Кэпсээ
Войти Регистрация

Арапыай алгыһынан

Главная / Кэпсээн арааһа / Арапыай алгыһынан

K
23.09.2022 13:05
   Хас да сыллааҕыта ыраах айанныы сылдьан, биир тыа ыалыгар уһун күнү быһа олорон массыына күүппүттээҕим. Урут билсибэтэх, аймахтыы да, туох да буолбатах ыалбар, нэһилиэк дьаһалтатын аттыгар олороллорун эрэ иһин, улуус кииниттэн кэлиэхтээх массыынаны күүппүтүм.        Дьиэлээхтэр бары үлэлии сыл­дьаллара. Инньэ гынан, кыр­дьаҕас, ыарыһах оҕонньору күнү быһа ыаһахтаһан күммүн атаарбытым. Оҕонньорум «быйылгы хаары туораабат буоллум» диэн бүк эрэллээх олороро, «түүл-бит куһаҕанын» туһунан субу-субу төн­нөн кэлэн санатара. Дьиэлээхтэр кырдьан моорук буолбут оҕонньор ыаһаҕыттан хал буолан, бука, истибэттэрэ эбитэ буолуо. Онон туга да гынара суох туос иллэҥ, истэр киһи кэлбитин кырдьаҕас лаппа «туһанан» хаалбыта.    Бу маны «кырдьаҕаас, «түүл-бит куһаҕан» диэн тугу этэҕин?» диэн таах олоруохтааҕар көлдьүр­гээн ыйыппыппар кэпсээбитэ. Кини кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбыппын суруйдум (кини аатыттан)...                                * * *    ...Сэрии сылларын биһиги нэ­һи­лиэкпит элбэх күөллээх, соболоох, бултаах эрэ буолан этэҥҥэ мүччү түспүтэ быһыылааҕа. Улахан хоргуйуу буолбатаҕа, биирдиилээн өлүү-сүтүү, биллэн турар, ханна барыай.    ...Биһиги өтөхпүтүттэн икки ки­лэмиэтирдээх Тар Укпут диэн сиргэ Чиэстэрдэр диэн ыаллар олороллоро. Олорго Арапыай диэн аймахтара, удаҕан-ичээн аҥаар­даах эмээхсин дьукаах кы­быллан олорбута. Арапыайы бэйэтин төрөппүт уола, холкуос туох эрэ дуоһунастаах киһитэ, уда­ҕамсыйарын иһин дьиэтиттэн үүрэн кэбиспит. Былаас киһитигэр уда­ҕан ийэлээҕэ, бука, табыгаһа суоҕа буолуо.    Оччолорго мин 7-8 саастаахпын. Тар Укпукка Чобуоха диэн бэйэбин кытта саастыы уоллуун оонньуу тиийэ сылдьан эмээхсини мэлдьи көрөбүн... Ол тиийдэхпинэ Арапыай миигин наһаа таптаан, ымманыйан көрсөр. На­һаа үтүө майгылаах эмээхсин этэ эрээри, дьиэлээхтэр кинини олус атаҕастыыллар. Аһаппаттар эҥин быһыылаах, наар хам аччык буолар. Ол иһин мин барарбар наар лэппиэскэ тоһоҕоһун, үтүл­лүбүт собону, хаппыт лыыба бытархайын кэһии гынан илдьэбин. Арапыай ону олус долгуйан, тула өттүн көрүнэ-көрүнэ, сап-салҕалас буолбут илиитинэн харбаан ылан хап-сабар хоонньугар кистэнэн кэбиһэр...    Биирдэ киэһэ Тар Укпукка оон­ньуу тиийэн баран, дьиэлээх тойон наһаа улаханнык үөхсэн хаһыытыы-хаһыытыы Арапыайы тиэр­гэҥҥэ баттаҕыттан соһо сылдьан тэбиэлиирин, түптэ оннугар аҕалан үҥкүрүтэрин, кырбыырын көрөн, кутум ыстаныар диэри куттаммыппын өйдүүбүн. Эмээхсин эрэйдээх ону-маны тыллаһар, киһи көрбөтөҕүн көрөр идэлээх эбит. Кэлин улаатан баран билбитим, ити кэмҥэ кимнээх эрэ холкуос сылгытын уоран сиэбиттэрин көрүүлэнэн билбит уонна дьон баарыгар мээнэ тылласпыт. «Дьиэрэҥнээх сиһин хоту саҕатыгар, Чоҥолох тумуһаҕар түүн Тарайар Баасканы кытта Киргил уола Киппирийээҥҥэ дылы дьүһүннээх дьон сылгы астыы сыл­дьарга дылылар... Ураан­ньык­таах саадьаҕай кукаакы буолан олоп-чолоп көрөн умналаһа тиийбиппэр, маһынан эпчиргэлээн ыыт­тылар...» эҥин дэтэлээбит. Онтон сылтаан нэһилиэккэ улахан айдаан, иирсээн, уорбалаһыы, кы­раһыы-таныйсыы буолбут. Си­лиэс­тийэҕэ табаарыһым Чобуоха аҕата Чиэстэр эмиэ туоһу буо­лан ыҥырыллыбыт («сылгыны уоран сиэбиттэрин эйигинниин дьукаах олорор эдьиийгит Арапыай эмээхсин хантан биллэ? Эн эмиэ кыттыгастааҕыҥ буолуо» диэн). Бука, мин ол айдаан саҕана сы­рыт­таҕым буолуо. Киһи киһини итинник кыыллыы кырбыырын аан бастаан көрбүт, уҥа тэбэ-тэбэ ытыы сылдьар киһи дьиэбэр куотан кэлэн ийэбэр ону барытын олоччу кэпсээн биэрдим.    Оччолорго аҕам холкуос бырабылыанньатыгар суотчутунан үлэ­лиирэ. Киэһэ аҕам кэлбитигэр, ийэм ону барытын кэпсээбит. Ол түмүгэр, аҕам туруорсуутунан, холкуос салалтатыгар мун­ньахтаан баран, «эмээхсини батаран олордоллоруттан ааспыттар, аһара атаҕастыыллар-бат­тыыллар, кырбыыллар эбит, хоргуйан-ыалдьан өлөрө буолбут» диэн бөһүөлэк балыыһатыгар илдьэргэ быһаарбыттар этэ.    Кыаммат буолбут эмээхсини сыарҕа оҕуһунан көһөрө кэ­лэл­лэрэ буолбутугар, Арапыай хара күүһүнэн миигин кытта бырас­тыылаһа барарга быһаарым­мыт. Сытар эмээхсин хантан сэниэ-күүс булунан турбутун ким да билбэт. Ол күн, тоҕо эрэ, ийэбин кытта таайым дьиэлэригэр бааллара. Тиэргэҥҥэ сырыттахпытына, сирэйин былаатынан тууна бааммыт Арапыай эмээхсин кинилэри «дьон баар» диэн хайыһан да көрбөккө, тайаҕынан нэһиилэ бакаалаан, миэхэ супту хааман кэлбитэ. Ол кэннэ, ибис-инчэҕэй сирэйинэн, (бука, хараҕын уута буолуо) мин иэдэспин ньиккэрийэ-ньиккэрийэ кууһан олорон өр да өр алҕаабыта. «Оҕом барахсан, чыычааҕым оҕото, киһи-хара буо­луоҥ... Иэгэйэр икки атахтаахтан миигин аһыммыт-харыһыйбыт чороҥ соҕотох... Өлөр үйэбэр үрүҥ тыыммын өллөйдөөн-өрү­һү­йэн кэлбит... Алҕаатаҕым-арчы­лаа­таҕым буоллун» эҥин диэн өрү­һүспүттүү сибигинэйэр этэ. Ол быыһыгар кириэс охсоро. Урут эмээхсин алгыһын барытын нойосуус өйдүүр этим, билигин умнан кэбиспиппин...    Эмээхсин ол баран тута кэриэтэ өлбүт этэ.   * * *    Оҕонньор: «Дьэ, бу аҕыйах хонуктааҕыта түүн утуйа сыттахпытына, Арапыай эмээхсин илэ кэлэн барда. Түүн ити халадыынньык ойоҕоһугар хараҥаҕа ким эрэ барыаран турарын көрөн, дэлби куттанан уһугуннум. Сирэйин аҥаарын саба баана сылдьар да буоллар, Арапыай эмээхсин буоларын тута биллим. Саҥата суох турбахтаан баран, тахсан барда. Арааһа, «аны көмүскээн-ар­чылаан бүттүм, бардым» диэтэ быһыылаах. Онон... Быйылгы күөххэ тиийиллибэт буолла. Чэ, ол мин, куһаҕан киһи өлбүтүм диэхтээн, оннооҕор буолуох үчүгэй дьон бараллар-кэлэллэр...» – диэн кэпсии хаалбыта.    Мин массыынам кэлэн, барбытым.    Кэлин анаан туоһулаһан билбитим, оҕонньор, кырдьык, мин кэлэн ааспытым кэннэ уһаабатах эбит этэ.   Бытаһыт Чэчээтэ, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан