Кэпсээ
Войти Регистрация

Сэбирдэх (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Сэбирдэх (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
08.10.2022 17:00
Киистэтэ суйданан хаалбыт хатыҥ лабаатыгар саһарбыт сэбирдэх соҕотоҕун тэлибириир. Күһүҥ­ҥү хаҕыс тыал кинини араастаан мускуйар, ыты­йар да, сэбирдэхчээн иннин биэрбэт. Үүнэн тахсыбыт лабаатыттан арахсыан баҕарбаттыы туох баар күүһүнэн тутуһан, өрө ырычаахтаһар… Күүстээх тыал охсуута сэбирдэҕи туура тардан салгыҥҥа элитэр. Сэниэтэ эстибит сэбирдэх ба­рахсан, тирэҕин сүтэрбит киһилии салгыҥҥа ыйа­нан, байаатаҥнаан ылар уонна сүүрүгэ оргуйа турар үрэх уутугар умса баран түһэр. Тымныы ууга тимирэ-тимирэ күөрэйэн баран, синим биир диэбиттии сүүрүк хоту уста турар… Сүүрүк арыый намтаабыт сиригэр тиийэн, бэйэтин курдук туура тардыллыбыт сэбирдэхтиин булсан, өр сүтэр­сэ сылдьыбыт дьоннуу ыгыта сыстыһан, биир сиргэ өрө холоруктаатылар, эрчимнээх сүүрүк­кэ оҕустаран тэҥҥэ устан ыллылар, онтон эмис­кэ бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсэн, тус-туһунан туора- маары уһуннулар… Айылҕа да, киһи да олоҕо биир: эрийэр, мус­куйар, күлүм гынар уонна бүтэр… Мин уулаах биэдэрэбин ылан сыыры өрө да­байабын. Күһүҥҥү бороҥ халаан бүдүгүрэн ки­һи эрэ санаатын баттыах айылаах. Дойдубар кэл­битим нэдиэлэ буолла да, күн-дьыл көнүөх быһыыта көстүбэт… Аҕам барахсан ыалдьан уһу­гулаан сытар. Ону ыарыылаан, аттыгар олорон, оҕо буолан атахпар турбут ытык иэспин толорбута буолабын. Ааны аргыый аһан дьиэҕэ киирбитим, эдьии­йим үлэтигэр бараары тиргиллэ сылдьар. – Айуу-айа! Ити оҕонньор туох эрэ туос биһигин көрдөтөн киһини үлэтигэр хойутатар буолла… Хотуммуттан эмиэ кынчарыллар буол­лум… Уһугуннаҕына хааһытын сылытан сиэтээр, эбиэккэ тугу эмит астанан аһаар. Мин кэлбэтим буолуо. Килиэби бэйэм ылыам. Оҕолор ыкса киэһэ кэлиэхтэрэ, күрэхтэһиилээхпит диэбиттэрэ. Арба, холодильникка суорат уурдум, иһээр…-диэн дьаһайбытын кубулуппакка, таҥнан-саптан үлэтигэр аттанна. Мин хоско киирэн аҕам тыынарын иһиллээ­мээхтээн турдум… Онтон куукунаҕа тахсан чэй кутуннум. Чэйбин сыпсырыйа-сыпсырыйа ос­туол­га ууруллубут, хатан хапсыйан хаалбыт туос би­һиги одууластым. Кимиэнэ эбитэ буолла?! Аҕам бэйэтин киэнэ дуу… Биһиги итинник би­һиккэ сыппатах буолуохтаахпыт. Аргыый бэйэм диэки тардан иһин өҥөйөн көрбүтүм, ойоҕоһун диэкинэн химическэй харандааһынан тугу эрэ суруйбуттар. Көстөр-көстүбэт суругу кыҥастаһан аахпытым: “Савченко Оленька Анатольевна“. Арыый аллараа диэки “Аришенька, любимая, спа­­сибо за дочь! Толя. 28.07.1956г.“ Аата, отой билбэт дьоммут ааттара… Оҕонньор маны тоҕо көрдөтөн түбүгүрбүтэ буолла?! Хайдах эрэ сү­рэҕим ытырбахтаата… – Арыысаа, – сэниэтэ суох аҕам куолаһа ыҥы­рарын истэн, хааһы, чэй тутуурдаах хоско киир­дим. Аҕам дьүдьэйэн, иэдэстэрин этэ уолан, хоҥо­руутун уҥуоҕа кырыыланан, урут уола хаан бэйэтэ кууран-хатан, аччаан сыттыгар чөкө баҕайытык чөм түһэн сытаахтыыр. Аҕыйах ньуоска ууну эрэ үрдүнэн хойуу хаа­һыны сиэбитэ буолла уонна аккаастанан ба­һын быһа илгиһиннэ. Чэйин син сэниэлээхтик өр бырылаччы истэ. – Арыысаа, айанныырым чугаһаата быһыы­лаах. Бөлүүн ылар дьонум кэллилэр… Эдьиийдэриҥ үлэлэригэр ойоохтоотулар дуу? Итигирдиктэр… Үлэлээри эрэ төрөөбүт курдуктар, өрүү сололоро суох аатырар. Киһи хаһан эмит тохтоон иннин-кэннин ыйдаҥардан көрүөхтээх… Чэ, ол гынан баран бэрт! Үлэлиир-хамсыыр киһи олох олорор буоллаҕа… Мин да олох олорботох оҕонньор буолбатахпын. Тугум барыта толору этэ. Аны кэлэн кэмсиннэхпиний?! – аҕам хараҕыттан уу-хаар баста, улаҕа хайыһан саҥата суох сыппахтаата. Нухарыйда дуу диэн туран бараары гынан ис­тэхпинэ, уҥуох-тирии буолбут тарбахтарынан эмискэ илиибиттэн харбаата, бэйэтин диэки тарта. – Барыма! Олор! Үйэм тухары кимиэхэ да эппэккэ, сүгэһэр гына сылдьыбыт аньыыбын-харабын ыраастанар кэм кэллэ. Эн иһит! Са­ҥарыма! Биэс уон алта сыллаахха отуччалаах эр киһи экспедицияҕа таһаҕас таһааччынан сылдьы­бы­тым. Холкуостаахтары хомуйан атынан экпе­ди­циялар таһаҕастарын тастараллара. Уонча буо­лан ыйбыт сирдэригэр таһаҕастарын тиэрдэн баран төн­нөн испиппит. Мин табаарыстарбыттан арах­сан Суордаах үрэҕэр туораабытым. Быр­дах­тан куотан киирбит биир эмит тайаҕы бул­туйдарбын диэн… Дьоммор туох эмэ харалаах тиийээри. Олому кэстэрэн туораан иһэн, соһуйан аппыттан суулла сыспытым. Сыыһа иһиттим диэн, кулгаахпын хаста-хаста иһиллээбитим. Биэрэги кыйа үүммүт иирэ талахтар быыстарыгар эһээхэй оҕо ытыыра. Мин куттанан этим саласпыта. Бу ким да сылдьыбат үрэх баһа дойдуга туох оҕото кэ­лэн хааланна­ҕай?! – диэн иэним кэдэҥнээбитэ. Быһыыта абаа­һы муокастыыр диэн толкуйдаабытым. Аппын төт­төрү салайан, сыыры өрө сүүрдэн тахсан ба­ран, туох эрэ тардарын курдук тохтоон эмиэ иһиллээбитим. Сэниэтэ эстибит оҕо бөтө-бөтө ытыы­ра, уу ньуурунан чуолкайдык иһиллэрэ. Мин санаам буолбатаҕа: төттөрү-таары мэскэйдэнэн баран, чуҥнаан көрөргө быһаарыммытым. Туох баар билэр-билбэт айыыларбыттан көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу, саабын иннибэр бэлэм ту­тан үрэҕи ик­кистээн туораабытым. Атым ул­гум­нук иннин диэки дьүккүйэриттэн хайдах эрэ эрдийбитим. Дьөһөгөй оҕото барахсан абааһы баарын сэрэйбитэ буоллар илгистэ түһүөхтээҕэ. Сэрэнэн талахтары сэгэтэн иһир­дьэ киирбитим. Уу сол түһэ илигэ. Этим тарда-тарда бытааннык хаамтаран тыас баар сиригэр чугаһаабытым. Та­лахтарга иҥнэн хаалбыт туос би­һиккэ таҥаска ыга сууламмыт соторутааҕыта тө­рөөбүт оҕо ытаан бөтүөхтүү сытаахтыыра. Мин көр­бүппүн итэ­ҕэй­бэккэ харахпын ньуххаммытым. Оҕо буоларын билэн, соһуйан-уолуйан таҥастыын ба­ҕастыын ууга «бар» гына түһэн, биһиги харбаан ылбытым. Кумаарга сиэтэн, аччыктаан, сэниэтэ эс­тибит оҕо муҥнаах сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт этэ. Тугу гыныахпын билбэккэ, оҕону көтөхпүтүнэн биэрэги былдьаспытым. Тахсан былааппын ууга сайҕаабыта буолаат, сиигирдэн оҕо айаҕар сим­питим. Барахсан сирэрэ-талара кэлиэ дуо, эмэн собурҕаппытынан барбыта. Хаста да оннук гы­нан утаҕын ханнарбыта буолбутум. Үрүсээгим түгэҕиттэн оҕолорбор кэһии гыныам диэн экс­педициялартан ылбыт галет диэн астарын ылан ууга хааһы курдук илитэн, былаат уһугар бобо баайан, эмсэх оҥорон, оҕо айаҕын бүөлээбитим. Бэйэм чугаһынан дьон баар сибикитэ биллээрэй диэн саабын ииттэн үөһэ ытыалыы-ытыалыы төттөрү-таары сүүрбүтүм да, ыт охсор киһи суоҕа. Хайыыр да кыах суох буолан, дьиэбин түргэнник буларга быһаарыммытым. Эрэй-кыһалҕа бөҕөнү көрөн, суукканы быһа айаннаан түүн дьиэбэр кэлбитим. Бөһүөлэк утуйа сытара, миэнэ-миэнэ курдук дьиэм таһыттан баттатыылааҕа. Кэргэним оһоҕостоох хаалбыта, онон оҕолорун эбээлээх эһэлэригэр хаалларан балыыһалаабыта буолуо диэн, быһа балыыһаҕа тэптэрэн тиийтим. Ону биэлсэр Дьэлиэнэ өрө хабытайдана көрсүбүтэ. Эл­бэх өлүүнү-сүтүүнү көрбүт, сэриини ааспыт эмээхсин буолан оҕоҕо улаханнык соһуйбата­ҕа. Айдаана суох ылан сууйан-сотон, көрөн-истэн бар­­быта. Мөҕөрүн-этэрин быыһыгар, кэргэним хара төрүөр диэри бэйэтин харыстаммакка пиэр­мэҕэ үлэлээн өлбүт оҕо төрөөбүтүн, бэйэтэ хаана баран анараа дойдуга аттана сыспытын, туруга билигин да мөлтөҕүн туһунан миигин сирэй-харах анньардыы бөтүгүрээбитэ. Сарсыарда күн тахсыыта, мин көрүдүөргэ уту­йар-утуйбат икки ардынан аҥаарыйа олор­дохпуна ыҥыран ылбыта. – Нохоо, доп-доруобай кыыс оҕо! Аһаттахха-сиэттэххэ бэттэх кэлииһи. Биир оҕону был­дьаа­бытын билинэн Дьылҕа Хаан атын оҕону биэрдэҕэ! Туох да айдаана суох оҕо гын! Кэр­гэниҥ оҕолооҕун биллэҕинэ туруга тупсуо. Аҕы­йах хонуктааҕыта Томторго экспедициялар дьах­тардара төрөөн баран, кэргэнэ кэлэрин күүппэккэ ыксаан, бэйэтэ баран иһэн ууга былдьаммыт сурахтааҕа. Ол муҥнаах оҕото ини. Экспедиция­лар биир сиргэ турбат дьон, бардахтара. Ту­лаайаҕы ханна гыныахпытый? Кимиэхэ да тугу да кэпсээмэ да бүттэ! Мин Өрүүнэҥ төрөөбүтүн курдук оҥоруом, – диэн быһааран кэбиспитэ. Мин да утарылаһа сатаабатаҕым. Сылайбытым да бэрдэ, Өрүүнэбин да аһынарым бэрдэ. Ба­рах­саммар хара өлүөр диэри ол кыыспыт атынын билиммэтэҕим. Сэрэйээхтээбитэ эбитэ дуу, суоҕа дуу?! Барыларыттан бу кыыс тоҕо бөдөҥөй диэччи. Ону мин эһэм Нууччакаан Ньукулай кур­дук диэн куотунааччыбын. Дьиэбэр кэлэн, сууллан утуйан хаалбытым. Киэһэ уһуктан, туран, аһаан-сиэн, суунан-та­раа­нан баран, кыра миин оҕото тутуурдаах ба­лыыһаҕа тиийбитим. Өрүүнэм өйдөммүт этэ, булумньу оҕобутун эмиийдэтэ сытара. Кэргэним дьол­ломмут, сылаанньыйбыт сирэйин көрөн, мин Дьэлиэнэ этиитин ылынарга санаммытым, – аҕам кэпсии сытан сэниэтэ эстэн, долгуйан саҥата сү­тэ-сүтэ иһиллэр буолла. Куотан хаалыа диэбит кур­дук миигин ыга туппут илиитин арааран хараҕын уутун сотунна, миигин утары көрдө уонна: – Арыысаа, ол оҕо эн этиҥ! – диэтэ. Мин истибиппин итэҕэйбэккэ, туох да диэхпин билбэккэ, соһуйан, чыпчылыҥныы олордум. – Ити биһик иһигэр дьиҥнээх төрөппүттэриҥ аата баар буолуохтаах. Ийэҥ өлбүт буоллаҕына, аҕаҥ баара эбитэ дуу… Мин курдук бүдүгүрэ кыр­дьан, эмиэ киһи илиитигэр киирээхтээбитэ дуу… Төрөппүт аҕаҕын ыарыылыаҥ оннугар мин аттыбар олороохтоотоҕуҥ… – Аҕаа, туох диэн эттэххиний?! Иитэн-аһатан атахпар туруорбут киһи эн эрэ. Атын аҕам суох! Эн бааргын мин аҕам! – диэн кууһан, сүүһүттэн сыллаан ыллым, сыттыгын көннөрдүм. – Сылайдым, укуолбун биэр. Утуйа түһүөм этэ. Этиэхтээхпин барытын эттим, чэпчээбиккэ дылы буоллум. Аҕаҕын була сатаар, оччоҕуна мин атын дьон дьылҕатыгар орооспут аньыым-харам ыраастанаахтыыра дуу?! – аҕам улаҕа хайыһан чуумпуран хаалла. Мин олорбохтоот, куукунаҕа тахсан туос би­һиги сэрэнэн имэрийэн ылбытым. Биһик чахчы мин баарбын, ити барыта олоххо буолбута диэн итэҕэтэрдии ааспыт сыллар туоһулара буолан, кумуччу туттан сыппыта… Аҕам уһаахтаабатаҕа, сарсыҥҥытыгар мин илии­бэр бараахтаабыта. Тиһэх суолугар атаарсан, то­ҕус күнүн ылсан баран, туос биһикпин илдьэ дьиэбэр төннүбүтүм. Аҕам курдук кимиэхэ да тугу даҕаны эппэтэҕим… Аҕам кэпсээнэ мин уйулҕабын хамсаппатаҕа… Мин кырабыттан атын оҕо буоларбын билэр кур­дугум. Төһө да ийэлээх аҕам, эдьиийдэрим, убайым аттыбар баалларын үрдүнэн, соҕотохсу­йуу мин дууһабар бэйэбин өйдүөхпүттэн баара… Уонна хайа да түгэҥҥэ дьоммор барытын оҥорор иэстээхпин диэн толкуйдааҕым. Тоҕо оннугун билбэтим… Дьиэм аттыгар кыракый ырааһыйаҕа баар аарыма чөҥөчөккө сытан, мөлбөһө устар былыттары одуулуурум уонна кинилэргэ олорсон ханна эрэ ырыых-ыраах барбыт киһи, онно отой атын дьоннор миигин кэтэһэллэр дии саныырым. Ол умна быһыытыйбыт санаам, аҕам өлбүтүн кэннэ, уон төгүл күүһүрэн, өйбүн-санаабын, сү­рэхпин-быарбын аалбытынан барбыта. Кэргэммин, оҕолорбун мин туругум улаханнык уолуһуппатаҕа. Аҕатын аһыытыттан буолуо диэн, хайа сатанарынан аһарыннын диэн кыра оҕо­луу бүөбэйдэспиттэрэ. Онтон мин таспар устар ууну долгуппат бэрт холку курдугум буолуо да, испэр араас санаа күөстүү оргуйара… Тоҕо эрэ бэнидиэнньик аайы телевизорга “Жди меня” диэн передачаны көтүппэккэ көрөрүм, дьон бэйэ-бэйэлэрин хайдах көрдүүллэрин-булсалларын кэ­тиирим, араас былаан бөҕөтүн оҥосторум. Анаан-минээн «Якутгеология» архыыбын ба­ран хастаран, өр көрдөтөн, сылдьыбыт сыы­һы булар диэбиттии дьиҥнээх аҕам толору аатын, ханна, хаһан тугунан үлэлээбитин, ханна олорбутун, туох үөрэхтээҕин, туох дьоннооҕун толору билбитим. Ити тухары миигин ким эрэ үөһэттэн көрөн олорон, онно бар, мантан ыйыт, итини гын диэн салайар курдуга. Бу көрдөөһүнүм тугунан түмүктэниэн, тугунан эргийэн тахсыан саныахпын баҕарбатым, сэрэйэ сатаабатым. Аҕам эппитин хайаан да толоруохтаахпын диэн булгурутуллубат бирикээс ылбыт курдугум. Сыл аҥарын курдук буолан баран, сылаалаах ирдэһии, сыралаһыы кэнниттэн аҕам ааттаах киһи Санкт-Петербурга олорор аадырыһын илиибэр туппутум. Өр толкуйдуу барбакка, кимиэхэ да тугу да быһаарбакка, үлэбэр отгул ылан Питергэ көппүтүм. Питер былыттаах халлаанынан, сиигинэн-сил­бигинэн силбиэтэнэ көрсүбүтэ. Дугдуруй да оҕус диэбиттии, таксига олороот, булбут аадырыспын ыйбытым. Аадырыспар чугаһаатаҕым аайы ту­руоруммут кытаанах санаам мөлтөөн барбыта. «Тоҕо эмиэ көрдөөн эрэйи көрдөхпүнүй?! Бу үүт тураан олохпун уларыта сатаатахпыный? Баҕар отой да билиниэхтэрэ суоҕа… Оччоҕо хайы­ы­бын?» – диэн араас санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Так­ситтан түһэн, этээстээх дьиэлэр быыстарыгар саспыт, киһи тыына-быара хаайтарыах кыараҕас олбуорга, киириэхтээх ааным аттыгар баар ыс­камыайкаҕа бэрт өр олорбутум. Тахсыахтаах кы­бартыырам иһигэр баар дьону өйбөр оҥорон көрө сатаабытым. Соҕотоҕо дуу, элбэхтэрэ дуу? Баара дуу, суоҕа дуу? Уруккуну өйдүүрэ дуу, отой да умнубута дуу? «Чэ, олор-олорума, саҕаламмыт бүтүөхтээх, барытыгар туочука туруохтаах”, – диэн баран, подъезд аанын аһан үһүс этээскэ ыттыбытым. Киириэхтээх кыбартыырам аанын булан, турбах­таат, харахпын быһа симэн күүскэ салгыны эҕи­рийбитим уонна аан чуораанын баттаабытым. Чэпчэки атах тыаһа кэлэн ааны аһа баттаабы­та. Ааҥҥа эдэркээн кыыс оҕо турара. Мин оҕону эрэ көрүөм дии санаабатах буолан саҥабыттан маппытым. – Вам кого? – кыыс миигин атахпыттан төбөбөр дылы өрө көрөн таһаарбыта. – Савченко Анатолия Васильевича… – мин күҥ­ҥэ сүүстэ хатылыыр ааппын нэһиилэ ыган та­һаарбытым. – Дед, к тебе пришли! – кыыс кэннин хайыһан кими эрэ ыҥыран хаһыытаабыта. Хостон буруолуу сылдьар итии чэйдээх чаас­кытын туппутунан уһун төрөл оҕонньор атаҕын соһон аргыый тахсан кэлбитэ. Төбөтүн оройугар анньыммыт халыҥ таастаах ачыкытын аҥар илиитинэн умса тардан, ким кэллиҥ диэн ыйы­тардыы миигин одууласпыта. Тутан турбут чааскытын мүччү туппута муоста­ҕа хампы түһэн бытарыттар тыаһа мин сүрэҕим тэбиитин кытта холбоһон, саар куолакал курдук ньиргийэн ылбыта. Оҕонньор тирэҕин сүтэрэн тэмтээкэйдээн ыл­быта, истиэнэттэн тутуспута. Онтон тирэммит илиитин арааран субу охтуохтуу мин диэки дьүккүйбүтэ. Кыыс нэһиилэ туораан биэрбитэ. – Ариша-аа-а, – диэн унаарытаат миигин куу­һан бэйэтигэр ыга тарпыта. Мин кини санныгар өйөнөн, тугу да гыныахпын билбэккэ дөйөн турбутум. Биэтэккэ эстэн кэлбит сүүрүк курдук, тиийиэхтээх сирбэр тиийдим, сөп буолла уонна миэхэ туох да наадата суох диэбиттии ээл-дээл буолан хаалтым. Төбөм иһэ кубус-кураанаҕа, илиим-атаҕым бэйэбин истибэт курдуктара… Ол быыһыгар: «Ааппын хантан билэр?» – диэн уорбалыыр санаа киирэн тахсыбыта. Бэйэ-бэйэбититтэн нэһиилэ арахсан, кыратык тэйсэн, иккистээн тургутардыы бэйэ-бэйэбитин одууласпыппыт. Иннибэр уу-хаар баспыт ха­рахтаах, муус маҥан баттахтаах оҕонньор бэйэтин ханна гыныан билбэккэ миэстэтигэр тэпсэҥнии­рэ. Долгуйбутуттан илиитэ илибириирэ, санна ибигириирэ. Хайдах эрэ ис-испиттэн кинини олус аһыныах санаам кэлбитэ уонна бу сырыыга мин саҥа таһаарбытым: – Здравствуй, отец! – Инним диэки хардыылаан төрөппүт аҕабын ыга кууспутум. Өр сүтэрсибит дьон булсан, саҥа таһааран, иккиэн ытаан маккы­распыппыт. Иннибитин-кэннибитин быһаарсыбат буолбут дьону ааны аспыт кыысчаан сиэтэн дэл­лэритэн хоско киллэртээн дьыбааҥҥа олор­ду­талаабыта. Иккиэммитигэр туох эрэ хаап­пы­лаларын таммалатан иһэрдэн тыын киллэр­тээбитэ, уу кутан аҕалбыта. Кыыс төттөрү-таары элэстэнэн, хампы түспүт чааскы үлтүркэйин хо­муйарын быыһыгар ханна эрэ төлөпүөннээбитэ. “Приезжайте немедленно! Дедушка бабушку на­шел,”– диэбитин истэн хаалтым. Тоҕо миигин бабушка диирин өйдөөбөтөҕүм. Арыый уоскуйан, киирбит хоспун эргиччи көр­бүтүм. Элбэх да элбэх кинигэлээх долбуурдар быыстарыгар, саамай көстөр миэстэҕэ, остуол утары мин хаартыскам ыйанан турара. Сөҕөн аргыый миэстэбиттэн туран, чугаһаан сыныйан одууласпытым. Мэтириэт дьүһүнэ үкчү мин кур­дуга, бэл диэтэр чэчэгэйбэр баар мэҥниин. Ол гынан баран мин буолбатах этим: таҥаһа-саба, дойдута, кэмэ атыттара. Сэмэйдик күлүм аллайбыт, халыҥ баайыы куопталаах дьахтар үөрбүтүү утары көрөрө. Испэр: «Ийээ, дорообо! Мин кэллим…» – диэбитим, хаартыска арааматын имэрийэн ылбытым. Кэннибин эргиллибитим оҕонньордоох кыыс харахтарын миигиттэн уонна мэтириэттэн араар­бакка, сөхпүттүү, хардары-таары көрбөхтүүллэрэ. – Я другая Арина, – диэбитим мин. Ордук-хоһу тугу да быһаарбакка, суумкабыттан илдьэ кэлбит биһикпин хостообутум уонна оҕонньорго ууммутум. Оҕонньор икки илиитинэн сэрэнэн биһиги ыл­быта, эргим-ургум туппута, ыксаабыттыы ачы­кытын көннөрө-көннөрө эргитэ сылдьан, биһик иһин-таһын сирийэн чинчийбитэ. Ол быыһыгар: «это я же мастерил», «это я же написал», – диэмэхтээбитэ. Миэхэ эргиллэн: – Я понял, ты – Олюшка… Мы с мамой так хоте­ли назвать… – диэхтээбитэ, салҕалас илиилэринэн миигин ыга тардан, кыра оҕону бигиир курдук имэрийэ-имэрийэ олорбута. Төһө өр оннук олоруохпут эбитэ буолла, киирэр аан чуораана өрө тырылыы түспүтэ, кыыс аан аһа ыстаммыта. Ыксаан уйулҕалара көппүт дьах­тардаах эр киһи хоско биирдэ баар буола түс­пүттэрэ. Эр киһи миигин көрөөт, быһаарар бокуой биэрбэккэ, «нашлась…» диэт, сүүрэн кэлэн кууһа түспүтэ, үрүт үөһэ сыллыырын быыһыгар: «Какое счастье! Нашлась…» – дии-дии аҥар илиитинэн аҕатын хаһыйа тардан, үһүөн турбут сирбитигэр эргийэн ылбыппыт. Хаалбыт дьахталлар ытаһа түһээт биһиэхэ кыттыспыттара. Кыысчаан, бу дьон оҕолоро, оҕонньор сиэ­нэ, остуол тардарын, ону-маны дьаһайан элэс­тэнэрин быыһыгар хайдах ааны аспытын, онтон туох буолбутун кэпсээн-ипсээн, биһиги тыын ылар­бытыгар бириэмэ биэрбитэ. Хантан эрэ ик­ки аастыйбыт баттахтаах оҕонньоттор кэлбиттэ­рэ. Улам уоскуйан, син быһаарсан, өйбүтүн-төйбүтүн булан, бэлэм буолан хаалбыт остуол тула олорбуппут. Бары кэтэспиттии, тугу эрэ эрэй­биттии мин диэки хайыспыттара. Мин төһө кыалларынан, төрдүбүн-ууспун хай­дах билбиппин, кинилэри хайдах көрдөө­бүппүн кэпсээбитим. Оҕонньоттор лаппыйан ыйыталаһа-ыйыталаһа чоп­чулаһа олорбуттара, онтон бэйэ-бэйэлэ­рин си­тэрсэ-ситэрсэ хайдах бииргэ геологическай ин­сти­тукка үөрэммиттэрин, онно Анатолий Ва­си­льевич Саха сириттэн сылдьар Аришаны көр­сөн, улахан­нык таптаан, ыал буолбуттарын, уол оҕоломмутта­рын, үөрэхтэрин бүтэрэн бары тутуспутунан Саха сири­гэр үлэлии барбыттарын, Ариша онно иккис оҕо­ло­нон баран ууга был­дьаммытын, дойдутугар илдьэн көмпүттэрин, оҕону көрдөөн булбатахтарын кэпсээбиттэрэ. Кэп­сээннэрин быыһыгар: «надо же, как похожа на мать», «смотри, точно, как Арина» диэн саҥа аллайаллара. Мин манна өссө бииргэ төрөөбүт убайдаах­пын, саҥастаахпын, балтылаахпын билбитим. Киэһэ оҥорон биэрбит оронноругар, утуйаа­ры сыттахпына Анатолий Васильевич киирэн, сүүспүттэн сыллаан ылбыта уонна: – Спокойной ночи, доченька! Какое счастье, что ты нашла нас, больше я тебя не потеряю, – диэбитэ. Кыра оҕо курдук биэбэйдэнэн, оҕо сааспар түһэн ылбытым. Өр сылларга көрдөөбүт сүтүгүн булбут, аҕам иннигэр иэспин толорбут киһи бы­һыытынан, уоскуйан кыбыс-кытаанахтык уту­йан хаалбытым. Өйүм-санаам барытын ылыммыта, арай сүрэ­ҕим сөбүлэспэккэ төрөппүт аҕабын өргө диэри Анатолий Васильевич диэн ыҥыра сылдьыбытым. Кини иһигэр хомойоохтуура буолуо да саҥарбата, өйдөөбүтэ. Саха сиригэр кэлэ сылдьан, аат ааттаан ийэлээх аҕам уҥуохтарыгар тахсан саҥа таһаа­ран махтаммыта. Онтон мин олоҕум, майгым-силигим тосту уларыйбыта. Урут бэйэм бэйэбэр сөҥөн, күөх оту тосту үктээбэккэ, сымыыттааҕар бүтэй, уутааҕар чуумпу сылдьыбыт буоллахпына, билигин бэ­йэтигэр эрэнэр, кэлбит-барбыт, тирэҕин булбут дьаһаллаах табаарыс, бизнес-вумен буолбутум. Оннук, олоххо киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа эл­бэх буолар… Ханнык эрэ түгэҥҥэ сэбирдэх саһаран түһэр буоллаҕына, саас аайы кини чэлгийэ тыллар, са­ҥалыы олоҕу саҕалыыр. Айсана.
edersaas.ru сайтан