Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьоллоохпун

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьоллоохпун

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
24.02.2020 16:07
Ньукулай аа-дьуо хааман буоста дьиэтин үрдүк кирилиэһин дабайан таҕыста. Бүгүн хаһыат кэлэр күнэ. Бэйэтин курдук сааһыра барбыт оҕонньоттор, эмээхситтэр бүгүн буостаҕа сыбыытаһар күннэрэ үүммүт. Хайыахтарай, билиҥҥи эдэр дьон хаһыаты аахпат. Инньэ гынан хаһыаты күүппэт, эгэ буостаттан ыла кэлиэ дуо. Харахтаабыттара эрэ тэлэбиисэр, көрбүттэрэ эрэ көмпүүтэр. Эмэн саастаах барахсан онно кыттыспат, хата араадьыйаны син истэр. Хаһыат аахпатахтара ырааттаҕа. Суол хаайтарыыта харгыстаан өр кэмҥэ сонуну, нуомаһы билбэккэ туспа эрэй диэтэҕиҥ. Ньукулай хаһыаттааҕар суругу ордук күүтэр. Эмээхсинэ Даайа, икки ый курдук буолла, куоракка балыыһаҕа сыппыта. Сүрэҕинэн мөлтөөбүтэ ыраатта да, бу, быйыл эрэ балыыһаланна. Кырдьаҕас дьон урукку үөрүйэхтэринэн суругунан кэпсэтэллэр. Оннук кэпсэтэр санааҕа да астык курдук. Тиэтэйбэккэ саас-сааһынан нарылаан, санаабыты барытын тиэрдэр быдан ордук буоллаҕа. Ыксыы-ыксыы төлөпүөнүнэн кэпсэтэр курдук буолуо дуо. Төлөпүөнүнэн кэпсэтэригэр Ньукулай ыксаан халыкынайан, этиэхтээҕин да эппэккэ хаалааччы.Уонна истэрбит да мөлтөөтөҕө. Ньукулай атаҕын хаарын тэбэнэн, дьиэҕэ киирэн почтальон кыыстан хаһыатын ылла. Сэрэнэн, хаһыатын бигээн көрдө. Сурук... кэмбиэрдээх сурук. Оҕонньор салҕалас илиитинэн хаһыат быыһыттан суругу ойутан таһаарда. Кэмбиэр таһыгар эмээхсинин буочарын көрөн, сүргэтэ көтөҕүллэн чэпчии түстэ. Суругун сонун ис сиэбигэр уктан дьиэтин диэки сүр тиэтэллик айанныы турда. Билигин тиийдэр эрэ Даайатын суругун ааҕыа турдаҕа. Ньукулай түргэн-түргэнник атыллаан дьиэтигэр тиийэ оҕуста. Дьиэтигэр киирээт, сонун устан көхөҕө ыйаата. Долбууртан син өр хасыһан ачыкытын булан кэттэ. Сымнаҕас кириэһилэтигэр өттүгэстээн олорон кэмбиэри арыйан ааҕан барда. "Доҕорум Ньукулай, куорат курдук ыраах сиртэн дорообото тут! Туох сонуннааххын? Доруобуйаҥ хайдаҕый? Сүөһүлэрбит хайдах тураллар? Көрүүтэ-харайыыта кыайтарыах курдук дуо? Уол кэлэн көмөлөһөр ини? Мин манна муунтуйан бүтэн эрэбин быһыылаах. Туругум кэминэн. Син бэттэх кэлбит курдукпун да таһаарарга тиэтэйбэттэр курдук. Таах сытыахтааҕар, арааһы саныыбын, олорбут олохпутун сэмээр ырытан көрөбүн. Номнуо саас ылан, эмээхсиннээх оҕонньор диэнтэн уратытык ааттаммат буоллахпыт. Соторутааҕыта эрэ курдуга дии, саҥардыы ыал буолан эрэрбит, бастакы оҕобутун күн сирин көрдөрөн дьолломмуппут. Аан бастаан билсибит күммүтүн өйдүүгүөн? Ол кэрэ кэмнэр номнуо ырааттылар. Ол да буоллар араҕан биэрбэтэ алыптаах таптал иэйиитэ. Номнуо отут биэс сыл бииргэлэһэн, эппиккэ дылы, сарын сарынтан өйөһөн олорон кэллэхпит. Ол тухары хал буолсуу хаарыйбата, абааһы көрсүү ааҥнаабата. Этиһэр-эллэһэр да эҥээрдэспэтэ. Өйдүүгүн, маҥнай эйигин көрөөт, куота көппүппүн. Ол курдук аймаабыта аламаҕай көрүүҥ, долгуппута долгулдьуйар будьурхай баттаҕыҥ. Истиҥ мичээри саһыарбыт хара харах итиинэн сырайара, ардыгар хомойбуттуу оҥой-соҥой көрөрө. Омуннаах да уола хаан этиҥ. Быһата, эйиэхэ тута абылаппытым, таптаабытым, дьикти иэйиигэ ылларбытым. Эйигин көрсүөм иннинэ олорон кэлбит саарбах олоҕум, санаабар, киэҥ куйаарга кыйдаммыта, улаҕата биллибэт уҥуоргуга утаарыллыбыта. Соһуччу дьоллообутуҥ тоҥуй дууһабын, итэҕэппитиҥ истиҥ иэйии баарын. Ити иннинэ иэрэҥ-саараҥ олорон кэлбит олоҕум олуһун да сылаппыта ээ. Кими да итэҕэйбэт, эрэммэт, наар куһаҕаны ыралыыр дьикти
майгылааҕым. Баҕар, эйигин көрсүөм иннинэ үгүстэ албыннаппытым таайара дуу... Тулаайах буолуу тууйуута эбитэ дуу... Санаабар, олус уһуннук олорбут курдугум. Кимиэхэ да наадата суох эрээри халтай олорор курдук сананан барбытым. Дьон бары туһугар дьоллоох курдуга. Чороҥ соҕотох арыыланан хаалар саҕа куһаҕан суох. Оннук эрэ сананыа суохха наада быһыылаах. Туох эрэ сорҕото, өлүүскэтэ буолан, олох долгунун бииргэ суулаһан туоруур, биллэн турар, астык. Оччолорго үйэ чиэппэрэ олорбут чуҥкук олоҕум салгыппыта. Олох олоруохпун баҕарбат буолбутум. Эдэр киһи санаата быһымах, толкуйа чычаас диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Кэнэҕэһин кэтэх санаа кэдэрги тардыа, быстах санаа былаҕайга быраҕыа эбитэ буолуо. Суох, дьолбор, Дьылҕа Хаан эйигин көрүһүннэрбитэ. Ол туһугар дьылҕабар махтал буолуохтун. Эмискэ көрсүбүт күндү доҕорум, эн бэйэҥ да билбэккин хайдахтаах хаайтарбыт хаарчахтан быыһаан ылбыккын. Быыһаабытыҥ быстах санаа быһымах былааныттан, уһугуннарбытыҥ улугурбут уһун ууттан. Билигин кэлэн сонньуйабын, өскөтүн эйигин көрсүбэтэх буолуум, оҕочоос дууһа оччолорго тугу гыныам эбитэ буолла?! Билигин бэлиэр, көмүс ньээкэ уйабытыттан көтүппүт оҕолорбут бэйэлэрэ оҕолоно охсон "эһээ, эбээ" ааттанан олордохпут. Туох да диэбит иһин, толору дьоллоох олоҕу олордум. Эйигин да син дьоллоотум ини, сэгээр?! Махтанабын эйиэхэ, ситэри дьоллоох олоҕу олорбуппар. Дьоллоохпун "аналым" диэн талан ылбыккар, үс оҕону күн сирин көрдөрөн "ийээ" дэтэр дьолу биэрбиккэр. Көрсүөххэ диэри, күндү доҕорум. Даайа". Ньукулай ыанньыйан кэлбит хараҕын уутун киэр илгэн кэбистэ. Даайа суругун сүрэҕин туһаайыытынан ыксары тутта. Ахтыбыт да эбит, күндү сэгэрин Даайатын. Бээ эрэ, бу тоҕо уруккуну-хойуккуну ахтан суруйдаҕай? Улаханнык туорхаһыйбыт дуу? Мөлтөөбүт бэйэкэтэ дуу? Ньукулай хайдах да буолуон, тугу да гыныан билбэтэ. Олорбохтуу түһээт, биир санааны тобулла. Күн сарсын куораттыыһы... Даайатын көрсө! М.ИВАНОВА.
kyym.ru сайтан