Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыйдаҥалаах киэһэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыйдаҥалаах киэһэ

K
30.09.2022 13:19
   Олорор уонна үлэлиир дэриэбинэм ырааҕа 4 км курдук. Күһүҥҥү киэһэ үлэбитин бүтэрээт, дьүөгэбин кытары дьиэлээн истибит.        Ыйдаҥаҕа көрдөхпүнэ, биһигиттэн син чугас соҕуһунан биир дьахтар оҕотун сүкпүтүнэн баран иһэр. Дьүөгэбэр: «Хата, аргыстаһыах ити дьахтардыын. Син биир биһиги суолбутунан баран иһэр дии, бачча хараҥаҕа», – диэтим. Дьүөгэм дьигис гынна, хараҕын быччатаат, миигин көрдө «оонньоомо эрэ, аньыы даҕаны, тугу этэҕиний, ким да суох буолбат дуо». Мин илэ харахпынан көрөр киһи мөккүстүм «субу баран иһэллэр дии, хайдах көрбөккүнүй» диэтим. Киһим сирэйэ-хараҕа уларыйда «түксү, куттаама» диир. Мин «атын доҕоттор» буолалларын өйдөөтүм, иккиэн саҥата суох бардыбыт, олус куттанным. Хата, дьолбутугар, массыына иһэр этэ. Массыына паарата тыгаатын кытары оҕолоох дьахтар мэлис гынан хаалбыт. Дьүөгэм суоппарга кэпсээбитигэр «ээ, ити көстөн ааһар дьахтар туһунан истээччибин, барахсаттар сир-халлаан икки ардыгар муна сырыттахтара» диэтэ.   Оскуола иччитэ      Бэйэм кыра эрдэхпиттэн аһаҕас эттээхпин. Киһи өлөрө чугаһаабытын, куһаҕаннык бараары гыммытын түүл-бит нөҥүө сытынан билээччибин.  Таһынааҕы дэриэбинэҕэ аймахпар ыалдьыттыы, хоно-өрүү тиийдим. Киһим оскуолаҕа харабылынан үлэҕэ киирбит этэ. Ирэ-хоро кэпсэтээт, чэйдээт, орон оҥостон утуйаары гыммыппын «оскуолаҕа тахсан, доҕор буолбаккын ээ» диэн көрдөстө. Оскуола тиэргэнин кэрийээт, эмиэ уруккубутун кэпсэтэн баран, нуктаабычча, утуйуох диэн буолла. Учууталлар хосторугар улахан дьыбаан баар этэ, онно утуйар буоллум.    Уот сабыллан, киһим мунна хаһыҥыраан барда. Ону-маны саныы сытаммын, бэйэм даҕаны нухарыйан иһэн, киһи хаамарын истэн олоро биэрдим. «Иккиэбит эрэ буолбаат, киммит киирдэҕэй?» диэн дьиктиргээтим. Арай атах тыаһа учуутал хоһун диэки чугаһаатар чугаһаан киирэн барда. Көрүдүөр уоттаах буолан, аан аннынааҕы быыһынан күлүк көстөр. Чочумча буолаат, ааным аһылынна. Кып-кыра уҥуохтаах, этэрбэстээх, былааттаах эмээхсин турар уонна «тур уонна мантан бар» диир. Куттанным эрээри, хайыахпыный, киһибин уолутумаары, оргууй уһугуннараат, «дьиэҕэ таҕыстым, дэлби тоҥнум, сүгүн утуйуо суохпун» диэтим. Ол курдук түүн 4 чааска дьиэбэр тэбиннэҕим.    Биир сыл буолан баран ол аймахпар эмиэ ыалдьыттыы тиийбитим, харабыллаан бүппүт этэ. Били түбэлтэни кэпсээбиппэр, хата, күлэр «һэ-һэ, дьүлэй буолан, тыас тыаһыыр эрэ хайыыр – истибэт этим, утуйан буккурата сыттаҕым».   Ольга кэпсээннэрэ.   Сир иччитэ      Сайын. Үөрэхпин түмүк­тээн, дьиэбэр ийэбэр-аҕабар атаахтыы, дьиэ үлэтигэр кө­мө­лөһө таҕыстым.    Отчуттарга ийэм алаадьы астаан, кэһиилээн ыытта. Сирбит оннук ыраах буолбатах, балтараа көс кэриҥэ. Төлөпүөнүм ырыатын хайа тардаат, сүгэһэрбин сүкпүтүнэн ыллык устун айаннаатым. Баран иһэн хаартыскаҕа түһэрэ­бин, алаадьыбыттан уоран сиибин, ырыабын улаханыгар холбоот, тэҥҥэ ыллаһа истим. Суон тииккэ ньылбаа түү­лээх тииҥчээн олорорун көрөн, хаартыскаҕа түһэрээри кыҥастаһа турдум. Арай кө­рүөх бэтэрээ өттүгэр миигиттэн 2-3 миэтэрэ тэйиччи халадаай ырбаахылаах кыыс дьиэрэҥкэй тэбэн-дайан аттыбынан ааһан иһэрэ көһүннэ. Харахпар билиҥҥэ диэри бу баар. Кыыс көрүҥүн, баттаҕын ойуулуох этим даҕаны ол түгэҥҥэ куттанан, өйбүн сүтэрэ сыспытым. Соччо ыраата илик буоламмын, дэриэбинэбэр төттөрү сүүрбүтүм. Ийэбин көрөөт, ытаан киирэн бардым. Ийэм олус соһуйда, уоскуйан баран кэпсээбиппэр, кулгааҕым итийиэр диэри мөхтө: «Аныгы оҕолор, иччи диэни улахаҥҥа уурбат буолбуккут бэлиэтэ, айылҕаҕа сэрэнэн-сэрбэнэн, сири-уоту аһата, чуумпутук сылдьар баҕайыта. Эһигини үөрэтэн туһан...»    Ити кэннэ олоҕу көрүүм тосту уларыйан, айылҕаҕа та­ҕыс­тарбын эрэ, ыалдьыт курдук сананабын. Санаабар, куруук иччилэр кэтии-маныы сылдьар курдуктар...   Сайыына, устудьуон.   Үс сирэйдээх сиэркилэ      1972-1973  сыллардаахха оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр буолбут түбэлтэни кэпсиим. Бу санаатахха, ол саҕанааҕы оҕо сынньалаҥ күнүн  туһалаахтык да атаарар эбит: тэлгэһэ  хаарын  күрдьэн, ынах пиэрмэтигэр үлэлэһэн, мас хайытан, куобахха, хабдьыга туһах иитэн.  Биһиги кылааспытыгар үөрэнэр Мэхээс дьоно бөһүөлэктэн тэйиччи турар хара саһылы, күөх кырсаны иитэр пиэрмэҕэ  үлэлииллэрэ.         Сааскы каникулбутугар, өрөбүллэргэ ол пиэрмэҕэ көмөлөһөөрү хайыһарынан барарбыт.  Хайыһардыырбытын астынар буолан, үөрэ-көтө дайарбыт.    Биир өрөбүл күн үһүө буолан Быйыттаах диэн сиргэ айаннаатыбыт. Таарыйа пиэрмэҕэ баар дьоҥҥо почта, ас-үөл илдьээччибит. Барахсаттар наһаа үөрэллэрэ.    Биир кэмэлдьилээх соҕус майгылаах Уйбаан диэн эдэр үлэһит уол баара. Дьээбэлээх-хооболоох буолан, кинилиин тэҥҥэ куодарыһарбытын сөбүлүүрбүт. Үлэбитин үмүрүтээт, куруук кини дьиэтигэр, тэлгэһэтигэр мэниктии, күүлэйдии барааччыбыт.    Пиэрмэ турар сирин айылҕата олус кэрэ, алаадьы курдук төгүрүк күөллээҕэр балыктааччыбыт, арай көстүүнү былыргы балаҕан омоонноро, өһүөлэрэ эрэ хараардаллара. Уйбаан дьиэтин аттыгар кыракый сыырдаах, онно былыргы дьон уҥуоҕа баара. Сураҕа, ойуун дуу, удаҕан дуу уҥуоҕа ханан эрэ сытар үһү. Ким эрэ суорума суолланнаҕына, «оо, били, сиэтэҕэ» дииллэрин истэн аһарааччыбын.    Кэлбит күннэрбитин эмиэ Уйбаан дьиэтигэр атаараары киниэхэ тэбиннибит. Уот суох буолан, кыраһыын лаампанан сырдатынабыт.  Дьиэбититтэн тэлэһийэн, көҥүл босхо барбыт дьон оройбутунан көрдүбүт. Уйбаан да инчэҕэй эттээх киһи буоллаҕа, «утуйуҥ, сарсын үлэ, сылайдым» диэхтиирин истибэккэ сырыттыбыт.    Киһибит этэ сатаан баран «чэ, айака, оччоҕо сэттэҕитин ылыам» диэтэ уонна, били, киһи уҥуохтардаах сыыр диэки баар дьиэ муннугар үс сирэйдээх кыра сиэркилэни уурда, чүмэчи уматта.  Биһиги дьээбэлэнэр дуу дии санаабыппыт, Уйбааммыт сирэйэ-хараҕа уларыйан хаалбыт, үөрбэт: «Сиэркилэни көрүҥ», – диэтэ. Көрдөхпүнэ, сиэркилэ иһигэр испиискэ хоруопкатын саҕа маҥан туох эрэ даллаҥныыр, биһиги күлэ-күлэ  «оо, үрүҥ холууп көтөн иһэр» дэстибит. Арай ол «маҥаммыт» улааттар улаатан, киһи сирэйигэр майгыннаата. Бары сарылаат, орон аннын былдьастыбыт. Син өй-төй булан иһэн хараҕым кырыытынан өйдөөн көрбүтүм, сиэркилэ иһигэр биир куһаҕан баҕайы дьүһүннээх, арбайбыт баттахтаах эмээхсин үрүҥүнэн көрөн олорор эбит!     Бары да ону көрдүбүт, быһыыта. Хаһыы-ыһыы буоллубут, ытастыбыт, «Уйбаан, бүт» дэһэн көрдүбүт. Киһибит сирэйэ-хараҕа турбут, бэйэтэ да ыгылыйбыт көрүҥнээҕэ. Онтон эмискэ сиэркилэни саба баттаан кэбистэ «утуйуҥ диибин буолбаат!» диэтэ. Ийэбэр кэпсээбиппэр сөбүлээбэтэҕэ. Ити кэннэ Уйбааҥҥа сылдьыбат буолбутум. Биир сыл буолан баран истибитим,  Уйбаан барахсан дойдутугар – Тааттаҕа тахсан баран эргиллибэтэх. «Кырбаабыттар, ол кэннэ өрүттүбэккэ, куһаҕан буолбут» диэн сурах кэлбитэ. Били сиэркилэлээх түбэлтэ уонна ити быһылаан ситимнээхтэр диир уустук эрээри, куһаҕанынан оонньуур сэттээҕин сэрэйдэхпит.   Хотуттан М.   Эргэ балыыһа       Тохсунньу томороон тымныытыгар дьиэбит оһоҕо ситэ сылыппакка, түннүк анныгар сытаммын, бүөрбүн то­ҥорон, балыыһаҕа киирдим. Тымныйан ыалдьыбыт, быраа­һынньыктар кэннилэриттэн араас ыарыыга ылларбыт, үлүй­бүт дьон үгүстэрэ. Ыары­һахтар балааталара үксэ толору буолан, миигин изолятор хоһугар сытыардылар. Хос иһэ муус маҥан, хаачыргыыр муосталаах, кыра түннүгү эргэ баҕайы таҥаһынан бүрүйбүт­тэр, онон кутум-сүрүм төрүт тохтообото. Ити кэриэтин дьиэбэр сыппыт ордук буолуох этэ.    Киэһээҥҥибин аһаат, кинигэ ааҕа сытан, утуйан хаалбыппын. Уһуктубутум: түүн үөһэ. Туран, суунар сиргэ бардым. Уу чуумпу, дьон утуйа сыттахтара. Атах тыаһын истээт, ординаторскайтан быраас кыыс өҥөйдө. Изоляторбар киирэн, ороммун оҥостон, ол-бу арааһы санаан утуйбакка сыттым. Арай хоһум иһигэр ыар ынчык иһиллэргэ дылы буолла. Соһуйдум аҕай. Сыыһа иһиттим дуу диэн санаатым. Ол да буоллар нухарыйан киирэн бардым. Түүн ким эрэ ытыырыттан уһугуннум. Титирии аҕай сытар эбиппин, уу-хаар бөҕөтүн баһан, көлөһүн аллыбыппын. Уһугуннум даҕа­ны ким да ытыыр сибикитэ биллибэт, арай таһынааҕы хоско быраас кыыс суруйар, тэтэрээт лииһин аһар-сабар тыаһа иһиллэр. Уум көтөн хаалан, син балай эмэ сыттым. Эмискэ ыар ынчык иһилиннэ уонна олус куһаҕан, бүтэҥи куолас: «Быыһааҥ», – диэн сэниэтэ суохтук иһилиннэ. Куттанан, ороммуттан турбуппун өйдөөбөккө да хааллым. Уоппун аһан хоспун эргиччи көрдүм, туох да баар сибикитэ биллибэт. Иирдим дуу, куһаҕан буолаары гынным дуу дии санаатым. Хайыахпыный, быраас кыыска этиэхпин кыбыстабын, ороммор сыттым. Куттанан, сүрэҕим тыаһа быраас кыыска да иһиллиэх курдук, санаабар. Саатар, уум да кэлбэтиттэн абара сытан, устунан утуйан хааллым.    Түһээтэхпинэ, тириитин уокка сиэппит эдэр уол киирэн кэлээт, орон анныгар киирэн хаалла. Мин хаһыытыы сатыыбын, саҥам тахсыбат, илиим-атаҕым баайыллан хаалбыт. Хоруорбут сыт кэлэр даҕаны уол бэйэтэ көстүбэт, арай орон анныттан «сиэбиттэрэ-ээ, быыһа-аҥ, мантан бар, бар, бар...» диэн хаста даҕаны сэниэтэ суохтук хатылаата. Саҥа таһаара сатыыбын даҕаны ыйылыыр, ытыыр курдук иһиллэр. Өйдөммүтүм, быраас кыыс уһугуннара турар эбит. Бүөрүм өссө ыалдьыбыкка дылы буолбут, утаппыппын.    Быраас кыыска манна хом­моппун диэн этэ сатаан көр­дүм да, «түүн ортото ханна ба­раары, ол-бу буолбакка утуй, араастаан арыгылыы-ары­гы­лыы киирэн баран кэбилэ­нэҕит!» диэн мөҕүтүн­нэ. Ааны тыастаахтык сабаат, тахсан барда. Ол курдук 2-3 күнү быһа муҥнанным. Түүлбэр, били, уот сиэбит тириилээх уол киирэн үүрэр, көмө да көр­дүүр.    Хата, дьон балыыһаттан тахсан, уопсай балаатаҕа кө­һө­рөннөр быыһанным. Аттыбар сытар оҕонньорго изолятор туһунан кэпсээбиппэр, «Оо, ол барахсан буоллаҕа дуу? 50-ча сыл анараа өттүгэр эдэр уол бэйэтигэр тиийинээри бэнсиин куттан уматына сатаабыт. Ону дьоно көрөн, уотун умуруоран, балыыһаҕа киллэрбиттэр. Ыйы быһа сытан, хаан-билик, баас абытайыгар эрэйдэнэн суорума суолламмыта. Биирдиилээн дьон ити уол ынырык ынчыгын, сэниэтэ суох куолаһын истэллэр. Өлбүтүн кэннэ туох да сиэр-туом оҥоһуллубатах буолан көстөөхтүүр буоллаҕа, саатар, хоһу ыраастыах этилэр...» – диэн оҕонньор сонньуйан ылла.   Куола.
kyym.ru сайтан