Кэпсээ
Войти Регистрация

Санаа ымыыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Санаа ымыыта

K
19.09.2022 13:01
   Миитэрэй уһуктан кэлбитэ, таһырдьааҥҥы лаампа уота «бу да эһиэхэ сөп буолуо» диэбиттии, хос иһин барбах сырдатара. Киэҥ орон бэтэрээ кытыытыгар сытан, кэннигэр ким эрэ сыстан сытарын биллэ.      Уруккута эбитэ буоллар, соһуйан, дьик гына түһүө эбитэ буолуо. Ол эрээри бэркэ билэр: көхсүгэр Амелия барахсан икки эмиийинэн ыга сыстан, сонос илиитинэн сып-сылаастык кууһан сытарын, оттон сып-сымнаҕас ньуолах түү көп сирин угуттаан, имэҥ-дьалыҥ көрдүгэнэ буолан, иһийэн-дьылыйан хаалбытын. Хос иһэ эдэр дьахтар ураты дьикти, көҕүттэр көҕүтэ туруох абылаҥнаах сытынан туолбут. Ок-сиэ, ырайдарын олоҕо диэн бу буоллаҕа! Тугун баҕас үчүгэйэй – күөгэлдьигэс бу түөһү, ласпайбыт бу самыыны! Миитэрэй Амелия диэки хайыспытыгар эдэр дьахтар бураллыбыт хойуу баттаҕа сирэйин, моонньун кычыгылата оонньоото. Ханан да кырыы диэни билбэтэх мөчөөркөй тобугунан үөрүйэхтик бигээн көрө-көрө силэйэн, эр киһи күҥҥэ аҕыйахтык таһаарар добуруо тэрилин өрүтэ сүгүллэҥнэттэ. Дьэ, Орто туруу-бараан дойду туох эмэ үчүгэйдээх, умсугутардаах буоллаҕына, ама, бу түгэн онно хайдах киирсибэт буолуоҕай! Баҕара, бүтэйдии ымсыыра санаабытыҥ барыта субу баар эбээт!    Миитэрэй сүрэҕэ бастаан утаа атый-атый гына нүөлүй­тэлээн ылла, онтон туох эппитэ баарай – бүллүргэччи тэбиэлээн барбыта. Таһыр­дьааҥ­ҥы лаампа симик сырдыгар эдэр дьахтар киэҥ хараҕа имэҥ-дьалыҥ уотунан оонньообута ырааппыт этэ... Соруйтара барбатаҕа, эр киһи обургу, төһө да сааһырдар, кыырда киирбитэ: таптаһарга анаан оҥоһуллубут обуйукаан уостарга омуннаахтык түһүөлээбитинэн барбыта. Ок-сиэ, били, бэҕэһээҥҥэ диэри былыттаахха быкпат кырыллыбытынан кыыс оҕо курдук аргыый аҕай хамсанар, килбик баҕайытык умса көрөн кэбиһэр Амелията бу үөл-дьүөлгэ туттара дьороҕойун, симиттибэтин ньии. Ханна да халбарыппаттыы хам кууһан, бэл, атаҕынан кыаһылыыр кэриэтэ олуйан, биллэр-биллибэт тыаллаахха хантан эрэ күүһүрэн кэлэр долгуннуу, күөгэҥнээбитинэн, эппэҥнээбитинэн барбыта кэрэтии-ин! Өрүү да бу курдук минньигэс, сүрэҕи өрүкүтэ көтүтэр түгэн үүнэ турдун, үүнэ турдуун!   * * *    «Олус да улааппыккын, олус да тупсубуккун, сүрэхтиин сөбүлээтим, дууһалыын долгуйдум...» диэн ырыа тыллара хантан эрэ кутуллан түһэргэ дылы гыннылар. Дьэ, кырдьык, бэҕэһээ курдук этэ дии сэрбэллибит баттахтаах, буспут моонньоҕон курдук хап-харанан чоҥооруччу көрбүт кыысчаан Миитэрэй быһан биэрбит бискибиит туордун аны таҥаспар биһиэм диэбиттии, сэрэнэ-сэрэнэ сии олороро. Уу, оччолорго үһүс дуу, төрдүс дуу кылааска үөрэнэр быһыылааҕа: тастыҥ балта Лерочкаҕа – Миитэрэйдээх баар-суох атаах кыыстарыгар – күн аайы кэриэтэ киирэн Барби куукуланан оонньуура. Ол бэйэтэ бу лаппа сааһырбыт күтүөтүн кытта хоойго сытар холоонноох хотун кэриэтэ сананан, ийэттэн төрөөбүтүнэн налыйан-наскыйан, адьас тэҥ саастааҕын курдук имэрийэ-томоруйа, талбытынан таптыы, көҕүтэ сыттаҕа. Кыыс оҕо барахсан түргэнник да ситэр эбит – омуннаан эттэххэ, чыпчылыйыаҥ эрэ кэрэх. Оччолорго Миитэрэйгэ ким эмэ «аны отуттан тахса сылынан бу оҕону кытта өйгүн сүтэриэххэр диэри таптаһыаҥ» диэбитэ буоллар, хайдах-туох буолан туруо биллибэт этэ. Бука, иһити-хомуоһу садаҕалыахха диэри сутурҕалаһан, үйэ-саас тухары өстөһөн арахсыахтара эбитэ буолуо. Эр киһи обургу, элээмэтэ да хааллар, имэҥ-дьалыҥ сибикитэ биллиэ эрэ кэрэх – курааҥҥа, тыаллаахха көрдүгэн сириэдийэн тахсарыныы, кытыастыбытынан, күөдьүйбүтүнэн барар буоллаҕа үһү. Сылдьыбыта эбээт Амелията да суох. Туох үлүгэрдээх төһүүлээн таһааран, бу курдук өйө-төйө суох өрүкүйэ көттөҕөй?!    Дьылҕата оннуга эбитэ дуу? Алевтинатын кытары балай эмэ уһуннук олорбуттара. Ол эрээри өйү сүтэриэххэ диэри таптаһан буолбакка, «эн – миэхэ, мин эйиэхэ наадалаахпын» диэн санааҕа салайтаран, өссө да уһуннук олоруохтара эбитэ буолуо. Холбоспут бастакы нэдиэлэлэриттэн өйдөспөт быһыы-майгы дириҥээтэр дириҥээн, устунан олохторо-дьаһахтара куодаланан барбытын билбэккэ да хаалбыттара. Иирсээннэрэ күүһүрэн, ардыгар уостан да ыллар, «оҕолоохпут, онтубутун көрүөх-харайыах, киһи гына иитэн таһаарыах тустаахпыт» диэн, биир сүрүн санаалаахтара. Кыыстара Валерия өр күүттэрбэтэҕэ: сиппитэ-хоппута, сөбүлүүр идэтигэр үөрэнэн исписэлиис бэрдэ буолбута, кэргэннэммитэ, оҕолордоммута...    Мантан үөрүөххэ-көтүөххэ эрэ сөбө буолуо: сиэн оҕолор минньигэс сыттара дэлэкэлээх үчүгэй дуо. Баҕар, Лераларын кытта биир дьиэҕэ, саатар биир куоракка олорбуттара буоллар, олохторун суола ити курдук тыргыллыа да этэ. Ону баара, куодалаах мас хайдах хаачыстыбалааҕа өр дуу, өтөр дуу син биир биллэн тахсар. Маҥнай ким таҥнарбытын быһаарса барбатахтара. Хайа-хайаларыттан «уҥа-хаҥас» сырыы баар буолбутун иккиэн да билэллэрэ, ол эрээри сирэй-харах анньыһыы суоҕа. Дьиктитэ диэн, хаһан эмэ эйэргэһэн, эдэр эрдэҕинээҕилэрин эргитэн ылар сэргэх кэмнээхтэрэ. Ол эрээри – быстах кэмҥэ эрэ. Ити курдук олоро сатаан баран, биир күн Алевтината малын-салын хомунан, Миитэрэй хаһан да харахтаабатах сулардыы бытыктаах мааны киһитин иномаркатыгар олорсон айанныы турбута. Ол айыыта онон. Бэл, сууттаһа да барбатахтара.   Дьэ, онтон бэттэх бу икки хостоох кыбартыыраҕа Миитэрэй соҕотоҕун олорор. Хам-түм кыыһа Лера хомондьуруопкаҕа охсуллан ааһар. Хоммот, ону-маны кэпсэппитэ буола түһэн баран, таксыы сакаастаан, ханна эрэ сус гынан хаалар. Кыыһын кэпсээниттэн сылыктаатаҕына, сиэннэрэ улааппыттар, ол эрээри эһэлээх эбэлэригэр төрүт да наадыйбат дьон буолбуттар быһыылаах. Хайыаҥ баарай, кинилэр эмиэ туспа олохтоох, туох эрэ кыһалҕалаах дьон буоллахтара эбээт. * * *   Миитэрэй Амелия оҕо эрдэ­ҕинээҕитин санаатаҕына, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолан ылар. Хайдах манныкка тиийэн хаалбыт бэйэккэтэй?! Хаһааҥҥыта эрэ мааны күтүөлэрэ этэ эбээт. Аймах-билэ дьоно, ордук эдэр дьахтар ийэлээх аҕата биллэхтэринэ, туох диэн туруохтарай? Сөбүлээбэттэрэ баҕас чуолкай, кэлэйиэхтэрэ, үйэ-саас тухары абааһы көрүөхтэрэ буоллаҕа. Дьон тыла-өһө хоноруттан ордук, ама, туох куһаҕан баар буолуой.    Эр киһи хараҕар мунчаарыы күлүгэ түспүтүн билбэттээх буолуо дуо Амелия барахсан, инчэҕэй сылаас уоһун даҕайан, санаа-оноо дьуоҕаран эрэрин супту оборон ылардыы, өссө ыкса сыстыбыта. Ол аайы Миитэрэй эт-этэ дьигиргээн, баччааҥҥа диэри уоскуйан, налбыйан хаалбыт этэ-сиинэ уһуктан, саппахтаах санаа бүтэһиктээхтик кыйданан, эр бэрдэ илэ бэйэтинэн буола түспүтэ. Суохтаабыт да эбит дьахтар барахсан ис-иһиттэн, чахчы, имэҥнээхтик таптыырын; астыммыт-дуоһуйбут котоку махталын биллэрэн, ыга сыстан, иһийэн хааларын уонна эмиэ нарыын-нарын тарбахтарынан таарыйан, ханна эрэ – үрдүккэ өрүкүнэтэн таһаарарын.    Бу сытан санаатаҕына, Алевтината, Амелияҕа холоотоххо, олус да дьарамай, быыкайкаан эбит. Ардыгар, түүнүн уһуктан кэллэҕинэ, кэргэнэ түүрүллүөҕүнэн-түүрүллэн, букатын даҕаны орон биир уһугар тиийэн сытар буолара. Миитэрэйгэ наар «тугу эрэ сыыһа туттан, аны оһоллоон дуу, хайаан дуу кэбиһиэм» диэн санаа киирэн сордуура. Ол иһин да буолуо, таптаһа да сытан булгуччу туохтан эрэ иҥнэрэ: хайаан да туох эрэ мэһэйдиир баара.    Амелия иккис кэргэниттэн былырыын арахсыбыта. Бастакыта, тас көстүүтүнэн кырасыабайын аанньа, арыгыһыта бэрт этэ: күн өрөөбөккө иһэрэ. Аны күнүүһүтэ тулуппакка, сөп буола-буола сутуругунан «ыаллыыра». Сылтан ордук олорон баран, суутунан арахсыбыттара. Оҕоломмотохторо. Иккис эрэ Эдик биир дьикти ыччат этэ. Хатыгырайан түһэн бып-быыкаа, манна – кини, онно – кини. Биир сиргэ түптээн үлэлээбэт: атынтан атыҥҥа көс да көс. Амелияны кытта тэҥнии туттахха, көҕөннөөх чыркымай курдуктара. Хотун ойоҕо наҕыл, туохха да уолуһуйбат холку буоллаҕына, элик бэрдэ Эдик сааскы чырып курдук биир кэм тырыбынайан олороро. Сол курдук түргэнник арахсыбыттара. Саахсаламматах, эбиитин оҕото суох буолан, онтулара туох да эрэйэ суох быһаарыллыбыта.   * * *    Миитэрэй Амелияҕа ха­һааҥ­ҥыттан ылларбытын бу диэн өйдөөбөт. Устудьуоннуур сылларыгар кыыс эдьиийин аахха куруук сылдьара, сороҕор субуотаҕа кэлэн, өрөөн барара. Биирдэ Алевтина чугастааҕы улууска олорор эдьиийин аахха айаннаабыта. Оруобуна субуота күн Амелия, үгэһинэн, хоно кэлбитэ. Өрүү сылдьа үөрүйэх буолан, кыыс киирээт, таҥаһын уларыттар түбүгэр түспүтэ. «Күтүөм эрэйдээх кырдьаҕас киһи» диэтэҕэ буолуо: хос аанын саппакка да туран дисиинсэ ыстаанын устубута, хоппуруон колгуокката мырчыстыбытын көннөрүнэн аа-дьуо үөһэ тардыммыта, икки ытыһынан хардары-таары буутун имэриммэхтээбитэ; таапачыкатын кэтээри төҥкөйбүтүгэр көп этин барбах хаххалыыр үрүҥ стрингэтэ бу кылбас гыммыта.    Амелия кэллэҕинэ, наар саалаҕа тэлэбиисэр көрө сытан, онтун араарбакка да утуйааччы. Бу да сырыыга «ужастаах» киинэни хойукка диэри көрбүтэ быһыылааҕа. Арай Миитэрэй түүн үөһэ уһуктан кэлбитэ – кыыһа саҥа-иҥэ бөҕөтүн түһэрэ сытар! Эмиэ да ыҥыранар, эмиэ да энэлийэн ылар – баттаппыт! Түргэн үлүгэрдик тиийэн тардыалаабытыгар кыыһа уолуйан өлө сыспыта: онто да суох киэҥ хараҕа өссө эбии кэҥээбиккэ дылы буолбут, эбиитин уҥуоҕа сап-салҕалас. Ол кэнниттэн суорҕанын туппутунан кэлэн, Миитэрэйи кытта сыппыта. «Абааһы уунан тиийбэт сиригэр – улаҕа» сытан кутталыттан күтүөтүн хам кууспута...    Миитэрэй, дьэ, манна билбитэ кэргэнин балта эт туппутун, этэргэ дылы, буутун этэ буспутун, холун этэ хойдубутун. Онно сибэтиилинньик симик уотугар кыыс туналы маҥан этин көрөн, нохтолоох сүрэҕэ аан бастаан бүллүргэччи тэппитэ, эт-этэ атыйталаан ылбыта. Амелия күтүөтүн көмүскэлигэр киирбит киһи киэбинэн туох да кыһалҕата суох утуйан буккуратара. Эр киһи ымсыырбыт-баҕарбыт хараҕа талбыт сиринэн сүүрэкэлиирин сэрэйбэтэҕэ.    Сарсыарда сирэй-сирэйдэрин таба көрсүбэккэ олорон чэйдээбиттэрэ, хайа-хайаларыгар симиттии сибиэнэ биллэргэ дылыта. Амелия тугу санаабытын Миитэрэй билбэт, оттон бэйэтэ «хаарыаны ньии» диэн санааҕа ылларан, сүрэҕэ нүөлүйтэлээбитэ.    Ол хаарыаннаах түгэнэ бэҕэһээ киэһэ дьэ үүммүтэ. Амелия дойдутуттан күтүөтүгэр кэлбитэ. Ахтыспыт, дьылҕалара атылыы соҕус дьон туох да үгүс-элбэх кэпсэтиитэ суох аан таһыгар туран куустуспуттара уонна өөр да өр убураспыттара...   БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан