Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Бултуйбут”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Бултуйбут”
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.09.2022 19:30
Бүгүн сынньана таарыйа Александр Бири “Бултуйбут” диэн кэпсээнин ааҕыҥ. Биһиги нэһилиэккэ бэрт булчут, Ньукулай диэн киһи баара, быданнааҕыта. Кини олус бэрээдэктээх, сүрдээх чэбэр, ырааһы сөбүлүүр оҕонньор этэ. Дьиэтин иһэ- таһа барыта дьып- дьап курдук. Бары тээбиринэ, мала миэстэтигэр турар. Олбуора ырааһа… Арай биирдэ Ньукулай муус тиэйэн таһааран баран, үгэһинэн, адьаһын дьиэни тутан эрэр курдук мууһун кырылаччы, тэбис тэҥ гына сааһылыыр. Ити атынан хас да кырыныы буоллаҕа. Элбэх муус. Дьиэҕэ үксүгэр бэйэтэ киллэрэр эбит этэ. Биир күн көрдөҕүнэ, арай, мууһун ким эрэ “тыыппыт” эбит — көҕүрээбит. Онтон кэлин эмиэ мууһа итээбитин бэлиэтии көрөр. Олуһун диэн кыйаханар итиэннэ уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, “уоруйахха” айа иитэр өй көтөн түһэр. Быһаарынна да бүттэ! Сэрэх муҥутаан, айатын “уоруйаҕы” атахха табар гына орочуоттаан аллара соҕуһунан иитэр. Ол киэһэ, дьыалатын бүтэрбит киһи сиэринэн убайыгар, Лэгиэнтэйгэ сэлэһэ диэн барар. Оттон хонук мууһун “булт ухханыгар” буолан дьиэҕэ киллэриэн умнан барбыт. Эмээхсинэ, киэһээҥи күөһүн өрөөрү уута кэмчитин көрөн, оҕонньорун мөҕүттэ-мөҕүттэ муус киллэрэ тахсар. Кини быыкаа уҥуохтаах эмээхсин этэ. Бу бириэмэҕэ, олбуор нөҥүө баар медпуун дьиэтигэр биэлсэр кыыс иһиттэҕинэ, таһырдьа часкыыр гиэнэ кытаанаҕа, сары диэнэ улахана, бирээмэ, сибииннньэни аттаан эрэллэр диэххэ айылаах, буола түһэр. Кыыс таһырдьа ыстанар. Ол көрдөҕүнэ ыалын олбуоругар эмээхсин эрэйдээх өрө булумахтана, энэлийэ сытар эбит! Биэлсэр тиийэн көрбүтэ, эмээхсин көп этигэр айа ырбата хатанан сылдьар эбит. Атахха таптарыахтааҕын кыра уҥуохтаах буолан көп этигэр табыллыбыт эмээхсини кыыс медпууҥҥа киллэрэн ырбаны ылар. Ыарыыны мүлүрүтэр укуол туруорар, бэрэбээскилиир. “ Булчут” оҕонньор “күөс буһуута” дьиэтигэр кэлэр… Александр Бири
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан