Кэпсээ
Войти Регистрация

ТИМУР УОННА КИНИ КОМАНДАТА (сэһэнтэн быһа тардыы)

Главная / Кэпсээн арааһа / ТИМУР УОННА КИНИ КОМАНДАТА (сэһэнтэн быһа тардыы)

K
edersaas.ru Категорията суох
30.01.2019 20:30
Аркадий Гайдар төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан Аркадий Гайдар 1904 сыллаахха тохсунньу 22 күнүгэр Курскай күбүөрүнэҕэ Льгов куоракка учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини оҕо суруйааччыта, суруналыыс, байыаннай кэрэспэдьиэн, киинэ сценариһа. Гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыта. 1941 сыллаахха алтынньы 26 күнүгэр кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубута. Кини орто саастаах оҕолорго анаабыт “Тимур и его команда” сэһэнин С.П.Данилов сахалыы саҥардыбыта. Манна сыһыары тутан эттэххэ, Арассыыйаҕа “Волонтер сыла” түмүктэннэ. Бу сыл чэрчитинэн, биһиги Сахабыт сиригэр, “Комсомольцы-добровольцы” диэн ырыаҕа ылланарын курдук, үтүө санаалаахтар түмсүүлэринэн олоҕу-дьаһаҕы өрө тардарга куоратынан, тыа сиринэн балачча үлэ күргүөмнээхтик ыытылынна. Ити хамсааһыннары таһаарбыт бэлиэ сылы салҕаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2019 сыл – Сомоҕолоһуу сылынан биллэрилиннэ. Сомоҕолоһуоҕуҥ, түмсүүлээх буолуоҕуҥ, үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутуоҕуҥ диэн соруктаах. Маныаха, үүммүт сыл чэрчитинэн уонна Аркадий Гайдар төрөөбүтэ 115 сылынан, түмсүүлээх үлэ кыайыытын көрдөрөр айымньыттан кылгастык да буоллар, кинигэҕэ хайдах бэчээттэммитинэн, ыччат ааҕарыгар анаан билиһиннэрэргэ быһаарынныбыт. … Тугун дьиибэтэй! Бу хоруобуйа киһилээх эбит. Истиэнэҕэ матаабыс мотуоктара, фонарь, хатыйа ыйаммыт икки сигнал былаахтара уонна, киһи өйдөөбөт арааһынай бэлиэлэринэн баачахайдаммыт, бөһүөлэк картата ыйаанан тураллара. Муннукка күүлгэ симиллибит соломо сытара. Манна түҥнэри ууруллубут фанернай дьааһык эмиэ баара. Дьөлөҕөстөрдөөх түүнүгүрбүт кырыыса аттыгар, борокуот куорматыгар маарынныыр улахан баҕайы көлүөһэ турара. Көлүөһэ үрдүгэр оҥоһуу телефон ыйаммыт этэ. … Женя буордаах ытыһынан сүүһүн көлөһүнүн соттубута, онтон эмискэ истиэнэҕэ телефон звонога чарылыы түспүтэ. Женя итини көһүппэтэҕэ. Телефону көннөрү оонньуур телефон буолуо дии санаабыта. Кыбыстыбыта уонна туруупканы ылан иһиллээбитэ. Быһыта биэрбит курдук, чуор саҥа ыйыппыта: — Алло! Алло! Ити ханнык осел проводтары бысталыырый уонна ким да өйдөөбөт акаары сигналларын биэртэлиирий? — Ити осел буолбатах, — диэбитэ Женя. – Бу мин – Женябын!… … Женя иннигэр түөһүгэр кыһыл сулустаах, сиэҕэ суох күөх маайкалаах, үрдүк уҥуохтаах, хара баттахтаах уол баар буола түспүтэ. — Аргыый, Женя! – диэн улаханнык эппитэ. – Хаһыытыыр наадата суох. Эйигин ким да тыыппат. Мин эйигин билэбин ээ. Мин Тимурбун…. …Бөһүөлэк картатын иннигэр ууруммут Тимур тула, куулларынан сабыллыбыт соломо үрдүгэр, оҕолор олорон кэбиспиттэрэ. Иһиллиир түннүк үрүт өттүнээҕи хайаҕаска быаҕа баайыллыбыт хачыал маска харабыл тахсан турара. Кини эргэ театральнай биноклы моонньугар иилиммит этэ. Тимур аттыгар Женя олороро. Кини бу кими да билбэт штабын сүбэ мунньаҕар туох кэпсэтии тахсарын барытын бэркэ сэргэҕэлээн истэ, көрө олоорто. Тимур эппитэ. — Сарсын, халлаан сырдыыта, дьон утуйа сыттахтарына, Колокольчиков уонна мин буоламмыт кини бысталаабыт (Женяны ыйбыта) проводтарын салҕаталыахпыт. … –Токур переулокка отут түөрт ньүөмэрдээх дьиэ садыгар кимнэрэ да биллибэт оҕолор яблоняны тэбээн ылбыттар, — диэн бэркэ кичэйэн Коля Колокольчиков биллэрбитэ. – Икки мутугу тоһуппуттар уонна клумбаны кумалаабыттар. — Ким дьиэтэ эбитий? –
