагдаҥ оту түүтэхтээн эрэрдии сып-сыыгынас тыаһы истиэҥ. Өйдөөн-болҕойон истибитиҥ — тыыммыт сылаас салгыныҥ тута тоҥон, муус кыырпахчааннарыгар кубулуйа охсон, бэйэ-бэйэлэрин кытта аалсыһар-харсыһар араллааннара эбит… Биир оннук туманнаах киэһэ Петр Алексеев аатынан уулусса устун Уобаластааҕы балыыһа диэки икки эдэр дьахтар уку-сакы хаамсан иһэллэр, дөрүн-дөрүн кэпсэтэллэр, ону да биир эмэ тылы бырахсан. Үрдүк остуолбаҕа киһи ууммут илиитигэр маарынныыр уһун ньолбуһах лаампа барыарар сырдыгар киирэн көстө түһэллэр уонна эмиэ туман иһигэр мэлийэллэр. Биир оннук остуолба лаампатын анныгар тиийэн эрдэхтэринэ, оҕо көтөҕүүлээх киһи уун-утары тахсан кэллэ, хадьы аасыһыахча буолан иһэн, эр киһи: — Вы, Долг… — диэтэ, кэннинэн тэйэ хаамта, дьахталлар иннилэригэр турунна. — Долгунча?.. Эн?! Кэккэлэһэ иһэр дьахталлартан биирдэстэрэ лаампа сырдыгын диэки иҥнэх гынна уонна эр киһитээҕэр ордук соһуйда: — Мин! Сергей?! — диэмэхтээтэ. — Сергей эбиккин! Эмиэ лаампа анныгар… Лаампа сырдыгар… — Кырдьык даҕаны!.. Хайа, хаһан кэллиҥ? — Бэҕэһээ кэлбитим. Өйүүн бараары сылдьабын. Син көрсүһэрдээх эбиппит. Хайдах олордуҥ? Бу бэйэҥ оҕоҥ дуу? — Үчүгэйдик олоробун. Хайа муҥун бэйэм оҕом… Дьахталлартан биирдэстэрэ баран испит сирин диэки хаамта. Бэйэлэрэ кэпсэттиннэр, аны мэһэйдиэм диэбиттии, бытааннык тэйдэр тэйэн, атаҕын тыаһа тротуар чигдитигэр сырдырҕаата. Тумаҥҥа көстүбэт буолаат, дьүөгэтин көрөөрү, кэннин хайыспахтаата. Таҥаһын кырыатын тэбэннэ, атахтарын олбу-солбу өрүтэ көтөхпөхтөөн ылла, эккирээмэхтээтэ. Ол турдаҕына дьүөгэтэ ситэн кэллэ. Иккиэн сэргэстэһэн, уруккуларын курдук, айаннарын салҕаатылар. Уратыта диэн эр киһини кытта кэпсэппит дьахтар уу чуумпутук истэ. Аргыһа дэҥҥэ тугу эмэ ыйыттаҕына, аатыгар эрэ хардарар. Уобаластааҕы балыыһа территориятыгар киирдилэр. Уҥа диэки хирургическай отделение түннүктэрин уота хойуу туманы курдары болоорор. Дьиэ бэйэтэ көстүбэт. Бүдүк-бадык. Дьахталлар уҥа диэки ха­­йыһан, уһун синньигэс терапевтическай отделениены таһынан маҕаһыын диэки бардылар. Нейрохирургическай отделение түннүктэрин анныгар кэллилэр. — Сергей… Сергей бүгүн дьуһуурустубалаабат күнэ эбит, — диэн ботугураата били саҥата-иҥэтэ суох ньим барбыт дьахтар. Кини, дьүөгэтиттэн хаалан, отделение түннүктэрин балачча өр одуулаан турбахтаата. — Долгунчаа, тугу ботугуруугунуй? Тоҕо тохтоотуҥ? — аргыс дьахтарын саҥата туман иһиттэн иһилиннэ. — Манна эмтэммитиҥ дуо? — Суох… — Чэ, ычча, бардыбыт! — Уруккум буоллар, төһө да тымныытын иһин, бу түннүк анныгар туруом, сылаанньыйа таалыам этэ эбээт, — Долгунча дьүөгэтин ситэн кэллэ. Долгунча дьүөгэтэ Катя диэн. Кини куорат олохтооҕо, балыыһаҕа сиэстэрэлиир. Иккиэн өрдөөҕүтэ медучилищеҕа бииргэ үөрэммиттэрэ. Долгунча киниэхэ түһэр, тохтуур. — Хайаларай ити? «Эмиэ лаампа анныгар көрсүстүбүт, «хайа муҥун бэйэм оҕом» эҥин дэһэҕит, — Катя дьиэтигэр киирэн сонун устан ыйыы туран ыйытта. — Барытын тута быһаарар, кэпсиир уустук. Бу түүн утуйуохпут суоҕа, — Долгунча бэргэһэтин кырыатын тэбээтэ. Сонун устан көхөҕө ыйаата. Дьүөгэлиилэр чэйдээтилэр. Ону-маны сэһэргэстилэр уонна утуйаары оннуларын оҥоһуннулар. Катя бөлүүн түүн ортото ааһыар диэри аахпыт кинигэтин долбуурга уурда. Ону Долгунча көрөн: — Үчүгэй кинигэ диэбитиҥ. Тоҕо салгыы аахпаккын? Аҕал, хата мин ааҕыым, — диэтэ. — Суох, биэрбэппин. Эн сэһэҥҥин истиэхпин баҕарабын. Ла-ампаны умуруоруум дуу? — Тоҕо ити лаампа диэн тылы кэччиктээн саҥараҕыный? — Эһиги лаампаҕыт туһунан кэпсээрэй диэммин… — Чэ оччоҕо лаампаттан саҕалыыбыт дуо? Чэ сүгүннүөҥ суох… Хос иһигэр хараҥа бүрүүкээтэ. Ханна эрэ, истиэнэ нөҥүө, ыаллар араадьыйалара саҥарара иһиллэр. Туумба үрдүгэр чаһы тыһыргыыр. Дьэ уонна туспа-туора суохха дылы. Бары-барыта Долгунча кэпсээнин истиэхтии иһийбит. — Харыйалаахха кэргэним дьонугар көһөн кэлбиппит, — Долгунча үөһэ тыынна, кэпсээн барда. — Мин оройуон кылаабынай бырааһыгар үлэбин бы­­һаартараары тиийбиппэр, урут тугу үлэлээбиппин истэн баран, хирургическай сиэстэрэнэн аныы оҕуста. Сиэстэрэлэрэ ханна эрэ барбыт, уурайбыт. Сергей, хирург, ити билигин көрсүбүт киһим, ыраах ­учаастакка барбыт этэ, кэлэ илигэ. Онон билиһиннэрбэтэ. Мин ­дьиэбэр тахсан ол күн, саҥа көһөн кэлбит дьон сиэринэн, малбын дьаарыстаабытым. Ыарыһах кэргэммин аһаппытым, эмин иһэппитим. Күн биллибэккэ ааспыта. Хотунум үлэтиттэн кэлэн миигин ханнык үлэҕэ ылбыттарын ыйыталаһан эрдэҕинэ, аан аһылла түспүтэ уонна эдэркээн кыыс киирэн кэлбитэ. — Долгунча Ивановна манна олорор дуо? — диэбитэ. Сонун иһинэн кэппит маҥан халаатын эҥээрэ көстөрө. … Степан ДАДАСКИНОВ кэпсээннэрин сиһилии  “Күүтүү” диэн кинигэтигэр ааҕыҥ.
edersaas.ru сайтан