Кэпсээ
Войти Регистрация

Күннэ Игнатова – умнуллубут сулус

Главная / Кэпсээн арааһа / Күннэ Игнатова – умнуллубут сулус

K
23.09.2022 13:12
   Күннэ Игнатова ССРС саамай кырасыабай артыыстарын испииһэгэр 1 №-дээх турара. Уулуссанан ааһан истэҕинэ, дьон мах бэрдэрбиттии таалан турара, эргиллэн көрөрө. Ол курдук ис-иһиттэн сырдыгынан сыдьаайар, абылыыр дьикти кэрэ дьүһүннээҕэ. Аата да дьикти – нууччаларга «Кюнна» диэн аат суох. Ол сахалыы – Күннэй, Күннэ.     Боһуут сыдьаана      Күннэ аҕатынан Саха сиригэр Боһуут атыыһыт диэн аатырбыт киһи тымыр сыдьаана. Хос эһэтэ – Степан Прокопьевич Алексеев-Боһуут, Марха (Ньурба) улууһун кулубата, нуучча ыраахтааҕытыттан сэттэ мэтээлинэн наҕараадаламмыт, аатырбыт гильдиялаах атыы­һыт. Элбэх оскуоланы, балыыһаны, таҥара дьиэтин туттаран, дьоҥҥо көмөлөһөн «Бочуоттаах инородец Степан Прокопьевич Алексеевка – Николай II императортан» диэн суруктаах кыһыл көмүс чаһынан мааныламмыт киһи.   Аҕата      Аҕата Николай Михайлович Алексеев, Боһуут сиэнэ, дьикти дьылҕалаах. Үөрэххэ тардыһыылаах уол 1926 сыллаахха МГУ этнология салаатыгар үөрэнэ киирбит. Кинини кытта үөрэммит ыччаттан кэлин аатырбыт учуонайдар тахсыбыттар, ол иһигэр акадьыамык Б.Долгих. Устудьуон уол Саха сириттэн сылдьар улахан салайааччылардыын билсэрэ: Степан Аржаковтуун, Максим Аммосовтыын уо.д.а.    Киириилээх-тахсыылаах, кэпсээннээх, өйдөөх эдэр киһи оччотооҕу Москуба «бомонун» кытта билсэн, бэл, биир биллэр артыыс кыыһы ухаасыбайдаабыт. Ол эрээри Оборуона наркоматыгар үлэлиир улахан чыыннаах байыаннай кыыһын, балерина Татьяна Игнатованы, кэргэн ылбыт. Татьяна аҕата ыраахтааҕы саҕанааҕы муора эписиэрэ, нуучча аармыйатыгар бастакы подводник, сэдэх исписэлиис эбит. Саҥа былааска илин-кэлин түспэккэ, бассабыык баартыйа кэккэтигэр киирбэккэ улахан дуоһунаска сылдьыбыта дьикти.      Үөрэнэ сырыттаҕына, Николай аҕатын «Сэбиэскэй былаас өстөөҕө» диэн хаайан, бэйэтин «кулаак сыдьаана» диэн, үөрэҕиттэн устан кэбиһэллэр. Кэргэнин дьоно күтүөттэрин «хаал» дии сатаабыттарын, истибэккэ, уол Сахатын сиригэр төннөр. Эдэр ойоҕо Москубатааҕы далбар олоҕун, киэҥ-куоҥ кыбартыыратын, дьонун хаалларан, эрин батыһан Саха сиригэр кэлсэр.    Дьокуускайга Николай Михайлович оскуолаҕа үлэлиир, үөрэҕин салгыыр. Татьяна араадьыйаҕа дииктэрдиир. 1936 сыллаахха кыыстара Күннэй төрүүр (сорох сиргэ 1934 сылга диэн суруллар) «Эдэр ыал хайдах-туох олорбуттарын туһунан убайбыт тугу да кэпсээбэт этэ», – диэн ахтыбыт аймаҕа Н.Н.Алексеев («Боһуут кулуба» кинигэ).    Сыл курдугунан Татьяна дьиэбэр төннөбүн диэн турар. Саха сирин тыйыс тымныыта тапталын «сойуппута» дуу, атын туох эрэ дьайбыта дуу – биллибэт. Николай Михайлович Москубаҕа барартан аккаастаммыт. Эдэр ыаллар атырдьах маһыныы араҕыстахтара ол. Кэлин Николай Михайлович иккис олоҕун оҥостон, дьоллоохтук олорбута, элбэх оҕоломмута. Оттон Күннэ ийэтин араспаанньытынан Игнатова буолбута. Хата, сахалыы аатын уларыппатах.   Чаҕылхай артыыс      Кыыс кыра эрдэҕиттэн олус бэркэ ыллыыра, үҥкүүлүүрэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, Щукин аатынан училищеҕа аатырбыт Цецилия Мансурова кууруһугар киирбит. Кырасаабысса кыыска уол бөҕө «ыалдьара», бэл, ССРС чаҕылхай сулуһа буолбут Вася Лановой Күннэни сырсыбыт кэмнээҕэ...      Училищены бүтэрэригэр Күннэ номнуо аатыран эрэр артыыс. Оччолорго сылга аҕыйахтыы киинэ уһуллар буолан, хас тахсыбыт киинэ болҕомто киинигэр буола түһэрэ. 1955 сыллаахха аатырбыт режиссёр Борис Барнет «Ляна» киинэтэ тахсыбыта. Көрөөччүлэр Лянаны – молдаванка кыыһы – оонньообут артыыһы тута ылыммыттара. Бу киинэҕэ Күннэ бэйэтэ ыллыыр – кини олус үчүгэй куоластааҕа.    Леонид Гайдай 1956 сыллаахха «Долгий путь» диэн бастакы киинэтин устарыгар Күннэ Игнатованы таба көрөн, сүрүн оруолга ыҥырбыта. Уопсайынан, Гайдай кырасыабай дьахталлары таба көрөрүнэн, сыаналыырынан биллэр. Онон Барнет уонна Гайдай курдук сэбиэскэй киинэ аксакааллара таба көрбүттэрэ мээнэҕэ буолбатах.    1959 с. «Повесть о молодоженах» киинэҕэ сүрүн оруолга уһуллар. Итиннэ Татьяна Пельцер, Вера Пашенная, Леонид Леонов, Алиса Фрейндлих, Кирилл Лавров курдук сэбиэскэй киинэ көһөҥө талааннара уһуллубуттара киинэ таһымын туоһута.    Училище кэнниттэн Күннэ Таганкатааҕы тыйаатырга киирэр. Ону сэргэ киинэҕэ эмиэ ыҥыраллар. 1960 сыллаахха «И снова утро» киинэҕэ Владимир Самойловтыын, 1961 сыллаахха «Планета бурь» киинэҕэ артыыс Георгий Жженовтыын оонньууллар.   «Чкаловтыын»      Күннэ Вячеслав Соколов диэн бииргэ үөрэммит уолугар кэргэн тахсан, уол оҕолоноллор. Ол эрээри өр олорботтор. «Алҕаһаабыппын» диирэ Күннэ.  «Долгий путь» киинэҕэ уһулла сылдьан, Күннэ Владимир Белокуровы кытта билсибитэ. Белокуров МХАТ баар-суох артыыһа этэ. Чкалов оруолун толорон норуокка биллибитэ, «ССРС норуодунай артыыһа» аатын ылбыта. Кини Күннэттэн 30 сыл аҕа этэ. Күннэ иккистээн ыал буолар санаата суоҕа да, Белокуров олус таптаан, өсөһөн туран өр ухаасыбайдаан, иннин ылбыта. Оруоса сибэккинэн хоһун толорон кэбиһэрэ, тугу баҕарбытын толороро үһү.    Белокуров туруорсан, Күннэ МХАТ тыйаатырыгар көспүтэ. Ону билигин улахан алҕаһа этэ дииллэр – кини ити тыйаатырга күттүөннээх оруолу оонньооботоҕо. Белокуров Күннэни ойох эрэ быһыытынан көрөрө, артыыс ойох наадата суоҕа. Эдэр, кэрэ ойоҕун күнүүлээн, ханна да ыраах ыытыан, бэйэтиттэн харыс хаамтарыан баҕарбата.    Эбиитин, ускуустуба дьонун сиэринэн, Белокуров «хантатар» идэлээҕэ. Чараас дууһалаах дьахтар муунтуйууттан, араас санаа үүйэ-хаайа тутарыттан аһыы утахха ылларара кэмнээх буолуо дуо?! Ол да иһин тыйаатыр артыыстара Күннэ итинник дьаллыктаммытыгар Белокуровы буруйдууллара. Күннэ саастаах, таптаабат киһитин кытта олорор хайдаҕын толору билбитэ.   Өбүгэлэрин дойдутугар    МХАТ Саха сиригэр гостуруолга кэлэ сылдьыбытыгар Күннэ аҕатын ирдээн булан көрсүбүтэ. Саха сирин көрөөч­чүлэрэ кинини букатын «национальнай баай» курдук ылынан, маннык кыыстаахтарынан киэн туттубуттара. МХАТ атын биллэр артыыстара күнүүлээн, Күннэни абааһы көрбүттэрэ дииллэр: болҕомто барыта Күннэҕэ эрэ үһү... Буолумуна! Сахалартан ким киинэҕэ сүрүн оруолга уһуллубутай? аатырбыт Таганкаҕа, МХАТка ким оонньообутай?    Күннэ Саха сиригэр үгүс элбэх аймахтааҕыттан сөхпүтэ, аҕатын кытта долгуйа билсибитэ. Оттон аймахтара кини аҕатыгар майгынныырыттан астыммыттара. Күннэ хаһан да көрбөтөх аймахтарын туһунан ымпыктаан-чымпыктаан ыйыталаспыта, көрдөһөн, өбүгэлэ­рин дойдутугар Ньурбаҕа бара сылдьыбыта. Ньурба дьоно-сэргэтэ кыыстарын сылаастык көрсүбүттэрэ. Күннэ бу сырыытын туһунан Москубаҕа төннөн баран, олус сылаастык ахтара.    Уола Петр: «Однажды мама сказала: «К нам придет твой дед». Я ожидал чего-то экзотического, в голову лезли всякие расшитые малицы, пимы, шаманские бубны. Помню, мать пошла в прихожую, а за ней появился невысокий человек. «Это твой дедушка Николай», – сказала она. Я оторопел. Из всего, что я себе напридумывал, было верно только одно – это точно был якут.    В шикарном английском сером костюме, с безупречным галстуком и модной прической. От него пахло дорогим парфюмом. В речи деда слышался редкий изыск эталонного русского языка. Мама спросила, где его вещи, «В «Метрополе», – ответил он. Тогда в «Метрополе» могли останавливаться только очень важные персоны. Его такт не позволял никого стеснять», – диэн ахтыбыт.    Сиэнэ Елизавета Таптал амтана      Оччолорго МХАТка Александр Дик диэн артыыс үлэлээн эрэрэ. Күннэ бэйэтиттэн 14 сыл балыс уолга иирдэ диэн тыл-өс бөҕө тарҕаммыта. Кинилэр сыһыаннарын кистии да сатаабатахтара.    Сотору Күннэ норуодунай артыыс эриттэн араҕан, баай-талым олохтон аккаастанан, тахсан барбыта. Белокуров ону тулуйбакка, ыараханнык ыалдьан, сотору суох буолбута. Күннэни сирэй-харах анньыбыттарыгар «Мин ыалдьарын билэ-билэ барбытым. Дьон баайга тиксээри өлөрүн күүтэр диэбэтин курдук», – диэбитэ. Туһугар, чиэһинэй быһыы.    Дик Ташкентан сылдьара. Күннэ уола 9 эрэ сыл аҕа эдэр «аҕатын» дьону мунньарын, ийэтигэр бэрдэ суох сабыдыалын иһин ылымматаҕа. «Сороҕор кыыһырсан баран, Күннэ икки өттүгэр туран хаһыытаһан кэпсэтэрбит. Ийэм ону саҥата суох истэн турара», – диэн Петр ахтар. Билигин да ийэтэ суорума суолламмытыгар Диги быһаччы буруйдаах диэбэтэр да, кини дьайыыта баар диир. «Ыраах провинцияттан кэлбит, билсиитэ-көрсүүтэ суох киһи тахсара ыарахан», – диэн, Дик карьератын оҥостоору Күннэни буулаабыта диэн санаалаах. Буолуон сөп.   Ким буруйай?      Күннэ ити сылларга киинэҕэ уһуллубат, МХАТ сыанатыгар биир да күттүөннээх оруола суох этэ. Сорохтор ону «Күннэ талаана суоҕа», сорохтор «Күннэ ураты дьүһүннээҕэ, сэбиэскэй киинэҕэ барсыбат «типажтааҕа» дэһэллэр. Кырдьык, боростуой холкуостаах дьахтар оруолугар кини сөп түбэспэтэ. Төһөлөөх кэрэ, талааннаах артыыстар, биир-икки оруолга умайаат, ол ту­һуттан устунан сүппүттэрэ буолуой?    Оттон Күннэни билэр дьон кини килбигин, сэмэйин, ис иһиттэн ырааһын ахталлар. «В ней были порядочность, благородство и конечно, божественная красота», «она была горда, и знала себе цену» дииллэр. Хаһан баҕарар оннук дьон чыпчаалга тахсара, тахсан баран, тулуһан сылдьара ыарахан буолааччы...    Кэнники МХАТ икки аҥы арахсарыгар Диги кытта Доронина труппатыгар хаалбыта. Онно дьэ күүппүт сөптөөх оруолун ылбыта. Хомойуох иһин, ол испэктээгэ сотору уһуллубута... Төһөлөөх охсууну онтон ылбыта буолуой?    1988 сыллаахха олунньуга Күннэ тыйаатырга кэлбэтэх. Дьиэтин аанын аспатах. Киирбиттэрэ – өйө суох сытар эбит. Балыыһаҕа илдьэн, быыһыы сатаабыттар да көмөлөспөтөх. Күннэ Игнатова 52 эрэ саастаа­ҕар сырдык тыына быстыбыта.    Уола Петр Соколов билигин дьоһун ыал аҕата, сценарист, режиссёр, бэртээхэй документальнай да, уус-уран да киинэлэри устар, суруйар, таҥара дьиэтин хуоругар ыллыыр, манастыырдарга үлэлиир. Кини Саха сиригэр кэлэ сылдьыан баҕарар. Оҕолоро үһүөн духуобунай университеты бүтэрбиттэр. Кыыһа Елизавета худуоһунньук-реставратор идэлээх. Кинини көрөн, сахаттан төрүттээх артыыс Күннэ Игнатова илэ бэйэтинэн олорор дии саныыгын... Олох салҕанар.   Бэлэмнээтэ Роман Ш. («Боһуут кулуба», «Ньурба улууһа» кинигэлэртэн ахтыылар, ыстатыйалар, Интэриниэт, СМИ матырыйааллара туттулунна.)
kyym.ru сайтан