Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: Тураах диэбиттэрэ – умсаах…

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: Тураах диэбиттэрэ – умсаах…

K
edersaas.ru Категорията суох
07.10.2022 16:30
Өктөөп бырааһынньыга чугаһаан, Өлүөнэ эбэбит кыдьымаҕа адаарыйан, ырбыылара эпсэри тоҥон, куобах түүтэ үрүҥ суорҕанын үллүктэнэн, ус кыһын утуйардыы оҥостон иһийэн сытар. Кытылга талах, долохоно булкаастаах бөлкөй ойуурдар, арбайбыт хара үөттэр, суйдаммыт хатыҥнар хаарынан бүрүллэн, харах ыларынан халлаан сирдиин силбэһэр кыһыҥҥы хартыына тиирэ тардыллыбыт курдук. Эргиччи маҕан хаар, сылыппат, тыбыс-тымныы маҕан күн… Өрүс хааһын кыйа сылдьа үөрүйэх, чигдитийбит суолунан ДТ- 75 тыраахтар ардыгар ыарырҕатан хара буруонан уһууран ыла-ыла, балаҕан саҕа кэбиһиилээх оту соһон сынтаран иһэр ньиргиэрэ иһийэн турар чуумпуну ыраахха диэри аймыыр. Аны аҕыйах хонугунан Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспаҕа ыҥырыллыбыт бэбиэскэтин сиэбигэр укта сылдьар тырахтарыыс Биэтэс уол тимир тиһиликтэр биир кэм лиһигирэс тыастарыгар бигэнэн, санаата олох атын сиргэ, эйгэҕэ. Бииргэ үөскээбит, оскуолаттан доҕордоспут, онтуктара кэлин тапталга кубулуйан эрэр Сибиэтэтинээн үрүҥ түүн үөһүгэр үүт туман быыһынан сиэттиһэн иһэллэр. “Сибэккиэ, сыччыый, мин сотору эргиллиэм. Икки сыл биллибэккэ ааһыа…” – диэн кууһан сыллаары гынан эрдэҕинэ, кыыһа ойоҕоско кибилиннэрдэ. Соһуйан “ок!” диэбитинэн бэттэх кэлбитэ, бырысыапсыга Ньукуо: “Көр-көр”,– дии-дии кэбиинэ аанын түннүгүнэн өрүс диэки ыйыалыыр. Биэтэс көрдөҕүнэ, арай өрүс диэкиттэн сиртэн миэтэрэ эрэ үрдүгүнэн туох эрэ хара кинилэри көрдө-көрбүтүнэн көтөн иһэр. “Тыый, тураах дуу”, диэн саарыан икки ардыгар били харата умсаах кус – ханай буолан биэрдэ. Кэллэ да, тыраахтар ньиргиэригэр, ыырыгар-дьаарыгар кыһаллыбакка, соһуллан иһэр кэбиһиилээх от тэллэҕэр “сарк” гына түһүнэн кэбистэ. Тыраахтар тохтоон хорус гынаатын, Ньукуо ыстанан түһэн бырысыап салбаҕар кыбытыллыбыт атырдьаҕы хаба тардаат, ньыкыллан сытаахтыыр ханайы хам баттаан кэбистэ. Чөккөй саҕа, сэк курдук куһу убахтаан-туппахтаан баран: – Пахыый, барыта уҥуох-тирии. Дьардьама, киһи сиэ да суох”, – дии-дии кэбиинэ иһигэр элиттэ. – Оо, муҥнааҕым, хойуобуллаан кыайан соҕуруу көппөккө, үөрүттэн быстан хаалаахтаатаҕа. Баччааҥҥа диэри ырбыыга сылдьаахтаабыта буолуо. Онтукайа хам тоҥон, хаар-муус ортотугар барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан ыксаан, тыыннаах дууһа буолан, биһигиттэн – тыыннаах дууһалартан– көмө, дурда-хахха көрдөөн түһэн биэрээхтээбитин дьууктуур эрэттэр буолан биэрдэхпит, – Биэтэс куһу эргим-ургум тутан, ыараҥнатан көрө-көрө кэриэлийэ олордо. – Уу куһа кураанах кус буолбатах. Эн хотоҥҥор син биир кыайан кыстаабат. Сүөһүлэр илдьи тэпсиэхтэринээҕэр эрдэтинэ тыынын иһиллээбиппит саамай сөп. Ыкка буһаран биэриллиэҕэ. Ол да туһа, – Ньукуо бу туһунан кэпсэтии манан бүттэ диэбиттии, куһун суулуу тутан өйүө уктар ботуоҥкатыгар анньан кэбистэ. – Эрэйдээх…, – Биэтэс санаата буолбакка, баһын быһа илгистэ-илгистэ сипилиэнньэтин үктээн, тыраахтырын ускуораһын холбоото. Кыс хаар ортото “кустаан” “өттүк хараламмыт, илии тутуурдаммыт” уолаттар тыраахтардара хаары өрүкүтэн дьигиһийэ бирилээн, балаҕан саҕа кэбиһиилээх оту состорон сыннара турдулар.
edersaas.ru сайтан