Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эмиэ да көрүдьүөс
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эмиэ да көрүдьүөс
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
30.09.2022 13:21
Быһайын бэрт уһуннук этиһэн-охсуһан, илистиэхпэр диэри уочараттаан-уочараттаан, туйахтаах кыыл лиссиэнсийэтин уочаратыгар тиксэн, Томпо улууһугар биир туртаһы ытар көҥүл ылбытым. Даҕатан эттэххэ, туйахтаах кыыл лиссиэнсийэтин түҥэтиини уонна уочаратын сааһылыыр кэм кэллэ. Уочарат инньэ сайын от ыйыттан саҕаланар. Ол – өссө уочаракка уочарат буолар. Ону кимнээх тэрийэллэрэ биллибэт. «Саҕаламмыт үһү» диэни истэн тиийбитиҥ, букатын хас эмэ сүүһүнэн киһи буола охсубут буолар. Инньэ гынан биир бэйэм ити лиссиэнсийэҕэ бэһис сылбын матан баран тиксибитим. Оттон тойоттор ханна да уочараттаабакка, Булт департаменын кэтэх аанынан сылдьалларын биһиги, көннөрү булчуттар, лиссиэнсийэттэн матааччылара да, син истэбит-көрөбүт. Чэ, ити хааллын. Сэтинньигэ, хаар балачча халыҥаабытын кэннэ, үһүө буолан мин лиссиэнсийэбинэн Томпоҕо туртастыы диэн бардыбыт. Хата, биир киһибит Аллараа Бэстээххэ олорор буолан, тиэхиньикэбит – киниэнэ. Биһиги «ирбиһинэн» таҕыстыбыт. Сири-уоту хантан билиэхпитий? Хайабыт даҕаны урут Томпоҕо сылдьыбатах дьоммут. Онон барыахпыт иннинэ хаартаны-тойу үөрэтэн, дьонтон ыйдаран, Мэҥэ Алдан диэки барыахпыт дэстибит. Арай биир доҕорбут урут Өймөкөөҥҥө сылдьыбыт буолан, быһа холоон Мэҥэ Алдан Таатта Уолбатын кэннэ кэлэр диэн билэр. Уонна эрэлбит эрэ «Джипеэспыт». Онон эмиэ да эрэх-турах курдукпут. Мэҥэ Алдан кыраныыссатыгар киирэн баран, түбэһиэх сирдэргэ тохтоон, суолу-ииһи хайан көрдүбүт. Син онон-манан, одоҥ-додоҥ суол көстөр эбит. Онон таптаабыт сирбитигэр хонон баран, сарсыҥҥыттан ол тулатыгар сатыы кэрийэн көрүөх буоллубут. Сарсыныгар балачча эрдэ, борук-сорукка туран, тиэхиньикэни хаалларан хаама бардыбыт. Ол курдук күн аҥаарын хаамсан баран, суол-иис даҕаны сүтэн, сирбит быһыыта-таһаата уларыйан киирэн барбытыгар төннүөххэ диэн массыынабытыгар бардыбыт. Арай оттуур ходуһа устун хааман иһэн биир тумус курдук киирбит бөлкөй талаҕы ааһа түһэн иһэн көрбүппүт, от күрүөтүн таһыгар биир кыыл биһигини көрдө-көрбүтүнэн, хонойуоҕунан-хонойон баран турар эбит. Дьэ, доҕоор, оччолооххо түбэһэн баран, туттуу-хаптыы кытаанаҕа буолла. Саалар сомуоктара хачыгыраата да, туох да хамаандата суох ытан куһуйан бардыбыт. Кыылбыт, санаабытыгар, өссө хонойон, кулгаахтарын чөрөтөн биэрдэ. «Баҕайы, сыыһа ыта тураҕын! Хонноҕун аннын көр, хонноҕун!!!», «Кытаат-кытаат, ииттэ оҕус!!», «Куотта да, куотта!», «Барар буолла!» диэн маат-куут, хаһыы-ыһыы бөҕө буоллубут. Биир уолбут ыксаан, сытан эрэ куһуйан барда. Оттон кыылбыт турар да турар. Кэлин хайдах эрэ дьиктиргээн бардыбыт. Дьиҥэр, сүүһү кыайбат миэтэрэттэн итиччэ элбэхтэ ытыллыбыт тыыннаах харамай эбэтэр охтон өлөн түһүөхтээх эбэтэр атахха биллэриэхтээх этэ буоллаҕа. Биһиэнэ чиккэччи тэбинэн баран турар. Инньэ гынан «бэйи, тохтуоҕуҥ!» диэн сүөлүргээн тохтоотубут уонна ол да буолбутун иһин саабытын бэлэм тутан аргыый кыылбыт диэки бардыбыт. Оо, доҕоттоор, чугаһаан баран сирэйбит холлубутун, соһуйбуппутун, онтон бэйэ-бэйэбитин ыйса-ыйса күлсүбүппүтүн көрүөххүт этэ. Букатын, төкүнүйэ сылдьан быарбытын тарбаабыппыт – кыылбыт былыр үйэҕэ тоҥон өлөн хаалбыт эбит! Арааһа, ким эрэ өлбүт кыылы булан баран, дьээбэлэнэн от күрүөтүгэр өйөннөрү ууран кэбиспит быһыылааҕа. Омун-төлөн дьон ону билбэккэбит киирэн биэрдэхпит. Билигин ону саныы-саныы күлсэбит эрэ. Ытар саҕана сирэй-харах турбута, дьэ, сүрдээх этэ. Е.Рожин, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан