Кэпсээ
Войти Регистрация

Эр санааны кынаттанан

Главная / Кэпсээн арааһа / Эр санааны кынаттанан

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
23.09.2022 13:16
   Сааскы бастакы бырааһынньык – кулун тутар 8 күнэ – буола оҕуста. Долгуйуу, үөрүү, истиҥ мичээр... Дьиҥэр, дьахтар эр киһини кытта тэҥ бырааптаныахтаах диэн санаа өр кэмҥэ көөнньөн, бу үтүө бырааһынньык үөскээтэҕэ. Ол эрээри тэтимнээх аныгы үйэҕэ мантыбыт суолтата сүтүөх да курдук. Тоҕо диэтэххэ, «барытыгар дьахтар баһыйбыта сүрдээх» диэн санаа ааспат-арахпат. Арассыыйаҕа Дьахтар күнүн аан бастаан 1913 сыллаахха бэлиэтээбиттэрэ. Дьэ, кырдьык, дьахтар барахсан ыар олоҕо диэн ол сахтарга буоллаҕа. Ол эрээри ыар дьылҕаҕа бас бэринэн кэбиспэккэ, «эр киһиттэн туохпунан итэҕэспиний?» диэн эр санааламмыт дьахталлар оччотооҕуга да син бааллар эбит. Онон ытыктабыллаах ааҕааччыларбар ол туһунан кэпсиэхпин баҕардым.     Сир биэрэр сурахтарын истэн...      1889 сыллаахха Новгород күбүөрүнэтин биир түгэх дэриэбинэтигэр быстар дьа­даҥы ыалга Мария диэн кыыс күн сирин көрбүт. Бырабыыталыстыба «Сибиир диэки көспүт дьоҥҥо балай эмэ сир биэриэм, эбиитин үбүнэн-аһы­нан көмөлөһүөм» диэбитин истэн, кыыс дьоно Томскай кү­бүөрүнэ эмиэ уһук дэриэбинэтигэр көһөн күккүрээн кэлэллэр. Били, түһээн көрөр ырайдарын олоҕо хантан кэлээхтиэй – дьадайбыттара-дьадайбытынан, быстан-ойдон олороохтууллар. Кыһалҕаттан 15 саастаах Марияларын бэ­йэтиттэн 8 сылынан аҕа Бочкарёв Афанасий диэн ыччакка эргэ биэрэллэр. Онтулара баара, буор иһээччи, күнүстэри-түүннэри соппойор арыгыһыт эбит. Кыыс сонно тута атын киһини – Яков Бук диэн дьэбириэйи – була охсор. Бу «таай» эт эттиир идэлээх, өс­сө лааппылаах-тойдоох буо­лан биэрэр. Олохторо дьэ табыллыах курдук буолан эр­дэҕинэ, эр киһини ороспуой дьыалатыгар түбэһиннэрэн, Дьо­куускайга сыылкаҕа ыыталлар. Мария, таптыыра бэрт буолан, эрин батыһан (үк­сүн сатыы) Дьокуускайга кэлэр. Идэлээх идэтэ батарыа дуо – эмиэ эт атыылыыр лааппыланар. Ол гынан баран Яков бу дьарыга – көрүнньүк эрэ. Дьиҥнээх байар-тайар ньымата түөкүттэри кытта куо­да­рыһан дьону халыыр-талыыр эбит. Бэлииссийэ өр көччүп­пэт: тараччы тутан, сууттаан, аны Аммаҕа сыылкаҕа утаарар. Кыыс эрэйдээх бандьыыт эрин батыһан, эмиэ сатыы Аммалаһар. Манна кэлэн киһитэ өссө буорайар – быыстала суох арыгылыырын ааһан, аны кэргэнин кырбаан тунайдыыр идэлэнэр. Мария, эриттэн букатыннаахтык арахсан, Томскайыгар төннөр.   Бойобуой сүрэхтэнии      1914 сыллаахха атырдьах ыйыгар Аан дойду бастакы сэриитэ саҕаланар. 25 саастаах Мария Бочкарёва бу кэмҥэ Томскайга баар батальон хамандыырыгар тиийэн «этэрээккэр байыаһынан ыл» диэн арахпакка хаайар. «Сиэстэрэнэн киир» диэбитин кыыс туох да иһин буолуммат, саа-саадах тутан, эр дьону кытта тэҥҥэ сулууспалыан баҕарар. Муҥур уһугар тиийэн, бүтэһик харчытынан ыраахтааҕы Николай Торуойга «аармыйаҕа ылалларыгар көмөлөс» диэн тэлэгирээмэ ыытар. Мария табыллыах быатыгар, күн судаар бэрт түргэнник көҥүл биэрэр, онон кыыс «Яшка» диэн хос ааттанар уонна сотору буолаат, били батальону кытта сэриигэ барар.    Саллааттар араастаан бары үтэн-анньан көрөллөр да, бандьыыт эрдэнэ сылдьыбыт дьахтар ол аайы кыһаллан бэрт. Сэриигэ олус хорсунун, уулаах-хаардаах окуопаҕа ту­луур­дааҕын көрдөрөн, эбиитин ардах буулдьа быыһынан бааһырбыт саллааттары со­һон таһаартаан, эр дьоҥҥо ап­тарытыата биллэ улаатар: «Яшка» диэн сэнэбиллээх аатын умналлар. Кыыс ыс­тыы­гынан кэйгэллэһиигэ хаста эмэ киирсэр, биир оч­чото баа­һырар. Георгий ки­риэ­һи­нэн уонна үс мэтээлинэн наҕа­раа­даланар, ыстаарсай унтер-эписиэргэ тиийэ үүнэр.    Мария Бочкарёва сэрии­лэспэтэҕинэ, тыына хаайтарар курдук турукка киирэн хаалар. Өрөбөлүүссүйэ эҥин диэҥҥэ төрүт кыһаммат. «Сэриилэһэн бүтүөҕүҥ» диир саллааттары ис-иһиттэн сөбүлээбэт.   Илбис аҕытаатара      1917 с. Олунньутааҕы өрө­бө­лүүссүйэ кэнниттэн Бириэ­мэннэй бырабыыталыстыба «Кыайыахха диэри кыр­гы­һыахха!» диэн ыҥырыы таһаар­быта. Ол эрээри итини өйүүр киһи аҕыйах этэ. Сэрииттэн бары да сөп буолбуттара, онуоха эбии өрөбөлүүссүйэ тыына биллэн барбыта, онон аармыйаҕа ыһыллыы-тоҕуллуу күүһүрбүтэ. Ити саҕана Мария Бочкарёва аата бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ньиргийбитэ. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ биллэр-көстөр лиидэрэ М.Род­зянко М.Бочкарёваны Петроградка илдьэн саллааттар сийиэстэригэр «салгыы сэриилэһиэҕиҥ» диэн тыл этиттэрбитэ. Бу сийиэскэ «дьах­таллар батальоннарын тэрийиэххэ» диэн, аан бастаан ыҥырыы таһаарбыта. Дьахталлар саа-саадах тутан сэриилэстэхтэринэ, эр дьон бойобуой туруктара күү­һүрүө диэн санааттан Бочкарёваны Үрдүкү командующай А.Брусиловы кытары көрүһүн­нэрбиттэрэ. Аатырбыт генерал, бу идиэйэни төһө да иһи­гэр киллэрбэтэр, бырабыыталыстыба эттэҕинэ, өйүөх буолан эрэннэрбитэ. Түмүгэр хас эмэ тыһыынчанан дьахтар М.Бочкарёва бачыымын өйөөн, сэриилэһэр баҕатын биллэрбитэ. Араас араҥа баара: хаһаак төрүттээх, дворян хааннаах, учуутал аймах, о.д.а.    М.Бочкарёва батальонугар кытаанах бэрээдэги олохтообута: сарсыарда 5 чааска сулбу ойон тураллара уонна түүн 10 чааска диэри байыан­най дьыалаҕа үөрэнэллэрэ. Бэ­лиитикэҕэ сыһыаннаах бэсиэдэ той бобуллара. Эрэсиими ким эмэ кэһэр түбэлтэтигэр М.Бочкарёва бэйэтинэн тиийэн, кырбаан да биэрдэҕинэ көҥүлэ этэ. Интэлигиэн тө­рүттээх сорох дьахталлар маны тулуйбакка, саллааттаан бүп­пүттэрэ. 1917 с. бэс ыйыгар Исаакиевскай собуор болуоссатыгар «Первая женская военная команда смерти Марии Бочкарёвой» диэн үрүҥ знамялаах парааттаабыттара. Ити сыл «1-й Петроградский женский батальон смерти», «2-й Московский женский ба­тальон смерти», «3-й Кубанский женский ударный батальон», «Морская женская команда», «Кавалерийский 1-й Петроградский батальон Жен­ского Военного Союза», «Минская отдельная караульная дружина» диэннэр тэриллибиттэрэ.   Кыргыс хонуутугар      Үөһэ ааттаммыт этэрээттэртэн үс бастакы батальону сэриилэһэр аармыйаҕа ыыппыттара эрээри, дьиҥнээх кыргыһыыга Мария Бочкарёва батальона эрэ кыттыбыта. Эр дьон обургулар бу хас да сүүс дьахтар сэриилэһэ кэлбитигэр араас сыһыаннаахтара: ким эрэ күлүү-элэк оҥостортон ор­дубата, сорох букатын да­ҕа­ны таҕылын эрэ таһаарар са­наалааҕа.    Дьахталлар батальоннара 525 ¹-дээх пуолкаҕа киирэн, уҥа фланганы тутан олорбута. Соторунан кимэн киириэхпит диэн суоттана сырыттахтарына, ньиэмэстэр биир хонук урутаан күүстээх охсууну оҥорбуттара: нууччалар былааннарын эрдэттэн билэн олорбуттар эбит. Инньэ гынан М.Бочкарёва батальона саамай хаан тохтуулаах сиргэ түбэспитэ. Ньиэмэстэр үс хонук иһигэр 14 төгүл атаакалаабыттарын харыс да сири чугуйбакка, дьахталлар эр дьону кытта тэбис-тэҥҥэ сэриилэспиттэрэ.    Аатырбыт генерал А.Дени­кин дьахталлар батальон­нарын бэркэ сэниир бэйэтэ улаханнык сөхпүтэ. М.Боч­карёва саллааттара ньиэ­мэстэри хардары атаакалаан, ыстыыктаһыыга кытта тиийэн кыайбыттарын эр дьон өйөөбөккө, дьахталлар улахан сүтүктэммиттэрэ. Кэлин А.Деникин «өстөөх дьахталлары артылыарыйанан быыс биэрбэккэ ытыалаабытыгар ыксаан, биир сиргэ чөмөхтөһөн хаалан быстарбыттара» диэн суруйбута.    Бу кыргыһыыга батальон 170 дьахтар байыаһыттан аҥаардарын кэриҥэ устуруойтан туораабыта, оттон ха­мандыырдара М.Бочкарёва бэсиһин бааһыран, балтараа ый устата госпитальга сыппыта. Үтүөрэн тахсыбытын кэннэ Үрдүкү командующай Л.Корнилов дьахталлар батальоннарын бэрэбиэркэлээбитэ уонна маннык этэрээттэри тэрийэри боппута. Инньэ гынан Бириэмэннэй бырабыыталыстыба дьахтары сэриилэһиннэрэн эр дьон санаатын көтөҕөр былаана тохтубута. Генерал Деникин да суруйарынан, эр дьон дьахталлары өйөөн хаһан да атаакаҕа киирбэт эбиттэр.   Өрөбөлүүссүйэ кэмигэр      М.Бочкарёва Зимнэй ды­ба­рыас көмүскэлигэр кыт­ты­батаҕа. Ыкса күһүн дьахталлар батальоннарын ыһаттаан кэбиспиттэрэ. Бассабыыктар оннук сэриигэ наадыйбатах­тара. Дьиҥэр, Үрүҥ да, Кыһыл да аармыйаҕа элбэх дьахтар кыттан сэриилэспитэ. Под­по­ручик Мария Бочкарёва ба­тальонун ыһан баран Томскайдаабыта. Аара бассабыыктарга түбэһэн, хата, ытыллыбатаҕар баһыыба буолбута. Ньиэмэстэри кытары бииргэ сэриилэспит табаарыстара трибуналтан быыһаан ылбыттара.    Бу кэнниттэн Владивостокка тиийбитэ, устунан Эмиэрикэлээбитэ. Сүрүн сыала-соруга – бассабыыктары утары сэриигэ көмө көрдөөһүн. Ол дойдуга кинини бэркэ билэр эбиттэр, бэл, АХШ оччотооҕу бэрэсидьиэнэ В.Вильсоны кытары көрүһүннэрбиттэр. Эмиэрикэттэн Великобританияҕа тиийбитигэр М.Бочкарёваны Георг V хоруол приёмнаабыт. Бу кэнниттэн Архангельскайынан Сибииргэ кэлэр уонна адмирал Колчагы кытта көрсөр. Адмирал «Яшка» диэн ааттаах байыаннай-саньытаарынай этэрээти тэрий диэбитигэр сө­бүлэһэр, ол гынан баран бэрт сотору Колчак былааһа сууллар.    Кыһыллар Томскайы ылбыттарыгар М.Бочкарёва куорат кэмэндээнигэр тиийэн револьверын туттарар уонна баппыыскаҕа сылдьар. Сотору буолаат, 1920 с. тохсунньутугар хаайыллар. Буруйа улахан: өрөбөлүүссүйэни утары аҕытаассыйа, кыраныысса тас өттүгэр тахсан көмө көр­дөөһүн, Деникини, Колчагы кытта сибээстэһии. Ол эрээри Мария Бочкарёва барытын аһаҕастык кэпсиириттэн чэкиистэр улаханнык бутуллубуттара: ити сырыылара бас­сабыыктары кытары сэриилэспит диэҥҥэ кыайан сөп тү­бэспэт этэ. Онон да буолуо, 5-с аармыйа оһуобай отделыгар М.Бочкарёва дьыалатын олус уһуннук силиэстийэлээбиттэрэ, муҥур уһугар «ВЧК оһуобай отдела быһаардын» диэн, Москубаҕа ыытарга уураахтаабыттара.   Түмүк      М.Бочкарёва дьыалатын таһыгар «1920 сыл ыам ыйын 16 күнүгэр Красноярскайга би­риигэбэр толорулунна – ытылынна» диэн суруллубут. Ол эрээри 1992 с. РФ Борокуратуурата бириигэбэри хайдах толорбуттарын бэрэбиэркэлээбитигэр туох да докумуон суох буолан биэрбит. Эбиитин «М.Бочкарёва туһунан кинигэ (1919 с. хас да омук ты­лынан тахсыбыт) суруйбут Исаак Левин диэн суруналыыс хаайыыттан быыһаан ылбыт уонна Харбиҥҥа күрэппит» диэн сурах тарҕаммыт. Мария Бочкарёва онно тиийэн бииргэ сэриилэспит киһитигэр эргэ тахсыбыт уонна 1927 сыл­лаахха диэри ол киһитин оҕолорун иитэн олорбут диэн кэпсээн баар. Онтон кинилэри Сэбиэскэй Сойууска кө­һөрбүттэр, оттон ол ииппит уолаттара Аҕа дойду сэриитигэр өлбүттэр. Инньэ гынан Мария Бочкарёва (аатын уларыппыт) Арассыыйаҕа кэлэн үйэтин моҥообут.   БУТУКАЙ. (Интэриниэт матырыйаалынан). Ортоку М.Бочкарёва Подпоручик М.Бочкарёва
kyym.ru сайтан