Кэпсээ
Войти Регистрация

Көмүс суруктаах быһах (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Көмүс суруктаах быһах (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
06.10.2022 17:00
Биирдэ биһиэхэ Тугутчаан диэн хос ааттаах оҕонньор кэллэ. Бастаан биэс уончатын эрэ ааспыт киһи дии санаатым. Бэрт чэпчэкитик, муостаны таарыйар-таарыйбат үктэнэн кэлэн дьиэлээхтэри кытта илии тутуһан дорооболосто. Бэрт түргэнник тас таҥаһын уста охсон ыйаата, дьыбаан уһугар сэгэйэн олоро биэрдэ. – Өндөрөй Тааһыгар кыыллаан баран, дьиэбэр баран иһэбин. Эһиги хайдах олороҕут? Онтон миигин таба көрдө: – Ээ, балтым Нулгынэт, алҕас, Маайыс олорор эбит дуу? – диэн баран, кэлэн сүүспүттэн сыллаата. Мин иэдэһиттэн «чоп» гыннардым. – Убаай Энкэчээн, Дьөгүөр эбиккин дуу, бастаан көрө түһээт, билбэтим ээ. Эйигин этэллэр эбит дии, Тугутчаан диэн. Урут Энкэчээн диэн этиҥ дии? Убайым олоппос ыла охсон, миигин утары олордо. – Эбээннииттэн тылбаастаан Тугутчаан диэн ааттыыллар. Абыйга бастаан көрсөрбүт саҕана мин түөрт уончабар чугаһаабыт киһи этим. Эн оскуолаҕа үөрэнэр оҕо этиҥ. Билигин сэттэ уоммун лаппа аастым, аҕыс уоммар үктэнэрим бу буолла. Ити сыллар устата санныбар түспүт хаар баттаатаҕа, сирэйим уларыйдаҕа. – Убаай, Гоша, эдэргэр түспүт курдуккун, бэрт чэпчэкитик хаамаҕын, аҕыс уоннаах киһи курдук буолбатаххын, атыттары кытта кэпсэтэ түс. Бу кэргэним олорор, бу оҕолорум, мин ас астыы охсуум. Ас астыы сылдьан иһиттэхпинэ, үөрүү-көтүү, күлүү-салыы элбээтэ. Тугутчаан кэргэним, оҕолорум куттарын тута оҕуста быһыылаах. Остуол хотойорунан ас тардан баран, дьоммун ыҥырдым. Тугутчаан дьиэ кэргэммин сөбүлээбит көрүҥнээх, үөрдэ-көттө, айаҕа аһылынна. Кини аныгы, былыргы олоҕун сиһилии кэпсээтэ. Мин бу олорон, убайым куругар иилиммит дуйдаах, тимир ойуулаах кыыннаах быһаҕар хараҕым хатанна. – Энкэчээн, үчүгэй да кыыннаах быһахтаах эбиккин, ким оҥорон биэрдэ? – диибин. Убайым курун төлөрүттэн кыыннаах быһаҕын ылан миэхэ уунна. Сиэдэрэй ойуулаах кыыннаах быһаҕы таһааран эргитэ-урбата сылдьан көрдүм. – Наһаа да үчүгэй быһах эбит, – диибин. Быһах иэдэһигэр «Великому, мудрому человеку Егору» диэн көмүс дуйдаах суругу аахтым. – Көр, мантыҥ өссө көмүс суруктаах эбит буолбат дуо? – соһуйбучча ыйытабын. – Маннык суруктаах быһаҕы саҥа көрөбүн. Маны ким бэлэхтээбитэй? Дьонум эмиэ көрөн сөҕөллөр. – Уонтан тахса сыллааҕыта Эмиэрикэттэн улахан муостаах чубукуну бултаары үс киһи кэлбитэ. Ол дьоҥҥо миигин сирдьитинэн анаабыттара. Бөһүөлэктэн тоҕус аттаах, аҕыс киһи буолан туруук таас хайаларга бултуу барбыппыт. Сорохтор аты саҥа миинэллэр эбит этэ. Бастаан кыра оҕолору биэбэйдиир курдук хас биирдиилэрин ындыыларын, ыҥыырдарын, бэйэлэрин бэрийэбин. Акка үтэн таһааран олордобун. Биир нэдиэлэ курдук эрэйдээтилэр. Уһун айан кэнниттэн дьонум син бэйэлэрин бэринэр-көрүнэр буоллулар. Сирдьиппитин эрэйдээтибит диэтэ быһыылаах, салайааччылара: «Бэйэбитин бэйэбит көрүнүөхпүт: аттарбытын ыҥыырданыахпыт, тэһиинниэхпит, аттарбытын үүрэн аҕалыахпыт уонна аттарбытыгар үтэн-анньан олордума, бэйэбит миинниэхпит», – диэтэ. Хас да хонук айаннаан, чубуку тохтуур очуостарыгар тиийдибит. Элбэх хайаны кэрийдибит. Бастаан соҕотоҕун хайаҕа тахсан, чубукулары көрдүүбүн. Улахан муостаах чубукуну буллахпына, дьоммор кэлэн этэбин. Онтон, саҥа хаамар оҕолору хаамтарар курдук оҕолоон, хайаҕа ытыннарабын. Биһиги хаһан алтахтаан, чугаһыахпытыгар диэри чубукулар тыаспытын-ууспутун истэ охсон, суоллара сойбут, куотан хаалбыт буолаллар. Онтон сылтаан, дьоммун эрдэ туруоран, бэйэбин кытта илдьэ барар идэлэнним. Кинилэр миигиннээҕэр эдэрдэр этэ. Биир нэдиэлэ курдук тугу да көрбөккө, сол курдук сылдьаахтаатыбыт. Ити кэм устата син үрдүк хайалары дабайарга эттэрэ-хааннара сыһылынна. Халампааһынан көрөн, дьонум чубукулар төһө улахан, уһун муостаахтарын быһаараллар. Бултуубут диэтэхтэринэ, чубукуга үөмэр ньымабар үөрэтэбин. Сатаан үөмпэккэ, тыастара-уустара сүрдээх этэ, үксүгэр бултарын үргүтэн кэбиһэллэр. Ол курдук, элбэхтик эрэйдэннилэр. Мин өлөрөн биэриим диэтэхпинэ – ылымматтар. Хайдах ыппыттарын, өлөрбүттэрин киинэҕэ устуохтаахтар үһү. Кинилэргэ, баайдарга, улахан муостаах чубукуну бултуурга куоталаһыы баар эбит. Манна диэн эттэххэ, баайдар кыдьыктара буоллаҕа. Эчи, элбэхтэрэ да бэрт. Саха сириттэн үс баай киһи биирдии тыыннаах чубукуну атыыласпыт этэ. Биирдии хамначчыттаахтар уонна биир асчыттаахтар. Олору барыларын: аттары, киһилэри мин көрөбүн-истэбин. Сырыыны сылдьар кыахтаах уонна эдэрчи буолан тулуйбутум. Саа ылар сиригэр тиийдэхпитинэ, омуктарым хаһан хаартыскаҕа, киинэҕэ түһэрэн ньамахтаныахтарыгар диэри тыаспытын, сыппытын ылан чубукулар куотан хаалаллар. Дьэ эрэй диэтэҕиҥ. – Баайдарыҥ, ол гынан, атыыласпыт чубукуларын өлөрдүлэр дуу? – Биир саамай кыахтаахтара, сымсалара орто улахан муостаах чубукуну бэйэтэ өлөрбүтэ. Атыттарга бэйэм өлөрөн биэрбитим. – Па, оччоҕо дойдуларыгар тиийэн туох диэн киһиргииллэрий? – мин сөҕө олорбутум. – Муҥур уһуктарыгар тиийэн сөбүлэспиттэрэ. Бэйэлэрэ өлөрөр кыахтара суоҕун билиммиттэрэ быһыылааҕа уонна төннөр кэммит тиийэн кэлбитэ. – Дойдуларыгар тиийэн, хаартыскаларын, киинэлэрин туох диэн көрдөрбүттэрэ эбитэ буолла. Барыта албын буоллаҕа дии, – диибин уонна убайым туох диирин кэтэһэбин. – Уһулбут киинэлэрин миэхэ көрдөрбүттэрэ. Ону көрөн олорон чубукуларын мин өлөрбүтүм диир кыаҕым суох этэ. Ол киинэҕэ мин сытым да суоҕа. Ол да буоллар, миигин «бэлиикэй муударас» диэн ааттаабыттара. Бултуур сирбититтэн кэлэрбитигэр миигин ыҥыран аһаппыттара, ону-маны бэлэхтээбиттэрэ, – Тугутчаан омуктары кытта сылдьыбытын санаан, мичээрдээн кэбиспитэ. – Бу быһаҕы эмиэ дуо? – Суох, кэлин ыыппыттара. Улахан муостаах чубукуну өлөрүүгэ биир киһилэрэ бастаабыт үһү, – убайым киэн туттан кэпсии-кэпсии, көмүс суруктаах быһаҕынан сыалаах эти быһан сии олорбута. – Өссө тугу эмэ ыыппыттара дуо? – Ыытан. Хайаҕа тахсарга аналлаах бачыыҥка ыыппыттара. Ону биир эрэ сыл кэппитим. Тирии бачыыҥка буолан баран, кэбирэх эбит этэ, – Тугутчаан ити кэпсэтииттэн салгыбыт курдук хантас гыммыта. – Убаай, биирдэ эмэ биһигини чубукуга үөмэргэ үөрэтээр эрэ. Саа ылар сиригэр тиийдэхпинэ, ытан көрүөм этэ. Убайым миигин саҥа көрбүттүү саҥата суох болҕойон сирийэ одууласпыта. – Хаһан миигин кытта сылдьаары, ыстаадаттан уурайбытым ыраатта. Араас булка-алка сылдьарым кэмнээх-кээмэйдээх буолла. Билигин анаан чубукуга эрэ барыахха сөп. Сааһырдым, ыалдьар буоллум. Атаҕым хаамтарбат буолан эрэр, – оҕонньор дириҥник өрө тыыммыта. Ону көрөн кэпсэтии хайысхатын уларыта охсубутум. – Омуктар киһи быһыытынан хайдах дьон эбиттэрий? – Эмиэрикэ дьоно хайдахтарын истээри сыҥаах баттаммытым. – Сүрдээх сэмэйдэр, сылдьарым устата кыыһыран сирэйдэрэ түрдэстибитин көрбөтөҕүм. Булт ньыматыгар үөрэннэхтэринэ, тугу эрэ сатыыр буоллахтарына, ис сүрэхтэриттэн үөрэллэр-көтөллөр. Күүстээх санаалаах, тулуурдаах, муударай дьоннор этэ. Сытыары-сымнаҕас үтүө майгылаах дьоҥҥо түбэспитим дьолум дии саныыбын. Атын омуктары сирдээн сырытыннарбыт булчуттартан иһиттэхпинэ, сирдьиттэрин үүрбүттэр-түрүйбүттэр, атаҕастаабыттар, сүрдээҕин эрэйдээбиттэр-муҥнаабыттар үһү. Омуктарга да араас майгылаах-сигилилээх дьон ханна барыай? – Тугутчаан уһун сэҥийэтин имэринэн кэбиспитэ. – Кырдьык, дьоллоох буолаҥҥын үтүө дьоҥҥо түбэспиккин, – диэн ис сүрэхпиттэн үөрэбин, ол эрээри убайбын үтэн-анньан көрүөхпүн баҕаран. – Убаай, кырдьык этэбин, биирдэ эмэ биһигини эмиэ чубукуга илдьэ бараар. Хаппырыыстыахпыт да, эйигин кыыһырдыахпыт да суоҕа, – диибин уонна ааттаспыттыы көрөбүн. – Мин барбаппын, эн да барыма. Киһини эрэйдээри, – кэргэним сөбүлэспэтэ. Убайым ону истэн: – Па, эйигин илдьэ барбаппын. Бөһүөлэккэ, итии дьиэҕэ-уокка олорон, этиҥ-сииниҥ мастыйдаҕа. Күн устата биир хайаны дабайыаҥ суоҕа. Таастаах очуостар тыыннарын уйуоҥ суоҕа, ыалдьан хаалыаҥ, – ­дии-дии, дьээбэлээх хараҕынан көрөн олордо. – Аһара сирдиҥ ээ, сотору-сотору бу көстөн турар хайаҕа тахсабын, эрчиллэбин. Биирдэ эдьиийбин кытта бу хайа үрдүгэр тахсан суолга кыыллары тоһуйбуппут. Биир кыыл табаны бултаабыппыт. Ону киһи барыта билэр, – өһүргэммит курдук тылласпыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. – Чубуку бултааһына, кыыл табаны биир сиргэ олорон кэтиир курдук буолбатах. Хата, итии чэйдэ кут, – чааскытын миэхэ уунна. – Онно бу көстөр хайа курдук буолбатах. Таас хайа буоллаҕа дии, оннооҕор мин ыарырҕатар буоллум, – диир. Испэр «оҕо сылдьан Уйинаны кытта таас хайалары кэрийэр этибит. Чубукулары көрдүүрбүт. Сылайан, уһуктаах очуостар быыстарыгар утуйан хаалааччыбыт» дии саныыбын. – Чэ, сөп. Миинэр аппыт да, табабыт да суох. Ыраах уһуктаах таас хайаларга барар кыах суоҕун билэбин, – диибин, убайбын көрөн олорон мичээрдиибин. – Кырдьык оннук. Көлүүр табаларым өлөн-сүтэн бараннылар. Билигин «Буранынан» сылдьабын. Алдьанара элбэҕэ бэрт. Көнө эрэ сиргэ үчүгэй. Чэпчэки ыйааһыннаах саппаас чаастарбын илдьэ сылдьабын. Алдьаннаҕына, балааккабын «Бураным» үрдүнэн тардан баран, ититэбин, өрөмүөннүүбүн ээ. Икки хас күнүм онно бүтэр. Сайын атынан сылдьабын. Урут биэс аттаах этим. Билигин икки эрэ хаалла. Онтон биирэ куттас, хайаҕа таҕыстаҕына, этэ-сиинэ, уҥуоҕа салыбырас буолан хаалар. Төкүнүйээри гынар. Ол иһин кинини мииммэппин, ындыы ата оҥостобун. Ындыылаан баран, босхо батыһыннарабын. Төкүнүйдэҕинэ киһини өлөрүө диэн куттанабын. Ыраах айаҥҥа илдьэ сылдьарга аты да, табаны да талыахха наада. Бииргэ сылдьарга аналлаах, эрэллээх киһигин, табаарыскын таларыҥ курдук, миинэр миҥэҕин эмиэ сыымайдыыгын. Ыраах булка-алка араас моһуок, түбэлтэ, оһол элбэх буолар. Онон бииргэ бултуур киһигэр, көлөҕөр бэйэҕэр эрэнэриҥ курдук эрэниэхтээххин, – диэн кэпсии олорон убайым мин итини хайдах ылынарбын билиэн баҕарбыттыы сүүһүн аннынан сирэйбин-харахпын көрүтэлээн ылла. – Эһэккээ, биир эмэ түбэлтэни кэпсээриий? – кыргыттарым Тугутчаан икки өттүгэр олорунан кэбистилэр. – Хайыылларый бу? Киһини сүгүн чэйдэппэккэ, – аҕалара кыргыттарын буойталаата. – Кэпсиэм, күн да уһун, түбэлтэ да элбэх, – диэтэ Дьөгүөр. – Билигин ыалга баран кэлиэм, кэллэхпинэ анаан олорон кэпсиэм. Сыллыйдар, миигин кытта барсыҥ. Сылдьыахтаах ыалбын ыйан биэрээриҥ. Үргүлдьү «Бураны» салайарга үөрэтиэм. Кыргыттарым үөрэн һуу-һаа бөҕө буоллулар, эһэккэлэрин кытта биирдэ эрэ көстөн хааллылар. Киэһэ чэйдии олорон Дьөгүөр кэпсээнин саҕалаата. – Бастаан биир кыра түбэлтэни кэпсиим. Кэлин эһиэхэ үөрэх буоллун диэн кэпсиибин. Биирдэ саас эдэр уолу кытта бултуу бардыбыт. Кустаатыбыт, балыктаатыбыт уонна ээр-сэмээр тайаҕы көрдүүбүт. Уолум тайаҕы бултуон баҕарара сүрдээх. Киһим түргэнэ-тарҕана, барара-кэлэрэ, элэстэнэн сытыы киһи этэ. Сүүрүүгэ, мас тардыһыытыгар, тустууга үчүгэйбин диэбитэ. Биирдэ тайах көрдүү сылдьан, улахан маһынан баттатылла сытар эһэ оҕотун буллубут. Уолум этиэм да иннинэ, мас анныттан эһэ оҕотун ороото да, ойуур иһигэр биирдэ көстөн хаалла. Санаатыгар, эһэттэн куотта быһыылаах. Сүүрүүгэ бэрт буолан, атаҕар эрэннэҕэ. Мин ийэ эһэ кэлиэ, иэдээн буолуо диэн уолум кэнниттэн ойдум. Ол тухары: «Эһэ оҕотун бырах, ийэтэ кэлиэ, биһигини сиэҕэ!» – диэн хаһыытыыбын. Уолум истибэт, сүүрэн дырайа турда. Кэнники иһэр киһини миигин бастаан баттыыра буолуо диэн ытырыктатабын. Уолум ыраах иннибэр элэҥниир. Уолбун ситээри баарбынан-суохпунан түһүннүм. Кутталбыттан эбитэ дуу, хараҕым үүтэ көстүбэт буолуор диэри сүүрэбин, атахтарым бэйэлэрэ барар курдуктар, кулгааҕым биир кэм куугунаан олорор. Ол иһэн: «Нохоо! Эһэ оҕотун бырах! Эһэ кэлэн сиэҕэ!» – диэн ыһыытыыбын. Ол ахчарыйан истэхпинэ, туох эрэ аттыбынан элэс гынан ааста. Наһаа түргэнник күлүкүс гынна, туох да ааспытын өйдөөбөтүм. Сүүрэрим курдук сүүрэн истим. Уолум ханна да көстүбэт. «Кырдьык, түргэнник сүүрэр эбит» дии саныы-саныы тэбэн истим. Арай уолум суол кытыытыгар тарайа сытар. Сирэйэ хаан билик буолбут. Куттанан, остуолба курдук хоройон баран, көрөн турдум. Киһим илиитинэн сирэйин туттан баран, олоро биэрдэ: «Айуу-айаа!» – диэн энэлийдэ. «Хайаатыҥ? Сирэйиҥ хаан буолбут», – диибин. «Хата, сиэбэтэх эбит. Уҥан хаалбыппын дуу? Эһэ кэлэн, сирэйгэ саайда да, оҕотун былдьаан ылла. Хата иккистээбэтэх. Сыҥаахпын тоһуппут быһыылаах», – уолум абатыттан, ыарыытыттан ытаан сыҥсыйар. Киһим сирэйин чинчийдим. Иэдэһин этигэр дириҥ баастаах, онтон хаан оҕуолуур. Бөһүөлэккэ тиийиэх­питигэр диэри хаана баран бүтүүһү диэммин, ис ырбаахытын хайа тардан ылан, бэйэтин иигинэн илитэн саба баайбыппар хаана оҕуолуура тохтоото. Бөһүөлэккэ кэлбип­питигэр быраастар сирэйин бааһын тикпиттэрэ, эмтээбиттэрэ. Кэлин көрдөхпүнэ, уолум сирэйэ кыратык иҥнэри курдук этэ. Ол туох буолуой, кылаабынайа тыыннаах хаалбыппыт, – Дьөгүөр оҕолору көрө-көрө мичээрдээн кэбиспитэ. – Наһаа да үтүө санаалаах эһэ эбит дии, эйигин тыыппатах, аттыгынан элээрбит. Оҕотун уорбут уолу биирдэ эрэ охсубут, – дэһэллэр кыргыттарым. – Оҕолоор, маһынан баттатылла сытар эһэ оҕотун буллаххытына, тыыппат буолуҥ, сыттын. Эһэ барыта биһиги эһэбит курдук буолуо суоҕа, – оҕонньор күлэн саһыгыраабыта. – Эһэккээ, эһэ тоҕо оҕотун маһынан баттатарый? Эрэйдээҕи муҥнууруй? – оҕолор Тугутчаантан ыйыталлар. – Ханна эрэ тэйиэс бултуу бараары, батыспатын, баҕар, мэһэйдиэ диэн оҕотун маһынан баттатар, – диэн быһаарда кырдьаҕас. – Бу эһэ өйүн, – оҕолор сөҕөллөр-махтайаллар. – Быата-туһаҕа суох буоллаҕа, ол иһин маһынан баттатар эбит, – диэн түмүк оҥороллор, эһэккэлэрин диэки астыммыттыы көрөллөр. Кыргыттарым Дьөгүөр икки өттүгэр олороллор: «Дьиэҕэр сарсын барымаар, оскуолаттан кэллэхпитинэ, баар буолаар», – диэн баран оҕолор утуйа барбыттара. Убайым оҕомсох киһи этэ. Абыйга сырыттахпына ону-маны кэпсээн үөрдээччи-көтүтээччи, манньалыы-манньалыы ыллатааччы, үҥкүүлэтээччи. Кинини тула оҕо бөҕө толору буолааччы. Мин убайым аттыгар олорооччубун. Кыргыттарым эһэлэрин аттыгар олороллорун көрөн, бэйэм эһэбин санаан ылбытым. Мария Федотова-Нулгынэт.
edersaas.ru сайтан