Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыыс кыһалҕата (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Кыыс кыһалҕата (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
13.06.2024 10:00
  Хаар түһэн кыыдамныыр… Кыыс намчы сарыныгар түһэр көмүс хаар кыырпахтара нуоҕай түүлээх нуорка саҕынньах кылааныгар түһэн ууллан хаалар.  Лена синньигэс тарбахтарыгар олус табыгастаахтык кыбытан, элитнэй, бэйэтэ этэринии женскай сигаретаны тардан унаарда туран, иннигэр хорус гына түспүт хараҥа иномарка массыынаттан соһуйан кэннинэн чинэрийдэ. Массыына түннүгэ оргууй аһыллан сыыйылынна, ону тэҥэ: — Привет, Лена, — диэн эдэрчи куолас саҥарда. Били, холку бэйэлээхтик табахтыы туран соһуйбут кыыс табаҕын кыымын саҕынньаҕар түһэрэн кыйахана соҕус хоруйдаата. Онуоха соччо кыһамматах уол: — Уһуннук кэтэстиҥ дуо? Киир, оттон дьүөгэҥ? — Дуся даа? Дуся буоллаҕына проработкатын оҥорор үһү…Сырыттын чэ, киһи биирдэ көрдөстөҕүнэ барсан абырыыра баҕалаах. — Чэ, ничего, хата иккиэн эрэ массыынанан хатааһылыахпыт. Уол албын мичээригэр саспыт маҥан тиистэрэ, дьиктитик уоттаммыт харахтара бу хаардаах чуумпу киэһэ Лена оҕотук өйүн сүүйбүттэрэ. Оттон олох соторутааҕыта Лена оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ туттарсаары БКЭ суруйан тиритэ-хорута олорор курдуга. Оо, үөрэххэ киирбитигэр ийэлээх аҕата төһөлөөх үөрбүттэрэй. Икки убаһаларын атыылаан туран кыыстарыгар кыһыҥҥы таҥаһын-сабын, оҕолортон хаалсыбатын диэн сыаналаах суотабай төлөпүөн, бытархайыгар-оторхойугар тиийэ ылан биэрбиттэрэ. Бастаан утаа кыыс син бэркэ үөрэнэн испитэ. Ый аайы дьоно ыытар харчыларынан таҥас-сап ылынан куурсугар мааны таҥастаах кыргыттар кэккэлэригэр киирбитэ. Иккис кууруска үөрэнэ сылдьан Женя диэн устудьуон уоллуун билсибитэ.Уолчаан олус сэргэх, элбэх кэпсээннээх этэ. Кэлин бодоруһан барбыттара. Киинэҕэ, биирдэ эмит кафеҕа, үксүн бибилэтиэкэҕэ көрсөн уруоктарын бииргэ ааҕаллара. Киэһэ тутуспутунан уопсайдарыгар кэлэллэрэ. Лена саҕа дьоллоох киһи суоҕа. Бу сырыттаҕына, бииргэ үөрэнэр кыыһа Вика, Лена диэки хайыһан да көрбөккө, үрдүк хобулуктаах сапожкатыгар уйдаран, саҥа нуорка саҕынньахтанан ааһа турбута. Лена хайдах эрэ бэйэтин олус намыһахтык, куһаҕаннык санаммыта. Хоһугар киирэн дэлби ытаабыта. Бииргэ олорор кыргыттарыгар кэпсээбитигэр, дьүөгэлэрэ Вика дьоно олус кыахтаахтарын, онуоха эбии сылдьар уола крутой массыыналааҕын, арааһата кыыска таҥас-сап ылынарыгар кини да көмөлөһөрө буолуо диэн кэпсээбиттэрэ. Лена санаан көрбүтэ, кини Женята ый баһыгар-атаҕар биирдэ-иккитэ киинэҕэ ыҥырар, куруук көрдөөх араас кэпсээннэри эрэ кэпсээн санаатын тоторор курдук. Сотору кэминэн куурустарын иһигэр хас да кыыс нуорка саҕынньахтанар. Бары ол эрэ туһунан кэпсэтэллэр. Лена ымсыыран хайдах буолуон билбэт. Үөрэҕин кэнниттэн Женялыын көрсүбэккэ наар саҕынньах маҕаһыыннарын кэрийэртэн соло булбат. Ол сылдьан бэйэтигэр олус сөптөөх сырдык саһархай өҥнөөх уһун нуорка саҕынньаҕы булла. Сыаната… Сыаната кини ийэлээх аҕатын холбоон сыл аҥаардааҕы хамнастара эбит! Атыыһыттар араастаан албыннаһан саҕатын, сиэҕин көннөрбүтэ буола-буола кэпсээн көбүөрүнньүктээтилэр, куорат үрдүнэн соҕотох сон буоларын дакаастаан көбдьүөрдүлэр. Ол түүн Лена утуйбата. Женя хаста да телефонугар эрийэригэр эппиэттээбэккэ араарда. Сарсыныгар ийэтэ эрийбитигэр кыыс ытамньыйа-ытамньыйа нуорка саҕынньах ылбат буоллаххытына үөрэммэппин диэн саайда. Ийэтэ эрэйдээх ах баран хаалла. Аҕата буоллаҕына, ол сону билигин ыллахха, үөрэххин бүтэриэххэр диэри элэйэн хаалыа, үлэһит буоллаххына ылыахпыт диэн элэ-была тылын этэ сатаабытын кыыс истибэтэ, ытаабытынан телефонун арааран кэбистэ. Аны ийэлээх аҕатын икки ардыгар ар-бур дэһии таҕыста. — Эн куруук итинниккин, наар оҕоҕуттан, соҕотох оҕоҕуттан харыһыйан аҕай биэрэҕин! Эн билэҕин дуо, устудьуоннар төһө мааныларын? Наар сылгыларгын харыһыйаҕын, оҕом туһугар барыларын да кыдыйыам этэ. — Үөрэммэппин диэбит буола-буола! Аата, онон биһигини иитиэ буоллаҕа. Үөрэҕин бүтэрбэтэҕинэ, муоста сууйдаҕына бэйэтэ абыраныа этэ, — аҕалара кыыһырбыт омунугар ойон турда. — Сэргээй, ол-бу буолума. Тоҕо биһиги эрэ оҕобут оҕолортон итэҕэс сылдьыахтааҕый? — Тугунан итэҕэһий? Быйыл күһүн ити буобура сону сөбүлээн аҕай ылбыккыт дии, ол иннинэ эмиэ иккитэ хаста ылбыппыт ээ… — Олору ааҕыма. Ол мутуон диэн сон буолуо дуо, эчи, ыйааһына да бэрт… Оҕом сыыһа, хайдах ол бэйэлээҕи соһо сылдьыбыта буолла? — Онон, эһиил саарба саҕынньах диэтэҕинэ хотоммутун эһэн туран ылыыһыкпыт дии. — Ыый, ыый, — дьахтар тулуйумуна ытаан барар. — Чэ, чэ Валя, ытаама. Уоскуй… Кэргэнин хараҕын уутун көрөн Сэргэй тохтуур. — Хайыахпытый. Ылар буоллахпыт дии. Төһө үһүнүй сыаната? — Аҕыс уон биэс тыһыынча үһү. — Үлүгэрин, наһаа да байбыттар эбит, устудьуоннар. Күрэхтэһэ-күрэхтэһэ таҥыннаран туохха-туохха тиэрдэллэр… Эн да оччо сыаналааҕы бачча сыл үлэлээн баран кэтэ иликкин, — Сэргэй арыый уоскуйан дьэ кэпсэтэр. Тэҥнэһиэхтэрэ дуо, Лена дьоно кыс ортото икки убаһаны, биир байтаһыны сүүскэ биэрэн саҕынньах сыанатын толуйбуттара. Ол харчы халлаантан түспэтэҕэ биллэр. Аҕата сарсыарда эрдэ туран этин тиэнэн куоракка киирбитэ. Кыс ортото эккэ наадыйааччы аҕыйах этэ, онон этин чэпчэки соҕустук туттарбыта. Ол курдук, Лена хайдах кыһалҕалаахтык сонноммутун билбэккэ, аны кини үрдүк хобулуктаахха уйдаран хаамыталыыр чиэскэ тиксибитэ. Ол сылдьан ити массыыналаах, сураҕа бэйэтэ чааһынай тэрилтэлээх Дималыын билсибитэ. Дима кинини оннук-маннык киинэлэргэ илдьэн, эбэтэр кафеҕа олордон кыыс атаахтаан мунньаҥныыр сирэйин көрбөт этэ. Саамай улааттаҕына ресторан, онтон дьиэтигэр илдьэрэ. Биирдэ да истиҥ тылы эппэтэҕэ. Оттон Женя эрэйдээх кыыһы сүтүктээн уопсайга да манаабыта, үөрэнэр да сиригэр тиийбитэ. Лена уларыйан хаалбыт этэ, табахтыыр буолбутун көрөн Женя: — Туох буоллуҥ, Лена? Кэпсэтиэххэ эрэ, — диэн көрбүтэ. Онуоха кыыс били Диматыгар олох атыннык сыһыаннаһар бэйэтэ: — Бар эрэ, айка, наһаа мамбет, — диэн соһуппута. Көрүдүөргэ түннүк таһыгар турбут дьүөгэлэрэ күлсэн саһыгыраспыттара. Женя сирэйгэ оҕустарбыттыы ах бараат, тахсан барбыта. Бүгүн эмиэ Дима кэллэ, түс диэн телефон нөҥүө саҥараат арааран кэбистэ. Кыыс уопсайтан тахсан баран, массыынаҕа киирбэккэ турдаҕына: — Хайа, поехали эрэ, Лена, — диэн өр кэтэһэ үөрэммэтэх эрэт ыксаан түннүгү өҥөйдө. Кыыс табаҕын умулларан баран оргууй: — Дима, мин эйигин кытта кэпсэтэрдээхпин… — Тугуй дорогая, сначала киир ээ… Кыыс уол тугу эппиэттиэн сэрэйэр буолан, туран эрэ: — Мин эйигиттэн оҕо күүтэбин… Уол истибэтэҕин истэн төбөтүн быһа илгиһиннэ уонна: — А я то тут причем? Эн биһикки без обязательств сылдьыбыппыт батта. Тугуй, уолум дии санаабытыҥ дуо?! , — Дима кыыһыран түннүгүн сабан кэбистэ. — Короче, на аборт харчы биэриэхпин сөп, дальше твоя проблема. И, заметь, мин эйигин таптыыбын диэбэтэҕим. Массыына хайдах кэлбитин курдук баран хаалбыта. Туохха түбэспитин кыыс дьэ өйдөөбүтэ. Дэлби ытаабыта. Арай, хатан күлсүү иһиллибитэ. Кыыс ытаабыт сирэйин-хараҕын соттон, мааны саҕынньаҕар сууланан уопсайыгар киирээри туран уоллаах кыыһы көрбүтэ. Иһигэр: «Наһаа да дьоллоохтор» , — дии санаабыта.Чахчы, олус дьоллоох, үөрбүт сирэйдээхтэр этэ. Тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ, кини диэки хайыһан көрбөккө ааһа тубуттара. Ол Женя кыыһынаан этэ. Лена мааны саҕынньаҕыныын соҕотох туран хаалбыта… Хаар тохтоло суох кыыдамныыр да кыыдамныыр…
edersaas.ru сайтан