Кэпсээ
Войти Регистрация

Билиилээх күөл иччитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Билиилээх күөл иччитэ

K
edersaas.ru Категорията суох
12.10.2022 17:00
Хатан Хабырылла аҕам саастаах, кыырыктыйбыт баттахтаах, туруору сүүстээх, уһун субуруйбут муруннаах, сирэйэ күн уота сиэн хараарбыт, сэҥийэтигэр сэбирийбит бытыктаах, саар тэгил уҥуохтаах, бэйэтин лаппа кыанар киһи. Кини бүгүн андаата­рын тууларын көрөн кэлэн баран, күөһүн буһара уурбута, ол кэннэ аргыый наллаан ону-маны, уруккунуну-хойуккуну саныы олорбута. Кинилэр аймаҕылаан туран удьуор булчуттар, аҕата Таас Көстөкүүн үйэтин тухары бултаабыта. Хатан Хабырылла оскуо­ланы бүтэрээт эмиэ булт соноругар туруммута. Сүрүн бултара – андаатар. Хабырылла эдэр сылдьан Манчаары Баһылай күрэхтэһиитигэр мас тардыһан муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыта. Убайыныын, Көстөкүүннүүн, бииргэ кыттыһан бултаабыта. Убайа барахсан хара үлэни тулуппат этэ. Биир кыһын биэс аҥар тыһыынча андаатары бултаабыттара. Алта-сэттэ туркунан, ол аата уучахтыын, кыралыын-улаханныын сүүрбэччэ табанан сылдьан бултууллара. Сүүс андаатар туутун күөлгэ угар этилэр, күн аайы сүүрбэ биэстии тууну күөлтэн күөлгэ көһөрөн иһэллэрэ, ол аата туу күөлгэ түөрт хонук сытара уонна саҥа күөлгэ көһөрө. Кыһын устата биир даҕаны туу муус үрдүгэр хоммото, куруук муус анныгар бултуу сытара. Билигин Хатан Хабырылла итинник өлгөмнүк бултаабытын кэпсээтэҕинэ, эдэр булчуттар итэҕэйбэттэр, остуоруйа курдук истэллэр. Хатан Хабырылла ойон туран оһоҕор мас эбии бырахпыта уонна күөһүн булкуйбута, туус куппута. Дьиэ таһыгар тахсан саҥа ыйы көрбүтэ, туруору тахсыбыт, онон бу тохсунньу ый томороон тымныылаах буолсу диэн кырдьаҕас булчут билгэлээбитэ. ­Ыраах ханна эрэ сур бөрө үөр-сүүрүк хомуйсан улуйан онолуйбута. Былыр эбитэ буоллар, табаларыттан дьаарханан уту­йар уута көтүө этэ. Билигин ардай аһыылаах бөрө айаҕар баппат «Бураан» диэн тимир көлө дэлэйэн, булчуттар нус-хас утуйаллар. Хатан Хабырыллаҕа бүгүн даҕаны Байанайа өлгөмнүк бэрсибитэ. Кини ону-маны буолары-буолбаты саныы-саныы үлэтигэр туруммута. Былыр аҕата Таас Көстөкүүн Тумуһахтаах диэн сиртэн саас, муус устарга, ытынан кэлэн Билиилээххэ илимнии­рэ. Билиилээх Эбэ аҕыс ­биэрэстэ уһуннаах ортотунан билии­лээх. Күөл биир өттө өлгөм балыктаах, биирэ балыга суох, эмиэ дьикти. Таас Көстөкүүн биир үтүө күн сордоҥҥо илим үтээри, муус алларан бүтэн иһэн тыын ылаары, тох­тоон сынньанар. Сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн ытыһын көхсүнэн туора сотто туран иһиттэҕинэ, кэннигэр туох эрэ тыаһыыр. Ар­гыый кэннин хайыһан көрбүтэ, арай доҕоор, муҥур тиит саҕа хара бэкир киһи күөл билиитигэр ойбон алларан курдурҕата турар үһү. Сарсыардааҥ­ҥы дьыбарга анньыытын тыаһа чыбырҕас. Маҥнай аахайбакка, ким кэллэҕэй диэх курдук санаан иһэн, эмискэ тымныы уунан саба ыстарбыттыы этин сааһа дьар гына түспүтэ. Сиһин ороҕунан тым­ныы көлөһүн сүүрбүтэ, куйахата үмүрүтэ тыыппыта, сирэйэ итий-итий гыммыта, уолуйан, чочумча мууска сыстыбыттыы даллайан турбута. Онтон өрүһүллэр суолум ол диэн үүтээнин диэки сүүрэр-хаамар тэҥэ көөһөкөчүйбүтэ. Ити кэмҥэ билиигэ турбут күлүк курдук хара бэкир киһитэ сиик буолан симэлийбитэ, туман буолан көппүтэ. Таас Көстөкүүн наҕыл-холку бэйэтэ ол хара бэкир киһини көрөн уйуһуйан, улаханнык саллыбыт этэ, күөлбүт иччилээх эбит диэн санаа онтон ыла үөдүйбүтэ. Хатан Хабырылла төһө даҕаны баҕарбатар, санаата эмиэ ол күөл иччитигэр иэҕилиннэ. Андаатарын сүлэ олорон, күөл иччитин санаан куттаныах санаата кэлбитэ. Кини эмиэ биирдэ, ол хара бэкир киһини илэ көрбүттээх. Оо, ол суоһар түгэн өрдөөҕүтэ буолбута да, билигин да саныан саллар. Билиилээххэ бултуу кэлэн, биир киэһэ утуйаары тапчааныгар кэтэх тардыстан тимир оһоҕун уотун одуулуу сыппыт­а. Үүтээни кыраһыын лаампата сырдатара, оһоҕун уота сөҕүрүйэн эрдэҕинэ, күнүскү ­ыраах айан сылаата таайан, тула өттө күөгэлдьийэн барбыта, эмискэ аан тэлэллэ түспүтэ даҕаны, аҕата кэпсиир хара бэкир киһитэ нөрүйбүтүнэн кии­рэн кэлбитэ. Туох да саҥата-иҥэтэ суох Хатан Хабырылланы кууһаары илиитин сарбатан ыга чугаһаабыта. Сирэйэ-хараҕа дьэҥкэтик көс­түбэт илэ абааһы сабырыйан эрдэҕинэ, ха­һыытаабытынан оронугар олоро түспүтэ. Сү­һүөх-сүһүөхтэрэ ууну испит сылгы курдук халыр-босхо барбыттара, ийэ-хара көлөһүнэ саба түспүтэ, сүрэҕэ айаҕынан тахсыахтыы биллиргэччи тэппитэ. Тыын ылан, дойдум иччитэ тугу сыыһа-халты туттаммын көһүннэҕэй диэн таайа сатаабыта. Ол туран өйдөөбүтэ, саҥа айаннаан кэлээт, Аал уотун айах тутан күндүлээбэтэх эбит. Ыксал-тиэтэл бөҕөнөн сэттэ чох үрдүгэр түһэн Аал уотун арыылаах алаадьынан күндүлээбитэ. Билигин ууттан тахсар илим хотоҕоһунуу үтү­мэн элбэх сыллар субуллан аасталлар даҕаны, ол түбэлтэни санаатаҕына этин сааһа аһыллан, ис-иһиттэн куттаныах санаата кэлэр. Аны дьик­титэ уола эмиэ соторутааҕыта ол дьулаан көс­түүттэн кута көтө сыспыттаах. Онон айылҕаҕа биллибэт эйгэ баарын уола итэ­ҕэйбитэ. Санаатын аралдьытан, бэйэтин уос­кутунан «Эбэ иччитэ куһаҕаны тугу даҕаны оҥорбот, хайдах сыыһаны-халтыны оҥордоххо сэмэлээбэт буо­луой» дии саныыра. Сааһы­ран, аны Хабырылла эбэтин иччитин араҥаччыһы­­тын курдук са­ныыр буолла, ыксаатаҕына кинит­тэн көр­дөһөн-аат­та­һан көмүскэл көрдүүр. Хатан Хабырылла Билиилээҕин иччититтэн аралдьыйаары, аны оҕо сааһын санаан кэлбитэ. Кини Андылаах диэн Арҕахтаахтан уон аҕыс биэрэстэ тэйиччи сиргэ булчут үүтээнигэр төрөөбүтэ. Аҕата наһаа күүстээҕин иһин Таас Көстөкүүн диэбиттэр. Биирдэ кыра эрдэҕинэ кустуу сылдьан аҕата акка оһоллонон харытын биир утаҕын тоһуппута, ону убайа маһынан чартаан кэбиспитэ. Аҕата дэриэбинэҕэ эмтэнэ барбатаҕа, оннук кыраҕа ымыттыбат, дьэбир киһи этэ. Кинилэр кус­таан бүтэн убайдара уу мотуорунан Арҕахтаахха айан­наабыттара, онтон Хатан Хабырылланы аҕа­­тыгар илии-атах дьөһүөлдьүт оҕо оҥосто хаалларбыттара. Кинилэр икки атынан кус бөҕөнү ындыыланан Андылаахха айаннаан испиттэрэ. Уол күөл сиэнин батан тиһиликтээх тыраахтар суолунан бастаабыта. Арай көрдөҕүнэ, күн утары маҥхаҥнаан, сүөһү иһэрэ. Уол аҕатыгар: «Чээчэ, ынах иһэр!», – диэн саҥа аллайбыта. Онуоха Көстөкүүн: «Туох сүөһүтэ манна кэлиэй, баары киһи сылдьар, ону-маны одуулаабакка айан­наан ис», – диэн халымалыы таттаран хадьардык хар­дарбыта. Аллаах аттарынан хаамтаран дибдитэн кэлбиттэригэр, аарыма улахан тыатааҕы икки кэлин атахтарыгар турбута. Мааҕыын үрүҥ өҥнөөх диэн көрбүтэ, дьиҥинэн ыас хара, маҥан кырымахтаах адьырҕа эбит. Кини саллан атын үүнүттэн тардан туора салайбыта, онуоха аҕата кыыһыран: «Барыҥныыртан барытыттан куттаммыта буолан чугуруҥнуугун», – диэн ордоотообута. Аҕата саатыгар ботуруон даҕаны уктубакка, кинини ойоҕоһунан сиэллэрэн адьырҕа диэки утары дибдиппитэ. Хайыаҕай, мөҕүллүбүт киһи быһыытынан атын быһа кымньыылаабыта. Ол иһэн маннык саҥалаах буолбута: «Чээчэ, чээчэ, үтүлүккүн уһул, ботуруонна угун», – диир да, аҕата ол аайы кыһаммат, сарыы үтүлүктээх өлүөр уҥа илиитинэн ботуруона суох саатын өрө тутан, айаннатан сикситэн испитэ. Адьырҕа хааһаҕы бырахпыттыы, биир тэҥник ойон лэбиргэтэн утары иһэрэ. Онно куттанан кута көтө сыс­пыта, хата, кыыллара сүүрбэччэ хаамыы кэ­лэн баран эмискэ туора ойбута. Дьэ, оннук, аҕата Таас Көстөкүүн тоҥтон толлубат, ириэнэх­тэн иҥнибэт, куттанар-сэрэнэр диэни билбэт, ыарыы­ны аахайбат дьэбир хорсун-хоодуот киһи этэ. Хатан Хабырылла оҕо сааһын истиҥник ­иэйэн саныы олорон, бүтэһик андаатарын сүлэн бүтэрбитэ. Хас да тоҥ күөс быстыҥа олорон көхсө сааллыбыта. Туран тыыллаҥнаан сиһин көннөрбүтэ, онтон илиитин суунан күөһүн хоторбута. Күһүн бултаабыт тайаҕын этин астаабыта. Тото-хана аһаан баран дьиэ таһыгар тахсыбыта. Бөрөлөр аны чугаһаан, Билиилээх куулатыгар кэлэн улуйан онолуспуттара. Кырдьаҕас булчут бөрөлөр өһүөннээхтэрин билэр, онон ити улуйууну тириитин таһынан истибитэ. Халлааны хоту өттүнэн хантайан көрбүтэ, хомуос сулус турар сирин уларыппыт, түүн оройо буолбут. Үүтээнигэр киирэн оронун оҥостон сыппыта. Уоскулаҥа суох улуйууну истэн санаата аны бөрөҕө иэҕиллибитэ. Бөрө олус оҕуруктаах өйдөөх, сылайбат сын­дааһыннаах, күүстээх-уохтаах кыыл уонна кини сэрэйэ саныырынан үөһэттэн үөттэриилээх адьыр­ҕа. Бөрө киһини биллэр эрэ суон дурдатыгар, халыҥ хаххатыгар хара тыаҕа ыстанар, ону «Бураанынан» эккирэтэҕин. Хас даҕаны бураанынан эккирэтэн тумуска хаайаҕын. Онно бөрө ­обургу алыы синньигэс сиринэн аҕыйахтык көстөн хаалар. «Бураан» ыраас сиргэ алыыга ситэрин билэр. Хайдах кини тыа иһигэр сылдьан алыы нөҥүө атын тыа чугас баарын билэрий диэн дьиктиргиир. Биирдэ икки бөрө алта уонча сылгыны тардыбыттара. Адьырҕалары сойуолаһарга ­анаан биэс бурааннаах биригээдэ тэриммиттэрэ. Бө­рөлөр сылгылары сиэн мах буолан, аны таба­ны «бултаһыыларын» саҕалаабыттара. «Бураан­наахтар« ыппыт ох курдук ханна даҕаны аралдьыйбакка көнө сүрүннээхтик айаннаабыттара. Бөрөлөр куттал суоһаатаҕына, үөһэттэн муос­таҕа түспүт доруобунньук курдук ыһыллан хаалар үгэстээхтэр. Кинилэр икки гына хайдан эккирэтэн, ты­һы бөрөнү суулларбыттара, атыыр куоппута. Бөрөлөр ол күн уонча көһү сүүрбүттэрэ. Ха­раҥаран сонордоһооччулар ыстаадаҕа тиийэн хоммуттара. Хатан Хабырылла киэһэ көҕүрэттэ таһырдьа тахсыбыта, арай иһиттэҕинэ, адьас чугас, сүүсчэкэ эрэ хаамыы сиргэ, атыыр бөрө тыһытын ыҥыран улуйар эбит. Бөрөлөр элбэх буоллахтарына, бэйэ-бэйэлэрин кытта улуйсан ыраахтан «кэпсэтэллэрэ». Сарсыарда эрдэ туран уматык ыла Бала­ҕан­наахха төннүбүттэрэ. Ол баран иһэн көр­бүттэрэ, илгэх-атыыр бөрө бэҕэһээҥҥи кинилэр суолларынан тыһытын көрдөөн төннүбүт. Түүн устата уонча көһү түспүт. «Бураан­наахтар» бу кыылы Балаҕаннаах чугаһыгар тии­йэн сиппиттэрэ. Кыыллара тумулга киирбитэ. Сырата-сылбата эстэн, күлгэдийэн, хаама эрэ сылдьар буолбут этэ. Киниэхэ да айыкка буолуо ээ, икки түүн иһигэр сүүрбэ көһү сүүрүү. Хатан Хабырылла тумул иһигэр киирэн эккирэтэн мачайдаммыта, кыыла эстэн ситтэрэ сырыттар даҕаны, быыс булан бургуйан куотара. Биирдэ сэндэҥэ ойуурга сыал биэрэн, «Бурааныттан» ойон түһэн кыҥаан баран ытыалаан баһырҕаппыта да, таһы-быһа сыыһан кэбиспитэ. «Бурааныгар» олорон саҥа ыстаннаран эрдэҕинэ, сэбэ уматыга бүтэн умуллан хаалбыта. Бачча ситэн баран бултаабатым диэн кыһыйа-абара олордоҕуна, хата, уолаттара ситэн кэлэн уматык куппуттара. Үс «Бураанынан» күөйэн алыыга киллэрэн охторбуттара. Аарыма улахан бөрө этэ. Дьэ ити курдук бөрөнү кыһыйан-абаран, ньоҕойдоһон туран эккирэтэн иннин ылаҕын. Хатан Хабырылла түүн оройо аастар да утуй­бакка, санаата уйгууран хаалла. Сороҕор дьар­ҕалара көбөн, түүн аанньа утуйбакка эрэйдэнэр. Бу сытан аны хайдах сырҕан эһэни кытта са­бырҕахтаспытын санаан кэллэ. Тыатааҕы наһаа өйдөөх кыыл, суолун сатаан бутуйар, кистиир. Биирдэ кыстык хаар түспүтүн кэннэ, алтынньы бүтүүтэ табанан сиэллэрэн элээр­дэн иһэн, тымтайы ойоҕоһунан уурбут курдук тыатааҕы суолугар кэтиллэ түспүтэ. Хаарга хааман лэппэрдээбит суолун батыһан сыарҕаттан түһэн сатыылаабыта, ол иһэн биир сиргэ тиийэн суолун сүтэрэн кэбиспитэ, кырдьаҕаһа халлааннаан да көппүтэ, сирдээн да тимирбитэ биллибэт этэ. Бу сиргэ суолун көрдөөн өр мачайдаммыта, онтуката кыыла кэлбит суолун олугунан чуо үктээн кэннинэн хааман төннүбүт. Балайда барбахтаат, ыраах туора ойбут. Аар тайҕа баһын тайанар булчукка булт бэйэтэ ыйан-кэрдэн биэрэрэ, эрэй үөрэтэрэ. Кэлин өйдөөбүтэ, кырдьаҕас суолун сүтэрдэххэ, ырааҕынан хайан бүтэйдэниллиэхтээх эбит. Суолун сүтэрэн баран, ырааҕынан эргийэн суолун булбута. Арай Хатан Хабырылла көрбүтэ, сэдэҥэ тыа быыһынан ыраах буор харааран көстөрө. Кини саата эргэ, саатын эрэммэт, онон эрэй элбии илигинэ, кэлин оҥостон, хаһыа даҕаны буолан кэлээри тыас хомунан өтөҕүн быһаары, уучаҕын диэки эргиллибитэ. Ол кэмҥэ тайах суолугар аралдьыйан хаалбыта ыта бу баар буола түспүтэ. Мэхээлэ ытын ыҥыран буойан көрбүтэ, Хабараан бэрт эрэллээхтик сүүрэн тиийэн арҕах айаҕын өҥөйөн туран үрэн тоҕо барбыта. Аар тайҕа му­ҥур тойонун түлүк уутун аймаабыттарыттан ки­ҥэ-наара холлубута. Араҕас тииһин килэтэн, көхсүн түгэҕэр кырыктаахтык ырдьыгынаабытынан ыты кытта охсуһан барбыта. Хабырылла ол кэмҥэ ыксаан, арҕахха утары тиийбитэ. Кэнники, илиитин дьарҕата ыалдьан утуйбатах түүннэригэр ырытан, ырыҥалаан көрдөҕүнэ, алдьархайдаах алҕаһы оҥорбут эбит. Арҕахха кэнниттэн киириллиэхтээҕэ. Тыатааҕы тоҥ сир ньиргийиэр диэри иччилээхтик ис-иһиттэн эҥсэн ырдьыгынаабыта, онтон ыты кытта охсуһан иккиһин синньигэс биилигэр диэри былтайбыта, Онуоха Хатан Хабырылла хараҕын икки ардын көрөөт, чыыбыһын төлө тарпыта. Саатын ботуруона эстибэккэ сомуогун тыаһа «чап» гына түспүтэ. Кыыла арҕахха төттөрү түһэн иһэн, сомуок тыаһын истэн кыл түгэнэ толкуйдуурдук тохтуу биэрээт, кытарымтыйан көстөр аарыма улахан кугас дьүһүннээх улуу дьаалы, биирдэ сулбу ойон тахсыбыта. Кини соһуччута бэрдиттэн өмүттэн даллайан туран хаалбыта, ыты туо­ра хаһыйаат, үллэрэҥнээн кэлэн Хатан Хабырылланы күөнүнэн түҥнэри көтөн кэбиспитэ. Саата ыраах эһиллэн хаалбыта, бэйэтэ тиэрэ таһыллыбыта, адьырҕа ыстаммыт уоҕар үрдүнэн ойон ааспыта. Кини өндөйөөрү булумахтанан эрдэҕинэ, сырҕан адьырҕа төннөн кэлэн баттыы түспүтэ. Ити санаатахха уһун, дьиҥинэн чыпчылыйыах түгэнэ этэ. Былыргылар улаханнык куттаннахха, кутуҥ ыстанар дииллэрэ кырдьык эбит. Кылгас кэмҥэ дуолан охсуһуу молуонугар дьиктини көрөн аһарбыта. Бэйэтэ бэйэтин дьэҥкэтик, адьырҕа анныгар сытарын уонна ыта Хабараан тула сүүрэ сылдьарын үөһэттэн элэс көрөн аһарбыта. Дэлэҕэ даҕаны өбүгэлэрбит билэн эттэхтэрэ «оҕону улаханнык соһутума, кута ыстаныа» диэн. Биир­дэ өйдөммүтэ, хаҥас илиитинэн кырдьаҕаһы сабырҕаҕыттан өрө анньа сытара. Ол улуу дьаа­лыны хайдах өрө анньыбытын өйдөөбөт, бука саба түһэн эрдэҕинэ, кута ыстаммыт кэмигэр кө­мүскэннэҕэ. Тыатааҕы киһи хараҕын утары көрбөт диил­лэрэ кырдьык эбит этэ. Киһи хараҕын абаа­һы көрөн, куйахатын саралаан хараҕын саба тү­һэрээри Хатан Хабырылла кэтэҕин тириитин сытыы дэгиэ тыҥыраҕынан хайыта-тоҕута тыып­пыта. Хата дьолго, киһи оннук иэдээҥҥэ тик­сибэтэҕэ. Охсоро түргэнэ, күүһэ-күдэҕэ сүр­дээ­ҕэ, сир ньиргийэн олороро, көрдөххө илин атахтара кылгастар эрээри, тиийиэхтээх сиригэр ­тиийэрэ. Ардай аһыытын килэтэн, көхсүн тү­г­э­ҕэр өһүөмньүлээхтик ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, ик­ки илин атаҕынан охсон биллиргэппитэ. Хатан Хабырылла эдэр сылдьан буоксанан дьарыктаммыта туһалаабыта, баппаҕайынан охсорун аһаран биэрэ сыппыта. Сабырҕаҕыттан өрө анньа сытар буолан хамсанарын сылык­таан, хайа атаҕынан охсорун этэ тардан сэрэй­битэ, хата, чалахайынан ыспатаҕа. Аматыгар бы­таан, нэс киһи бу түгэҥҥэ элбэҕи чаҕылҕанныы эргитэ санаабыта. Араас оттомо суох санаа­лар төбөтү­гэр элэҥнээн ааспыттара, үөлэс са­ҕа айаҕын аппытын көрөн улахан сибиинньэ айа­ҕар маарыннаппыта. Былыр улуу булчуттар адьырҕаны сыгынньах илиилэринэн тылын төрдүттэн харбаан ытарчалыы ылан баран быһаҕынан анньаллара. Эс киниэхэ оннук табыллыбат, илиитин биирдэ хадьырыйан кэбиһиэн сөп. Ол сытан өй булан уҥа илиитинэн быһаҕын тардыаласпыта, сор суол­лаах, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, арҕах­ха киирэригэр уһун суккун сонун устубатаҕа, быһаҕын ылыаҕын соно мэһэйдээбитэ. Маҥнай уолуйбута ааһан, киһини кытта охсуһа сылдьар курдук санаммыта уонна уҥа илиити­нэн охсон саайбыта. Бу саамай улахан сыыһата этэ, хайдах кини бэйэлээҕи хотутуом диэн охсоох­тообута буолла. Кыыла сымса муҥутаан тииһи­гэр түһэрэн ылбыта, ытыһын көхсүн уҥуоҕун ­биирдэ хампы ыстаан «харк» гыннарбыта. Илиитин ыарыытыттан хараҕар сарадах уоттар ыһылла түспүттэрэ, кыыла илиититтэн биирдэ сулбу тардан туруорбута. Уҥа илиититтэн ытыран туран ыт үтүлүк саҕа баппаҕайынан төбөтүн хампы охсордуу далайан эрдэҕинэ, ыта барахсан күн-ый буолан, кэнниттэн кэлэн быттыгар тииһинэн хатана түспүтэ. Кини да буоллар уйан сириттэн хаптаран, Хатан Хабырылланы быраҕан, аны Хабарааҥҥа ыстаммыта. Түгэни туһанан, үрүҥ тыыным өллөйө бу эрэ буолуохтаах диэн, саатыгар ыстаммыта. Адьырҕа ыты туора хаһыйаат, атаҕыттан хабан ылбыта, хата, халыҥ ыстаан­наах, хаатыҥкалаах буолан сототун уҥуоҕун хампы ыстаабатаҕа. Кини саатын диэки дьулуһара да, кыыла төттөрү тардара, күн туллар, күһэҥэ быстар быһаарыылаах кэмигэр Хабараан барахсан иччитин өрүһүйээри иккиһин кэннигэр түспүтэ. Хардаҥ адьырҕа бу сырыыга улаханнык эмсэҕэлээн, кинини быраҕан аны ыты эккирэппитэ. Киһи саатын сиртэн сулбу тардан ылаат, сомуогун халыгыратан саҥа ботуруону ииппитэ. Тыатааҕы ыты кытта охсуһа-охсуһа субу ыган кэлбитэ. Хайыта тыытыллыбыт куйахатыттан хаана хараҕын саба түһэн тугу да көрдөрбөт этэ, ону сонун сиэҕинэн туора сотто-сотто көмөгөйүн туһаайаат ытан хабылыннарбыта. Хата, саата өс киирбэх эстибитэ эрээри, таһы-быһа сыыһан кэбиспитэ. Ботуруон уларыттар түгэн биэрбэккэ, бу үллэкэчийэн, саба барыйан кэлбитэ. Ха­йыыр да кыаҕа суоҕа. Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбута, ыксаан өлүү айаҕын нэтээгинэн бүөлээбит диэбиккэ дылы, саатын утары тоһуйа ууммута. Күнэ хараарбыта, көхсө кыараабыта, бүттүм дии санаабыта. Хаба­раан кэлэн күн-ый буолан, бу сырыыга добуоччу ­ыраах тэйиппитэ. Киһи буолара дуу, кии буолара дуу быһаарыллар мүччүргэннээх түгэнигэр бэ­йэтэ бэйэтиттэн соһуйуох быатыгар муус холкутугар түспүтэ. Аҥар атаҕар сөһүргэстээн олорон иккиттэн биирин быһаарса сүүрэн үллэкэчийэн иһэр аарыманы көмөгөйүн көрөн чыыбыһын сөмүйэтин сүрэҕинэн сыыйа төлө тарпыта. Хата, бүтүн оҥоһуулаах баччаҕа кэлэр быатыгар, араллааны түмүктээн, саата эстэн сатараабыта. Сиэмэх адьырҕа этин тартаран дьигиһийээт туора ойбута уонна хааһаҕы быраҕаттыырдыы биир тэҥник ойон лэбиргэтэн иһэн ойоҕоһун хабыалаабыта. Хатан Хабырылла санаатын ситимин быһан сойбут чаанньыгыттан сөрүүн уу испитэ. Ити амырыын түбэлтэни санаатаҕына, куруук долгуйар идэлээх. Сарсын былыт кэлэрин билгэлээн илиитин дьарҕата эмиэ дьаралыйбыта. Бу сытан эрэллээх доҕорун Хабарааны санаан кэлбитэ. Хабараан ыраас хааннаах дьиҥнээх саха ыта этэ. Орто баайыы уҥуохтаах, өрө хоройо сылдьар көнө кутуруктаах, үмүрүччү үктээн хаа­мар, атаҕынан түргэнэ суох, тириитэ халыҥ, онон тымныыга тыһа быстыбат, киппэ көрүҥнээх кылгас моойдоох, саллаҕар төбөлөөх, кулгааҕын икки арда киэҥ, чөмчөкөтүн сүргүөҕэ халыҥ, быһах өнчөҕүн курдук кэтит, түүтүн быыһын үрэн көрдөххө, уһун кыл быыһыгар кылгас ньуо­лах түүлээх, тулуурдаах, дьулуурдаах, харса суох иччитин туһугар тыынын да толук уурарга бэлэм этэ. Кинини хаста-хаста өлүү айаҕыттан өрүһүйбүтэ буолуой?! Хатан Хабырылла доҕорун санаан сирэйэ сырдаан кэлбитэ. Кини илиитин ыарыытын аһара сатаан ытыһын көхсүн имэрийбитэ. Киһи санаа кулута дииллэринии, сиэри-туому тутуспакка, аньыыны-хараны аахсыбак­ка эрдэ күн сириттэн күрэммит атаһын санаан кэлбитэ. Сааһыран оттомуран олорон ырыҥалаан көр­дөҕүнэ, айылҕаҕа тугу оҥорбутуҥ иэстэбиллээх эбит. Биирдэ булчут атаһа хаар түспүтүн кэннэ табанан айаннаан иһэн, күөл сиэнигэр талахха турар тайаҕы ыппыт. Булчут табаларын хаал­ларан тайахха сатыы тиийбит, көрбүтэ кыыла хаана таммалаан тохто-тохто туран хааман барбыт. Булчут эккирэппит, ситиэхчэ-сиппэтэх, халлаан хараҥаран, табаларыгар төннүбүт. Сарсыарда эрдэ тыҥ хатыыта туран кыылын эмиэ эккирэппит, бэҕэһээ сиппэтэх абатыгар саанан, «дьэ бүгүн ситэн тэйиэм, иннигин ыларым буолуо» диэмэхтээбит. Күн ортото дьэ тайаҕын ситэн ылбыт, кыыла нэһииччэ байааттаҥныы-байааттаҥныы куотан өкчөҥнүүр, ону ситэн кэлэн бэҕэһээ куоппутун иэстэһэн искэ ыта-ыта саҥалаах буолар: «Бэҕэһээ тоҕо охтубут сир­­гэр сыппатаххыный?» – диэн. Оннук дьаабыла­нан айылҕа маанылаах оҕотун эрэйдээн-муҥнаан тыы­нын салҕаабыта. Ол киһи биир күһүн үүтээнигэр тахсан бултуу-бултуу муус аннынан илимниир. Булт болдьоҕо бүтүүтэ элбэх илимин тимир буочукаҕа уган үүтээнин таһыгар хаалларар. Эһиил күһүнүгэр кэлбитэ, тыатааҕы илимин барытын буочукаттан ороон таһааран тоҕута-хайыта тыыппыт, үүтээн таһыгар илим сэмнэхтэрэ ыһылла сыталлара үһү. Атаһа бардам муҥутаан, тыатааҕыттан иэстэһэргэ сананар. Бултаан бүтэн барарыгар үүтээн таһыгар түөрт улахан бөрө хапкаанын чэҥкээйилээн марайдаммакка иэстэһэр эрэ санаалаах иитэр. Эһиилигэр күтүөтэ тиийбитэ, хас даҕаны хапкаана суох. Нөҥүө сылыгар күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьар киһи ыалдьан өлөр охтуутун охтубут этэ. Хабырылла көрсө тиийбитигэр эппитэ: «Ата­һым, киһи эрэ буолларгын төрөөбүт, иитэн-аһатан олорор айылҕаҕын харыстаа, кыылы сэнээмэ, булду булт курдук киһилии бултаа. Мин дохсуммар тэптэрэн, сыыһа быһыыламмытым үгүс, ону айылҕа оҕолоро кырааннар, эрдэ үйэ­лэнэр кэрэгэй дьылҕалаатылар, сору көрөн өлөр муҥу буллардылар», – диэхтээбитэ. Быстаары, эрэйдэнэ сытар киһини көрөргө ыарахан этэ. Биирдэ Хатан Хабырыллалаах эмиэ күһүн, хо­йутуу Бокуруоп кэннэ, биир кырдьаҕаһы суоллаабыттара. Онтукалара күөлгэ түһэр сиэн биэ­рэгэр аппаҕа сир хайдыбытын кэҥэттэн киирэн сыппыт этэ. Дьээбэтэ баар, арҕаҕын айаҕыттан үөһэ сыппыт. Бултаабыттарын кэннэ ыттара кии­рэн иһирдьэттэн соһон таһаарбыта. Тыатааҕы «өбүгэлэрин дойдутугар бараары» сыттаҕына, өйө бааллан видео камераҕа устубута, ол уста турдаҕына, иччилээхтик тугу эрэ биттэммиттии хаҥас хараҕа күүскэ-күүскэ тардыалаталаабыта. Үс хонон баран уолунаан тайах эккирэтэн испиттэрэ, ол иһэн тохтоон саатын ииттибитэ, ботуруона ситэ киирбэтэҕэ, ону чыыбыһын иккиһин тардан ылан түһэрбитэ. Саата эмискэ эстэн дэлби барбыта, Хатан Хабырылла алдьархайдаах амырыын ыарыыттан өрө хаһыытыы түспүтэ, аҥар хараҕа көрбөт, аҥаара нэһииччэ борутар эрэ буолбута. Хата дьолго, уола баар буолан дьиэтин этэҥҥэ булбута. Онтон ыла улахан булду хаартыскаҕа түһэрэри, видиккэ устары аньыырҕыыр буолбута. Сааһыран олорон ырыта санаатаҕына, ол ханнык да сиэргэ баппат эбит. Кинилэр эмиэ айылҕа оҕолоро ­буоллахтара, ону өлөрө-өлөрө дьоҥҥо көрдөрөн киһиргиир, хаартыскаҕа түһэрэр сатамньыта суоҕун өйдөөбүтэ. Былыргы өбүгэлэрбит курдук бэйэни арбаммакка, сиэр быһыытынан бэйэ эрэ сииригэр холоон бултуохха буоллаҕа. Биһиги хоту дойду дьоно булдунан олордохпут. Хатан Хабырылла Дьокуускайга кэлэн сүрэҕин көрдөрө сырыттаҕына, куолайын көрөн, онно баастааҕын билбиттэрэ. Дэлби санаата түһэн, дойдутугар төннөн кэлбитэ. Арҕахтаахха кэлэн ырдьаччы ыран хаалбыта, ыйыһыннаҕына куо­лайа ыалдьара. Хата, ол кэмҥэ туйах хатарааччыта, уола кырдьаҕаһы бултаабыта, ол үөһүн ылан саас эрдэ балыктыыр сиригэр Солобудаҕа тахсыбыта. Дьоннор Арҕахтаахха: «Хатан Хабырылла ас барбат буолан сытар», – диэн сипсиһэр буолбуттара. Хабырылла онно сибиэһэй үөһү буоккаҕа суурайан илдьэ баран, онтукатын муус уутугар убатан киэһэ сарсыарда иккилии луос­каны иһэ сылдьыбыта. Оннук биир ый эмтэнэн бу тиллэн кэлэн эмиэ бултуу сырыттаҕа. Аар айылҕаҕа сиэри-туому кэһии иэстэбил­лээҕин, оттон киһилии бултаатаххына, Байанай өлбөт мэҥэ уутун бэйэтинэн уунарын өйдөөбүтэ. Хатан Хабырылла санаата урут дьулайа саныыр Билиилээх күөл иччитигэр иэҕиллибитэ. Киһилии сиэри тутуһан сырыттахха, кини да тоҕо көстөн кутталынан суоһуой диэн бэйэтин уоскутуммута. Ити курдук ону-маны эргитэ саныы сытан улам төбөтө ыараан үүтээнин ис бараана күөгэлдьийэн, дьэ утуйарга барбыта. Егор Картузов.
edersaas.ru сайтан