Кэпсээ
Войти
Регистрация
ОЛОХ ХАТАН КЫРДЬЫГА
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ОЛОХ ХАТАН КЫРДЬЫГА
K
edersaas.ru
Категорията суох
23.02.2019 12:00
Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат — поэт, прозаик, литературнай критик, тылбаасчыт, суруналыыс. СӨ норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Бүгүн, олунньу 23 күнүгэр, Семен Андреевич 75 сааһын туолла. Бу бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран, кини “Олох хатан кырдьыга” кинигэтиттэн быһа тардан билиһиннэрэбит. Саха норуодунай суруйааччыта, публицист, чинчийээччи Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии героическай тиэмэтигэр араас сылларга суруйбут ыстатыйалара, бэлиэтээһиннэрэ, хоһоонноро, поэмата уонна фашистскай Германия халабырдьыттарын утары кырыктаах кыргыһыыларга кыттыыны ылбыт фронтовик-суруйааччыларбыт туһунан матырыйааллара бу кинигэҕэ түмүллүбүттэр. Кинигэ Улуу Кыайыы 70 сылын көрсө тахсыбыт, “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит. «ХОТОЙДОРГО ХОЛБОҺОН — ХОТОЙ БУОЛА…» Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, саҥардыы айар-суруйар үлэҕэ ылсан эрэр, кэлин биллэр-көстөр суруйааччылар да буолбут эдэркээн дьон, бары сэбиэскэй гражданнар курдук, Аҕа дойду көмүскэлигэр сэрии саҕаланнаҕын бастакы күнүттэн военкоматтарга сайабылыанньалаах тиийбиттэрэ, норуоту ытык сэриигэ өрө күүрдэр хоһооннору, публицистическай ыстатыйалары суруйталаабыттара, сэриилэһэр фроннарга тиийбиттэрэ. Сэрии аҕалбыт алдьархайын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр, сэбиэскэй буойун фашистскай сэриилэри кытары героическай охсуһуутун фроннар чахчыларыгар олоҕуран сэһэргээһин, тыыл уонна фронт бииргэ буолуутун өйөөһүҥҥэ, бары күүһү фашистскай Германияны утары түмүүгэ саха суруйааччылара сөҕүмэр үгүс үлэни ыыппыттара. Партия уобаластааҕы комитетын идеологическай отделын кытары биир өйүнэн-санаанан үлэлээһини олохтообуттара. Ол түмүгэр фроннарга сэриилэһэр саха саллаат суруйааччыларын суруктарын, хоһооннорун, публицистическай ыстатыйаларын хаһыаттарга сахалыы, нууччалыы таһаарар сибээстэһиини баар оҥорбуттара, политическай-патриотическай ис хоһоонноох плакаттарын худуоһунньуктары кытта бииргэ үлэлээн таһаартарбыттара оччотооҕу олох күүрээнин өйдөтөр-санатар чахчыларынан буолаллар. Фронт уонна тыыл биир кэлимник үлэлээһиннэрин хааччыйар туһуттан 1942 сыл сэтинньитигэр уонна 1944 сыл сайыныгар суруйааччылар В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, С.С.Васильев-Борогонскай партия обкома тэрийбит делегацияларын састаабыгар киирэн, сэриилэһэр фроннарга тиийбиттэрэ, Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэрин ааттарыттан бэлэх-туһах, сурунаал, хаһыат, кинигэ илдьибиттэрэ, сэриилэһэ сылдьар саллаат суруйааччылардыын көрсүбүттэрэ, кинилэр буорах сытынан аҥылыйар хоһооннорун, суруктарын, публицистическай ыстатыйаларыи илдьэ кэлбиттэрэ. Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон, Сергей Васильев бу сырыыларыгар тугу көрбүттэрин-билбиттэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник кэпсээбиттэрэ. Саха суруйааччылара Тимофей Сметанин, Болот Боотур, Алексей Бродников, Макар Хара, Күн Дьирибинэ, Николай Туобулаахап, Дьүөгэ Ааныстыырап, Эллэй, Дьуон Дьаҥылы, Архип Абаҕыыныскай, Иннокентий Артамонов, Георгий Сыромятников, Софрон Данилов, Ноорой, Семен Никифоров, Иннокентий Эртюков, Исай Никифоров, Петр Тобуруокап, Виктор Башарин, Василий Кустуктуров, Степан Тимофеев уо.д.а. сэриилэһэр фроннар эрэйдэрин-кыһалҕаларын үллэстибиттэрэ, үгүстэр бааһыран-үүтүрэн сэрии толоонуттан төннүбүттэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап, Василий Кустуктуров сэриигэ геройдуу охтубуттара. Бу дьоммут тустарынан “Уот сэрии кэпсэтэр тылынан” диэн хомуйан-түмэн, саҥа чахчылары киллэрэн оҥорбут кинигэбэр (2005) сиһилии соҕус билиһиннэрэн турардаахпын. …Фронтовик суруйааччыларбыт кэлин (1975 с.) итини таһынан тус бэйэлэрэ “Хотугу сулус” сурунаалга биэртэлээбит интервьюларын эбиннэххэ, Саха сирин суруйааччылара 1941-1945 сс. чахчы даҕаны күүрээннээх уонна сөҕүмэр героическай олоҕу олорбут эбиттэр, хаан тохтуулаах, бары өттүнэн олус ыарахан кэми дьоно кинилэр буолан
туораабыттарын өйдүөххэ сөп. Сэрии кэминээҕи кинигэлэр, Кыайыыны уһансыбыт кинигэлэр… историческай кэм бэлиэ кинигэлэрэ… Ытык кинигэлэр… Биһиги ийэлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт, эдьиийдэрбит, эһэлэрбит, эбэлэрбит аахпыт, санааларын-оноолорун өйөппүт, үлэлэригэр- хамнастарыгар туһаммыт ахан кинигэлэрэ буолуохтаахтар — бу сэрии сылларыгар тахсыбыт кинигэлэр. Бу кинигэлэр буолаллар аҕа көлүөнэбит бүгүҥҥү олоҕу өлөр өлүүгэ былдьаппат туһугар турууласпыт туруулаһыыта, кэс, кэриэс-хомуруос тыла-өһө, ону бүгүҥҥү дьон ытыктабылынан ылыныахтаахпыт дии саныыбын. Сэрии кэминээҕи кинигэлэр — кинилэр олох кырдьыгынан тыыналлар, историческай кэм өлбөт-сүппэт Мэҥэ өйдөбүлүгэр кубулуйаллар. КЫАЙЫЫНЫ АҔАЛСЫБЫТ ЫРЫА! Маннык сүдү суолталаммыт ырыа биһиги Сахабыт норуотун историятыгар баара дуо? Баара уонна күн бүгүнүгэр диэри уостан түспэккэ ылланар. Ол—«Хайыһар» диэн биллиилээх поэт Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан хоһоонугар суруллубут ырыа. «Хайыһар» диэн ырыа музыкатын ким суруйбутун аҕа көлүөнэ дьон билэллэр, оттон бүгүҥҥү эдэр дьонтон ыйыттахха, үгүстэрэ Чаҕылҕан тылыгар ылланар норуот ырыата диэхтэрэ. Түгэн көстүбүтүнэн быһаара соҕус эттэххэ, маннык. Бу ырыа музыкатын Андрей Филиппович Костин 1942 сыллаахха айбыта. —Андрей Костин кимий, тугунан биллибит-көстүбүт киһи этэй? Мин бу ыйытыыны композитор Аркадий Самойловка биэрбитим. Кини кылгастык бу курдук хоруйдаата: —Андрей Филиппович Костин 1893 сыллаахха алтынньы 3 күнүгэр Липецкэй уезд Шахманка диэн дэриэбинэтигэр төрөөбүт-үөскээбит. Липецкэйдээҕи математическай институту үөрэнэн бүтэрбит. Ол эрээри эдэр киһи математик суолун тутуспатах. 1916 сыллаахха Москватааҕы консерваторияҕа үөрэнэн вокалист буолар. Андрей Филиппович оҕо эрдэҕиттэн музыкаҕа, ырыалары толорууга тардыһыылааҕа. Таҥара дьиэтин хоругар ыллаһар үчүгэй куоластааҕа. Кэлин Андрей Костин В.И.Ленин аатынан Москватааҕы педагогическай институкка ситиһиилээхтик үөрэнэн, музыка учууталын дипломун ылар. Ити 1939 сыллаахха. 1940 сыллаахха Бурятия искусствотын Күннэрин ыытыыны тэрийсэ барсыбыта уонна устунан онно үргүлдьү хаалбыта биллэр. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар. Бурятияҕа Ленинградтааҕы театр коллектива көһөрүллэр. Ол түмүгэр Андрей Костин 1941 сыллаахха Саха сиригэр кэлэр. Вокальнай чаас сэбиэдиссэйэ Марк Жирковтуун студияҕа бииргэ үлэлииллэр. Бу кэмҥэ Андрей Филиппович Костин саха музыкатын историятын кытта билсэр, вокальнай искусствоны үөскэтиигэ уонна сайыннарыыга көмө буолуохтааҕын дириҥник өйдүүр. Талааннаах эдэр дьону кытта күүскэ үлэлэһэр. Ол эрээри оччотооҕу быһыы-майгы сорох өрүттэрин сөбүлээбэккэ уурайар. Дьокуускайдааҕы педагогическай институкка музыка преподавателинэн уһун кэмҥэ тахсыылаахтык үлэлиир. Андрей Филиппович Костин музыкаҕа уонна вокальнай искусствоҕа дьоҕурдаах саха ыччатын өрүү өйүүрэ, сүбэ-ама биэрэн көмөлөһөрө. Биһиги биллиилээх ырыаһыттарбыт Илья Перевалов, Анегина Ильина, Ая Яковлева, композитор Аркадий Самойлов, о.д.а. кини үтүөтүн-өҥөтүн өйдүүллэр-саныыллар. Старай Русса, Смоленскай уонна Холм куораттар туһаайыыларыгар кыргыспыт снайпер, 20-с нүөмэрдээх туспа хайыһар биригээдэтин байыаһа Алексей Спиридонович Бродников поэт бу ырыаҕа сыһыаннаах биир түгэни кэпсээн турардаах: «Биһиги байыаннай дьыаланы үөрэтиини уонна хайыһарынан айаннааһын бары мындырын Свердлов куорат таһынааҕы полигоннарга барбыппыт. Олус илистиилээх эрчиллиилэри көрсүбүппүт. Хаар суох кэмигэр харыйа лабаатын хас эмэ биэрэстэ устатыгар тэлгэтэн бараммыт, ол устун хайыһарынан сүүрэрбит. Күүспүт-уохпут эстэрэ.
Ол ыарахан күннэргэ «Хайыһар» диэн ырыа биһигини быыһаабыта. «Хайыһары» уолаттар бойобуой марш матыыбыгар чугаһатан ыллыыллара. Оччоҕуна сэниэтийэрбит. Санаабыт бөҕөргүүрэ. Сылайан охторбут буоллар эрэ, «Хайыһары» тардан кэбиһэрбит. Элбэх саханы бу ырыа өйөөбүтэ, кинилэргэ күүс-сэниэ эппитэ. Онон ытыктанар ырыанан буолуон буолар. Атын да фроннарга сылдьыбыт уолаттар «Хайыһары» ыллаан санаабытын бөҕөргөтөрбүт диэн кэпсииллэрэ оруннаах. «Хайыһар» — саха дьолугар айыллыбыт ырыа». Сибииргэ тэриллибит хайыһар биригээдэлэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1942 сыллааҕы кыһыҥҥы кыргыһыыларга өстөөҕү кыайан-хотон фроннарга тосту өҕүллүүнү таһаарбыттарын история кырдьыга бигэргэтэр. Ол кыайыыны кынаттаспыт, сэрии ыарын санныгар сүксүбүт оччотооҕу тыйыс кэм саллаатын кытары тэҥҥэ эрэйи-кыһалҕаны, сору-муҥу үллэстибит ырыанан «Хайыһар» буолар. Хайыһар ырыата Хоту дойду хонноҕунан Колонналар бардылар, Хара тыанан, толоонунан Хайыһардар дайдылар. Хос ырыата: Өстөөх ханна саһан сылдьар, Өстөөх ханна хайыһар, Ситиэ онно сытыы буулдьа, Ситиэ сыыдам хайыһар! Сибиир улуу буолактара Силлиэрдилэр иһиирэ, Туундара тыйыс уолаттара Туруннулар сэриигэ Хос ырыата: Биллин фашист баһылыга Биһи чаҕаан күүспүтүн, Кыайыы сырдык дьаралыга Биһигини кууспутун! 1942 с. Сиһилии “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит Сэмэн Тумат “Олох хатан кырдьыга” кинигэтигэр ааҕыҥ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан