Кэпсээ
Войти Регистрация

Иннокентий Попов булт туһунан кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Иннокентий Попов булт туһунан кэпсээннэрэ

K
edersaas.ru Категорията суох
16.10.2022 17:00
Тыһы кус тэппитэ… Сааскы кус көҥүлэ бүтэрэ бу кэллэ. Иллэҥ дьон син бултуйдулар. Арай Өндөрүүстээх Туолук атын дэриэбинэҕэ дьиэ тутаарылар кус­тан көрө маттылар. Онон бу, баҕар биир эмэ чөркөйү өлөрөөйөбүт диэн кэрийэ сылдьаллар. Өллөөх соҕус күөллэр хамсаабат кустарынан толорулар, онтон үтүрүттэрэн өрүс кытылыгар күөрэтиигэ сир уларыттылар. Өндөрүүс быйыл кыһын «Сайга» диэн аптамаат саа атыыласпыта, өссө өрө баран уонча тыһыынчалаах омук кыҥыырын ылбыта, онон ый буоллун, сулус буоллун барытын кыҥаан көрө сылдьар. Өрүс кытылыгар, талах күлүгэр уу аҕалбыт бэрэбинэтигэр олордулар. Одоҥ-додоҥ да буоллар, онно-манна саалар бүтэҥитик тыаһыыллар, ол аайы саҥа аптамаат барахсан чоп-чолоҥнос. Күн кылайа тахсыыта соҕуруу диэки хаптаһыны хаптаһыҥҥа таһыйан эрэр курдук саа тыаһа сүрдэннэ. Саалар тыастара бэртэх диэки чуга­һаан истэ. Халыҥ үөрдээх кус айанын тосхолуттан туорааччыта суох, биһиги сааһыттарбыт ону эмиэ бэркэ диэн билэллэр, кирийиэхтэринэн кирийдилэр. Салгынынан сылдьааччылар өр кэтэһиннэрбэтилэр – отучча үөрдээх моонньо­ҕон бу куһугураан кэллэ. Үөһэттэн көрөргө төһө ­эрэ ынырык эбитэ буолла? Эмискэ икки аптамаат ­саа сааскы сарсыарданы уйгуурдан, өрө сатараата. Өс киирбэх биир кус өрүс хобордообут мууһугар баран түстэ. Өндөрүүс омунугар саҥа саатын илиитин таһынан илгээт, үлтүркэй мууһу тоҕута-хайыта үктээн, куһу харбаан ылаат, күөрэччи уунна. Саа эрэйдээх саҥа эстибитин туоһулаан, уоһунан буруолуу сытта. Өндөрүүс итинник киһи, төһө да сааһыр­дар омун-төлөн бөҕө, төрүкү төлөккөй чыы­быс­таа­ҕынан биллэр. – Бэккэ ыттым, бэккэ ыттым буотта, – диэбитинэн өлбүт куһун көтөн эрэрдии сараччы тардыалаата. Быйылгы куһу саҥа көрбүт дойду дьоно тыһы моонньоҕону илииттэн илиигэ көһөрөн көрүтэлээтилэр. – Бээрэ, баҕар мин таппытым буолаарай, эмиэ биэстэ ытарга дылы гыммытым ээ, – Туолук си дьүгээр биэрбэттии тутунна. – Кыҥыырбынан көрдөхпүнэ, мин диэки көр­бүтэ, ону ыппытым, – Өндөрүүс сөбүлүү истибэккэ харахтара «күлтэһэн» таҕыстылар, улахан мөккүөр буолуоҕун, хата аттыларыгар «УАЗ»-ик кэлэн тохтоото. Түөрт хаһан да көрбөтөх дьоно түһэн кэллилэр. – Ити айылаах тугу ыттыгыт? – диэтэ чугаһаат тойон-хаан көрүҥнээх киһилэрэ. – Моонньоҕоттору, – Өндөрүүс хайдах ыппытын кэпсээн-ипсээн барда. – Хайа, доҕоор, олох даҕаны тыһы куһу өлөр­бүккүн дии! Тыһы кус бобуулааҕын билэр инигин?! – үскэл киһи куһу холус баҕайытык туура дайбаан ылла. – Дьиҥэр атыырын ыппытым, онно бэйэтэ киирэн биэрбитэ. Алҕас… Анаан-минээн тута кэлбит дьон бырастыы гыныахтара дуо? Куһун был­дьаан ылан УАЗ багааһы­гар быраҕылынна. Бэйэтин ботуччу ыстараап­тыыр кибитээнси­йэ суруйан сулугураттылар. Аны саа бэрэбиэр­кэтэ саҕаланна. Өндөрүүс ык­са­лыгар буолан доку­муонун умнубут аатырда. Саҥа саа эмиэ былдьанна. Саатын докумуонун, көҥүлүн аҕаллаҕына эрэ, улуус кииниттэн баран ылар буолла. Кэлбит ыар ыалдьыттар өрүс кытылынан салгыы көтүтэ турдулар. Өндөрүүс уота-күөһэ умулунна, хапсыгыр үрүксээгин сүгэн дьиэтин диэки саллырҕайдаата. Күһүҥҥү куска Киргиэлэй тыа киһитин сиэринэн сүөһү-сылгы ииттэн ой-бото олорор. Тыа түбүк­тээх олоҕуттан быыс-арыт булан күһүн-саас кустуурун сөбүлүүр. Куһу күөрэтиигэ хапсаҕай туттуу, бэргэн ытыы – кини буоллаҕа. Оннооҕор матасыыкылга олорсон иһэн ботуруонун аахтара түһэрээччи. Үөлээннээхтэрэ: «Тэриэлкэ ытыытыгар күрэхтэс», – диэтэхтэринэ: «Оҕоҕо дылы эмиэ тугун баҕайытай» диэччи. Ити кини майгытыгар сөп түбэһэр, сэмэйэ бэрт буолан онно-манна биллэ-көстө сатааччыта суох. «Өссө билигин сааһыран бытаардым», – диир даҕаны, кинини кытта кыттыспыт – дьоло. Күһүҥҥү кус көҥүллэннэ. Оҕо-дьахтар сир астыы, эр дьон көччөххө саалана тарҕасты­лар. Тыа эрийэ-буруйа, оллур-боллур суолунан УАЗ массыына иҥнэл-таҥнал түһэн бэрт илистии­лээхтик айаннаан иһэр. Бу, Киргиэлэй улуус ­кииниттэн, хаһан да харахтаан көрбөтөх дьонун кытары, саалана баран иһэр. Киргиэлэй бэргэнник ытарын билэн, анаан ылан кэллилэр, күһүҥ­ҥү кустааһыны тэлэбиисэргэ устуох­таахтар үһү. Булт туһунан устууга куонкурус ­буолар эбит, онон Киргиэлэй сүрүн дьоруой буолан хаалла. Бастаатахтарына – аптамаат саа. Суоппардыын кэккэлэһэ бэрт киппэ көрүҥ­нээх, саас ортолоох, ытыктаан Уйбаанабыс диэн ­судургутук ааттыыр бас-көс киһилэрэ хас нэксиэ аайы ачыкытын өрө анньартан соло булбакка олорор. Ол быыһыгар хоту андылаабытын кэпсээн үллэҥнэтэр. Суоппар булка сыстаҕас эбит, бэркэ сэҥээрэн истэр. Кэнники олбоххо Кир­гиэлэй икки өртүгэр киинэҕэ устар уолаттар олороллор. Хаҥаһа өсөһө-өсөһө утуйа сатыыр да, төбөтүнэн онно-манна сааллаары Киргиэлэйи ыксатар. Биирдэһэ ээл-дээл күһүҥҥү айылҕаны одуулуу иһэр… Саҥа сокуонунан саатын хаатыгар уган массыына багааһыгар сытыарар. Киргиэлэй ону сөбүлээбэт, кини сааны хороччу сүгэ сылдьааччы. Кус бааллан турбат, хаһан баҕарар эмискэ кэлиэн, эмискэ көтөн тахсыан сөп. Онно бэлэм буоллаххына өттүк хараланаҕын. Аны сааҕын дьиэҕэр хара харахтаах көрбөт тимир дьааһыгар эбэтэр сиэйпэҕэ ыга хатаан сытыараҕын. Бу соторутааҕыга диэри дьиэ иһин саа киэргэтэрэ. Араас мааркалаах саалар истиэнэҕэ ыйанан туруулара бу ыалга улахан убаастабылы үөскэтэ­рэ. Сааны хайа булка баралларынан талан ­ылал­лара. Киргиэлэй санаатын ситимин, массыы­на эмискэ тохтооһуна быһан кэбистэ. ­Суолга мас туора охтубут… Кустуохтаах алаастарыгар түөртүүр ыам са­ҕана тиийдилэр. Уолаттар бэрт өр тулалыыр эйгэни уһуллулар. Булт быраабылатын тутуһан, аптамаат саатын хос-хос ыстаран-таҥыннаран Киргиэлэйи дэлби илиһиннэрдилэр. Ас-үөл дэлэй дьоно эбит. Сиэр-туом тутуһуутун ымпык­таан-чымпыктаан уһуллулар. Каадыр тас өртүгэр уохтаах утаҕынан Баай Барыылаах Байанайдарын айах туттулар, бэйэлэрин да умнубатылар. Барыта санаа хоту буолан көнньүөрбүт дьон кус кэтэһэ киирдилэр. Кыһайбыт курдук сырдыкка кус көппөтө. Борук-сорук буолуута дьэ билиннэ. Киргиэлэй хараҥарыар диэри уон икки куһу түһэрдэ. – Өлбүт кустар сыттыннар, сарсыарда сырдыкка хомуйуохпут, тахсан чэйдиэҕиҥ, – Уйбаа­набыс миигин батыһыҥ диэбиттии отуу диэки алтах­таата. Булчут кутаатын суоһугар өтөр-наар умнуллубат, ырыа доҕуһуоллаах чэйдээһин ­буолла. Хас туос көтөҕүүтүн аайы Киргиэлэйи арбаан, аатырдан аҕай биэрдилэр. Ол быыһыгар саас бииргэ кустуох да буоллулар, эрдэ төрөөбүтэ буоллар сэриигэ сынаайпардыах киһи хаалбыт дэстилэр. Күһүҥҥү түүн үрүҥ туманы бүрүнэн сыыйа ­сырдаан барда. Киинэһиттэр үлэлэрин түмүктээ­ри кус көрдүү арҕам-тарҕам тарҕастылар, Кир­гиэ­лэй ууга түспүттэри эрэһиинэ тыынан кии­рэн хомуйан таҕыста. Уолаттар кустары хонууга ­тэлгэтэн кэбистилэр, Киргиэлэйи аттыгар туруор­дулар уонна сөҕө-махтайа устан бардылар. Уйбаанабыс кэлэн кустары сирийэн көрдө, ачыкытын өрө анньыалаата: – Хайа, доҕоттоор, барыта бобуулаах кустары өлөрбүппүт дии, – итэҕэйбэтэхтии кустары эргитэлээн көрдө. Күө-дьаа буола сылдьыбыт дьон аны Киргиэлэйи буруйдаабыттыы көрдүлэр. Киргиэлэй ыксаата, көхсүн этитэ-этитэ кэннинэн тэйбэхтээтэ. – Хараҥа этэ, – диэмэхтээтэ буруйдаммыттыы, суоппар уол: «Бу үлүгэр элбэх кустан биир атыыр суоҕа дьэ кыһыылаах», – дии-дии кустар обот түүлэрин тардыалаан көрдө. – Дьэ, доҕоттоор, киинэбит табыллыбата, – диэтэ Уйбаанабыс уонна эмис кустары көрөн сыҥааҕын уута сүүрдэ. – Киргиэлэй маныаха буруйа суох, аҥардас атыырын бултааһын диэн олох олоҕо суох со­куон. Былырыын Сиидэрдээх Бүөтүр сүөһүлэрин ба­лыйсан сууттаһан аҕай биэрбиттэрэ дии. Он­нооҕор бааллан турар бэйэлээх бэйэҥ сүөһүҥ дьүһүнүн буккуйар буоллахха, эмискэ көтөн кэлбит көҥүл көтөрүн хайдах атыырын араарыах­ха сөбүй? Бэлэм олорор киһи ытара биллэр буоллаҕа, – Гуоса Киргиэлэйи көмүскэстэ, тыһы көҕөнү моонньуттан ылан ыараҥнатан көрдө. – Кустары хайыыбыт? Тыһылар диэн манна хааллартаан үөн-көйүүр аһылыга оҥоробут дуу? – суоппардара барыларын санаатын таба эттэ. Бары Уйбаанабыстарын сирэйин-хараҕын кэтэс­тилэр. – Байанай даҕаны кэлэйэр ини, ол эрээри атыырын эрэ өлөрүү сааскы кустааһыҥҥа баар быһыылаах, күһүн тоҕо эрэ айдаарбаттар дии. – Аны Баанньа ытаһаласта. Уйбаанабыс судургута суох балаһыанньаҕа түбэспитин өйдөөтө. Саха былыр-былыргаттан булдунан ииттинэн олордоҕо, онон булт кини хааныгар баар. Куска төһө да кытаанах хааччах таҕыстар, аҥардас атыырын талан ыталларын кини итэҕэйбэт. Хата ол оннугар сайын кус оҕотун бултуулларын булгуччу бобуо этилэр. Оннооҕор киин улуустарга сүүсчэкэ кус оҕотун өлөрдүбүт диэччилэр бааллар. Уон киһи тыһыынча куһу өлөрөр. Саас оччо куһу биир нэһилиэк сааһыта кыайан өлөрбөт: – Дьэ, доҕоттор, сокуон сокуонунан ол эрээ­ри Байанай бачча биэрбитин тэҥҥэ үллэстэн кэбиһиэҕиҥ, – мин этэрим манан бүтэр диэбиттии Уйбаанабыс көхсүн этиттэ кэтэҕиттэн тэмтэйэ ойон эрэр саҥа күнү кэрэхсээн көрө турда. Саҥа сокуон олоххо киириитигэр итинник сыы­һа өйдөбүллэр бааллара. Кэнники күһүҥҥү кус барыта бултанара биллибитэ. Иннокентий Попов.
edersaas.ru сайтан