Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хойутаабыт көрсүһүүбүт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хойутаабыт көрсүһүүбүт
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
19.09.2022 13:04
Биирдэ эйгэлээх, айылҕалаах киһилиин уһуннук кэпсэттибит. «Чугас киһигэр хом санаалаах сылдьаҕын, ол санааҥ баттык буолан, олоҕуҥ устун барсан иһэр,» – диэбитин соһуйа, дьиктиргии иһиттим. Этинэрим буоллар, ол сүгэһэртэн букатын босхолонуох үһүбүн. Сөп, чахчы, оннук киһилээхпин, истэр буоллаҕына – иһиттин, санааларым бу бааллар. Олох барахсан киһи иннигэр тэлэр суола, аны хайдах курдук эриллэн айанньыппын соһутабын диэбиттии, бэрт омуннаахтык тэлгэнэр. Бүгүн – биир үөрүү, сарсын – атын хомолто, оннук олорон эрдэхпит. Инчэҕэй эттээх барыта туспа тыргыллар ыллыктаах, уратытык оҥоһуллубут орохтоох. Ол ыллык хайа түгэҥҥэ ким ороҕун кытары силбэһэн ааһарын киһи таайан билбэт, сэрэйэн көрбөт. Эн эмиэ бэйэҥ ойдом омоон суолгунан сылдьыбытыҥ, ол суолуҥ былаһын тухары истиҥник таптыырыҥ, ытыырыҥ, ыллыырыҥ... Эйигин, бу дойдуга, саатар, биирдэ харах-харахха көрсөн, кэпсэтэн ааспатаҕым да иһин, Айбыт Аҕам диэн ааттыыбын. * * * Саныырым: арай билигин Эйигинниин көрсө түһүүм, туох диэн этэр тыллаах буолуом этэй? Аҥаардас баарым иһин – күнү көрөр, кэрэни билэр, дьоннуун алтыһар дьолум иһин махтаныам этэ дуу, эбэтэр барыларын курдук буолбатахпар, хаан тардыытын билбэтэхпэр, удьуор утумугар угуйуллубатахпар буруйдуом этэ дуу? Дьылҕа суола, хахсаат кэм тыалыгар дылы, хайа диэки салайарын бэйэтэ билэн эрдэҕэ, ону сатаан салайар киһи өссө көстө илигэ буолуо. Манныкка түбэспиттэртэн маҥнайгы да, бүтэһик да буолбатахпыт, онон – үөр даҕаны, хомой даҕаны – ууруллубут ыйаах уларыйбат. * * * Оҕо сылдьан эн биһикки маҥнайгы көрсүһүүбүтүн төбөбөр араастаан ойуулаан көрөрүм: «Мин кэллим!» – диэн тылланан, илиибин утары ууммутунан, дьиэҥ боруогун атыллыыбын. Бары үөрэ түһэллэр, дьиэлээхтэр сүпсүгүрэллэр: кэргэниҥ алаадьы астаабытынан барар, инилэрим, сүүрэн кэлэннэр, төһө маарыннаһар эбиппитий диэбиттии, үөрэтэр харахтарынан сыныйа көрүтэлииллэр, оттон Эн, соһуйбуккун биллэрбэтэҕэ буола сатаан, олоҕум туһунан сиһилии сураспытынан бараҕын... Баҕар, оннук буолуон сөп этэ, ол эрээри, хомойуох иһин, эн биһикки күүтүүлээх көрсүһүүбүт, көрөрүҥ курдук – атын. * * * Томтор быара, киһи уҥуоҕа. Манна эрэ көрсүөхпүт диэн санаабатаҕым. Эрдэ эппиттэрэ эбээт: «Сүрэҕинэн мөлтөх үһү...» Аны кэлэн хайыамый, хараастыбыт быһыыбар халтайга хаарга тэпсэҥнии турдаҕым. Сааскы салгын үүрээри тииспэт, «баҕаҥ хоту тура түс, аны өтөрүнэн хаһан кэлиэҥий» дииргэ дылы, эппит тылын бигэргэтэрдии тыалын намыратар, тулам иһийэ түһэр, чуумпурар. Туора киһи тахса сылдьыбыт суола көстүбэт, ол эрээри уҥуоҕуҥ күрүөтэ-тулааһына оннугар, барыта даҕаны тиһэх уһуккун булбут сиргин көрө-истэ сылдьалларын туоһулуур. Бэл, атыттарга тэҥнээтэххэ, Эн сытар сириҥ ордук харайылларга дылы. Чэ, ол үчүгэй, үтүө олоҕу олордоҕуҥ, чугастарыҥ болҕомтолоро, Эйиэхэ сылаас сыһыаннара билиҥҥэ диэри уостубатах. * * * Дьэ, дорообо, Аҕам. Бу кэлэн турабын айбыт уолуҥ. Биирдэ эмэ «маннык киһилээх этим ээ» диэн курус гынан ылбытыҥ буолаарай? Өссө туох диэн эппит киһи... Истэриҥ дуу, суоҕа дуу? Киһи уҥуоҕар соҕотоҕун кэлэн саҥара турарым дьиксиннэриилээх, ол эрэн «бэйэм киһибэр» кэлбиппиттэн син туох эрэ хаххалаах курдук сананабын. Чэ, кэпсэтиэх, мин тиэтэйбэппин, күннээҕи түбүк баҕас күүтэ түһүө. Оттон эн бүтэн быстыбат түбүктэн уһун үйэлэргэ иллэҥсийдэҕиҥ. Туора кулгаах истибэт, туохтан үөрэрбин-хомойорбун ыһа-тоҕо кэпсээн биэриэхпин сөп. Кэпсэтиэх. * * * Олоруу кэминэн (бэйэҥ да көрөрүҥ буолуо?) Оҕо саас дьолун толору билбитим, ииппит ийэлээх аҕам – үтүө, дьоһун-мааны дьоннор – тугу кыайалларынан толору биэрбиттэрэ. Орто киһи наадыйара барыта баарга дылы – үөрэх, дьиэ-уот, оҕо-уруу, үлэ-хамнас. Эн эмиэ оннук толору олоҕу олордоҕуҥ. Арай биир былааннамматах «үтүөҥ» бу кэлэн турабын. Эчи, куһаҕантан киһи да күлэр. «Куһаҕан» диэн буолуо дуо, бэриллибит олох туохтааҕар даҕаны күндү буоллаҕа, Аҕаа. Бу көрсүһүүбүтүн ойуулуурбар (атына диэн, ол ойуулуурбар иккиэн тыыннаах курдук этибит), санаабар, тыл тиийбэт курдук буолара, оттон билигин туох диэхпин өйүм хоппот. Өссө тугу этиэмий? Биир тылга барытын батардахпына – дьоллоохпун. * * * Эн бэйэлээх «ойохтоох сылдьан ойдом оҕолонуом» диэн оройгор оҕустарбатах обургу буолуохтааххын. Былыр эбитэ буоллар, «сокуоннайа суох сыдьаан» аатыран, чиэскэ-бочуокка соччо-бачча тиксибэтим чуолкай. Хата, аһыныгас аныгы кэмҥэ ананан кэлбит дьолбор, эрдэҕэс оҕо эрдэхпиттэн, кимтэн-хантан төрөөн-үөскээн кэлбиппин билиэхпиттэн, «туспаҕын» диэн туйгуннартан туора тутуллубатаҕым, «атыҥҥын» диэн аатырбыттартан сирэй-харах анньыллыбатаҕым. Билигин оннугунан дьону соһуппаккын, урут даҕаны, аны даҕаны итиниэхэ маарынныыр буолан эрдэҕэ. Ол курдук отуттуур саастарбар диэри олорон кэллим. * * * Көрдөөбүтүм. Уһуннук, бэриниилээхтик, эрэнэн. «Онно баар үһү», «Үлэтэ суох сылдьар буолуохтаах», «Убайа хоту барда этэ дуу» – билэрим элбэҕэ суох, барыта сурах эрэ хоту. Кыра-кыралаан, сыымайдаан, мунньан-тараан син наадыйарбын билбитим. Чугас да сылдьыбыт эбиккин! Өр кэм көрдөөбүтүн булбут киһи эт атаҕынан даҕаны уһаппакка-кэҥэппэккэ тута сүүрэн тиийиэх баар этэ. Ол эрээри оччолорго сүрэхпэр дьикти уолуйуу олохсуйбута. Тугу этэбин? Хайдах көрсүөй? Тоҕо көрдөөбүт муҥмунуй? Мин бэйэлээҕинэн итэҕэстэммэтэ ини? Арай буор иһээччи буоллун? Сүүс ыйытыыбар саатар биир хоруйу булан уолуйуубун сүрэхпиттэн сатаан киэр үүрбэтэҕим. Билигин ол кэмим эргийбэт, ыйытыыларым тулаайах хааллахтара. * * * Эйиэхэ хом санаалаах үһүбүн, ону «ама, оннук буоллаҕай, махтана эрэ саныыбын» диэн мэлдьэһэн көрбүтүм даҕаны, ол хом санаам, бэйэм билбэппинэн, өйүм түгэҕэр үөн буолан кирийэн, өр сыллар тухары санаабын сии сытар үһү. Баҕар, чахчы даҕаны, оннук буолуо, айылҕалаах дьон билэн-көрөн эрдэхтэрэ. Мин санаам маннык: «Оҕобун бэйэбэр аҕалыҥ!» – диэбэтэргин даҕаны (диэбэтэҕиҥ ордук да курдук), төһөтүн да иһин, син бэйэм хааным диэн, ыйытан-сураһан, билсэн көрүөххүн сөп этэ. «Айбыт эрэ абыраллааххын» диэн, ама, ким үүрэн ыытыай?! Суох, төрөөн тахсааппын кытары суолум эн таскыттан сойо охсубутугар улаханнык сонньуйбатаххын ээ, быһыыта. Эбэтэр, төттөрүтүн, кыһыйан-абаран кыһалла сатыыр санааҕын туораттан кыттыһан кыдыйан кэбистилэр дуу? Дьулуһар киһи син ситиһиэ эбитэ буолуо... Аны кэлэн ким бэйэтэ тылланан уруккуну-хойуккуну хасыһа барыай, хааллаҕа ол. * * * Эн бу олохтон туоруургар туох толкуйу аргыс оҥостон букатыннаахтык бардыҥ? Тыыннааххар туох туһунан ордук ылларан саныыр этигиний? Баҕар, көҥүллүк көтөр толкуйдарбыт дьүөрэлии соҕустара дуу? Аны кэлэн ким ону барытын кэпсээн биэриэй... Атыттартан бу диэн улахан уратыта суох дьылҕалаах киһи буоллаҕыҥ, ол эрэн бэйэ киэнэ син биир туспа, ураты, хатыламмат. Ону барытын билэн, ылынан, испэр кистээн иҥэринэн сылдьыах баҕам хааллаҕа. Бу бааргын, чугаскын, төрөппүт Аҕам буолаҕын, ол эрэн Эн тускунан тугу да билбэппин, эн олоххуттан тугу эмэ тутан ылан суолдьут оҥосторум, тутуһан хааларым суоҕа. Ол иһин мунарым, ол иһин дохсун сүүрүк быһа охсоро. Долгуйума, билигин бэйэм сиэтэр уонна сирдиир киһилээхпин, быйыл сэттэтин туолла. Хаһан эмэ эн тускунан кэпсиэм. Баҕар. * * * Көр, киһи олоҕо олус түргэн эбит ээ: эн иннигинэ үйэлэр тухары тыһыынчанан дьон көрсүһэн, сөбүлэһэн, оҕо-уруу төрөтөн, хааннарын хаҥатан, уһаан-тэнийэн олорон ааспыттара. Ол түмүгэр эн кэлбитиҥ, онтон ийэбин кытары көрсүһэн биир күлүм-чаҕыл түгэҥҥэ миигин айдаххыт, ол курдук ситим салҕанан бара турар. Арай, абарарым диэн, «өбүгэлэрим» диэн өрө тутуох, киэн туттуох ааттарым суохтар. Үүнэр маһы туора силиһинэн, кини сүүстэ даҕаны үтүө буоллун, ситэрэн-солбуйан биэрбэккин. Онон бэйэм удьуорбун бэйэбиттэн саҕалаатаҕым буолуохтун. * * * Махтанабын. Төһөтүн да иһин, Эн баар буолаҥҥын мин салҕаннаҕым. Эн ыар баттыккын өйөнсүбэтэхпиттэн хомойобун, махтанар тылбын бэйэҕэр тиэрдибэтэхпиттэн кэмсинэбин. Баарыҥ буоллар, мин ситиһиилэрбиттэн кынаттаныаҥ этэ дуо? Алҕастарбыттан аҕам курдук абарыаҥ этэ дуо? Олоҕум тухары, төһө даҕаны дьулайдарбын, Эйигин көрсөргө дьулуһарым. Хойутаабыт көрсүһүүбүт иһин – бырастыы. * * * Киэһэрдэ. Сылаас хааннаах киһи мантан барыым, дьонум даҕаны сүтэрэн эрдэхтэрэ. Арай, бу кэпсэтиибитин сурукка тиһэн хаһыакка ыытан көрүүм – хайдах дии саныыгын? Биир эмэ эр бэрдэ «хаалларан барбыт оҕом бу курдук миигин көрдөөн эрдэҕэ буолуо» диэн, утары хардыы оҥорон, иккиэннэрин хаайан эрэйдиир эркини тоҕо көтүө, оччоҕуна эн биһикки курдук хойутаан хоргута сылдьыахтара суох этэ. Хаан хааҥҥа тардыһар, ол сөп. Өссө таарыйа сылдьыам дуо? Баҕардар, кэлин, хаһан эмэ. Сытар сиргин кытары Эйигин бэйэбэр – сүрэхпэр – эмиэ буллум, көрдөөн айманарым ааста. * * * Олох – хара маҥнайгыттан охсуһуу, олоххо тиксиэн баҕалаах элбэх, ол эрэн бу сиргэ төкүнүйэн түстэххинэ эрэ «кэллим» диигин. Мин Эн баар буолаҥҥын кэлбитим. Ситим салҕанар. Быраһаай. Хаарыан оҕоҥ Хара Хопто.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан