Кэпсээ
Войти
Регистрация
ОҔО ДЬЫЛҔАТА (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ОҔО ДЬЫЛҔАТА (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
29.07.2024 10:00
I Олег салааскаҕа икки оҕону олордон соһон иһэр кэтит көҕүстээх киһини кэнниттэн батыһыннары көрө истэ. Салааска кэнниттэн рюкзагын кэлтэйдии сүкпүт алын кылаас үөрэнээччитэ хааман тойторуҥнуур. Бу дьону ситэн ааһа барыан баҕарбакка, кэннилэриттэн тэйиччи соҕус бытаан хаамыынан айаннаан истэ. Саас буолан күн уһаан, оҕо-аймах таһырдьаттан киириэн баҕарбат сүрдээх ылааҥы күннэр үүммүттэр. Күн түннүгүнэн сылаастык сырылаччы тыгарыттан, халлаан итийэн, оскуолаҕа киһи тулуйбат итиититтэн уруок кэмигэр утуктаан, паартаҕа тоҥхоҥноон аҕай биэрэллэр. Учуутал кэпсээнин болҕойон истэ олорон, харахтара минньигэс бэйэлээхтик сабылла турарын, төһө да утарыласпыттарын иһин, хайыыр да кыахтара суох. Ити оҕолорун салааскаҕа соһон уонна биирин батыһыннаран иһэр киһи кини төрөппүт хаан-уруу аҕата буолар. Ийэтэ Олегы олох эдэригэр, уон тоҕус сааһыгар оҕоломмут. Кыһыл оҕону эбэтигэр хаалларан, куоракка үөрэнэ барбыт. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, билигин куорат улахан тэрилтэтигэр начальник солбуйааччытынан үлэлиир. Онтон кэргэнэ ханнык эрэ министерствоҕа улахан начальник дииллэр. Уоллаах кыыс оҕолоохтор. Киниэхэ кыһамматтар, кини да улаханнык бэһирбэт. Ийэтэ сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэ төрөппүт ийэтигэр иэһин эрэ толорон кэлэн барар. Биирдии куул бурдук, саахар, дьааһык мас арыыта аҕалбыт буолар. Ону да ыксал бөҕөнөн, этэргэ дылы, «уоту ылан барар» курдук туттан кэлэн барар. Төрөппүт уолун кытта бэрт судургутук кэпсэтээччи: «Үөрэҕиҥ хайдаҕый?», «Бэрээдэк үчүгэй ини?», «Эбэҕэр көмөлөһөр буол». Сыл ахсын солбуллубат биир ыйытыылар. Биирдэ кэтэҕиттэн имэрийбэккэ, эгэ, сыллаан ылыыһы дуо, эргичис гынан тахсан барар, күндү духуутун сыта ол күн олорон хаалааччы. Эбэтэ эрэйдээх: «Сыл тахсар аспытын аҕалла», – диэн киирбиккэ-тахсыбыкка барытыгар кыыһын хайҕаан уус тыла баранааччы, биирдэ дьүөгэ эмээхсинэ эбэтин хоһугар олорон сэмэлиирин истибитэ. – Хаһан бу өйдөнүөх баҕайыгыный? Биэнсийэҕин сберкиниискэҕэ уурдарбакка кыыскар ыыта олороҕун уонна кыыһын дьон хараҕын баайан биирдии куул бурдук, саахар, дьааһык арыы аҕалбытын сылы быһа кэпсээн оҥостоҕун. Уолуҥ хайыы-үйэ ахсыс кылааһы бүтэрэн, аны үс сылынан этэҥҥэ буоллаҕына, оскуолатын бүтэрэн үөрэххэ барыа дии. Онно биир кэппиэйкэ харчыта суох хайдах үөрэнэр? – Ээ, чэ, ол харчыны тоҕо ыытарбын билбэтэҕэ буола олорума. Дьиэлэрэ кыараҕас баҕайы, түөрт хостоох квартира ылыахтарын баҕараллар. Онно кыра да буоллар көмөлөһөбүн. Олегым сотору куоракка үөрэнэ бардаҕына, олордуохтара дии… – Чэ, инникини ыйдаҥардан көрбүт суох. Олордоллорун, олоппотторун туох билиэ баарай? Дьүөгэм, Даарыйа, өһүргэнимэ, кыыһыҥ кытаанах дьахтар. Оҕотугар олох кыһаммат курдук көрөбүн, – Маайа сэмэлиирин кубулуппат. – Ээ, миэхэ сэлээннээн дьаабыланар. Мин суох буоллахпына кимнээҕэр бэһириэҕэ, – эбэтэ эрэйдээх күлэр. – Аҕатын билэр дуо, этиэҥ этэ. Биһиги иккиэн иннибит кылгаабыт, кэннибит уһаабыт дьон эрдэттэн дьаһана сылдьарбыт ордук буолуо этэ. – Оннук. Соторутааҕыта эппитим, ийэтэ этээр диэбитэ, – эбэтин саҥата сөтөллөн хахсыйарын быыһыгар чуолкайдык иһиллэр. – Эмиэ Ираида дьаһалынан эрэ эппиккин. Бука, кыыс оҕото бэйэтигэр туох эрэ туһалааҕы толкуйдаан этиттэрбит буолуохтаах, – Маайа Олег ийэтин буруйдуурун уларытар санаата суох. – Оҕобун наһаа куһаҕаннык этимэ эрэ. Чэ, сэмэлээн бүт. Аны Олег кэлэн истэн иэдээн буолуо, — диэн эбэтэ кэпсэтиини түмүктээбитэ. Эмээхситтэр ити кэнниттэн дэриэбинэ иһинээҕи буолар-буолбат сонуну кэпсэппиттэрэ. Олег дьиэҕэ баарын биллэримээри, тыаһа суох ааны аһан тахсан барбыта. Сибилигин истибит сонунуттан хараастан, төбөтө ыараан, сирэйэ итийэн хаалбыта… Кини төрөөбүт аҕатын билэр. Билбитэ аҕыйах ый буолла. Ол да иннинэ Евгений Георгиевич киниэхэ ураты истиҥник сыһыаннаһарыттан сибикилиирэ… Онтон эбэтэ: «Аҕаҥ Евгений Георгиевич», – диэбитин долгуйа уонна үөрэ истибитэ. Оскуолаҕа история учууталынан үлэлиир. Оҕолор учууталларын сөбүлүүллэр, тиийимтиэ тылынан киһи иһиттэр истэ олоруон курдук кэпсээн, үөрэтэр предметигэр үөрэнээччилэригэр тапталы иҥэрэр. Кылааһын оҕолоро куруутун: «Евгений Георгиевич тапталлаах оҕото», – диэн ааттыыллара. Кыраһыабай, чүмэчи курдук көбүс-көнөтүк туттубут, хааман-сиимэн курбачыйбыт кэргэннээҕэ. Кэргэнэ былырыын эдэр уолга иирэн, үс оҕотун хаалларан, арахсан барбыта. Онтон ыла оҕолорун бэйэтэ көрөр-истэр, кыракыйдара да бэрт, улахана быйыл маҥнайгы эрэ кылааһы бүтэрээри сылдьар, икки кыралара оҕо саадын дьоно. Быйыл Евгений Георгиевич киһи хараҕар биллэр гына кырдьан хаалбыт, санааргыыра сирэйиттэн-хараҕыттан көстөр, баттаҕын чанчыктара биллэрдик маҥхайбыттар. Көмөлөһүөн баҕарар да, туох диэн тугунан көмөлөһүөй? Арай оскуолаҕа балтын ыраахтан хараанныы көрөр да, ол кини ийэтин курдук сытыы-хотуу, чочоһуйбут баҕайы, бэйэтин көмүскэнэр киһи, хата, сотору-сотору кыра уолаттары табырҕатан ытаппыт буолар. Сотору Олег дьиэтэ кэлэн, кэлииккэтин аһан олбуоругар киирэн иһэн, тохтоон, дьоно аргыый бара турбуттарын батыһыннары көрөн ылла. II Нуучча тылыгар биир кэлим экзамеҥҥа бэлэмнэнэн учуутала Наталья Николаевна текст биэрбитин, сорудаҕын барытын толорон баран, өйтөн суруйууга хас тылы суруйбутун ааҕа олордо. Хайаан да сүүс биэс уон тыллаах өйтөн суруйууну суруйуохтаахтар. Биир кэлим экзамеҥҥа кылгас буоллаҕына бэрэбиэркэлии, көрө да барбаттар дииллэр, тугу этэллэрэ эбитэ буолла? Ити кэмҥэ ааны тоҥсуйа түһээт, сэгэттилэр. – Сөп, билигин ыытыам, – диэн Наталья Николаевна саҥата иһилиннэ. Хобулугун тыаһа тоһугураан кини таһыгар кэлэн үлэтин ылан көрбөхтөөн баран, тэтэрээтин илдьэ остуолугар барда. – Олег барыаххын син, эбэҥ ыалдьыбыт, – диэн аргыый саҥарбытын оҕолор бары истэн, кини диэки көрө түстүлэр. Уол саҥата суох рюкзагын хаҥас санныгар быраҕан кылаастан тахсан барда. Эбэтэ ыалдьыбыта ыраатта. Син дьиэ иһигэр тура сылдьыбыта. Онтон билигин оронуттан турбатаҕа нэдиэлэ буолла. Сиэнин санаатын бөҕөргөтөн куруутун: «Үчүгэйбин», — диэхтиир эрээри, хас күн ахсын биллэ мөлтөөн иһэрэ харахха быраҕыллар. Уол сулбу соҕус хааман дьиэтин аанын аһарын кытта, эмп сыта муннугар саба биэрдэ. Биэлсэр кыыс сиэстэрэтиниин дьиппиэр соҕустук туттан тахсан бардылар. Сиэстэрэ кыыс урукку өртүгэр дьээбэлэһэн, аҕыйах тылы бырахсан кэпсэтэр буоллаҕына, бүгүн кини диэки хараҕын да быраҕан көрбөтөҕүттэн, дьаарханан, сиһинэн тымныы сүүрээн биллэн ааста. Хостон Маайа утары тахсан уол кууркатын уһуларыгар көмөлөстө, рюкзагын ылан кыһамньылаахтык олоппоско уурда. –Һыллы, куттаныма, эбэҥ мөлтөөтө. Ийэҕин күүтээхтиир быһыылаах. Иһэр үһү. Киирэн аттыгар олор, – диэн Маайа уолга сымнаҕастык сипсийдэ. Олег сэрэнэ соҕус туттан хоско киирбитэ, эбэтэ эрэйдээх үрүҥ баттаҕа эрэ күкээрэн көстөр, бэйэтэ эбии кыччаан оронугар тимиччи түһэн хаалбыт, мунна кырыыланан, хараҕа антах түһэн, сирэйэ кубарыйан сытарын атыҥырыы көрдө. Эбэтэ эрэйдээх кинини көрөн, күүһүн түмэн мичээрдии сатаахтаата. – Һыллы, Олег, букатын кэлбит диэн суох, өлбүтү наһаа аһыйбаттар. Ийэҕин тутус, саҥа квартираларын ылбыттар үһү… – диэн аҕыйах тылы эппитигэр, сылайан эп-эппэҥнэс буолла. Куолаһа кыыкынаан саҥата нэһиилэ иһиллэр. Эмискэ аан эрчимнээх баҕайытык аһыллыбытыгар эргиллэн көрбүтэ, ийэтэ Ираида уһун тирии плаһа тэлээрэн киирэн кэллэ. Олег олоппос ылан биэрбитигэр, платогунан аҕыйахта сахсыйан соппохтоот, сэрэммиттии туттан кытыытыгар олордо. Тоҥкуруун баҕайы көрүҥнээх. Эбэтэ эрэйдээх илиитин утары ууммутугар, сөбүлээбэтэхтии сирэйин куһаҕан баҕайытык туттан ыллар да, эмээхсин илиитин илиитигэр ылла. – Ийээ, дорообо, бу мин кэллим, – диэн Ираида тоҥуй куолаһа иһилиннэ. – Сакаастаабыт эмкин аҕаллым. – Ираида, бүтэһик күммүн аахса сытабын, оҕоҕун Олегы эйиэхэ туттарабын. Уолгун бэйэҕэр ылан үөрэттэр. Үөрэҕи ылынымтыа. Дьиэҕитигэр киирбит үһүгүт дии… – кыыһыгар күүһүн мунньунан мичээрдээбитэ буолла. – Саҥа киирдибит… Оҥосто да иликпит, – кыыһа хаҕыстык эппиэттээтэ. – Оҕоҕун ылар инигин. Кыаҕым баарынан тугу чорботуммуппунан көмөлөһө сатаатым… – Сөп, ийээ… Мин ыксыыбын. Бүгүн уолум Димушка Кытайтан көтөн кэлэр, онно үөрэнэ барбыта үс ый буолла, – уолун кэпсииригэр ийэтин сирэйэ сырдаан ылла. – Димушка… Оҕолоргун кэлин таһааран олох көрдөрбөтүҥ дии, улааттахтара буолуо. – Тыа сирин сөбүлээбэттэр. Чэ, ийээ, мин бардым, үтүөр, сотору кэлэ сылдьыам, – ийэтин, бэл, сыллаан ылбакка, эргичис гыммытыгар күндү духуутун сыта минньигэс баҕайытык уол муннугар дырылаан киирдэ. Эбэтэ эрэйдээх кыыһыттан хомойон быһыылаах, саҥарбакка сытта, хараҕын уута бычалыйан тахсыбытын Маайа платогунан сотон биэрдэ. – Олег, аһаабаккын дуо, бэлэмнээтим ээ, – Маайа иһийэ тыҥаабыт чуумпуну үргүтэн эҕэ-дьаҕа буолан саҥарбытыгар эбэтэ эрэйдээх: «Баран аһаа», – диирдии тарбахтарын хамсатан сэниэтэ суохтук аан диэки ыйда. Уол куукунаҕа тахсан аһаабакка, түннүгүнэн ааһар дьону одуулаһа олордо. Маайа аттыгар сырдырҕаан кэлбитин, санаатыгар аралдьыйан истибэккэ да хаалла, тоҥоноҕуттан туппутугар соһуйан ходьох гынна. – Олег, эбэҕэр киир. Саамай чугас киһитэ аттыгар баара дууһатыгар чэпчэки буолуо. Сымнаҕастык аттаныа, – диэбитигэр, эмээхсин диэки өйдөөбөтөхтүү көрөн кэбистэ. Чэй кутан биэрбитигэр аат харата сыпсырыйан иһэ олордо, соркуойун таарыйан да көрбөтө. – Төрөппүт, соҕотох кыыһа «уоту ылан эрэр курдук» көрсөн барбытыттан хомойон ыарыыта өрө туран кэбистэ быһыылаах. Киһи хараҕар биллэр гына тута мөлтөөтө. Син сэргэх сыппыта ээ, аҕыйах хонугу тулуктаһар ини дии санаабытым. Ситэри кэлбэтэҕэ да буоллар, – эмээхсин бэйэтэ-бэйэтигэр ботугуруурун истибэтэҕэ буолла. Маайаны батыһан хоско киирэн, иккиэн кэккэлэһэ олордулар. Эбэтэ тыынар-тыыммат икки ардынан хараҕын быһа симэн сытаахтыыр. Балачча сыппахтаан баран, хараҕын көрөн кэллэ. Бастаан өйдөөбөтөх курдук иккиэннэрин хардары-таары көрбөхтөөтө, онтон мичээрдээбитэ буолла. Маайа төбөтүн өндөтөн, ньуосканан чэй иһэппитигэр кыайан да ыйыстыбата, чэйэ дьабадьытынан сүүрбүтүн дьүөгэтэ платогунан сотон биэрдэ. – Һыллы… ийэҕэр хомойума, – диэн нэһиилэ түөһүттэн ыган саҥа таһаарда. – Эбээ, эн үтүөрүөҥ, иккиэн бииргэ олоруохпут, – Олег уоскутардыы эбэтин илиитин илиитигэр ылан, ыалдьыа диэбиттии, сэрэнэн имэрийэ олордо. – Оҕом сыыһа… Саатар… Оскуолаҕын бүтэттэрбэтим. Сыттыкпын көбүт… – диэбитигэр, эбэтин санныттан ылан бэйэтигэр сыһыары тардан өндөппүтүгэр, Маайа сыттыгын көбүтэ турдаҕына, уол илиитигэр ыараан, аллара хоҥкуйан түһэн барда… – Олег, эбэҕин сытыар. Бараахтаата, оҕотун илиитигэр нус-хас бардаҕа, – диэн саҥаттан Олег хайыы-үйэ тымныйбыт эбэтин соһуйа уонна куттана көрдө. Уол түөһүгэр сыһыары ыга кууһан турар илиитин арааран Маайа, эбэтин сытыарбытыгар, дьэ, туох буолбутун чуолкай өйдөөн, түргэн үлүгэрдик таһырдьаны былдьаста… III Эбэтин кистиэҕиттэн ый буолла. Маайа кыыһынаан, сиэннэринээн олорор этэ. Билигин үтүө санаалаах эбэтин тэҥэ киһи, киниэхэ киирэн олорор. Кини аттыгар баар буолан санаата бөҕөх, аһыытын кэм холкутук аһарда. Маайа суоҕа буоллар, хайдах буолуо эбитэ буолла? Эбэтэ баарын курдук оскуолаттан кэлэригэр-барарыгар куруутун итии астаах көрсөр. Ол эрээри, төһө өр оннук буолуой? Баара-суоҕа кини ахсыс эрэ кылаас дии. Оскуоланы бүтэриэр диэри үс сыл кинини кытта олорбото чуолкай. Бүгүн оскуолаҕа оҕолор кэпсэтэллэрин хомойо иһиттэ. Сураҕа, Евгений Георгиевич бэҕэһээ улуус киинигэр суукка ыҥырыллыбыт. Кэргэнэ оҕолорун былдьаһар үһү. Оҕолорун ыллахтарына, хайдах буолаахтыыр. Ийэ сууттаһар буоллаҕына, оҕолору ылар бырааптаах дииллэр. Онтон бэйэтэ быраҕан атын киһиэхэ барбыт буоллаҕына, эмиэ оҕолору аҕаларыттан ийэҕэ биэрэллэр дуо? Оччоҕуна сокуоммут аҕа өттүгэр олус да баттыгастаахтык оҥоһуллар эбит. Маайаттан ыйытыллыа, кини истэн олордоҕо буолуо. Эбэтэ өлбүтүгэр Евгений Георгиевич киирэ сылдьан: «Биһиэхэ тахсан олор, хоно да таҕыс ээ», – диэн ыҥырбыта. Сүрдээх истиҥник, куруутун таптыыр хараҕынан имэрийэ көрөр, түгэн эрэ көһүннэр болҕомтотун уурар буолан, киниэхэ тардыһарыттан эмиэ да үөрэ, эмиэ да сэрэхэчийэ саныыр. Онтон ийэтэ эбэтин таһаарыахтарын биир хонук иннинэ кэлэн, хонсон, төрөөбүт иэһин толорон барбыта. Буорга түһэрэллэригэр ийэтэ ытаабатаҕын, төһө да төрөппүтэ буоллар, бэркиһии уонна хомойо көрбүтэ. – Тоҕус хонугар кэлбэппин, түөрт уон хонугар кэлиэҕим. Сашалыын нэдиэлэ бүтэһигэр Францияҕа көтөбүт, – диэн Маайаҕа этэрин истибитэ. – Онтон Олеккын хайыыгын? – эмээхсин сөбүлээбэтэх куолаһа иһиллибитэ. – Бэйэбэр ылыам этэ да, Сашам олох сөбүлээбэт. Евгений бэһирэр аҕай быһыылаах дии, уола суох киһи кини да ылыа этэ, – диэн ийэтин саҥатын истэн Олег хараҕын уута бычалыйан тахсыбыта. Дьиэтигэр киирээт, остуолга буруолуу турар хортуоппуйдаах соркуойу көрөн, Маайаҕа махтана санаата. Маайа эбэтин суохтаппат баҕалаах, хас аһылык ахсын итии ас тэрийэ сатыыр. Иккиэн утарыта олорон аһыылларын быыһыгар, сүрдээх истиҥник кэпсэтэ олордулар. – Маайа… ити… Евгений Георгиевич сууттан кэлбитэ дуу? – Олег интэриэһиргиир боппуруоһун сэмээр ыйытар. – Кэлбит. Эрэйдээх… санаа бөҕөҕө түһэн кэлээхтээбит. Дьахтар икки улаханнарын ылбыт. Кыракый икки саастаах кыыһын «көрбөтөх оҕом» диэн хаалларан абыраабыт, – эмээхсин чэйигэр килиэби уган сиигирдэн сиирин быыһыгар, хараастан олорон иһитиннэрдэ. – Евгений Георгиевич үһүөннэрин куруутун бэйэтэ көрбүтэ дии. – Ону аахсыбаттар. Сокуон дьахтар өртүгэр. Кыргыттар аҕаларыттан арахсымаары ытаһыы бөҕө үһү. Улахана баҕас кэлин улааттаҕына, төннөрө буолуо ээ. Ийэтэ баарыттан олох аҕа оҕото этэ. Дьэ, алдьархайдаах суол, – Маайа чэй кутарын быыһыгар сэһэргиир. – Евгений Георгиевич арыгы испэт, дьахтарга сымнаҕас, дьиэҕэ-уокка бүгүрү, оҕомсох баҕайы киһи да, кэргэҥҥэ табыллымаары гынна. Эн ийэҕиниин үчүгэй баҕайытык доҕордоспуттара. Ыал буолалларын сэмээр кэтээбиппит. Ираида оҕолоноот, кыһыл оҕону ийэтигэр хаалларан куоракка үөрэххэ киирбитэ. Онтон Евгений кыыһы эккирэтиһэ сатаан баран, кыыс иннин ылбакка, аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Ираида уол аармыйаттан кэлиэн эрэ иннинэ, үһүс кууруска сылдьан улахан дуоһунастаах тойон уолугар кэргэн тахсыбыта. Онон бүппүтэ. – Мин бэйэм да дьиэбэр олоруом. Кинилэргэ барбаппын, – уол өһөстүк эппитэ. – Чэ, һыллы, мээнэ оруо маһы ортотунан саҥарыма. Ийэҥ сир-халлаан икки ардыгар наһаа оннук чороҥ соҕотох хаалларбат ини, кимнээҕэр хаана тардан, бэйэтигэр ылан үөрэттэриэҕэ. Эбэҥ кэриэһэ оннук этэ. Оҕобун дьиэтигэр олордон үөрэттэрдин диэн, бэл, хара өлүөр дылы бэйэтин биэнсийэтин барытын квартираҕа кыттыһан ыыта олороохтообута. Онон ийэҥ дьиэтигэр олорор бырааптааххын. Николай Якутскай «Сүтүк» романын ааҕарга быһаарынан Олег хоһугар киирэн остуолугар олорбута эрээри, хос-хос ааҕан көрбүтүн да иһин, атыны толкуйдуур буолан, өйүгэр туох да киирбэтэҕэ. Ити кэмҥэ Маайа сыкырдаан киирэн санныттан тайаммыта. – Һыллы, мин дьоммор бардым. Эн уруоккун аах. Киэһээҥҥи аһылыкка биһиэхэ тиийээр, Марина ыҥырбыта. Сэмэн илимнээн балык бөҕөнү туппут үһү. Балык сиэхпит, – төбөтүн имэрийэрин быыһыгар, эбэтин курдук киһи, сүрдээх сылаастык, кэтэҕиттэн сыллаан сырылаппыта. Олег сөбүлэһэрин биллэрэн, кэҕиҥнээн кэбиспитэ. Уол таһырдьа тахсан мас хайытарга быһаарынна. Эбэтэ эрэйдээх өлүөн аҕыйах хонук иннинэ, бүтэһик биэнсийэтинэн биир улахан прицепкэ мас тиэйтэрэн тохторбутун хайыта-хайыта сааһылаабыта үһүс хонуга буолла. Өрөбүлгэ бүтэрэр санаалаах. Мас хайыта туран, Евгений Георгиевич чопчу кинини туһулаан иһэрин көрөн, үлэтин тохтотон, чууркаҕа олорунан кэбистэ. – Хайа, хаһаайын, кыстыыр маскын хайыы-үйэ хайытан, саһааннаан бүтэрэн эрэҕин дуу? – Евгений Георгиевич кэлэн кэккэлэһэ олордо. – Олег, эйиэхэ наадалаах кэллим. – Туох? – уол учууталыттан, эмиэ да аҕата буолар киһиттэн, сүр баттатан, саҥата иһиттэн кыайан тахсыбакка, муннун анныгар киҥинэйдэ. – Мин сарсын улууска барар буоллум, суукка ыҥырбыттар. Кыра кыыспын хаалларар сирим суох, икки хонорум буолуо. Эн балтыгын кытта олорсуоҥ дуо? Манна кэллэҕинэ тэһийиэ суоҕа. Бүгүн киэһэ тиийээр. Мин сарсын сарсыарда эрдэ барабын, онон биһиэхэ баран хон. Олег, эн убай киһи быһыытынан балтыларгын кытта билсиэҥ этэ, билиҥҥиттэн билсибэтэххитинэ, кэлин улахан дьон буоллаххытына уруурҕаһаргыт ыарахан буолуо, – эр киһи уолу эрэммиттии сүрдээх истиҥник көрөн олорон кэлтэйдии кэпсээтэ. – Сөп, тиийиэҕим. Онтон Маайа? – Маайа кыыһыгар барбыта дуо? Онно сылдьан этиэҕим. Дьиэҕин хатаан тиийээр, – Евгений Георгиевич олорор чууркатыттан ыараханнык, түһэҕиттэн тайанан турбута. – Сөп, – Олег онтон атын тылы билбэт киһи буолла. IV – Чэ, һыллы, хомун. Ийэҥ сотору барар. Сүөгэй, отон атыылаһаары дэриэбинэҕэ барбыта. Били үөрэҕин дьыалатын ыллыҥ ини, – Маайа кэлтэйдии ыйытар икки, кэпсиир икки ардынан саҥара олордо. – Мин дьиэни хатыаҕым. Мантан ыла сайын эрэ кэлэриҥ буолуо. Хата, ийэҥ кэргэнин тылыгар киллэрэн, ыла кэлбитэ үчүгэй. Ийэҕэр сыстан, үөрэхтээх киһи буолуоҥ этэ. Олег хомунар киһи курдук туттан хоһугар киирэн баран, хомуммакка, көхсүнэн эркиҥҥэ өйөнөн, оронугар чөкөллөн олордо. Ийэтэ кэллэ быһыылаах, Маайалыын кэпсэтэр саҥалара иһиллэр. – Хайа, отон, сүөгэй буллуҥ дуо? –эмээхсин саҥата сүрдээх чуордук иһилиннэ. – Атыылаһан, сордоохтор босхону эрэ үрдүнэн биэрдилэр. Өссө кыра да буоллар, дьордьума, хаптаҕас буллум, тиийээт барыанньалыам, – Ираида астыммыт куолаһынан нууччалыы тартаран саҥарар. – Олег кэлбитэ дуо, барыа этибит. Наһаа наҕылыйбакка айанныахпыт, киэһээҥҥи паромҥа хойутаары гынныбыт. – Баар, баар… Эппитим, билигин барыаххыт диэн, — эмээхсин хоско киирэн иһэн, соһуйбуттуу тохтуу түһэр, –Хайа, Олег, тоҕо олордуҥ? Чэйдии түһээт, айанныа этигит, ийэҥ ыксыыр ээ. – Суох, мин барбаппын, – Олег муннун анныгар киҥинэйэр. – Тоҕо?.. Ийэҥ ылардыы кэлбитин бэҕэһээҥҥиттэн өйдүүр киһи өйдүүр кэмэ кэллэ ини, — эмээхсин ыытар санаатын кубулуппат. –Хайдах соҕотоҕун олоруоххунуй, миигин кырдьаҕас киһини эрэнимэ, мин хаһан баҕарар «харк» гынар эрэлэ суох киһибин. – Олег, түргэнник бардыбыт, мин ыксыыбын, – Ираида хоско киирбэккэ, өҥөйөн туран саҥаран тылыгыратта. – Саша эдьиийин кытта олоруоҥ, биһиги даачабытын харабыллаан олорор, киниэхэ доҕор буолуоҥ, – ийэтэ кистэлэҥ ис санаатын дьэ таһаарда. – Хайдах? Оччоҕо үөрэммэт дуо? – Маайа соһуйа истэр. – Үөрэниэ буоллаҕа дии. Автобус сылдьар, – Ираида хоҥуруутугар хоҥнорботох баҕайытык хардарар. – Суох, барбаппын, мин манна оскуоланы бүтэриэм, –Олег ийэтин дьиҥ ис санаатын билбит киһи быһыытынан утары көрөн туран эттэ. – Чэ, өссө толкуйдан, кэлэр нэдиэлэҕэ телефонунан билсэ сылдьыам. Маайа, Маринаҕа эрийиэҕим, онно уол туох диэн быһаарыммытын чуолкайдаан этээриҥ, – Ираида үрдүк хобулуктаах түүппүлэтэ тоһугураан, тахсан барар тыаһа иһилиннэ. – Ираида олох атын санаалаах кэлбит эбит. Даача харабыллатаары оҕотугар наадыйбытын бэйэтэ этэн кэбистэ. Итинник буоллаҕына, дьиэҕэр олорон оскуолаҕын бүтэрбитиҥ ордук буолуо. Эбэҥ эрэйдээх, кыыһын саҥатын истибитэ буоллар, төһө эрэ хомойоохтуур этэ. Ити кыыс оҕо сылдьан наһаа үчүгэй, сайаҕас майгылааҕа. Кэлин кэргэн тахсан баран уларыйбыт, өйө-санаата бэйэтин туһугар эрэ охтубут, бэл, төрөөбүт ийэни, төрөппүт оҕону иитэр ытык иэс умнуллубута сүрдээх. Кыра-хара норуот «үөрэхтэннибит» диэн итинник төттөрү өртүгэр бардахпытына, сотору кэминэн симэлийэн-эстэн да барар инибит. Сайдыыбыт бэлиэтэ ити буоллаҕа, бэл, кырдьаҕас, үөрэҕэ суох киһи мин тугу эрэ ыйдаҥардабын. Хата, Тамараҕа тахсан этиим эрэ, эрийэн бириэмэтин, харчытын мээнэ бараабатын. «Ланд-крузер» джип массыына олбуортан тахсар тыаһын истэ олорон, Олег рюкзагын санныгар быраҕан дьиэттэн тахсаат, олбуор аанын саба сатыы турар эмээхсиҥҥэ сүүрэн сэгэйэн тиийэн иккиэн көмөлөөн саптылар. – Эбээ, мин оскуолаҕа бардым. Төрөппүт мунньаҕа үс чааска буолар. – Ээ, сөп, мин сытан ылыам, – эмээхсин «эбээ» диэн тылтан үөрэн, сүүрэн элэстэнэ турбут уолу кэнниттэн, ис-иһиттэн мичилийэ сырдаан, таптаабыт хараҕынан имэрийэ көрөн хаалла. Олег кылааһыгар киирбэккэ, төттөрү-таары көрүдүөргэ хаамыталыы сырытта. Ити кэмҥэ кылааһын салайааччыта Анна Макаровна учительскайга ааһан иһэн, кинини өйдөөн көрөн, тохтуу түстэ. – Олег, кылааскар киириэххин, эйиэхэ кэлбиттэрэ, – диэн сүрдээх таайтарыылаахтык мичээрдээн кэбистэ. «Тугу этэр буоллаҕай?» – диэн муодаргыы саныырын быыһыгар, бэйэтин курдук хойутаан кэлбит кылааһын уолунуун кылааска киирэн иһэн, төрөппүттэр ортолоругар Евгений Георгиевич кэтэҕэ лэкэйэн олорорун көрөн, тохтуу түстэ. Учуутала эмиэ кинини таба көрөн мичээрдээн кэбистэ. Олег эрэллээх, эркин курдук бигэ тирэхтэммитин чуолкай өйдөөн, хараҕа сиигирбитин кистээн, паартатыгар умса туттан олордо. – Убаай кэллэ, – төрөппүттэр ортолоруттан кыракый кыыс саҥата чаҕаара түһээт сүүрэн тоһугураан кэлэн, уол түһэҕэр тардыһан, көтөхтөрө олорунан кэбистэ. Олег хаан-уруу балтын ыксары кууһан ылбытыгар, кылааһын оҕолорун ытыстарын тыаһа, абына-табына да буоллар кинини өйүүрдүү иһилиннэ, сүрэҕин ортотунан киирдэ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан