Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: Саһыл куобаҕы тутан биэрбитэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: Саһыл куобаҕы тутан биэрбитэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
15.10.2022 18:00
Дьэ, доҕоттоор, итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, бэйэҕит дьыалаҕыт. Бу чахчы буолбут түбэлтэ. Сааскы сандаархай, ылааҥы күн Биэтэстээх Ньукуо ус кыһыны быһа от соспут чигдийбит суолларынан ходуһа устун, кэм да от тиэйэ дьигиһитэн, ньирилэтэн иһэллэр. Сотору буола-буола иннилэригэр харалдьыкка сапта түһэн хаардыын-сирдиин силбэспит туллук үөрэ буркун курдук өрө ытыллан тахсан, сыһыы сырдык ньуурун сыыйан хойдон, сэллээн ыла-ыла симэлийэ сүтэр. – Ньукуо, туллуктар-туллуктар! – Биэтэс нуктаан баһа босхо баран, тыраахтары кытта тэҥҥэ хойуоллаҥнаһа иһэр атаһын сэргэхситэ таарыйа хаадьылаан өттүккэ аньыалыыр. – Доор, били ханай куспут курдук, соһон истэхпитинэ аны оппутугар кэлэн түһэллэрэ буолуо. Бэлэм иһээр. – Тиэнэн баран, оппут тэллэҕэр туһахта дэлби иитиэххэ. Кыһыны быһа сигэммит, аалыммыт буоланнар, күрүө тоһоҕолоругар сылгы сиэлэ кыбыллан-иилистэн турара баһаам, – Ньукуо да хаалсыбат. Балайда айаннаатылар. Күн күндэлэс сардаҥаларын сыһыы киэҥ ньууруттан, от-мас хас биир лабаатыттан тэйитэ оонньоон, хаар-кырыа саарыстыбата кустук араас өҥүнэн күлүмүрдүүр, хараҕы саатырдар. Эргиччи уһуктуу, сааскытыйыы сылаас тыына имэрийэр, илгийэр. Биэтэс уол курустаал дьэҥкир халлаантан кыыдамнаһан түһэр кылбаа-маҕан туллукчааннар итинэн-манан элэҥнэһэллэрин кыҥастаһа иһэн, иннилэригэр алта уонча хаамыылаах сиринэн хаҥас диэки сыыйыллар алыыттан уҥа диэки ойдом турар балайда кэҥэс долохонону көрбүтүнэн суолу туора быһа туох эрэ маҕан, тилэх баттаһа кыһыл субурус гыммыттарын дьыалайдаабата даҕаны. Ньукуота боксерскай бэрчээккэ курдук истээх үтүлүгүнэн киһитин санныга биэртэлии-биэртэлии:”Куобах-куобах! Саһыл-саһыл! Онно, долохоноҕо!” – диэн нэһиилэ саҥа таһаарар. Сахалар буоллахтара, булчут хааннара оонньоон, “бултаһыахха” диэн биир санааҕа кэлэн, Биэтэс тыраахтарын саһыллаах куобах киирбит суолларынан долохоноҕо иннинэн ыксары астарда. Кэбиинэтин кэтэҕэр ууруна сылдьар таһынан сомуоктаах биир уостаах 16-лаах доруоп саатын, батарантааһын хаба тардан, Ньукуотун: “Үүр!” – диэт долохонону эргийэ сүүрэн, нөҥүө өттүгэр кэтээн турда. Баҕар ойоҕоһунан тахсан куотуохтара диэн, долохоно икки өттүн олоотуу, иннин кэтэһэ биэс-алта мүнүүтэ иһийэн турда. Сотору долохоно иһигэр бэрт чугас аҕылаһар, ньааҕынаан ылар курдук иһиллэн ылла. Онтон долохонону, сыбары үлтү солоон, хара көлөһүнэ сарт түһэн, талах, сыбар буорун-быылын сүкпүтүнэн Ньукуо сүүнэ маҕан куобаҕы кулгаахтарыттан туппутунан “һуу!” диэбитинэн тахсан кэллэ. Саһыл сүнньүттэн ытыран, көхсүн тириитин хайа тардан кэбиспит. Биэтэс саһыл куобаҕы тутарын истибит эбит. “Оттон саһылбыт ханна барда?” – дэһэн, долохонону икки өттүнэн хайдылар да, саһыл тахсыбыт суола ыраас хаарга көстүбэт. – Иһирдьэ кирийэн хаалла буолуо, дэлэҕэ кыыл буолбатах, – Ньукуо көлөһүнүн соттор. – Төһө да кини буоллар, джунглига сулуон кыыл курдук сыбары-талаҕы ити үлүгэрдээх имири үктээн иһэр тыаскыттан-уускуттан тэскилээбит буолуохтаах. Боппуруос – ханан? – диэн Биэтэс кэтэҕин тарбанар. Ньукуо сөрүүкүү, уоскуйа таарыйа стогобуос тииһигэр олорон, куобаҕын уурбута тиистэр быыстарыгар түспүтүн ылаары төҥкөйөн баран, күлэн тоҕо барда: – Оо, саһыл мэйии, маладьыас. Биһиги суохтааммыт төбөбүтүн сынньабыт! Кэл, көр-көр! Биэтэс көрбүтүн итэҕэйбэккэ харахтарын ньухханна. Дьэ, кырдьык өй-мэйии хаата, киитэрэй кыыл эбит. Остуоруйаҕа-номоххо, ырыаҕа-тойукка хоһуллуон-хоһуллубут, туойуллуон-туойуллубут. Саһыллара үлэлии турар тыраахтар аннынан киирэн, стогобуос тиистэрин быыһынан тахсан элэс гынан, суола сойбута ырааппыт эбит! Хайыахтарай, бэри диэн бэркиһээн, сөрү диэн сөҕөн, Ньукуо бүтэй бүөрдээх, эмис атыыр куобахтанан, отторун тиэйэ ньирилэтэ, дьигиһитэ турдулар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан