Кэпсээ
Войти
Регистрация
Төрөппүт эрэ «ИЙЭ» диэн үрдүк ааты сүкпэт…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Төрөппүт эрэ «ИЙЭ» диэн үрдүк ааты сүкпэт…
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.10.2022 17:00
… «Аҕаа, барымаа! Аҕаа, мин барсабын!» диэн улаханнык уйуһуйбут, ытыы-ытыы сүүрэн иһэр уончалаах уол оҕо ардах кэнниттэн ат туйаҕыттан түһэн суолга лоппоччу хаппыт бөлтөгөртөн иҥнэн умса баран түстэ. Ол ытабыллаах хаһыыттан Өлүөнэ өрүс кытылыгар хоммут бэс ыйынааҕы айылҕа барахсан тупсан турар кэминээҕи сандаарбыт сарсыардааҥы наҕыл чуумпу, биирдэ бытарыс гыммыт курдук буолла, чыычаах күйгүөрэ, кэҕэ этэрэ, барыта хайдах эрэ бу аймалҕантан куттаммыт дуу, кыбыстыбыт дуу курдук ах баран ылла. Охтубут уолчааны кытары урут-хойут түсүһэн тэбинэн испит кинилиин араа-бараа саастаах икки кыыс, биир уол оҕолор соһуйан хорус гына түстүлэр. Ааһа сүүрэ турбут уоллаах кыыс төттөрү сүүрэн кэлэннэр уолчааны туруору тардан таҥаһын тэбээбит буоллулар. Онтон эмиэ салҕыы өрүс диэки тэбиннилэр. Субу түгэҥҥэ өрүс кытылыгар уу-чуумпуга налыйбыт Өлүөнэ өрүс килэгир ньууругар биллэр биллибэт эрдии суолун хаалларан, тыылар араҕан эрэллэрэ. Бүтэһик, биэрэктэн араҕа илик тыыга, бурдуктаах куулу көтөҕөн ууран эрэр эдэрчи киһи оҕо хаһыытын истэн «дьик» гынан баран, ол хаһыы диэки сүүрүөхтүү бүтүн бэйэтэ таласпытын, аҕам саастаах тыыга олорор киһи «Киир, олор. Бардыбыт!» диэн кытаанахтык эппитигэр, хайдах эрэ эмискэ кырдьыбыт курдук көхсө нүксүс гынан хаалла уонна тыыны биэрэктэн ууга анньан кэбиһэн баран бэрт чэпчэкитик ыстанан тыыга олоруста. Уонна биирдэ даҕаны кэннин хайыһан көрбөккө, умса туттан хараҕын уутун кистии сатыы-сатыы эрдиспитинэн барда. Оҕолор тыылары баттаспакка, дьоно көрдөрбүтүнэн баран эрэллэрин ситэри итэҕэйбэккэ, ытаспытынан кытылы кыйа сүүрэккэлии сырыттылар. …Бу, Өлүөхүмэ эрэ уокуругар, сайынын быстах да буоллар ардаан, күһүнүн хаһыҥ түспэккэ, бурдук син үчүгэйдик үүммүт сылын эһиилги сайына этэ. Ааспыт сылга атын уокуруктарга, ордук Бүлүү эргин сааскыта тымныы, тыаллаах, сайыҥҥыта кураан уонна күһүөрү эрдэ хаһыҥ түһэн, бурдук ыһыытыттан туһамматахтар. Ол былырыыҥҥы куһаҕан дьыл дьиппиэр салгына быйылгы дьылга охсуута улахан этэ. Дьон ыһар бурдуга суох буолан ыксаабыттара, аймаммыттара. Оччолорго аҥаардас айылҕа эрэ бэрсибитинэн аһаан-таҥнан олорор дьоҥҥо сут дьыл эстиигэ-быстыыга, өлүүгэ-сүтүүгэ тиэрдэр, бүтүн норуот иэдээнэ буоллаҕа. Бүлүү бөлөххө олорор саха дьонугар улахан аччык сыллар үөскээннэр, киһи эрэ сүрэҕэ ытыыр-айманар түгэннэрэ кэлбиттэрэ. Ол курдук, дьон дьиэ кэргэттэрин өлөр өлүүттэн быыһаары, оҕолорун Өлүөхүмэҕэ киллэрэн бурдукка атастаһарга тиийбиттэрэ. Кырдьаҕастар ахталларынан, атастаһыкка кэлбит оҕолор барахсаттар дьоннорун сайыһан ытаһыылара Өлүөнэ өрүс кытылыгар өргө дылы турбута үһү. Дьэ, бу тустаахха олус ыарахан түгэнтэн саҕаламмыта — биһиги сиргэ төрөөн, оҕо-уруу төрөтөн, төрүттэрбитин ахтан-санаан олоруохтаах икки үйэни ситимниир дьылҕабыт суола. …Били, аҕатын эккирэтэн ытыы-ытыы сүүрбүт уончалаах Борокуоппай уолу кытары өссө икки кыыһы уонна биир уолу Бүлүү диэкиттэн аҕаланнар бурдукка атастаһан , Марфа Егоровна Мокрощупова диэн бэйэтэ төрөппүт оҕото суох баай дьахтарга биэрбиттэр. Бу иитиэххэ кэлбит оҕолор дьоллоругар көстүбүт, тыыннаах аанньал буолбут эр санаалаах, хорсун-хоодуот майгылаах дьахтар уопсайа сүүрбэччэ оҕону ииппит диэн үһүйээн курдук кэпсииллэр. Сүрдээх кыахтаахтык олорор дьахтар элбэх ынах, сылгы сүөһүлээх, хаһаайыстыбатыгар туттарыгар ат косилкалаах, кыраабыллаах, үлэһиттэрин дьаһайан, тиэргэнин тэринэн, оҕонон итэҕэһин суох гынан, оҕо бөҕөнү ииппит. Оҕолорго бэрт сымнаҕастык сыһыаннаһан, тулаайахсыппакка, оҕоттон итэҕэстиппэккэ, бэл диэтэр, оҕолортон ордуктук маанылаан иитэлээбит. Ол курдук бу оҕолор оҕолордуун тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн, үлэни улахан дьоннуун тэҥҥэ үлэлэһэн даҕаны сырытталлар, сынньанар кэмнээхтэр эбит. Кинилэр улаатан баран бөчүөккэҕэ сылдьан, оҕолордуун тэҥҥэ оонньоон- көрүлээн, эдэр саастарын бэрт истиҥник санаан сылдьыбыттар. Борокуоппай уол бэрт сытыы-хотуу, бэйэтин кыанар буола улааппыт. Уон тоҕус сааһын туолан баран Мааппа эмээхсиҥҥэ үлэлиир бэйэтиттэн икки сыл аҕа, сырдык хааннаах, тэтэркэй имнээх Мааса кыыһы сөбүлээн кэргэн ылан ыал буолаллар. Эдэрдэр ийэлэригэр олорон оҕо-уруу төрөтөннөр, оҕо төрөтөр дьолун билбэтэх Мааппа эмээхсин сиэн минньигэс сытын билэр. Дьэ ити курдук, эмээхсин уолаттарын бэйэтин оҕолорун курдук иитэлээн, араспаанньатын биэрэн, ыал оҥортообут, сиэн оҕо көтөхпүт. Элбэх сүөһүлээх буолан, эти-арыыны, бурдугу эргинэригэр уолаттарын атын атыыһыттардыын кыттыһан бэдэрээккэ ыытар эбит. Маачанан, Бодойбонон эргинэннэр таҥас-сап, саҥалыы иһит хомуос ылынан кыһалҕа диэни билбэккэ олорбуттар. Борокуоппай үс кылаас үөрэхтээх, ааҕар, суоттуур буолан эргиэннэрэ бэркэ табыллан, дьиэтигэр таһаҕас бөҕөнү тиэнэн кэлэрин дьоно улаханнык үөрэ-көтө көрсөллөрө. Бэдэрээккэ биир дойдулаах Кыыллаах Арыы уолаттара, бары даҕаны кус быһый уолаттар мустан сылдьыбыттар, былыргы сыарҕа суола кыараҕаһа бэрт буоллаҕа, ол иһин суолга харгыс үөскээтэҕинэ кэннинээҕи сыарҕалаах аттаах дьоннор хомураҕы кэһимээри аттан акка ыстанан обуос иннигэр бараллара үһү. Аттарын туйаҕын иһэҕин ыраастыыр өтүйэлэрин курдарыгар иилинэ сылдьалларын иһин «Өтүйэлээх өлүөхүмэлэр» диэн аатырбыт бэдэрээтчиттэр сылын аайы кыһыҥҥы суолунан сылаалаах айаны айанныыллара. Саас кэллэҕинэ сир оҥоруута, бурдук ыһыыта, сайынын Кэрбиилэ арыыга киирэн оттоон сүөһүлэригэр кыстыыр от бэлэмнииллэрэ, барыта Мааппа эмээхсин уолаттарын, илии-атах үлэһиттэрин харытынан оҥоһуллара. Быһата саха ыалын сиэринэн уһун тымныы кыһыҥҥа бэлэмнэнэн, бары саба түһэн үлэлииллэрэ. Дьэ ити курдук Мааппа эмээхсин улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ буолан, оҕо ииппит дьолунан дуоһуйан олорбута. Ол олордохторуна 1922 хаҕыс, алдьархайдаах, сэриилээх, хаан тохтуулаах сыл үүммүтэ. Ол курдук 1922 сыллаах саас Өлүөхүмэ улууһугар саҥа тэриллибит Октябрьскай революцияны утарар баай-тойон өттүттэн сэбилэниилээх баанданы тэриммит үрүҥ бандьыыттар тобохторо Кыhыл аармыйа күүстэриттэн үлтү сынньыллан, Алексеев уонна Васильев хамандыырдаах Дьокуускай куорат, Амма, Чурапчы диэки туhаайыыттан Томмотунан куотан биhиги оройуоммутугар Чаараҕа кэлэн олохтоох дьону сороҕун албыннаан, сороҕун өлөрүнэн куттаан, сороҕун тоҥ умуhахха хаайан сордоон, бэйэлэрин кэккэлэригэр киллэрбиттэр. Кинилэр элбэх саалаах киhини мунньан, Даппарай дэриэбинэтинэн Бүрүк диэки ааhаары бэлэмнэммиттэр, онон олохтоох дьоҥҥо кутталлаах быhыы үөскээбитэ. Бу кэмҥэ эр дьон өттө арыыга оттуу сылдьар буолан, оҕо-дьахтар эрэ дьиэҕэ хаалбыт кэмэ этэ. Ол да буоллар куттанныбыт диэн ханна куотуохтарай, кутуйах иинин кэҥэтэ олороохтообуттара. Бииртэн биир кутталлаах сонун тиийэн кэлэн кыра дэриэбинэ дьонугар күннээҕи кэпсэл буолбута. Олохтоохтор Сэбиэскэй былаас диэки санаалаах ревком үлэһиттэрин, эдэркээн комсомолецтары кыыллыы өлөртөөбүттэрин истэ-билэ олорбуттара. Аны ол кыыллыйбыт бандьыыттар илиилэриттэн икки эдэркээн хомсомуол уол — олохтоох оҕолор Егор Винокуров уонна Иван Герасимов Даппарайтан Токолуур суолга бандьыыттары чуҥнуу барбыттарын уонна ытыалаһыыга дьоруойдуу өлбүттэрин туһунан соһумар сурах кэлбитэ. Егор Винокуров уон биэс саастаах Кыыллаах Арыыга олорбут уолчаан сааһын эбинэн, уон аҕыстаахпын дэнэн хомсомуолга киирбит этэ. Комсомуолга киирэн баран билиэтин даҕаны илиитигэр туппакка сылдьан сиэмэх буулдьаттан өлбүтэ. Олохтоохтор биир дойдулаах билэр оҕолоро бандьыыттар илиилэриттэн өлбүтүн истэннэр эбии аймаммыттара, куттал бу суоһаан кэлбитин илэ-чахчы итэҕэйбиттэрэ. Гражданскай сэрии кэмигэр Өлүөхүмэ уокуругар Сэбиэскэй былааһы, олохтоохтору көмүскүүр кыһыллар этэрээттэрэ кэлбиттэрэ. Даппарайга бандьыыттары утары сэриилэһиэхтээх этэрээт хамандыыра Марков Василий Павлович диэн соҕурууттан кэлбит нуучча киһитэ этэ. Саха киһитэ биллэрин курдук, самаан сайын күннэрин баттаһан кыһыҥҥыга бэлэмнэнэн саамай үлэлиир-хамныыр кэмэ, арай маннык быһыы буола турдаҕына от оттуур, мас мастыыр сэрэхтээх буолбута. «Олохтоохтор дэриэбинэттэн мээнэ тэйимэҥ, оҕолоргутун эмиэ дьиэттэн мээнэ ыытымаҥ, бандьыыттар хаhан баҕарар тиийэн кэлиэхтэрин сөп, мэник буулдьаҕа табыллан хаалыаххыт, ол кэрээннэриттэн тахсыбыт дьон оҕо-дьахтар диэн кэрэйиэхтэрэ суоҕа», диэн этэрээт хамандыыра Марков олохтоохтору кытаанахтык сэрэппитэ. Арай, ол кэмҥэ Мааппа эмээхсин Борокуоппайын кэргэнэ Мааса ыарахан сылдьара эбитэ үһү, улахан уола уончалаах Мэхээлэ ыалларын оҕолорунуун оҕо-оҕо курдук суол нөҥүө ыстааптанан олорор кыһылларга тахсан барытын көрө-истэ сылдьан, саллаат буола, сэриилэһэ оонньууллар эбит. Самаан сайын ортото оҕону дьиэҕэ хаайа сытар уустук суол буоллаҕа дии, онон төһө даҕаны куттал баарын иһин, оҕолор кырыс буорга туста, сүүрэ оонньуулларын улаханнык бопсубаттара. Ол этэрээт дьонугар аһылык наада диэн оҕото эппитигэр Мааса байыастарга лэппиэскэ таһааран биэрбитин, ыаллара Алааппыйа эмээхсин киирэн, хобулаан хотунугар дэлби мөхтөрбүт. «Хайа, оттон бандьыыттар кэлэннэр кыhыл этэрээти аhатан олорбуккут диэн турдуннар арай? Мааппа эмээхсин дьоҥҥун наhаа көнүл босхо ыыппыккын дуу тугуй? Буойталыыhыккын!». Бу курдук олордохторуна күһүөрү сайын бандьыыттар Токоннон Даппарайга тиийэн кэлэллэр. Тыа кытыытыгар турар аҕыйах ыаллаах дэриэбинэ соҕотохто аттаах, саалаах дьонунан туола түһэр. Ыаллары түүрэйдээһин, астарын халааһын, утарыласпыкка саанан дугдуруйааһын, кырбааһын саҕаланар. Бэйэтэ даҕаны бэрт аҕыйах ыаллаах кырачаан дэриэбинэҕэ улахан куттал суоһаан, дьон барахсан саһарга күһэллэллэр. Мааппа эмээхсин аны бандьыыттар кийиитиҥ кыһылларга көмөлөспүтэ диэхтэрэ диэн, кийиитин оҕотун Мэхээлэни кытары эрдэттэн үүт угар умуһахха саһыарбыт, оҕолорун, сиэннэрин барыларын бэйэтин дьиэтигэр мусталаан олорбут эбит. Хайыай, ийэ барахсан оҕолорун көмүскүүр-хаххалыыр санаалаах буоллаҕа дии. Дьэ, онтон биир туманнаах, сиик бөҕөтө түспүт, күн саҥа тахсан эрэр сарсыардатыгар саа тыаһа, бааһырбыттар хаһыылара, ыттар үрэллэрэ, сүүрүү-көтүү буола түспүт. Утуйа сыппыт дэриэбинэ олохтоохторо саһар куотар мучумааныгар түспүттэр. Ити Марков хамандыырдаах кыһыллар этэрээттэрэ бандьыыттарга соһуччу саба түһэн, харабыллары сууһартаан, куотааччылары эккирэтэн ааспыттар, ол эрээри, дэриэбинэ алын кытылын диэки пулемет ытыалыырыттан иҥнэ түспүттэр. Марков бирикээһинэн үс байыас үүнэн турар бурдук быыһынан саһан киирэн, чугаһаан баран, «Бэриниҥ! Илиигитин өрө уунуҥ!» диэн соһуччу саба түһэн пулеметынан ытыалыы сытар икки бандьыыты туппуттар. Ордон хаалбыт бандьыыттар Бүрүгүнэн өрүһү туораан I Нөөрүктээйигэ куотар санаалаах тиийэн баран? тыыта суох буолан курданалларыгар диэри ууга киирэн туран бэриммиттэр. Арай, биир орто саастаах киһи умсан кэбиспит уонна балачча тэйиччи сиринэн күөрэйэн баран өрүһү харбаан туораабыт. Онуоха байыастар сөҕөн эрэ хаалбыттар, сүрдээх ууһут, кыахтаах киһи эбит диэн. Ити курдук сэбиэскэй былааһы көмүскүүр кыһыллар этэрээттэрэ 1922 сыл күһүнүгэр Өлүөхүмэ уокуругун барытын бандьыыттар тобохторуттан ыраастаабыттара. Ити Мокрощупова Марфа Егоровна диэн эмээхсиҥҥэ иитиллибит Борокуоппай — Прокопий Афанасьевич, мин аҕабынан эһэм, оттон били мөҕүллэн баран үүт умуһаҕар бандьыыттартан саспыт мин эбэм Мария Петровна Мокрощуповтар буолаллар. Кинилэр уон үстэ оҕоломмуттарыттан илиилэригэр тутан хаалбыт үс оҕолоруттан соҕотох уолларыттан төрөөбүт үс оҕо, дьылҕа хаан ыарахан ыйыытынан ийэтэ суох хааламмыт, эбэлээх эһэбит, аҕабыт уонна эдьиийбит Жирохова (Мокрощупова) Октябрина Прокопьевна ийэлии көрүүтүнэн-истиитинэн улаатаммыт сылдьабыт. Эбэлээх эһэм барахсаттар биир эрэ сыл быысаһан олохтон барбыттарын кэннэ саамай тумус туттар, холобур оҥостор киһибит аҕабыт уонна биһигини, убайын оҕолорун улаатыннарбыт киһибит — эдьийбит буолан хаалбыппыт. Эдьийбит барахсан үлэһит үтүөтэ, асчыт, иистэнньэҥ бэрдэ этэ. Кини баар буолан оҕоттон итэҕэс санаммакка, мааныланан иитиллибиппит. Сиэр-туом, олоххо, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыан, дьиэ кэргэҥҥэ иитииттэн-үөрэтииттэн саҕаланаллар эбээт, ол курдук оҕо сүрэҕэр иҥэриллибит таптал, эйэҕэс эйгэ, уйаҕас сыһыан, хаһан да сүтэн-оһон хаалбаттар, улааттаҕыҥ аайы тэҥҥэ улаатыһан, тэнийэн, кыым бэйэлэрэ кутаа буолан тулатын сырдаталлар, сылыталлар уонна кинилэр умуллубат, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр аналлаахтар … Ол кыым биһиэхэ даҕаны, оол былыргы кэмнэртэн — Марфа Егоровна Мокрощупова уйан сүрэҕэр оҕоҕо таптал кыыма саҕыллыаҕыттан, сүрэхтэн сүрэххэ бэриллэн кэлбитин итэҕэйэбит, киниэхэ сүгүрүйэбит. Сүрэхпитигэр иҥэриммит сылаас тапталбыт кыымын билигин оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр тиэрдэн, өссө даҕаны салҕана туруоҕа диэн эрэнэбит. Бу быйылгы 2022 сылга 100 сыла туолбут, оччолорго тыа сирдэригэр уот холорук буолан дьон-сэргэ олоҕун аймаабыт гражданскай сэрии кэмнэрин туһунан оччотооҕу дьон ахтыылара, кыһыллар этэрээттэрин хорсун быһыыларын туһунан кинигэлэр кэрэһит буолан кэпсииллэрин биһиги билэн сырыттахпыт. Гражданскай сэрии түмүктэммитэ 45 сылыгар анаан 1967 сыллаахха Даппарайга өйдөбүнньүк пааматынньык туруоруллубута. Онно Даппарайга буолбут гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыллар этэрээттэрин хамандыыра Марков Василий Павлович Москва куораттан кэлэ сылдьыбыта, пааматынньк аһыллыбытын көрөн уонна кинилиин бииргэ сэриилэспит этэрээтин байыастарын, Кыыллаах Арыы олохтоохторун Акимов Иннокентийы уонна Сатаков Иннокентийы көрсөн, урукку дьоруойдуу сэриилэспит кэмнэрин уйадыйа ахтан-санаан, өр сыллар кэннилэриттэн тыыннаах көрсүбүттэриттэн үөрэн-көтөн ааспыттара. Эдэр саастарыгар бандьыыттар илиилэриттэн быстыбыт хорсун уолаттар Иван Герасимов уонна Егор Винокуров ааттарын үйэтитэр бэлиэ Даппарайга уолаттар өлбүт сирдэригэр Солооһуҥҥа туруоруллубута. Хорсун-хоодуот майгыны сэргэ, үтүө быһыы- майгы умнуллубаттара сөптөөх диэммин, Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылынан, дойдубар, Өлүөхүмэ уокуругун Даппарай нэһилиэгэр эдэр Сэбиэскэй былааһы көмүскүүр гражданскай сэрии буолан ааспыта 100 сылынан, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сыла биллэриллибитинэн, оҕону иитиигэ өйдөрүн-санааларын, күүстэрин- күдэхтэрин анаабыт, оҕоҕо сүрэхтэрин аспыт, оҕону тулаайахсыппат гына уйан дууһаларын сылааһыгар кууһан-бигээн улаатыннарбыт, төрөппөтөх эрэ буруйдаах күндү ийэлэрбитигэр махталбытын, тапталбытын суругунан тиһэммит өйдөбүнньүк бэлиэ оҥордохпут буоллун! Ол иһин этэбин, төрөппүт эрэ «ИЙЭ» диэн үрдүк ааты сүкпэт…
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан