Кэпсээ
Войти Регистрация

Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
08.12.2018 11:10
Баанньа биир бөһүөлэккэ күтүөттүү кэлбитэ. Кэргэнин дьонугар олороллор. Дойдутугар кэргэнин сүгүннэрэн илдьибитин, тэһийбэтэҕэ. Ол иһин манна кэлбиттэрэ. Билигин Баанньа аны манна тэһийбэт. Дьону кытта олорор баар эбит — мөкүтэ. Хаарыаны бэйэ дьиэлэммит киһи баар ини дии саныыр. Ыалы кытта олорон аһыҥ да ас буолбат, ойоххун да кытта кэпсэтэриҥ, таптыырыҥ сүөргү курдук. edersaas.ru Баанньа тыына-быара хаайтарар. Айах адаҕата буолумаары санаатыттан көмөлөһөн үлэлии сатыыр. Бэйэлэрэ бу диэн үлэ була, ханна олохсуйалларын да ситэ быһаарына иликтэр. Кэргэнэ Дааса ийэлээх аҕата уонна быраата, балтыта буолан бары бииргэ олороллор. Быраата Бааһа үөрэҕин быраҕан кэлбит. Баанньа бу уолу көрөн иһэ буһар. Үлэҕэ үөрэппэтэхтэр, үчүгэйдик ииппэккэ атаахтаппыттар. Утуйбут оронун да хомуйбат, букатын сүрэҕэ суох. Бааһа бэйэтэ билэринэн, дьаалытынан сылдьар. Күн үөһэ ойуор диэри утуйан баран, туран аһыыр уонна көмпүүтэрдиир. Санаата да барар, түүн кэлэр. Сороҕор арыгы сыттаах буолар. Ийэлээх аҕата соҕотох уолбут диэн өрө туппуттар, төбөлөрүгэр ытыарбыттар. Баанньа эдэр да буоллар, бу уол сааһыгар бэйэтин тэҥнии саныыр. Холоон көрөр. Аҕата Баанньаны үлэлэтэн да биэрэрэ. Кыһын ходуһаттан сыарҕалаах атынан от тиэйэн аҕалан баран, дьиэтигэр тоҥмут хаатыҥкатынан тоһугурайан киирэн истэҕинэ аҕата: «Нохоо, маста көтөҕөн киир эрэ”, — диэтэҕинэ төттөрү тахсан мас киллэрэрэ. Саатар, сылыйар да бокуой биэрбэт, өрүү соруйан тахсар диэн иһигэр кыйахана саныыра. Бу санаатаҕына, аҕата кинини үлэҕэ уһуйбут эбит. Ханнык да үлэҕэ барытыгар илдьэ сылдьара. Арай, бу Бааһа курдук буолбутум буоллар, манна сөбүлүө суох, күтүөппүт үлэһит бэрдэ эбит диэн дьоҥҥо хайгыа суох этилэр. Аҕата кини үтүө киһи, буоларыгар уһуйдаҕа. Дааса, быраатын үлэлэппэттэрин иһин кэргэнэ Баанньа кыйаханарын сэрэйэр. Ол иһин биирдэ ийэтигэр: “Ийээ, Вася Ванялыын мас охторо барыстын ээ, тыаҕа соҕотоҕун хайдах барар”, — диэн сөбүлэҥин ылбыта. Иккиэн таһырдьа тахсыбыттарыгар Баанньа: “Аты сыарҕаҕа көлүйэ тур эрэ, мин эрбии сыабын сытыылыам”, — диэтэ. Баанньа гараастан “дружба” сыабын сытыылаан, бэнсиини илдьэ таҕыста. Бааһа атын көлүйбүт. Хомуутун түҥнэри кэтэрдибит. Түөһүн быатын күүскэ тардыбатах, дугата туллаҥныы сылдьар. Баанньа аты саҥаттан көлүйээри булгутта. — Хайа тоҕо “сыгынньахтаатыҥ”? — Бааһа ыйытар. — Хомуутун түҥнэри кэтэрдибиккин. Эн ыстааҥҥын түҥнэри кэтэртэххэ син көннөрөн кэтиэҥ этэ дии. Уонна аты “сыгынньахтыаххын” эйиэхэ кыыс буолбатах “булгуруттуҥ” дэнэр, — Баанньа этэн баран кэннин хайыһан көрбүтэ, Бааһа күлэн ыйаастыгас хараҕа кыччайбыт. Саҥа таһаарбакка саннын ыгдаҥнатар — Оттон тыраахтары собуоттаан мас аҕалбаппыт дуо? — Гараас оттуллубакка турар эбээт. Тоҥ тыраахтары хайдах собуоттаары гынаҕын?! Аҕаҥ сэлээркэ аҕаллаҕына собуоттуохпут. Мас көрө таарыйа атынан барыахпыт. Сыарҕалаах атынан айаннаан, куруҥ мастаах сиргэ кэллилэр. Сайын өрт уота ааспыт буолан, куруҥах тиит, харыйа бөҕө баар эбит. Самахтарыгар диэри хаары кэһэн уонча маһы охтордулар. Биир сыаптара быстан, Баанньа Бааһаҕа
иккис сыабы кэтэрдэригэр соруйда. — Сыарҕаттан сыабы аҕалан уларыт. Мин ол мастары хаардыы туруом, — Баанньа эппитигэр уол сыарҕаттан сыабы аҕалан кэтэртэ. — Баанньа, мин эрбээн көрөбүн дуо? — диэн тылланна. — Чэ эрбээ, — Баанньа мас анньар маһын ылла. Бааһа эрбиини собуоттаан, эмискэ гаастаан өрө барылатта. Хантаччы тардан бэргэһэтин сиирэ-халты таарыйда. — Сэрэнэн гаастаарыый! Бу да киһи, баһын быһа эрбэнээри гынна дии! — Баанньа сэмэлээтэ. Бааһа биир куруҥ харыйаны төрдүн эрбээн орулатар. Баанньа олорон табахтыы түһэн ылла. Бааһа гаастаан кирдиэхтэтэр да, сыаба киирбэт, көөбүлэ түспэт. Баанньа тиийэн эрбиини умулларда. — Сыапкын түҥнэри кэтэрдибиккин дии. Эн, уопсайынан, хантан сылдьаҕыный… — Дьиэбиттэн, — Бааһа көлөһүн-балаһын аллыбыт. Аҕылаан көбүөхтүүр. — “Дьиэбиттэн” диэннээх. Халлаан киһитэҕин дии. Аҕаҥ үлэҕэ үөрэппэтэҕэ дуо эйигин? — Һа, оох! — Мин эрбиини оскуолаҕа үөрэниэхпиттэн бэйэм сытыылаан туттар этим. — Баанньа собуоттаан, маһы эрбээн охтордо. Куруҥ харыйа эргийэн түһэригэр Бааһа диэки хайысхаланна. Уол туора ойуоҕунааҕар устаты сүүрдэ, харыйа төбөтө оройугар түһэн иһэн, арыый да сыҕарыйан биэрэн сиирэ-халты курбуулаата. Лабаата таарыйан Бааһа бэргэһэтин туура көттө. Уол хомурахха сирэйинэн умса баран түстэ. Баанньа уолуйбута ааһан күлүөх санаата кэллэ. — Хайа, туох буоллуҥ? — Ээ суох. Кэтэхпин кыратык дьуххарытта. — Туора ойуоххун, тоҕо мас устаты сүүрэҕин. Мастары охтортоон мутуктарын солоотулар. Бүтэн баран аҕыйах чуукканы эрбээн, сыарҕаларыгар тиэннилэр. Бааһа итииргээбитэ ааһан дьагдьайан барда. Тымныы дьыбарга тыынара бурҕайан, бэргэһэтэ, сонун түөһэ кырыарда. Дьиэлэригэр кэлэн тохтоотулар. Бааһа түһэн, хаатыҥкатын тыаһа дьиэтин диэки хоочугурайан эрдэҕинэ күтүөтэ хаһыытаата: — Доо! Саатар аты булгутуһууй, — диэтэ. Бааһа кэлэн аты булгурутар. Баанньа бэйэтэ, чууркалары быраҕаттаан баран, сэптэрин бэрийдэ. — Киһи бииргэ үлэлээтэ да, барытын бииргэ толоруохтаах. Бэрди гыныыһыгын дии, ичигэс диэҕэ киирэн хаалыахтааххын, мин манна соҕотох бэрийиэхтээхпин. Оннук сатаммат доҕор, — Баанньа урут аҕата бэйэтин такайбытыныы бу уолга үөрэтэрдии этэр. Дьиэлэригэр киирдилэр. Баанньа сыгынньахтанан баран саҥа хааман тоотоҥнуу сылдьар уолун көтөҕөн сыллаамахтаата. Баанньа тэлэбиисэр көрө олорон нухарыйа түһэн ылла. Аҕалара хантан эрэ кэлэн саҥарбытыттан уһугунна. — Ити уолаттар төһөҕө кэлбиттэрэй? — Соторутааҕыта кэлбиттэрэ. — Аты сойуппакка “итиилии” аһатан кэбистилэр дуо ити?! — Сойута баайбыппыт этэ дии, — Баанньа туран кэпсэтиигэ кыттыста. — Мин аһаппытым аты, — Бааһа көмпүүтэр кылаабыһатын баттыалаан чаллырҕата олорон эргиллэн малах гынар. — Көлөһүннээбит аты икки чаас курдук сойутан баран аһатар куолута, — аҕалара этэр. — Оҕом биирдэ санаатыттан бэрийдэҕэ дии, — ийэлэрэ уолун көмүскэһэр. Саас буолан халлаан сылыйан, от-мас көҕүрүмтүйэн көстөр буолбут. Үрэхтэр киллэрэн сыккыстаан чырылыыллар. Күөллэр ырбыыланан муустарын көтөхпүттэр. Бааһа сааскы үлэттэн куотунан, атастарыныын кустуу диэн барар. Аҕата маста бэлэмнэс, атыылаан харчы оҥостуохпут диэтэҕинэ,
сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх дииллэринии, араас албаһа элбэх. “Бүгүн дьэ, кус түһэр сирин буллубут. Атаһым Айаал аҕатыттан уларсыбыт. Хоно барабыт”, — диир. Уонна билиҥҥитэ биир чөккөйү аахсыбатахха, куска бултуйа илик. Бүгүн киэһэ дьиэлээхтэр бары бааллар. Киэһээҥҥи астарын күө-дьаа аһыы олороллор. — Оҕобор бүгүн Байаҥкамааттан бэбиэскэ кэллэ. Күн сарсын куоракка, киириэххин наада үһү, — ийэлэрэ уолугар туһаайан этэр. — Маама, мин арыыга дьону кытта кустуу барыахтаахпын дии. — Бэбиэскэ кэлбит буоллаҕына бардаҕыҥ, — аҕалара этэр. — Аны билигин аармыйаҕа “маамам ыыппат” диэтилэр да, барбат буолбуттар быһыылаах. Биһиги саҕана, этэргэ дылы, туран ииктиир сэниэлээх, бэргэһэнэн бырахтахтарына охтубат буолла да ыытан иһээччилэр этэ, һэ-һэ-һэ, — Баанньа күлэрэ, үгэргиирэ биллибэттии этэр. Бааһа, кырдьык дуо, диэбиттии көрөр. — Барар буоллахха барыллыа буоллаҕа, — Бааһа миин иһэн сыпсырыйар. — Билигин аармыйа биир эрэ сыллаах. Хайа уонна сураҕа “лафа” үһү дии. Түөртэ аһаталлар, күнүс утуталлар эбит. Букатын оҕо саадын курдук үһү, — диир Баанньа. — Урукку курдук дедовщина суох ини. Оҕобун кырбыахтара, киһи да куттанар, — диир ийлэрэ. — Билигин сэбиэскэй саҕанааҕы курдук Кавказ омуктар суохтар, мээнэ оннук буолбатах ини. Сарсын куораттыыр буоллаххына, сааҕын миэхэ уларсаҕын дуо? Кустуу барыллыа этэ, — Баанньа көрдөһөр. — Сарсын маска барбаппыт дуо? — аҕа кынна этэр. — Биир күн өрүөххэ. Мин да кустуохпун баҕарабын буоллаҕа, — Баанньа дьүһүнэ дьиппиэрдэ. Сарсыныгар Баанньа билсэр дьонун кытта кустуу барыста. Кус көтөр күнүгэр түбэспит буолан, балачча ытыалаамахтаабыт. Дьиэтигэр үс көҕөннөөх, түөрт моонньоҕонноох киирэн кэлэн кэргэнин үөртэ. Бааһа куоракка Байаҥкамаакка киирбитэ да сүттэ. Эрийдэхтэринэ төлөпүөнүн ылбат. Сарсыныгар түүн итирик кэлэн охтубут. Эбиитин кимнээҕи эрэ кытта охсуһан хараҕа көҕөрбүт. Баанньа сарсыарда туран, таҥна олорон хос нөҥүө иһиттэҕинэ, кэргэнэ Дааса аҕатын кытта кэпсэтэрэ иһиллэр. — Папа, ити уолгут Байыҥкамаакка сылдьыбыт дуо? — Ким билэр. Турдаҕына ыйытыллыа. — Уолгун атаахтатан, үлэҕэ уһуйбатаҕыҥ ити баар. Сүрэҕэ суох. Үөрэҕин да бырахта. Хаһааҥҥа диэри итинник сылдьаары гынар. Саатар. аармыйаҕа ыытыҥ. Ваняны дьоно үчүгэйдик ииппиттэрэ көстөр дии, уолгут киниэхэ аҥар да атаҕар тиийбэт. — Чэ бүт. Аны чоппускаттан үөрэнэрбит итэҕэс дии, — аҕата өс саҕа буолар. — Айыка, биһиги туспа олоруохпутун наада. Биһиэхэ маста киллэриҥ, дьиэ туттуо этибит, — Дааса кутта-симнэ. Аҕата туох диэн хардарар эбит диэн Баанньа иһиллии олордо. Харда оннугар аан тыаһа «лип!» гына сабылынна. edersaas.ru саайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.
edersaas.ru сайтан