Кэпсээ
Войти Регистрация

Биһиэнэ буолан баран, кэм да аһара дайбатыылаах…

Главная / Кэпсээн арааһа / Биһиэнэ буолан баран, кэм да аһара дайбатыылаах…

K
edersaas.ru Категорията суох
30.09.2022 09:37
Биһиги көлүөнэ, сэбиэскэй кэм оҕолоро, сэриилэһэ оонньуурбутун, сэриилээх киинэни көрөрбүтүн сөбүлүүрбүт. Биһиэннэрэ, сэбиэскэй саллааттар, фашист ньиэмэстэри кыдыйалларын айахпытын атан олорон көрө-көрө астыныы, өрүкүйүү бөҕө буоларбыт. Оччотооҕу көлүөнэ саха омук Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ фроҥҥа, тыылга ахсаанын аҥаарын кэриэтэ сүтэрдэр, аҕаларбыт, ийэлэрбит, убайдарбыт, эдьиийдэрбит Улуу Кыайыы көтөллөөх, сир үрдүгэр хара дьайдаах фашизм, нацизм аны хаһан да күөрэйбэтигэр эрэллээх ыстахаанабыстыы үлэҕэ харыларын ньыппарынан туруммуттара. Кырдьык, мин үйэм аны 20 сылынан хомуньууһумҥа олорор итэҕэллээх, кэлин сайдыылаах социализмы тутар сыаллаах эйэлээх, дьоллоох олох этэ. Этэ эрэ диирбэр тиийэбин. Үйэбин моҥуурум саҕана, аҕа көлүөнэ ырыаһыт Лев Попов унаарытарыныы, күннээх хара саһыл үөскээбэт, күннээх Украина сиригэр өлөрүүлээх-өһөрүүлээх сэрии уота күүдэпчилэннэ. Былыргылыы эттэхпинэ, Эмиэрикэ, Аангылыйа импэрийэлиистэрэ, Гитлер сэриитин үрдүк сололоох генерала, СС группенфюрера Фриц фон Шольц ыамата, сиэнэ Олаф Шольц канцлердаах Германия Дьобуруопа дойдуларын үлтү түүрэйдээн кыттыһыннаран, Украина националистарын, бандеровецтары, азовецтары, батьковщиналары, о.д.а иитиэхтээн таһааран, атахтарыгар туруоран, сэптээн-сэбиргэллээн Арассыыйаны утары өлөрүүлээх-өһөрүүлээх сэриигэ туруордулар. Фашизм, нацизм иккистээн баһын өндөтөн, күөрэйэн таҕыста. Аныгы сэрии хайдах курдук суостааҕын, кырыктааҕын күннэтэ тэлэбиисэринэн көрө, генерал Конашенков тимир-тамыр кэпсээнин истэ-билэ олоробут. Урукку курдук окуопаланан, блиндажтанан, сир анныгар, уу түгэҕэр дугуйданан, халлааҥҥа харбаһан да ордубаккын. Маннык сэриигэ өй-санаа, билии-көрүү, эт-хаан өттүнэн эргиччи сайдыылаах, байыаннай дьыаланы, сэриилэһии аныгы ускуустубатын толору баһылаабыт, чыпчылҕан түгэнигэр быһаарыныыны ылынар дьоҕурдаах, сатабыллаах эрэ сэрииһиттэр дьыаланы быһаарар кыахтаахтар. Ол да иһин, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ, Кылаабынай Верховнай командующай В. Путин дойдуга байыаннай балаһыанньаны буолбакка, быстах өрүттээх мобилизацияны биллэриитинэн, бастатан туран, аармыйаҕа сулууспалаабыт, сааһынан сөп түбэһэр, эбии үөрэтиигэ наадыйбат, армейскай сатабылларын (навыктарын) ыһыкта, умна илик ВДВ-га, муора пехотатыгар, танковай, артиллерийскай, ракетнай чаастарга сулууспалаабыттар, снайпер, связист, программист идэлээхтэр бэбиэскэнэн ыҥырыллыахтаахтара, аҥаар кырыытыттан буолбакка. Бу сырыыга аһара дайбаатылар, 100-тэн тахса хомуурга «сыыһа» ыҥырыллыбыттар Хабаровскайтан сөмөлүөтүнэн төттөрү утаарылыннылар. Онно эппиттэринэн, бу «саарбах» военкомнар сыыппараны эрэ толоро сатааһыннара дуо? Бу үлүгэр кыстык кыһалҕата ыкпыт кэмигэр… Манна диэн эттэххэ, сыыһа-халты дьа­һайыы иһин Магадан уобалаһын военкомун дуоһунаһыттан устубуттар…
edersaas.ru сайтан