Кэпсээ
Войти Регистрация

Табыллыбатах лекция

Главная / Кэпсээн арааһа / Табыллыбатах лекция

K
edersaas.ru Категорията суох
14.10.2022 17:48
Ый быыһа хараҥаны хайа тыыран, ГАЗ-69  массыына кыараҕас кыһыҥҥы айан суолунан айаннаан тигинэтэн иһэр. Халыҥ көмнөххө ыга баттаппыт  аарыма тииттэр суол икки өттүгэр, тугу эрэ иһиллээбиттии,  иһийэн тураллар.  Сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах барыта   хонук сирдэрин булан,  бүктэхтэрэ буолуо,  туох да сибикитэ биллибэт уу-чуумпута сатыылаан турар.  Күнүс, күн сырдыгар, бу суолунан кэлэр-барар дьон хайаан да  талах айаан саҕатыттан  көтөн кылабачыһан тахсар ыалакылары, арыылаан үүммүт хатыҥнар  төрүү мутуктарыгар  кутуруктара тэрэйэн олорор куртуйахтары көрөөччүлэр уонна табылыннаҕына,  бултуйааччылар даҕаны. Ол иһин айанньыт эр дьон бары массыыналарын иһигэр  хайаан даҕаны саалаах сылдьааччылар. Бу хараҥаны харахтанан,  дьиэтигэр төннөн иһээччи саатын тутан көрбөккө, тыас таһаарбакка иһэр. Икки уос­таах саата мааҕыын сарсыарда массыына кэнники олбоҕор  быраҕыллыбыта быраҕыллыбытынан төннүһэн иһэр. Дьэ, ол саатын тыаһаппатаҕынааҕар, биир эмэ мас көтөрүн суулларбатаҕы­нааҕар Валентин Тихонович адьас атыҥҥа санаата алдьанан иһэр.  Массыына фаратын сырдыгар субуллар суолу одуулуу олорон, аҕыйах чаас анараа өттүгэр бүппүт айдааннаах мунньаҕы саныы, онно мустубут дьон аймаммыт саҥаларын  сыымайдыы олорбута. Кырдьыгын эттэххэ, бу кинини, олохтоох киһи быһыытынан оройуон кыһалҕатын уонна алмааһы хостооһун инники  сайдыытын тыын боппуруоһун – манна уу күүһүнэн үлэлиир электростанция тутуллуохтааҕын туһунан биир дойдулаахтарыгар, Туой-Хайа олохтоохторугар, анал лекция бэлэмнээн ааҕарыгар сорудахтаабыттара. Партия горкомун  бастакы сэкирэтээрэ  Федосеев Петр Иванович ыҥыран ылан кэпсэппитэ.  Ханнык боппуруоска сүрүн болҕомтону уурарыгар, хайдах хабааннаахтык олохтоохтору кытары кэпсэтэрэ табыгастааҕын,  бөһүөлэги көһөрүү боппуруоһа хайыы үйэ  быһаарыллан бүтэн турарын уонна  ону дьон таба өйдүөхтээҕин, ылыныахтааҕын туһунан  сүбэ-ама биэрбитэ. Бүтэһигэр: – Валентин Тихонович, биһиги эйиэ­хэ эрэнэбит, – диэн баран, Валентин Тихонович илиитин күүскэ ыга тутан быраһаайдаспыта. Нэһилиэги көһөрүү боппуруоһа эттэххэ дөбөҥ, ол гынан баран, санаан көрдөххө, ханнык даҕаны үрдүкү сыалы-соругу туруорбуттарын, ханнык даҕаны баараҕай сайдыыны мэктиэлээбиттэрин,  ханнык даҕаны үчүгэй усулуобуйаны эрэннэрбиттэрин иһин,  тустаах дьон өйдөрүгэр-санааларыгар кыайан баппат боппуруос. Былыр-былыргыттан, сах саҕаттан, манна, Бүлүү өрүс биэрэгэр, Чуона үрэҕин сырса дьиэ-уот туттан, сүөһү бөҕөтүн иитэн, бултаан-балык­таан быр-бааччы олорбут айылҕа оҕолорун  истиитигэр, эчи, соһуччутун,  эчи, тиэтэлин! Онтон кини салайар үлэҕэ сылдьар коммунист киһи буолан, төһө да сүрэҕэр ыттардар, дууһатыгар оҕустардар,  ГЭС  тутуллуута билиҥҥи балаһыанньаҕа тыын  боппуруос буоларын  уонна өрөлөһөн да туһа суоҕун бэркэ өйдүүрэ. Ол да иһин ити боппуруоһу биир дойдулаахтарыгар,  аймахтарыгар сырдатан, өйдөтөн биэрээри сөбүлэһэн тахсыбыта. Бэйэм дьонум санаатын син сөптөөх суолга  хайыһыннарыам, тылбын-өспүн тириэрдиэм диэн  хайдах эрэ эрэх-турах санаалаах этэ. Кырдьыгын эттэххэ, барыта эриэ-дэхси буолуо диэн бүк эрэнэ санаабыта. Дьэ, онто баара, туох да түптээх кэпсэтии тахсыбата. Дьоно, бу маны барытын кини соҕотоҕун быһаарбыт дьыалатын курдук, адьас бука бары кини үрдүгэр түспүттэрэ.  Айаҕын да атар бокуой биэрбэтилэр. «Сатана баара, тоҕо даҕаны соҕотоҕун тахсарга сөбүлэспитим буолла. Биир эмэ үрдүкү салайааччы баара буоллар,  баҕар, олох атын кэпсэтии буолуо этэ», – дии саныы олордо  Валентин Тихонович, суол икки өттүнэн элэҥнээн ааһар мастары одуулуу олорон.  Атахтара көһүйбүтүн,  иннин диэки уһаты тэптэ, ан­­даатар бэргэһэтин устан,  баттаҕын көннөрүннэ,  уҥа кулгааҕын эминньэҕин мускуйбутун  бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Оҕо эрдэҕиттэн олус долгуйдаҕына, эбэтэр туох эмэ толкуйга түстэҕинэ, уҥа кулгааҕын эминньэҕин мускуйар идэлээх.  Арааһа онтон буолуо,  уҥа кул­гааҕын эминньэҕэ хаҥаһынааҕар киһи хараҕар быраҕыллар курдук улахан этэ.  Ону оҕолор сыыска түһэрииһилэр үһү дуо? Суох бөҕө буоллаҕа дии.  Бэрт түргэнник «Эминньэх»  диэн хос аат биэрэ охсубуттара. Мааҕын сарсыарда куораттан арахсарыгар бу курдук мунна сынтары­йан, кута-сүрэ тостон төннөн иһиэм диэн  санаатыгар да суоҕа, санаата-­оноото эгди этэ.  Ийэлээх-аҕатыгар куорат аһыттан-таҥаһыттан ботуччу соҕус кэһиилээх,  үрүҥ лиистэргэ эр киһи эрчимнээх илиитинэн  ырылыччы суруллубут лекциялаах, табылыннаҕына, урукку тапталбын, Маням барахсаны, кэпсэппэтэрбин даҕаны көрөн, харахпын манньытыам диэн кичэм санаалаах  эр бэрдэ массыынаҕа олорбута, санаатыгар массыынатын тиэтэппитэ. Аҕалаах ийэтэ, куоракка үрдүк сололоохтору кытта  тэҥҥэ моройдоһон үлэлии-хамсыы сылдьар оҕолорунан  киэн туттар этилэр.  Ньир-бааччы ыал буолан олороруттан, хамнастаах үлэлээҕиттэн, саха дьонун сиэринэн олус омуна суох, сэмээр истэригэр үөрэллэрэ эрэ.  Бу да сырыыга кинилэр уолларын үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, ханна да олордуохтарын билбэтэхтэрэ. Ону баара кини, «оҕобут тугу кэпсиир эбит» диэн үчүгэйи  эрэ истиэхтэригэр бүк эрэнэн,  кулуупка «лыык» курдук мустубут биир дойдулаахтарыгар алдьархайы аҕалар сонуну кэпсээн, уйаларыгар ууну киллэрбитэ. Төннөрүгэр аҕалаах ийэтэ айах атан, биир да тылы эппэтэхтэрэ.  Аҕата Тиэхээн оҕонньор олорбут олоппоһуттан турбатаҕа. Харахтарыттан ыгыллан тахсыбыт кэмчи ыраас таммаҕы, кыра эрдэҕиттэн наар ыарахан үлэҕэ эриллэн бөллөрүттэн тахсыбыт суон тымырдардаах, болуорбут сүһүөхтэрдээх ­илиитинэн  туора садьыйа-садьыйа, Ленин мэтириэтэ киэргэллээх дьиэтин истиэнэтин  диэки хайыһан олорбута.  Ийэтэ Ылдьаана кэбирээн олорор оҕонньорун уонна улаханнык албадытан улаатыннарбыт уолун хардары-таары көрө-көрө, хайдах да гынан кинилэри уоскутар кыаҕа суоҕуттан уонна субу аҕай истибит сонунуттан уолуйан, бөтө бэрдэрэн, кыра дьарамай бэйэтэ өссө куччаан, сүөм түһэн, оһоҕун иннигэр наҥналлан тураахтаабыта. Иван Тихонович лекцията үрүҥ лиискэ  ырылыйдар даҕаны, дьон сирэ­йин сырдаппатаҕа, харахтарыгар сырдык сыдьаайы сахпатаҕа. Онуоха эбии, били, эбиитин эмэһэҕэ тэп дииллэринии, Манята мунньахха тоҕо эрэ суоҕа, саатар кинини көрөн, хараҕын манньыппатаҕа.  Онон Валентин Тихонович бары өттүнэн табыллыбакка төннөн иһэр. Оҕонньоттор саҥаларын дорҕооно кулгааҕар иһиллэргэ дылы: – Ол дойдубутун быраҕан ханна барабыт? Хайдах буолбут дьонуй ол, бүтүн нэһилиэк сирин-уотун ууга ыыталлар? Ким биһигини атын сиргэ ытыс үрдүгэр түһэрэр? Суох! Оннук буолуо суохтаах, хайа, доҕор, биир, икки ыал буолбат, бүтүн бөһүөлэк! Ээ, сымыйа ини, ама, оннук үһүө? Бу уол тугу-тугу балкыйар? – диэн тигээйи уйатын тоҕо тардан кэбиспиттии, кулууп дьиэ иһэ оргуйан олорбута. Ордук Хонооһой оҕонньор, били саҥата суох, наадатын да нэһиилэ бы­­һаарсар бэйэтэ, дьэ, болдьоон,  хаһаан туран,  тыла өһүлүннэҕэ үһү. Оо, саҥардаҕына саҥарар кырдьаҕас эбит! Бары даҕаны соһуйа иһиттилэр! Бүтэһигэр кини мунньах бэрэссэдээтэлин остуолун муннугуттан тайанан туран: – Эһиги хайааҥ даҕаны, мин бу төрөөбүт сирбиттэн харыс да халбарыйыам суоҕа, – диэн бэчээт уурардыы кытаанахтык этэн баран, хаһан да кыыһырар диэни билбэтэх кырдьаҕас, абарбытын уоҕугар, уҥа сутуругунан остуол сирэйин сырбаппытыгар, ос­­туолга олорбут дьон соһуйан,  өрө чинэс гына, кырапыыннаах уу дьалкыс гына түспүттэрэ. Оҕонньор тылын бары иилэ хабан ылан: «Биһиги эмиэ ханна да барбаппыт, сир киэҥ, атын сири булан, ол ту­­туохтаах сэптэрин туттуннар»… Ити курдук табыллыбатах сырыытын сыымайдыы олорон, Иван Тихонович бириэмэ ааспытын билбэккэ хаалла.  Айаннаан халыһытан иһэр массыына суол тоҕойун мүччү түһэн, көнө суолга тахсыытыгар иннилэригэр куорат уоттара чаҕылыһан көһүннүлэр.  Сотору сылаас дьиэтигэр киириэҕин, уол­лаах кыыс оҕолоро утары сүүрэн кэлэн, үрдүгэр түһүөхтэрин уонна  кэргэнэ Уля аһын тардар түбүгэр түһүөҕүн санаан, Иван Тихонович күлүгүрбүт сирэйэ сырдаан, хаастарын түрдэстибитэ көнөн, баттаҕын көннөрүнэн, бэргэһэтин ылан кэттэ уонна курус санааттан босхолонон, массыына олоҕор тиэрэ түһэн, куорат уоттара кыһыҥҥы хараҥаҕа өссө күндүтүйүтэн күлүмүрдүү оонньуулларын көрө олордо. Августина ЛОНКУНОВА
edersaas.ru сайтан