Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэпсээн: Үөрэх айдаана

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэпсээн: Үөрэх айдаана

K
edersaas.ru Категорията суох
11.10.2022 20:30
Өрүс уҥуор баар улуус киин бөһүөлэгэр үлэм наадатыгар сылдьан, эдьиийим аахха киирэ түһэн чээйдии олоробун. Кэпсэтиибит бөһүөлэктэрин иһинэн-таһынан халыһыйар. Ити олордохпутуна гимназияҕа бэһис кылааска үөрэнэр уоллара Киэскэ суумкатын сүгэн хорохоччуйан киирдэ. Эдьиийим өндөс гынан уолуттан суоһурҕанардыы ыйытта: – Хайа, нохоо, бэрээдэккин туох диэтилэр?! Үүрэллэр дуо? – Суох, туох да диэбэтилэр, – уолчаан кулук-халык туттар. Мин дьиибэргээн ыйыттым: – Тугуй ол, быраатым бэрээдэгэ мөлтөөтө дуо? – Мөлтөх. Охсуһуугунан батымаары гынна, – эдьии­йим хардара охсор, салгыы кэпсиир: – аҕыйах хонуктааҕыта бииргэ үөрэнэр уолун кытта уруокка олорон охсуспуттар. Дьэ, гимназияттан үүрүллэҥҥин бастакы оскуолаҕа барыаҕыҥ. Онно эйигин бөтөстөр үчүгэйдик быылгын тэбиэхтэрэ. Сотору уолчаан остуолга кэлэн, луоската сотору-сотору күөрэҥнээн, аһаан мотуйа олордо. – Бирииппэнэн, биилкэнэн тутта үөрэн, – диэтэ аҕата уолугар. – Улааттаххына, баҕар, миниистир кыыһын ойох ылыаҥ дии. – Биһиги киһибитигэр ол миниистир кыыһа чугаһыа дуо? Дьэ, саарбаҕым, – ийэтэ сонньуйар. – Баҕар, Байанайа биэриэҕэ. – Бастакы оскуолаҕа охсуһаллар аҕай үһү. Кини эмиэ охсуһара буолуо. Оччоҕо ханна үүрэллэрий? – диэн эдьиийэ ахсыс кылаас үөрэнээччитэ Уйгулаана ытаһа уган биэрэр. – Онно баппатаххына, Өтүйэлээх оскуолатыгар ыытыахта­ра. Дьэ ол дойдуга эйигин үчүгэйдик биир муостанан хаам­тарыахтара. Эдьиийэ итини истэн дьээбэҕэ тиллэ оҕуста: – Мэниктээтэххинэ Өтүйэлээххэ өтүйэнэн төбөҕө биэртэ­лиэхтэрэ. – Адьас да мас акаары оҥорууһуктар дии, – диэтэ ийэтэ наһаа кэлэйбит куолаһынан. – Мин онно барбаппын, – диэн уоллара муннун анныгар буугунуур. – Эйигиттэн ыйытыахтара да суоҕа, дундуук, милиис­сийэлэр тараччы тутан илдьэннэр килиэккэ иһигэр олордон кэбиһиэхтэрэ. Килиэккэ иһигэр олорон үөрэниэҥ. – Туох ааттаах ол алдьархайдаах оскуолатай? – мин дьиибэргээн ыйытабын. – Өйдөрө хаалыылаах оҕолор оскуолалара онно баар. Дьэ, кэһэйиэҕиҥ. – Мин Өтүйэлээххэ барыам суоҕа, – Киэскэ сынтаҕар мунна буп-буугунас. – Оччоҕуна үөрэххин уонна бэрээдэккин кытаат, – диэтэ аҕата кытаанахтык. – Сөп дуо?! – Сөп, – уол төбөтүн кэҕиҥнэтэр. Ити олороммут бу би­лиҥ­ҥи кэмҥэ тыа сирин уонна куорат оҕолоро тугунан ура­тылаһалларын туһунан кэпсэтэбит. Билигин улахан уратылаһыы да суох быһыылаах: ханна барытыгар компьютер, суотабай, сиэттэһии, батсаап уонна үөрэх айдаана. Урут сэбиэскэй былаас саҕана уратылаһыы баар аҕай этэ. Куоракка учууталлыы сылдьан, перемена кэмигэр уончалаах нуучча уолчааттара бэркэ боччумуран туран кэпсэтэллэрин истэҕин: “он по математике силен”, “а этот вечный олимпиадник”, эбэтэр ханнык эрэ саҥа супер техника айыл­лыбытын туһунан кэпсэтэллэр. Оттон дэриэбинэ оскуолатыгар таҕыстахха, тыа бөтөстөрүн кэпсэтэр кэпсэтиилэрин эргийэр киинэ куруук биир буолааччы: охсуһууга ханнык ыт күүстээҕэ, ханнык эрэ үрүйэ кытыытыгар атыыр чөкчөҥө өлөн үллэ сытара, ааспыт субуотаҕа кулуупка буолбут охсуһууга ким кими харахха саайан куһаҕаннык орулаппыта. Ити сырыыттан кэлэн бараммын, куоракка Аппа уҥуор олорор балтым аахха ыалдьыттыы кэлэн, эмиэ үөрэххэ сыһыан­наах кэпсэтиигэ хабылынным. Дьоннорум икки уоллаахтар: улаханнара алтыс кылааска үөрэнэр, оттон кыралара быйыл оскуолаҕа киириэхтээх. Киэһээҥи аһылык кэмэ этэ. – Кыра уолбут Эдик быйыл оскуолаҕа киирэр сыла. Дет­садка ити буукубаны үөрэтэллэр дуу, суох дуу? Биһиги киһибит адьас нуул да соппутуой. А буукубаны эрэ билэр. Ахсааҥҥа биири бииргэ эптэххэ икки буоларын, хата, син билэр. Уон­нааҕыта ньуул. Кубус-кураанах. Дьэ кыһалҕа… – балтым улаханнык саллыбыт, ыксаабыт көрүҥнээх. – Син биир гимназияҕа ылбаттар, – күтүөт Бааска ула­ханнык кэлэйэн сапсыйан кэбиһэр. – Иккис да оскуолаҕа ылаллара саарбах. – Хантан ылыахтарай? Бууска тэбиитигэр да чугаһап­паттар. Онно үчүгэй эрэ оҕолору ылаллар. Бар, букубааргын үөрэт! – диэт балтым уолун саҕатыттан ылан хоһун диэки дьөгдьөрүтэр. Анарааҥыта бэркэ сөбүлээбэтэх куолаһа иһиллэн ааһар: – А-ны билэбин, Б-ны кытта билэбин, мин акаары буолбатахпын… Куорат убаҕас үүттээх чэйин куттан сыпсырыйан иһэбит. Бааска тугу эрэ өйдөөбүттүү хонос гына түһэр: – Арба да, мантан адьас чугас Таҥара дьиэтин оскуолата – православнай гимназия аһыллыбыт. Бастакы кылааска оҕолору ылаллар эбит. Кимиэхэ да аккаастаабаттар эбит. Биһиги уолбутун онно биэриэххэ. – Оҕобут, хата, аҕабыыт буолан биһигини иитиэҕэ. – балтым куолаһа сымнаан манньыйбыт соҕус. – Ый аайы айыыбытын-харабытын ыраастыаҕа, өллөхпүтүнэ ырайга уочарата суох, по блату быһа ыыталыаҕа. – Ол да үчүгэй, – кэргэнэ Бааска сөбүлэһэр. Бары күлсэбит. – Аҕабыыт үлэтэ ити төһө хамнастаах үлэ эбитэ буолла? – балтым дьиибэргээбиттии этэр. – Син үлэ быһыытынан хамнас төлөнөр буолуохтаах. – Өссө ыаллары кэрийэн, дьиэлэрин ыраастаан холтуу­ралыа дии, – диэн мин дьээбэҕэ тэптэрэн биэрэбин. – Хата диэ. Халыҥ харчыны хайытыыһык, – диир кэргэнэ. Түгэх хостон уолларын Эдик адьас сөбүлээбэтэх, ытыах­ча буолбут саҥата иһилиннэ: — Соох, мин аҕабыыт буолбаппын! – Оччоҕуна букубааргын кытаат! – аҕатын куолаһа кытаатар. Ити кэнниттэн кэпсэтии эргийэр киинэ аны ЕГЭ, сахалыы БКЭ (биир кэлим экзамен) туһунан буолла. Балтыбар чугастааҕы улуустан дьүөгэтэ кэлэ сылдьан дэриэбинэтигэр буолар БКЭ экзаменын туһунан кэпсээбит. Оҕолор экзаменнара буол­бакка төрөппүттэр экзаменнарын курдук буолар эбит. БКЭ буолар кэмигэр кылаас түннүгэр төрөппүттэр эрдэ кэлэн уоча­рат­тыыллар, ол оҕолорун тустарыгар илэ-бааччы кыһаллар ийэлэр барахсаттар буоллахтара, аҕалар онно кыһаллаллар дуо, түүҥҥү кус кэнниттэн утуйан хаһыҥырата сыттахтара. Арааһынай бэйэлээх, оһох курдук оҥоһуулаах дьахталлар дьуһуурунай учууталтан оҕолортон хомуйбут билиэттэрин ылаат чугастааҕы дьиэҕэ олорор учууталга охтон түһэ-түһэ сүүрэллэр. Аны онно анньыһыы-бочооттоһуу, уочараттарын былдьаһан бэйэлэрин да саҥаларын истибэккэ этиһии бөҕөтө, сорохтор охсуһаары тарбахтара да сараҥнаһаллар. Учууталлара билиэт боппуруостарын оҥоро охсоот биэрэн иһэр. Төрөппүт ону ылаат төттөрү оҕотугар тэбинэр. Ким кытыгыраһа онно биллибит. Бэл, сэттэ ыйдаах хат дьахталлар кытта сүүрэн муҥнаналлар үһү. Түүнү быһа кустаан, сорохторо матасыыкылынан хатаасылаан сылайбыт оҕолор паартаҕа утуйан, муннуларын тыаһа муораҕа тиийэн экзаменнарын туорууллар. Оннук сордоно-муҥнана олор­доҕуна, түннүккэ ийэтэ аҕылаан-мэҥилээн кэлэн билиэт эппиэтин дьуһуурунай учууталынан бэрдэрэр, аны бу барахсан бэйэтэ көстөрө сатаммат – камералар ыксаан кытарчы буспут сирэйин малаччы устан ылан, ол күн НВК ханаалыгар көрдө­рүөхтэрэ турдаҕа. Өссө ол кыра, табылыннаҕына, эмиэ ол күн Арассыыйа ханаалыгар бэйэтин буруолуу сылдьар кэрэ мөс-сүөнүн көрөн дьоллонуо дии. Билигин итинник сыыһа тутта­рааччылары түргэнник көрдөрөллөр. Оттон сорох оскуолалар бүтүн системаны оҥороллор эбит. Дьуһуурунай учуутал оҕолор­тон сорудахтарын хомуйан аҕалан ханнык эрэ кылааска саһан олорор учууталларга биэрэр. Сорудахтар оҥоһуллубуттарын кэннэ ылан туалекка эбэтэр быһа кылааска олорор оҕолорго кистээн биэртэлиир. Оҕолор оннук утуйан экзаменнарын туо­рууллар. Бу барахсаттар уһуктубуттара, аны ылбыт сыаналара бэйэлэрэ да саллыахтарын курдук үрдүк буолаллар. Оннук үр­дүк бааллаах оҕолор талбыт үөрэхтэригэр быһа киирэллэр. Онтон биир да сыл буолбакка үөрэхтэрин кыайбакка уурайал­лар. Итинник түбэлтэ элбээбит. Кэлин ол иһин БКЭ-ни кытаа­тыннара сатыыллар эбит. Дьэ ол иһин нууччалыы ыт да диэни билбэт Кавказ сорох норуоттарын ыччаттара БКЭ-ҕэ саамай үрдүк бааллаах кэлэннэр Москваҕа талбыт үөрэхтэригэр киирэл-лэр. Ол үөрэхтэригэр үөрэнэ сылдьаннар кинилэр сыллата буолар экзаменнарга билиилэрин көрдөрбөттөр, быычыкаайык кумааҕыга суруйан бооччойон элбэх нууллаах сыыппараны көр­дөрөллөр уонна үөрэ-көтө кыһыл дипломнаах бүтэрэллэр. Оо, урукку биһиги курдук билиэт бөҕөтүн кэниспиэктэнэн, үөрэтэн муҥнанан оскуоланы бүтэрэн, онтон өссө эбии күүскэ бэлэмнэнэн үөрэххэ киирэллэрэ буоллар дэһэбит биһиги кини­лэр ийэлэрэ-аҕалара. Уруккута сөптөөҕө дуу, аныгыта ордуга эбитэ дуу? К. Эверстов, 2004 с.
edersaas.ru сайтан