диэт Тимур килэйээҥки тастаах тэтэрээтин көрбүтэ. – Крюков диэн кыһыл армеец дьиэтэ эбит. Манна биһигиттэн туора дьон садтарын уонна яблоняларын билэр ким баарый? … – Эмиэ Квакин, эмиэ! – Тимур өй ылбыта. –Гейка! Эн кинини кытта кэпсэппитиҥ дуо?… …—Сүүрбэ биэс ньүөмэрдээх дьиэҕэ олорор үүт атыылааччы эмээхсин уолун кавалерияҕа ылбыттар, — диэбитэ муннуктан ким эрэ. … … Кинилэр үүт атыылааччы эмээхсин кыракый дьиэтин аттыгар тохтообуттара. Тимур тула көрүммүтэ. Чугаһынан киһи суох этэ. Кини сиэбиттэн маслянай кырааскалаах сибиниэс тюбигы ылан, сулус ойууламмыт олбуорун ааныгар тиийбитэ… Тимур сулус салаатын оргууй аҕай, лоп-бааччы, эрэллээхтик тэҥнээн, уһуктаан, көннөрөн биэрбитэ…. — Ити аата, бу дьиэттэн киһи Кыһыл Армияҕа барбыт диэн буолар. Ол күнтэн ыла бу дьиэ биһиги көрүүбүтүгэр уонна көмүскэлбитигэр киирэр. Эн аҕаҥ армияҕа дуо? — Ээх! – Женя долгуйан уонна киэн туттубуттуу эппиэттээбитэ. – Командир. … …Манна туран Тимур үүт атыылааччы эмээхсин оргуһуоҕун кыбынан, биэдэрэлэрин тоҥонохтонон, уу баһа, олбуортан тахсан иһэрин көрбүтэ. Тимур сибэкки кэннигэр тиийэн, туох буолар эбит диэн кэтэһэн турбута. Эмээхсин холуодьастан төннөн кэлэн, биэдэрэтин уһаакка таҥнары туппута, онтуката уһаата урут ыы-быччары туолан турар буолан, уута халыс гынан, атаҕар тохтубутугар соһуйан, туора ыстаммыта. Эмээхсин улаханнык дьиктиргээн, кэннин хайыһа-хайыһа уһааты тула эргийбитэ. Илиитин ууга батары баттаан ылан сыллаан көрбүтэ. Кирилиэскэ сүүрэн тиийэн, аан күлүүһэ бүтүн дуо диэн бэрэбиэркэлээбитэ. Онтон туох да диэн булбакка, ыала дьахтар түннүгүн тоҥсуйбута. Тимур күлэн кэбиһэн баран, саспыт сириттэн тахсыбыта…. Били коза сүппүт уонна били Нюрка диэн сытыы кыыһы таһыйбыт эмээхсин олорор олбуоругар икки сыарҕа маһы тиэйэн аҕалбыттара. Эмээхсин, маһы түбэһиэх сүөкээбит дьалаҕай мас тиэ­йээччилэри мөҥө-мөҥө, айалыы-айалыы, хардаҕаһын сааһылаан киирэн барбыта. Ол гынан баран бу үлэ кини кыайбат үлэтэ этэ. Сөтөллө-сөтөллө кирилиэскэ олорунан кэбиспитэ, тыын ылбыта, онтон, уу кутар лейканы ылан, оҕуруокка уу кута барбыта. Дьиэ таһыгар Нюрка сурдьа үс саастаах уол соҕотоҕун хаалбыта – тэтимнээх уонна үлэһит көрүҥнээх киһи, ол да иһин эмээхсин көстүбэт буолаатын кытта, сиргэ сытар маһы ылан ыскамыайканы уонна умса сытар хорууда түгэҕин эттээн барбыта. Онуоха ыарҕаны быыһынан индийскэй тигртэн итэҕэһэ суох сүүрэр бырах барбыт козаны сылгылаабыт Сима Симаков, (Тимур сорудаҕынан) биир киһини тыа саҕатыгар хаалларан баран, түөрт киһитинээн олбуорга, тыал курдук сулбу ыстанан киирбитэ. Кини кыра уол айаҕар дьэдьэни уган биэрбитэ, илиитигэр тураах килбэлдьигэс куорсунун туттарбыта, оттон түөрт уола мас сааһылаан киирэн барбыттара. Сэһэни сиһилии Аркадий Гайдар “Тимур уонна кини командата” кинигэттэн ааҕыҥ.
edersaas.ru сайтан