Кэпсээ
Войти Регистрация

СИЭЛЭР СЭМЭН

Главная / Кэпсээн арааһа / СИЭЛЭР СЭМЭН

K
edersaas.ru Категорията суох
07.02.2019 21:00
Сиэлэр Сэмэн былыргы Боотуруускай улууһун Одьулуун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бэрт көрсүө-сэмэй киһи этэ. Оччотооҕу дьоҥҥо көнө, үрдүк уҥуохтааҕа, дараҕар сарыннааҕа, модьу-таҕа көрүҥнээҕэ. Бэйэтин лаппа кыанар киһинэн биллэрэ. Онтукатын кимиэхэ да биллэрбэт, күүһүмсүйэ сатаабат идэлээҕэ. Сиэлэр Сэмэн күүстээҕин туһунан мин икки түбэлтэни кэпсиэхпин баҕарабын. Кини дьиҥ аата Карпов Семен Иванович диэн. Сайын биирдэ аҕабын кытта Одьулууҥҥа барсыбытым. Мындыры сайылыкка олорор Сиэлэр Сэмэннээххэ сылдьан чэйдээбиппит. Сэмэн бэ­­йэтэ суоҕа. Чэйдээн баран ааһа турбуппут. Таатта сыырын ааһа түһээт, аҕам атын хабыалатаары, атах тардан баран ыытан кэбиспитэ. Биһиги сыыр анныгар балачча олордубут. Онтон сыыр үрдүгэр үөһэ тахсан улахан сымара таас сытарын көрдүбүт. Аҕабынаан тааска кэккэлэһэ олордубут. Мин олордум да, атаҕым сиргэ тиийбэтэ. Ол олорон аҕам бу курдук кэпсээтэ: — Саас ириэһин саҕана бу тааһы Уорҕа таҥаратын дьиэтигэр тиэйэн испиттэр. Суол ох­сооһунугар сыарҕалара халы­йан, алдьанан хаалбыт. Таастара аллараа сытан хаалбыт. Хас да сыл буолан баран кэлэн көрбүтүм, бу таас аны сыыр үрдүгэр тахсыбыт. “Тааһы Сиэлэр Сэмэн көтөҕөн таһаарбыта буолуо. Киниттэн атын бу тааһы көтөҕөр киһи суох” дэһэллэрэ олохтоохтор. Кырдьыга да оннук. Мин билэрбинэн, манна кини курдук тэтиэнэх киһи суох. — Бу тааһы туох оҥостоору, хантан аҕалбыттарай? — Сэрии иннинэ (сэрии диэн аҕам гражданскай сэриини этэрэ) тааһы киһи уҥуоҕар уураллара. Арҕаа Хаҥаласка хайаттан суоран ылаллара. Бу таас, арааһа, отучча буукка чугаһыыра буолуо, — диэн быһаарда аҕам. Онон ааҕан таһаардахха, ыйааһына 483 киилэҕэ чугаһыыра. Сиэлэр Сэмэн олоҕо биһигиттэн ырааҕа суоҕа. Сөп буола-буола биһиэхэ кэлэн ыалдьыттыыр буолара. Күһүн от-бурдук үлэтэ бүппүтүн кэннэ Сэмэн биир күн биһиэхэ ­анаан-минээн ыалдьыттыы кэлбитэ. Бар дьон сиэринэн Сэмэни үөрэ-көтө чэйдэппиттэрэ. Ону-маны сэһэргэспиттэрэ. Ити күн аҕам аах хотонноро түһэн хаалбытын көтөхтөрө сылдьаллара. Хотону көтөҕөргө анаан быспыт бэрэбинэлэрин тиэйэ бардыбыт. Мин оҕус сиэтээччи ­буоллум. Аҕам, убайым Ньукулай төһүүлээх кэллилэр. Кинилэри кытта ыалдьыппыт Сэмэн кэлистэ. Сэмэн күлэ түһэн баран аҕабар эттэ: — Бу бэрэбинэ сыыһыгар оҕустана-оҕустана. Аата, оҕо­лоор, оттон маны уолгу­наан иккиэҕит дии, оргууй аҕай көтөҕөн илдьиэххитин, — диэн баран, бэрэбинэ суон өттүттэн “ыалдьыа” диэбит курдук аа-дьуо көтөҕөн ылан, сыарҕаҕа ууран кэбистэ. Сыарҕабыт хачыгырыы түстэ. Ону истэн Сэмэн: “Соппуруон, сыарҕаҥ эргэрбит, оҕуһуҥ кырдьыбыт”, — диэн күллэ. Бэрэбинэни хотон таһыгар нэһиилэ сыылларан аҕаллым мин, оҕус сиэтээччи. Сэмэн чиҥ-чиҥник үктэтэлээн миигин батыһан кэллэ. Бэрэбинэ быатын сүөрэн баран, бэрэбинэни хаба ортотуттан ылла да, курданарыгар диэри көтөҕөн таһааран, сүһүөҕэ да хамсаабакка эрэ, хотону көтөхтөрөр сирдэригэр илдьэн ууран кэбистэ. Аҕам аах соһуйбут курдук көрөн турдулар уонна бэ­­йэ-бэйэлэригэр имнэнсэн кэ­­бистилэр. Бу түбэлтэни мин кыра сылдьан көрбүтүм. Аҕам билэр дьонугар Сэмэн бэрэбинэни көтөхпүтүн сөҕөн-махтайан кэпсиир буолара. И.ХОЮТАНОВ, Чурапчы. Хаартыска: интэриниэттэн “Саха сирин былыргы күүстээхтэрэ” кинигэттэн
ылылынна
edersaas.ru сайтан