Кэпсээ
Войти Регистрация

КҮҮСТЭЭХ ЧОЛБОН

Главная / Кэпсээн арааһа / КҮҮСТЭЭХ ЧОЛБОН

K
edersaas.ru Категорията суох
05.12.2018 20:00
Сахаҕа дэҥҥэ төрөөбүт үтүөкэннээх киһи, Иннокентий Михайлович Дьяконов – Күүстээх Чолбон туһунан элбэх киһиттэн ыйыталаһан, сураһан, онтон-мантан отонноон, ичигэстэһэн матырыйаал хомуспутум. Нэһилиэгэр, улууска да кини сахаҕа уһулуччу күүстээҕин, сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт сытыары-сымнаҕас майгылааҕын үгүс кырдьаҕастар билэллэр. Араас номох буолбут сэһэннэр уостан-уоска бэриллэн, кини туһунан сырдык өйдөбүлү умулларбатахтара, сиртэн сиик гынан симэлиппэтэхтэрэ үөрүүлээх. Лэгиэнтэйи эдэригэр көрбүт кырдьаҕастар маннык дьүһүннүүллэр. Сахаҕа үрдүк уҥуох­таах, модьу-таҕа, суон көрүҥнээх, сүһүөхтээх муруннаах, кыһыл хааннаах, эттээх уһун сирэйдээх, суон моойдоох, чолбоодуччу көрбүт сытыы харахтаах. Этэ-сиинэ толорута, хайдах эрэ түөрт кырыылааҕа, дьонтон эрэ барытыттан толуу көрүҥнээҕэ, чахчы бухатыырдыы киэптээх киһи этэ. Сыгынньахтаннаҕына модун, суон быччыҥнара өрүтэ түллэҥниир, хамсаннаҕын аайы түөһүн быччыҥнара сүүрэлии сылдьара. Харылара суона, тарбахтара уһуна, модьута, көрбөтөххүн көрөҕүн. Оскуоланы бүтэрбит кыанар уолаттар тарбахтарын тэҥнээн көрөллөрө. Кинилэр икки тарбахтара оҕонньор биир тарбаҕын суонугар тэҥнэһэрэ. Сутуругун остуолга ууран олордоҕуна, бэйэлэрин киэнин икки сутуруктарын үрүт-үөһэ уурдахтарына, үрдүгэ оҕонньор биир сутуругар хапсара. Үлэһитинэн, сүрэҕинэн-бэлэһинэн, кыайарынан-хоторунан тэҥнээҕэ суоҕа. Хаһан да салалта этэрин утары барбатах, наар “тук” хоту сылдьыбыт, кырдьыар, умса-төннө барыар диэри үлэ бөҕөнү үлэлээбит кырдьаҕас этэ. Күүстээх дьон сиэринэн элбэх саҥата суох, ураты көнө сүрүннээх, кими да кытта иирсибэт-этиспэт, дьон ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, үөрэ-көтө кэпсэтэр киһитэ этэ. Соноҕоһу хостооһуна Бытарҕан тымныыга, сааскы тыалга-кууска ыраах сиргэ соҕотоҕун сытан сылгы аһатар тустаахха улахан кыһалҕа. Төһө да баар сылгыга чугас сирдэринэн кэрийэ сылдьан, бэлэм оттон биэрдэргин да, күүппэтэх өттүгүттэн араас моһоллор буолуохтарын сөп. Сылгыгын бөрө буулаатаҕына иэдэйэҕин. Үөрү-үөрүнэн эһэр түбэлтэлэр баар буолааччылар. Эбэтэр сылгы дэҥнэннэҕинэ, оҕуттаҕына туспа түбүк. Биирдэ Маалтааны киһитэ Е.Е.Заровняев Чычааска сылгы аһата сылдьан, биир соноҕоһун сүтэрбит. Арай, иккис дуу, үһүс дуу хонугар эргэ умуһахха түспүтүн булбут. Хайдах да соҕотоҕун хостуур кыаҕа суох. Хата, “дьол хараҕа суох” диэбиккэ дылы, Лэгиэнтэй Дьокуускайтан лааппыга бурдук тиэйэн иһэрин көрсүбүт. Лэгиэнтэй кыһалҕалаах көрдөһүүтүн быһа гыныа баара дуо?! Дьөгүөр үөһээттэн туран суларыттан тардааччы буолбут. Чолбон иһирдьэ киирэн, соноҕоһу икки буутун кууһан баран, өрө анньан биэрбит. “Эрэйдээх тымныыга бөҕүөрэн мөхсөөхтөөбөтөҕө”, — диирэ. Өһүөнү анньыы Солоҕон дьоно бары Лэгиэнтэй күүстээҕин-кыахтааҕын билэллэрэ, истиһэллэрэ. Ол гынан баран ону көрбүт аҕыйаҕа. Хаһан эмэ бииргэ үлэлээтэхтэринэ, хайдах эмэ гынан күүһүн билэ сатыыр идэлээхтэрэ. Ордук хотон тутуутугар эдэрдэр оҕонньор төһөнү көтөҕөрүн, хайдах туттарын-хаптарын кэтиир, боруобалыыр аатыгар сылдьаллара. Биирдэ саас Сталинскай хотону тута сылдьан, тоҕус миэтэрэлээх туора өһүөнү суллаабыт, таҥастаабыт. Алларааттан үөһээ таһаарыыга уолаттар дьээбэлэнэргэ санаммыттар. Эдэр дьон үөһээ тахсан бобо кууһа-кууһа бэйэлэригэр субуйа тардан иһиэхтээхтэр эбит. Оҕонньор аллараа хаалбыт. Бары тэҥҥэ “чээ” диэн хаһыытаһаат, эдэрдэр көннөрү кууһа-кууһа үөһээ тардыбыта буолбуттар. Оҕонньордоро ону билиммэккэ, ити үлүгэрдээх уһун өһүөнү алларааттан ньылбы анньан
таһаарбыт. Уолаттар дьэ саллыбыттар, күүһүн итэҕэйбиттэр. Лэгиэнтэй өһүөлэрэ инчэҕэй буолан бэркэ ньылбырыйарын, хата эрэйдээбэтэҕин быһаарбыт. Таһаҕастаах сыарҕаны кулахачытар Лэгиэнтэй киһини киһи атаҕастыырын, өссө уорары олох абааһы көрөрө. Кини итиннэ сыһыаннаах түгэҥҥэ лаппа кыыһырбытын маннык кэпсииллэр. Биирдэ таһаҕас тиэйэ сырыттахтарына, Лэгиэнтэй ыһык арыытын иһиттэри баҕастары уоран ылбыттар. Ыксыыр, ыйыталаһан көрөр да, ким да билбэт, билиммэт. Онтон Сэттэ Сэмэн диэн куруусчут уорбутун син сэрэйдэҕэ, чуолкай­даатаҕа буолуо. Айанньыттар нөҥүө күнүгэр хонук сирдэригэр тиийбиттэрэ, ол киһи аттарын хайыы-үйэ аһаталаабыт, оннун булуммут эбит. Лэгиэнтэй төһө да аһыыр аһын уордарбытын иһин, тутатына уордайан барбатах. Көнө, көрсүө тылынан көрдөһөн, өйдөтөн көрбүт да, анарааҥҥыта суохтан атыны билбэтэх, өссө өһүргэ­ниэх да курдук буолбут. Дьэ, Лэгиэнтэй кыыһырар эрээри, анараа киһини уолуктаан, сахсыйан барбатах. Атын дьон бу быһаарсыы хайдах түмүктэнэрин көрөн турдахтарына, Лэгиэнтэй анараа киһи таһаҕастаах сыарҕатын олгуобуйатыттан ылан: “Өссө биэрэрдээххин, биэрбэттээххин”, — дии-дии халтарытан-кулахачытан, эргичитэн киирэн барбыт. Онуоха буруйдаах көрбөтөҕүн көрөн, билбэтэҕин билэн көрдөһөр-ааттаһар айдааныгар барбыт: “Лэгиэнтэй, сатамматах киһи буолбуппун, алҕаска уорбуппун. Тохтоо, уоскуй. Кыыһырбыккын кыларыт, уордайбыккын уҕарыт”. Тутатына сыарҕатын үөһэ түһэн, арыытын биэрбит, буруйун саптынар туһуттан бэйэтин киэнин кытары биэрэ сатаабыт. Онуоха Лэгиэнтэй: “Миэхэ эйиэнэ наадата суох. Эриэн ыт элэгэр, күөт ыт күлүүтүгэр барыах киһи да бөҕөтөҕүн”, — диэн кэлэйбитин биллэрбит. Василий АЛЕКСЕЕВ, Горнай. “Эдэр саас” хаһыат, 2002 сыл. Уруһуй: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан