Кэпсээ
Войти Регистрация

Сэттээх сир

Главная / Кэпсээн арааһа / Сэттээх сир

K
19.09.2022 12:54
   Ааспыт кэм 80-с сылларыгар буолбут түбэлтэни Халы­маттан төрүттээх доҕорум Ньукулай кэпсээбитэ.        Ньукулай аах табаларын ыстаадата биһи­ги сопхуоспут аттыгар баара, онон түгэн көһүннэр эрэ бэйэ-бэйэбитигэр ыалдьыттаан, ол-бу түбэлтэлэри кэпсэтэн ааһааччыбыт. Дьэ, биир күн доҕорум маннык кэпсээннээх буолла. «Халыма, Муома сирдэригэр хайалар быыстарыгар былыргы ГУЛАГ «Дальстрой» саҕанааҕы кыра бөһүөлэктэр үгүстэр, суолга киһи дьардьаматын уҥуохтара, кырамталар көстө сытар буолааччылар. Кырдьаҕас табаһыт эбээннэр кэпсииллэринэн, ГУЛАГ дьиэтэ быраҕыллан ырааппытын да кэннэ, арыт-ардыгар түүн буоллар эрэ бөһүөлэктэн хормуоска тыаһа, дьон аймалаһара, сороҕор ырыа даҕаны иһиллэн ылар үһү. Ону биһиги аныгы дьон буолан дуу, итэҕэйбэккэ, куттаммакка кулгаахпыт таһынан истээччибит. Ол эрээри...    Биир күһүн абаҕабыныын ыс­таадаларбы­тыттан бэрт чугас бы­лыргы бөһүөлэккэ бардыбыт. Дьиэлэр үксэ истиэнэлэрэ «Советская Колыма» диэн хаһыа­тынан сыбаммыт эбит. Ону тэҥэ барыта Сталин оҕонньор хаартыската. Арай киһи хараҕар быра­ҕыллар таас дьиэтэ турарын өй­дөөн көрдүбүт. Абаҕам дьиэ халҕанын иэччэҕин олус ымсыыра көрдө. Туруохпут дуо, көмөлөөн көтүрбүтүнэн бардыбыт. Иэччэх былыргылыы наһаа сиэдэрэй оҥо­һуулааҕын бэркиһии көрбүп­пүт. Мин эмиэ бачча кэлбиччэ, таах быраҕыллан сытар былыргы оҥоһуулаах олох маһы илдьэ бардым.    Дьиэбитигэр тиийбит киэһэ­битигэр, хайа эрэ табаһыт соһуч­чу ыалдьан, дэриэбинэбитигэр бөр­төлүөт көтөн кэллэ. Ол саҕана көтөр аал мээнэ сылдьыбат буол­лаҕа, улахан наадаҕа эрэ сылдьааччы. Абаҕам ол ыалдьыбыт та­баһыкка барсар.    Бэйэбит хаалан, балааккаҕа хоно сыттыбыт: ийэм, балтыларым уонна икки табаһыт буолан.    Арай ийэм Өлөөнө эмээхсин хаһыытыы-хаһыытыы уһугуннара­рыттан соһуйан, олоро биэрдим. Оҕо­лор барахсаттар куттанан, ыта­һыы-соҥоһуу бөҕөтө буоллулар.    Иһиттэхпинэ, таһырдьаттан ба­лаакканы маһынан сынньаллар, би­һи­гини, сытар дьону, балаакка нөҥүө тэбиэлииллэр, нууччалыы саҥара-саҥара маат-куут кы­таа­­наҕын этэллэрэ кулгаахпар субу баарга дылы. Элбэх киһи саҥа­рарын курдук иһиллэрэ: «Кто взял задвижку, немедленно верните, нам же холодно!». Соһуччута бэрдиттэн тугу гыныахпытын билбэккэ эрэйдэнэн, куттанан син өр олорбуппут. Табаһыт уолбут, син өй ылан, ыксаан, үөһэ диэки саа­нан ытыалаата даҕаны, ана­раа­ларбыт куттанар сибикилэрэ биллибэт. Тэбиэлээбиттэрин, маа­тыралаабыттарын курдук салгыы хатыланан турда. Ийэм барахсан уолуйан хаалла, «тугу ылбыккытый? Биэриҥ!» диэн ха­һыы­тыы олордо. Мин «Бүөтүр аан иэччэҕин илдьэ баран хаалбыта ээ» диэн хоруйдааччы буоллум.    Аймалҕан быыһыгар чүмэчи, кыраһыыннаах лаампа умата сатыыбыт да, дьиктиргиэх иһин, умулла тураллар. Таһырдьаны ха­йа­быт даҕаны куттанан өҥөй­бөтө. Ийэм ыксаан, оһоххо сыа-алаадьы бырахта.   Халлаан сырдыар диэри итинник моһуоктанныбыт. Сарсыарданан уоскуйан, саҥалара-иҥэлэрэ уостан им-ньим буолла – «барбыттар» эбит. Бөһүөлэктэн араассыйанан Бүөтүрү кытта сибээскэ тахсан «иэччэҕи аҕала оҕус» диэн биллэрдибит.    Биһиэнэ биһиэнин курдук, ар­дах-самыыр тохтообокко курулаата. Онон, бөртөлүөппүт кыайан кэлбэккэ муҥнаата. Били «ыалдьыттарбыт» иккис-үһүс түүн­нэргэ эмиэ кэлэн, үүт-үкчү маҥ­найгы түүннэрин курдук сор­дообуттара. Ити «буолуохсуттар» биир эрэ кэмҥэ кэлэллэр этэ – күн киириитэ, им-ньим буолуута.   Били, аан иэччэҕин кытары тэҥҥэ булбут олох маспыт бастакы муҥнаах түүн кэннэ суох буолбут этэ.    Бөртөлүөт үһүс күҥҥэ, дьэ, кэлбитэ. Айдаан тахсыбытын ис­тэн, бөһүөлэктэн сэбиэт дьоно кэлсибиттэрэ. Ол күн тута Бүө­түр ыыппыт иэччэҕин элбэх буолан тиийэннэр, уоту алҕаан, көр­дөһөн, алы гыннаран оннугар уурбуппут. Ыстаадабытын ити сир­тэн түргэнник көһөрөргө кү­һэл­либиппит.  Ол кэнниттэн икки сылы быһа сүгүн утуйбат буола сылдьыбытым. Били «түүҥҥү ыалдьыттар» кыыһырбыт-абарбыт саҥалара, тоҥмут, кэлэйбит ынчыктара өйбүттэн-санаабыттан арахпакка өргө диэри сылдьыбыта. Сүүрбэ саа­һым туола илигиттэн баттаҕым одоҥ-додоҥ маҥхайан киирэн барбыта.    Ньукулай сонньуйан, санаар­ҕаан кэпсии олороруттан көр­дөххө, кырдьык, биллибэт былыргы малы-салы тыытар, илдьэ барар сэрэхтээх. Киһи бэйэтин малыгар кутун-сүрүн сорҕото, санаата-оноото иҥэн хаалар бы­һыы­­лаах. Ол хас да үйэ, кэм аастын тутулуга суох сылдьар бы­һыылаах. Ким билиэҕэй, сэрэхтээх, сиэрдээх буолуох.   Сардаҥа БОРИСОВА.
kyym.ru сайтан