Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сор аана
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сор аана
K
edersaas.ru
Категорията суох
29.09.2022 21:14
Ардаҕа суох кураайы сайын оройо үүммүтэ. От иинэҕэhэ, ол да буоллар үүммүт от ситэн, дьон окко туруммута. Алдьархайдаах иэдээн ыган иhэр сибикитин сэрэйбэккэ, эдэр дьон күлэ-үөрэ үлэ үөhүгэр түспүтэ. Аҕыйах кэбиhиилээх от тураатын кытта, кэмнээх-кэрдиилээх курдук, уоттаах сэрии улуу дойдуну уоттуу салаан барбыта. Сайын сэриини кытта тэҥҥэ уларыйбыта, күнүн көрдөҕүнэ тыалыран силбиэтэнэрэ. Киhи дууhатын амньырытар тоҥ былыттардаах тымныы күннэрдээх сайыҥҥа кубулуйбута. Төрүт да иинэҕэстик үүммүт от куурбута, хаппыта. Дьон эдэрэ сэрии кэмин уталытыллыбат балаhыанньатынан, фроҥҥа ыҥырыллан, тоҕо тардыллыбыт харах уутун аhыытын ортотугар, саба халыйбыт алдьархай быыhыгар сэриигэ аттаммыта. Холкуос кураанахсыйбыта, дьоно-сэргэтэ аҕыйаабыта. Иэдээн дьиэни, ыалы барытын өҥөйбүтэ. Саатар байыаннай балаһыанньа диэн, дьону дьонун кытта бырастыылаhыннарар бириэмэ, көҥүл биэрбэккэ, хаайыылаахтары тутан ылан илдьэр курдук, хаҕыстык хомуйан, грузовой массыынаҕа ыган-түүрэн олордон илдьэ барбыттара. Ол хаалааччылар өйдөрүн-төйдөрүн ытыйбыта, санааларын быспыта. Үүйэ кэргэнэ Ылдьаа быраатынаан иккиэн арҕаа уотунан силлиэрбит сэриигэ бастакы хомуурга барбыттара. Сэриигэ аттанааччылар бары Гитлер хааннаах фашист үөннэрин үөрэҕэстээн баран, сотору эргиллэн кэлиэхпит диэн эрэл санаалаах бараахтаабыттара да, хастара ол уот олгуйтан ордон кэлээхтииллэр. Үүйэ кэргэнэ: «Төннүбэт дьылҕаланнахпына, эн миигин аhыйан, ытыы-соҥуу соҕотоҕун сылдьаайаҕын, кэргэн тахсан, олохто олороор», — диэхтээбитэ. Холкуос сүөhүтэ кыстыгы ahapa кырыымчыктык кыстыыра сабаҕаламмыта. От былаанын аҥаара эрэ оттоммута, ону да төрдүгэhэ, иҥэмтиэтэ cyoҕa буолбута, аhыҥа сиэн иэдэппитэ. «Сырдык суола» холкуос бырабылыанньата, бэрэссэдээтэл Андрей Семенович ыксааннар, нэhилиэк күөллэрин хомустарын салааны да ордорбокко ходуйарга, үрэххэ былах, хатыҥ мастары суулларан намчы лабааларын быhан, сүөhүгэ сиэтэргэ эппиттэрэ. Анал биригээдэ тэрийэн, хатыҥ лабаатыттан сиилэс охсон барбыттара. Ол дьаhалы ылынан Сэлип оҕонньор бэйэтин алааhын бөдөҥ күөлүн хомуhун ходуйа сылдьан, дулҕаттан иҥнэн тымныы ууга таҥастары-майдары бар гына түспүтэ. Киниэхэ көмөҕө Лэгиэни ыыппыттара түбэhэ кэлэн, уот оттон, онно иттэн, оҕонньор, хата, тымныйбатаҕа. Лэгиэн уус бу эрэ күн хомус ходуйа кэлбитэ. Дьиҥэр, бэйэтин тустаах үлэтэ өрүү элбэҕэ, уус киhи уhанар кыhата хаhан да сөҕүрүйбэккэ өрүү кытыаста кыыhара. Тимири балталыыр чыҥырҕас тыас быыстала суох тибийэрэ. — Ыччыы-ычча, Лэгиэн, кэлбэтэҕиҥ буоллар, өтөр кыайан уот оттуммакка, тоҥон тымныйыам эбитэ буолуо. Онтон сылтаан кырдьаҕас мөлтөх киhи атахпын тэҥниэм ыраахтан буолуо суоҕа эбитэ ини. Ыччакайбын даа, ыччакайбын! — Силип уокка саба түстэ, үлүйэн бабыгыраа да бабыгыраа буолла. Кини, Лэгиэн иккис ыстаанын кэтэн, бэйэтин киэнин уокка сараҕыта ыйаата. — Силип, ыл, итиитэ киллэр, чэйдэ ис, тута ириэҥ, — диэн Лэгиэн саҥа оргуйбут чэйдээх куруусканы уунна. Силип Лэгиэнниин араа-бараа буолуохтара, apaaha, саастарынан aҕыс уончалара. Дьыл-хонук диэбиккэ дылы, саас ыраатан, уҥуох ыараабытын дьэ өйдөөбүттүү өрө тыынна. Эдэрчитэ эбитэ буоллар ити дyлҕaҕa, силискэ иҥнэн бэрт. Хата, хотуура туох да буолбатах. Силип сээкэйи-үгүhү баллыгырыы, былыргытын үөтэрэн ахта, кулуhунун аттыгар таҥаhын эргитэн биэрэ куурда хаалла. Лэгиэн хомус ходуйа күөл диэки баадайа турда. * * * «Эйэлээх кэм эбитэ буоллар, көмүс күhүн барахсан күлүмүрдээн aҕaй кэллэ диэх эбиппин, ону баара, ыар кэм тымныы xaҕыс күhүнэ санньы-курус кутурҕаҥҥа сууланан, күтүр тыалынан сирэйи-хараҕы үлтү сабаан турда эбээт», — диэх санаа Үүйэ өйугэр охсулунна. Кини тоҥмуттуу кумуччу тутунна, иннин хоту күүстээх тыалы силэйэн эрдээхтик хардыылаан истэ. Кини аҕатынаан оттук мас тиэйэн иhэллэр. Кыыдааннаах кыhыҥҥа бэлэмнэнэн оскуолаҕа уонна интэринээккэ, тустаах үлэ таhынан, оттук мас бэлэмнээн тиэйэн киллэрии бөдөҥ дьоҥҥо эбилик үлэ быhыытынан түhэриллибитэ. Ол чэрчитинэн Үүйэлээх бу иhэллэр. Кинилэр хомуллубут бааhына кытыытынан ааhан иhэн көрбүттэрэ, бааhына ортотугар дьон сылдьара. Хонуу үлэтин биригэдьииринэн саҥа анаммыт Киргиэлэй Бөтүрүөп, дьон кинини Торгуйунан билинэр, күргүйэ киэhээҥҥи дьыбарга оргуйан олороро. Туох буоллаҕай диэн чугаhаан кэлбиттэрэ, кытыы алааска олохтоох, сэриигэ баран уоттаах кыргыhыыга өлбүт Дьөгүөр кэргэнэ Кэтириис уончаларын ааhан иhэр уоллаах кыыhынаан ытаhа тураллара. Торгуй кыыла турбут сирэйдээх-харахтаах, субу саба түhэн тырыта тыытыах кырбый кыыллыы, кырыктаахтык кыбдьырына сутуругунан салгыны охсуолуу, өрүтэ дьохсороҥнуу турара. Оҕолор эрэйдээхтэр ыга туппут сутуруктарын быыhынан биир сиэмэ хаар былааhыктаах тоҥ буорга топ гына түспүтэ. Кэтириис муҥнаах сонун сиэбэ кыратык үллүбүт этэ. Үүйэлээх тугу гыныахтарын билбэккэ мух-мах баран турдахтарына, Торгуй сиэбиттэн мөhөөччүк хостоон таhааран, онон-манан көстө сытар хаардаах тоҥ бааhына буоруттан, үлүйэн өлө сыhан хам аччык бэйэккэлэрин быыкаатык өллөйдөөру өлүү-олох мөккүөрүгэр сылдьан, үhүөн хомуйбут сиэмэлэрин сыыhын куттаран ылбыта. — Аата сүрүн! Ол суор-тураах сиэхтээх, хаар анныгар хаалыахтаах этэ дуо? — Үүйэ халыйан тахсыбыт хараҕын уутун туора садьыйан кэбиhэ-кэбиhэ абаран ыйытта. — Тугуй ол, эн эмиэ сокуону утаран бэрэдьиитэл буолаары өргөйдүн дуо? — Торгуй бардьыгыныыр хаhыытын быыhыгар силэ ыраах ыстана бырдааттаан ылбыта. Сарсыныгар бэрэдьиитэл диэн соҥноон Кэтирииhи дьыала оҥорон хаайбыттарын, дэриэбинэ кыра-хара өттө харааста истибитэ. Киэhэ хойут оройуон кииниттэн боломуочунай тахсан, нэhилиэк салалтатын кытта кыттыhан, дьону мунньан мунньах ыытта. Эр киhитэ, эдэр дьоно барыта сэриигэ барбыт нэhилиэк сүрүн дьоно оҕо-дьахтар, эмэхсийбит эмээхсин-оҕонньор, соххор доҕoлoҥ, ыарыhах муhунна. Боломуочунай Николай Дмитриевич Иванов тыл этэн барда: — Apҕaa үлүгэрдээх сиэмэх сэрии, кырыктаах кыргыhыы бара турар. Онно ийэ дойдуларын хас уллуҥах сирин иhин Сэбиэскэй аармыйа саллааттара, ол иhигэр маннааҕы эhиги дьоҥҥут кытта, дьоруойдуу oxcyha сылдьаллар. Сүтүк муҥура суох. Гитлер сиэмэх фашистара, хаанымсах халабырдьыттара сэбиэскэй дойдубут хаарыаннаах бөдөҥ куораттарын, ахса суох элбэх дэриэбинэлэрин урусхаллаатылар, эйэлээх нэhилиэнньэни өлөртөөтүлэр. Билиэн ылбыт дэриэбинэлэрин сир үрдүттэн суох оҥоро имири эстилэр. Ол курдук Белоруссия Хатынь дэриэбинэтин дьонун барыларын сарайга симэн баран, уоттаан кэбистилэр. Дэриэбинэни тааҥкаларынан тугу да ордорбокко үлтү күттүлэр. Сиэмэх өстөөх биhиги улуу куораттарбытын тохтоло суох буомбалыыр, орудиеларынан ытыалыыр. Хас нэhилиэнньэлээх пууннар, куораттар, хас атах уллуҥаҕа Сэбиэскэй сир иhин кыырыктаах кыргыhыы күнүстэри-түүннэри бара турар. Өстөөх сэриилэрэ күүстээх бэлэмнээх буоланнар, биhиги Ийэ сирбитигэр балачча дириҥник өтөн киирдилэр. Сэбиэскэй аармыйа, сэбиэскэй норуот, бартыhааннар өстөөххө утары өлөллөрүн умнан туран хорсун-хоодуот утарсыыны оҥороллор. Биhиги, ыраах тыылга олорооччулар, туох баарынан, туох кыалларынан хаанымсах фашиhы суулларар иhин охсуhуохтаахпыт. Биhиги аармыйабытын хааччыйарга элбэх сэрии сэбэ, ас-таҥас наада. Фроҥҥа анаан итии таҥаста тигэн туттарыҥ. Уонна ким да суопсунас сүөhүтүн өлөрөн сиэ суохтаах. Туох аhы барытын эти-арыыны фроҥҥа ыытабыт. Онон өйдөөҥ, байыаннай кэм уурааҕынан ким да көҥүлэ суох бэйэтин сүөhүтүн өлөрүө суохтаах. Ити бобууну кэспит киhи байыаннай кэм суутунан кытаанахтык сууттанан хаайыыга барыа. Эhиги өттүгүтүттэн ханнык да сыыhа-халты туттунуу суох буолуохтаах. Гитлер хаанымсах үөрэ – барыбыт өстөөхпүт. Бары кыаххыт баарынан улэлээн-хамсаан иhиҥ. Сталин иhин! Кыайыы иhин! – диэн этиитин тумуктээтэ. Кини кэнниттэн Торгуй турда: — Бэҕэһээ Сиипсэбэ Кэтириис колхуос бааhынатыттан көҥулэ суох уоран сиэмэ итигэстии сылдьан тутулунна. Ким итигэстээбит фронт туhатыгар туттарыахтаах. Ол булгуччулаах. Бэрэдьиитэл Кэтириис оҕолоругар ферма холбуур үүтүттэн нуорма бэриллэрэ тохтуур. — Аҕалара сэрииттэн дезертирдээбэтэҕэ, дьоруойдуу охтубута. Оҕолору оройуон интэринээтигэр ыыппаккыт дуо? — кэлин эрээттэн симик ыйытыы иhилиннэ. — Мин оройуоҥҥа киирэн ыйыталаhыам, миэстэлэрэ, бука, туолан турара буолуо. — Биир да хаалбатаҕын курдук итигэстээн туттарбыппыт дии. Оччо элбэх хаалбатаҕа буолуо ээ. Оччотугар бу oҕoлop хайдах буолаллар? Дуона суох хаар анныгар хаалыахтаах сиэмэ сыыhын иннигэр, ама да. Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьан өлбүт саллаат тулаайахтарыгар…, — ким эрэ диэн эрдэҕинэ: — Кинилэргэ үүт барбат. Ынахтар аhылыктара мөлтөх буолан, үүттэрэ кыра. Олох да уолан эрэллэр, — Торгуй иннин биэрбэт кырыктаах куолаhа, кини эрэ үрдүкү муҥур суут курдук, ыйытыыны саба хаhыырда. Аччыктаан иэҕэҥнэс дьон ортотугар кини эрэ тот көрүҥэ харахха быраҕылларын Николай Дмитриевич уота-күөhэ суох хараҕын дала дьиибэргээбитин таhыгар таhаарар, баҕар, бырааба cyoҕa эбитэ дуу, саҥарбата. Бэйэтин көрдөhүүтүнэн сэриигэ барбыт урукку бэрэссэдээтэл оннугар ананан кэлэн үлэлии сылдьар атын сир кыыhа Варвара Михайловна Матаннахова диэки көрөн кэбистэ. Бэйэтэ да хатыҥыр, ahapa ырбыт-сылайбыт кыыс тoҕo эрэ умса туттан олороро, дьөрү төбөтун өрө көтөҕө сорумматаҕа. Туох баар боппуруоска барытыгар Торгуй баhылыырын, быhаарарын уонна кыыс туохтан эрэ этэ салаhа дьиксинэрин чинчийэ одууласпыт киhи таайыах курдук дьиктитик көстөрө. Дьахтар, эмээхсин өттө күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн андаатар, куобах, тииҥ тириититтэн үтүлүк, бэргэhэ, кэтинчэ, баата ыстаан тигэр түбүгэр түhэн, көмүлүөк ohox сырдыгар түүн оройо ааhыар диэри, ардыгар түүнү супту иистэнэ олорор буолбуттара. Сотору фронт туhатыгар ким тугу биэрэрин хонтуораҕа испииhэктээн туппуттара. Үрүҥ, кыhыл көмүстэн араас оҥоhуктар: чаанньыгыттан-ньуоскатыттан саҕалаан дьахтар сүктэр ситэри симэҕэр диэри, ат киэргэлэ ыҥыыр сирэйэ, дэйбиир уга, былыргы манньыаттар кырыы кырыытынан уhун остуол үрдүгэр кэккэлэспиттэрэ. Дьон куоталаhа-куоталаhа сойуомҥа суруттарбыта, сорохтор харчынан укпуттара. Бары илэ-чахчы турунан туран, тугунан эрэ кыайыыны уhансыстарбыт ханнык диэн санаанан салайтаран, туохтааҕын барытын, оннооҕор кэриэс-хомуруос тэрилин кытта харыhыйбакка аҕалан туттарбыта. Сотору ыраах фроҥҥа түгэх тыылтан итии таҥастаах баhыылкалар барбыттара. Уонна маннык баhыылкалары сэриини былаhын тухары ыытыахпыт дэhиспиттэрэ. Ульяна Босикова — Сыгына, «Айар» кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит «Суостаах кэм өргөһүгэр» кинигэтиттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан