Кэпсээ
Войти
Регистрация
Доҕотторум
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Доҕотторум
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.10.2022 20:00
Оҕо саас туһунан кэпсээннэри киһи сааһыттан тутулуга суох сэргээн ааҕар. Уутун иһэн, булдун аһын сиэн, салгынынан тыынан улааппыт дойдум барахсан, сааһыран истэх аайы ыраатан иһэргэ дылы буоллаҕа. Чуумпу киэһээлэргэ, сарсыарда эрдэ оһохпун оттон , эһэкээн тыс-тас тыаһын, үйэлэри туораабыт сэһэни истэ сытан дойдум барахсаны харахпар бу баардыы ойуулаан көрдөххө, санаа аһары оонньуур, куту- сүрү өрүкүтэр. Дойдум дьоно, доҕотторум барахсаттар бу баардыы аттыбар кэлэн сэһэргии турарга дылы гыналлар. Сонуннарын кэпсээн эрэргэ дылы буолаллар. Киэсэ. Киэсэлиин хаһан бастаан көрсүбүтүм буолла, адьас өйдөөһүн суох. Арай оскуолабыт суола барахсан билэн сыттаҕа буолуо. Тилэхпит элэйбит ыллыкпыт барахсан баар буоллаҕына, элбэҕи билэн көрөн, истэн сыттаҕа. Сэрэйдэххэ, ыллыкпыт билиһиннэрэн доҕордуу оҥордоҕо буолуо. Кыһыннары- сайыннары бииргэ мэник бөҕөнү мэниктээн, өтөх бөҕөнү кэрийэн, ыам балыгын илиибитинэн хомуйан, син киһи-хара буолан, билин ыал эһэлэрэ буоллахпыт. Киэсэ биир бэйэтэ туһунан өйдөөх- санаалаах да буоллар, туохпут эрэ табыллар буолан бииргэ сырыттахпыт. Сүллүүкүн тахсыытыгар олору кэтэһэн түннүккэ хатанан турарбыт бу баарга дылы, харчыларын ылаары былаан бөҕө былааннанан, толкуй бөҕө толкуйдаммыта да, онтон салгыы барбат этэ. Туох сатана мэһэйдээн тохтуурбут буоллаҕай? Ама ааспытын иннигэр, сиик курдук симэлийэн сүппүтүн иннигэр, сорох түгэҥҥэ санаа-оноо ытарча курдук ыллаҕына бэҕэһээҥҥи курдук харахха көстөн кэлэрэ аһары да дьикти. Киэсэбинээн сири-сибиири бараан, ыам балыгын эккирэтэн эбэлэр ууларын аймыырбыт, киһим тураах сымыытын ылаары, мутук тостон аллараа диэки курулаан иһэрэ, мин иччилээх тураах сымыытын сиэн баран тураах төрүө диэн аймаммытым, дууһам көтө сыыспыта бу баарга дылы. Хайабыт дьаһайан, хайабыт ыйан- кэрдэн илдьэ сылдьыбытын этэр билигин уустук. Оччо биир өйдөөх- санаалаах бэдиктэр эбиппит эбитэ дуу. Нээтийэ өтөҕүнэн, Дьэҥкэнэн таскайданар аҕай этибит. Тугу көрдөөн сири- сибиири туора сүргүйэрбит эбитэ буолла. Ол былаһын тухары табаах тарпыт, арыгы испит киһи диэн санаа-оноо киирэн да көрбөт этэ. Алеша нууччатыҥы хааннаах, сырдык, биһиэхэ холуйдахха адьас атын санаалаах, билии-көрүү бөҕө иҥмит уола буоллаҕа. Тэлгэһэтигэр мэник бөҕөнү мэниктээбит, бииргэ улааппыт бэдиктэр буоллахпыт. «Сильные бывают великодушными» диэбитэ билиҥҥэ диэри эппэр-дууһабар иҥмитэ баар. Хотонноругар тыыннаах муннук тэрийэн эбэтиттэн мөҕүллэн, үрүө- тараа куоппуппут субу баарга дылы. Араас дьааһыктарынан килиэккэ оҥорон тураах оҕолорун, тоҥсоҕой оҕолорун мунньан иитэр толкуйдаах буоллахпыт буолуо. Ол толкуйбутун бэрт түргэнник сиик курдук симэлиппитэ. Ол санаалар түмүктэригэр билигин географ, эколог, краевед буолан айгыста сырыттаҕым буолуо. Оҕо санааларым билигин да арахсыбакка сырыттахтара. Бары бииргэ олорор сатаналар сайынын Бадьаҥҥа хаппыыста көрөн муҥнанарбыт. Дьиэбит, Бадьан, үрэх оһон эрэр ыллык суола төһөтө таскайдаммыппытын бэйэтэ билэн сыттаҕа. Хайаан барытын хатаран өлөрөн кээспэккэ үүнүү бөҕөнү үүннэрэрбит буолла. Оннооҕор билигин да санаабар баппат суол. Оччо мэник- тэник, окко- маска ыйааста сылдьар баҕайылар, саатар, сирбит ырааҕа, наар сатыы, биирдэ эмит оҕус миинэн айаннаан дьоллонор баҕайылар, хайдах дьаһанан сылдьарбыт буолла?! Аара суолга баҕа бөҕөнү таһыйан, ардах түһэрээри, ол эмиэ туһунан кыһалҕа этэ. Билигин санаатахха киһи сонньуйар, дьоммут барахсаттар хайдах дууһалара уйан, итиччэ тэйиччи сиргэ, үлэ үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэн ыыталларын өйүм хоппот. … Санаатаххына санааҥ тиийбэт диэн итини этэр буоллахтара. Валера, Вася буолан мустан олорон араас былаан бө5ө буоларбыт бу баар курдук. Вася адьас былыр хайдах этэй да, оннук. Омун- төлөн дьаһайан уол оҕото. Биирдэ эмит дойдулаах аатыран тиийдэххэ, ытыс үрдүгэр түһэрэр, төкүнүйэ сылдьабын. Урут…былыыр былыр…ама да ааспытын иһин…. Валера омун бөҕө бу тугу эрэ оннук этэ дии олороро бэҕэһээ эрэ курдук. Ону оннук суох этэ диир адьас быһа этэр табыллыбат. Баары хайыыр да кыах суох. Доҕотторум барахсаттар тиийдэхпинэ үөрэ көрсөллөрө аһары да истиҥ. Ол түгэннэри, истиҥ сэһэргэһии, кэпсэтии, олоҕу төттөрү сыымайдааһын. Олох кинигэтин хатылаан ааҕыы диэм этэ, мин. Ис-испиттэн кэпсии сатаатым да сатаан тылым тиийбэтэ. Вася ыһыахтыыр сиргэ тиийэн “көр сиргин- дойдугун” диэбитэ. Онно өйдөөн көрдүм, дьэ, улаҕата, саҕата сатаан мээрэйдэммэт улуу сир оҕолоро эбиппит! Хайаан урут өйдөөн көрбөккө, улуу сир оҕото буоларбын билбэккэ сылдьыбытым буолла? Итиннэ өйдөөн көрөн эппэр-сииммэр, дууһабар иҥэриммитим күүс-көмө, дурда- хахха буолара адьас баар суол. Доҕотторум барахсаттар биир салгынынан тыынан, биир сир уутун иһэн улааппыт дьон буоллахпыт. Буруйум диэн туора сиргэ олохсуйан, тэйэн хааллаҕым. Дойдум дьоно, доҕотторум омуннара- төлөннөрө эппэр- сииммэр иҥэн, оччотооҕу сырыыларбыт ханнык эрэ олук ууран, СӨ үөрэҕириитин туйгуна оҥорбута ол чуолкай. Сири- сибиири бараан дойдубут чугас эргин сирдэрин дууһабыт, санаабыт уйарынан, тугу эрэ сонуну көрөөрү кэрийэрбит, краевед, географ, лимнолог, эколог буоларга төрүт олук буолбута мөккүөрэ суох. Уйбаан Дьуонап.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан