Кэпсээ
Войти
Регистрация
Үс Үстүүн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Үс Үстүүн
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
27.02.2020 11:38
Үрэх баһыгар оччугуй үүтээҥҥэ Үстүүн Мэхээйилэбис диэн киһи олорбута эбитэ үһү. Олорбута буолуо дуо, билигин да олорор. Оҕонньор аҕыс уонун ааһан тоҕус уонугар барбыта быданнаата да, билигин да тэтиэнэх. Айылҕаттан чэгиэн бэйэлээх киһини кырдьыы да кыайбакка, ыарыы да ырааҕынан тумнан, бачча сааһыгар диэри төгүрүк сылы мэлдьи булт соноругар сырыттаҕа. Субу курдук соҕотоҕун бултуур үгэстээх. Үөлээннээхтэрэ үүтээннэнэр, саастаахтара сааланар туһунан умнубуттара ыраатта. Нэһиилэ торуосканан сылдьар дьону ойуурга хайаан сосуһуой. Эдэрдиин эҥээрдэһэр эрчим эмиэ кэмчигэ дылы. Онон, субу курдук кыралыын кыттыспакка, улаханныын уопсубакка бэйэтэ-бэйэтигэр бултаан-алтаан күнү атаарар. Сатахха, «чот» диир ыта да суох. Тугун эмиэ ытай-тайматай, улаханы бултаабат буолбута ыраатта эбээт. Куобахха туһахтыыр, тииҥи бултаһар, биирдэ эмэ туут хайыһарын анньынаат, тайаҕы эккирэтэр. Кырдьаҕаһы кыыһырдыбат, сур өҥнөөҕү сууһарбат. Быһата, Үс Үстүүн үгэс гыммытынан үүтээнигэр олорор, си буолуохтааҕар, сиксиги сирийэр. Үстүүн «Үс» диэн дьаралыктаммыта бэйэтэ туспа устуоруйа. Устуоруйа буолуо дуо, устуоруйалардаах. Үйэтигэр үгүс «үстээҕэ» үһүйээн буолан сүппэттии аатыгар иҥмитэ. Үстүүн бу хос аатын омнуолаабат. Ааһа баран, биһириир саҥата иһиллээччи. «Үс – саха сөбүлүүр чыыһылата. Таҥара кытта таптыыр ахсаана буолар», – диэн холуочук олорон куолулаабыта кууланы уҥуордаан куоракка тиийбит сурахтааҕа. Кырдьык да, «кыҥнаҕар», «мадьайар», «хоҥсуо» аатырыахтааҕар «үс» буолбута сүүйүүлээххэ дылы. Үстүүн бэйэтэ кэпсииринэн, улуу Элиэнньин күн сириттэн күрэммит күнүгэр, тохсунньу ый тоһуттар тымныытыгар, оччугуй алаас арҕаа уһугунааҕы туруорбах балаҕаныгар ытаан бэбээрбит. Кырыымчык ас кыһалҕата, кыһыҥҥы тымныы дьыл да хаарыйдаҕа, төрүкү иринньэх оҕо буолан күн сирин көрбүт. Дьэҥкирдиҥи кубаҕай оҕону эһэтэ: «Уһаатаҕына, үс күн буолсу» диэн сылыктаабыта сыыһа буолбут. Уол күнтэн күн киһилии субаланан, иҥин хаана кэйэн төлөһүйэр аакка барбыт. Ол да гыннар ытаан иэрийдэр эрэ, уҥан, былаат курдук налыйар, сугун курдук көҕөрөр идэлэммит. Инньэ гынан төрөппүттэрэ ытаппат эрэ соруктаммыттар. Түөрт ыйын туолан түһэххэ олорор кэмигэр биир киэһэ улаханнык ытаабыт, устунан иэрийбит. Кыра киһи тыынын ыла сатаан өрө мөхсүбүт, устунан көҕөрө өһөн, хамсаабат буолан хаалбыт. Аҕата тыын киллэрэ сатаан баран кыайбатах. Ийэтэ ол кэмҥэ дьиэтигэр суох эбит. Аҕата эрэйдээх "оҕом өллө“ диэн, ытаан-ытаан баран "ийэтэ кэлиэр диэри“ диэн көһүйэ быһыытыйбыт уолун ампаарга таһааран сытыарбыт. Ґстүүн дьолугар, ийэтэ пиэрмэттэн эрдэ кэлбит. Балаҕанын аттыгар чугаһаан иһэн ампаарга оҕо ытаан бэбээрэрин истэн олуһун соһуйбут да, куттаммыт да. Тута киирбэккэ дьиэтигэр көтөн түспүт. Киирбитэ, оҕонньоро оһоҕун иннигэр арбы-сарбы буолан ахан олорор эбит. Туох буолбутун истээт, ийэ барахсан ампаарга сүүрэн тахсыбыт, аҕата саппай уопсубут. Ампаарга киирбиттэрэ, куобах суорҕан суулаах оҕолоро лаабыс үрдүгэр ытаан бэбээрэ сытаахтыыр эбит. Оҕолоро тиллибит дьолуттан ийэлээх аҕа уйа-хайа суох ытаспыттар. Ити итинэн ааспыт. Сылаас кэм буолан, Ґстүүн ампаар сыыраһыттан сыыстарбатах. Оҕо оҕо курдук улаатан, бороохтуйан маҥнай сыҥаһалаан,
кэлин көмөтө суох хаамар буолан барбыт. "Ґстээх сылдьан үүккэ түһэн“ диэбиккэ дылы, үстээҕэр аны уһааттаах ууга оройунан түһэн, чачайан өлө сыспыттаах. Хата, эһэтэ түбэһэ көрөн, ороон ылан нэһиилэ тыын киллэрбит. отору кэминэн уол оскуолаҕа барар сааһа кэлбит. Ґстүүн үс сылы быһа хас эмэ биэрэстэлээх бөһүөлэк оскуолатыгар интэринээккэ олорон үөрэнэ сатаабыт. Тиһэҕэр тиийэн оскуолаттан уурайбыт. Ґөрэнэн даҕаны диэхтээн, барбах ааҕар эрэ буолбута. Ону да устунан умнубута үһү. Дьиэ бөҕө буолан баран хайыай, дьиэ ис-тас үлэтигэр кыра сааһыттан миккиллэн барбыт. Хата, үлэни ыарырҕаппат, үлэттэн үөрэр, дьоллонор майгылаах уолчааннарыттан дьоно сэмээр үөрэллэр эрэ эбит. Үстүүн уон биэһин туолан уон алтатыгар үктэниитэ холкуоска бостууктуу киирбит. Онно эмиэ сирдэрбэтэх. Бостуук уол сырыыны кыайарынан, сири билэринэн наар хайҕал, бочуот үрдүгэр сылдьыбыт. Эдэр кэскиллээх үлэһит аатырыан үөрэҕэ суоҕа хаарчахтаабыт. Инньэ гынан, кур бостууктан ураты чыыҥҥа чыраахтаспатах, үрдүкү солоҕо соҥноммотох. Эттээх ат үрдүгэр олорон хороҕор муостааҕы хонууттан, ардыгар ойууртан хомуйар түбүктэн атыны билбэтэх. Сэрии да буолбутугар бостуугуттан ууратан сэриигэ ыыппатахтар. Быһата, хомууртан доруобуйатынан сыыйан испиттэр. Ол курдук биир сайын үлэ үөһүттэн тэйбэккэ сырыттаҕына, чугастааҕы бөһүөлэктэн оскуоланы саҥардыы бүтэрбит эдэркээн кыргыттар ыанньыксыттыы тахсыбыттар. Титииккэ соҕотох эдэр уолу сүгүн сырытыннарбат, дьээбэлээн, хаадьылаан сорун сордуур эбиттэр. Уол оҕото да сүгүн-дьүгээр сылдьыбат, бэтиэхэтэ киирдэҕинэ, кинилэри да соһуталаан-өмүрдэн элбэхтэ солуурунан охсуллан турардаах. Дьэ, ол сылдьан Ґстүүн биир кыра уҥуохтаах, лэппээһиннээх баттахтаах Өрүүнэ кыыһы таптаан муҥнанар. Анарааҥҥыта ээх да эй да диэбэккэ наар куота-көтө сылдьан эрэйин эбэр. Ол да гыннар Ґстүүн уол оҕото үс кырыылааҕа, сытыы-хотуу ыччат буолан биэрбит. Санаатын ситэн, тапталын этэн эһиилигэр эдэрдэр ыал буолар малааһыны тэрийбиттэр. Төрөппүттэрин аттыгар бэртээхэй көнө ньуурдаах сиргэ дьиэ киэнэ маанытын тутан дьэндэппиттэр. Билигин кэлэн санаатаҕына, дьоллоох да кэмнэр эбит ол сахха. Кэлэр сылыгар Өрүүнэтэ барахсан уол оҕону төрөтөөрү суорума суолланан уол кутун аймыыр. Ґстүүн быыкаа кыһыл оҕотун көтөхпүтүнэн чороҥ соҕотох туран хаалар. Ол да буоллар, өлбүтү кытта өлбүт суох диэбиккэ дылы, син өрүттэн, киһилии киэбин кэтэн оҕотун, ийэлээх аҕатын кытта иитэр туһугар үлэлээбитинэн барар. Кэргэнэ өлүөҕүттэн үс сыл ааспытын кэннэ өссө да уһуннук сулумах сылдьыах киһини төрөппүттэрэ хаайан ойох ыллараллар. Иккис ойоҕо Биэрискэ тырыбынаан-ирибинээн кыыс оҕото, айахтааҕы атыппат суус тыллаах, бөһүөлэккэ суох чуор куоластаах хотууска буолан биэрэр. Оннук барахсаны кытта этиһэн-эйэргэһэн син олоруох курдук эбиттэрэ буолуо да, эһиилигэр Биэрэ кыыс кулууп дьиэтин тутар биригээдэ хайа эрэ нууччатын батыһан, күрээн хаалан соһуталыыр. Ґстүүн онтон соччо-бачча өһүргэнэн уйуһуйбута эбэтэр санаарҕаан санньыйбыта биллибэт. Ол оннугар, хата, олус чэпчээн, өрө тыыммытын өйдүүр. Лоп курдук уон сыл бостууктаан баран, бултуур идэҕэ көһөр. Бултуур нуорматын таһыччы куоһаран хаста да бириэмийэлэнэр. Уолун Кириһээни
ийэлээх аҕата көрөн улаатыннараллар. Кириһээн уон биэһин туолар сайыныгар Үстүүн дьоно утуу-субуу күн сириттэн күрэнэллэр. Инньэ гынан, Ґстүүн "туох барыта үһүстээх“ диэн, үсүһүн ойохтонор. Бу сырыыга оттомноох, отуччатын лаппа ааспыт, биир уол оҕолоох Кисиэнньэ диэн огдообо дьахтары ылар. Икки огдообо санаа хоту таптаһан, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн эйэ дэмнээхтик олорбуттар. Сыры-сыллата уоллаах кыыс оҕоломмуттар. Наар хара тыаны кэтэр, кыһыннары ойуурга үүтээннэнэр Ґстүүн санаатыгар, оҕолоро сылынан буолбакка, күнүнэн улаатарга дылылар. Оннооҕор эһэ буолбутун эһиилигэр, дьэ билэн соһуйбуттаах. Ґс Ґстүүн үс оҕото үһүөн үгүс сиэни бэлэхтээтилэр. Ол тухары эһэлэрэ Эһээ Дьыл курдук сылга биирдэ ойууруттан оронон, хара тыатыттан быган кэлэн көрсөн сиэннэрин үөрдэр. Биир саас кэтэһиилээх эһэлэрэ, кэлэр кэмигэр дьиэтигэр киирбэккэ, дьонун улаханнык аймыыр. Сатахха, ол сыл бултуур сирдэрин эргин торҕоннообут тыатааҕы дьону куттаабыта иһиллэр. Сиэннэр, оҕолор, сопхуостаахтар кэтэһэ сатаан кэлтэйэ сыһан баран, биир күн Ґстүүнү көрдөөн ойууру кэтэллэр да, мэлийэн төннөллөр. Ґстүүн үүтээнин кырдьаҕас ыспытын көрөн улаханнык уолуйаллар. Тапталлаах эһэлэрэ ый курдук кэлбэт. Инньэ гынан дьоно муҥнаахтар "эһээбитин эһэ сиэбит“ диэн олуһун курутуйаллар. Онтулара баара, биир хараан киэһэ үрүсээгин тэскэччи сүкпүтүнэн, дэриэбинэҕэ бу көтөн түһэр. Дьэ, үөрүү-көтүү, тиллибити уруйдааһын бөҕө буолар. Ґстүүннэрэ улахан булду эккирэтэн ыраатан хаалан, төннөрүгэр халаан уутугар хаайтаран арыыланан олорбутун, сүппүтүгэр кыйахаммыт арҕахтаах кырдьаҕас кыттыгаһа суоҕун кэпсээн уоскуталыыр. Дьоно ый тухары көтөхтөрбүт, биллэ дьүдьэйбит эһэлэрин бүөбэйдиир аакка түһэллэр. Үстүүн инньэ гынан, үсүһүн да өлүү айаҕыттан этэҥҥэ быыһанар. Сэттэ сыллааҕыта Кисиэнньэтэ барахсан хос сиэни көрбөккө сылдьан таҥаралаабыта. Оттон Үстүүн тоҕус уонугар чугаһаан тоҥхойботор да саас ылан, син барбах кыанан сылдьар. Үстэ төхтүрүйэн өлө сыспыт оҕонньор билигин да чэгиэн, сүүһүн куоһарар санаалаах. Сиэннэр улаатаннар, оҕолор куоракка киирбиттэрэ ыраатта. Инньэ гынан оҕонньор бэйэтигэр уонна оҕолоругар туппут дьиэлэрэ иччитэхсийэн тураллар. Ол да буоллар дьоно аах сотору-сотору киирэ-тахса сылдьаллар, оҕонньору чуҥкуппаттар. Үстүүн да уруккута буолбатах, нэдиэлэҕэ биирдэ эҥин дэриэбинэҕэ киирэн тахсар. Куоракка олоччу көһөн киирэрдээҕэр маннык олорорун ордорор. Оҕонньор олоҕун сыта-тура сыымайдаан көрдөҕүнэ, сөпкө олорбут курдук. Кимтэн да тугу да былдьаһан этиһэ-охсуһа сылдьыбакка, баары баарынан олордоҕо. Чугас дьонун атаҕастыырдааҕар буолуох, хом тылы да быктаран хомоппотоҕо. Билигин кэлэн: "Кэннигин хайыһан көр, киһи иилэн ылар туохтааххын?“ – диэтэллэр, иҥнибэккэ-толлубакка төһө баҕарар хоруйдаһыа этэ. "Олоҕум тухары үстэ өлүүнү мүччү түстүм, үстэ ойохтоно сырыттым, үс оҕолонор дьолу биллим, үс дьиэни туттум, һэ-һэ. Кырдьык, маһы олордубатаҕым, маһым тулабар элбэх, сиэним да үгүс, ол эрээри сааһым ордук элбэх“, – диэх этэ. Кырдьык да, биир киһи мыыммат олоҕун олордоҕо, үйэтин үлэ үөһүгэр атаардаҕа. Аньыы! Билигин да тэтиэнэх, өссө да олоруо буоллаҕа. М.Иванова.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан